Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#баһылыкотчуота
#хоро


Улуус дьаһалтатын 2023 сыллаах үлэтин-хамнаһын отчуоттуур баһылык солбуйааччыта Александр Андреев салайааччылаах иккис бөлөх Хоро нэһилиэгэр кэллэ. Мунньахха 55 киһи кэлбит.


"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#хоро

Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччыта Николай Платонов Илья Ильич оҕону остолобуойга аһатыы тула биэрбит ыйытыгар чопчу хоруйдуур.

@uoheebuluu
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#хоро

Олохтоох кулууп олус тымныы, дьиэтин маһа 1952 сыллаах, 1994 сылга көһөрүллэн, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии турар.
Тамара Семенова дириэктэрдээх олохтоох кулууп кэлэктиибэ тымныы дьиэни аахсыбакка, былаан быһыытынан айымньылаахтык үлэлиир.

Хоролор отчуоту "үчүгэйинэн" сыаналаатылар👍🏻

«Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#Бала5аннаах

Улуус үрдүнэн элбэх учуонайдааҕынан арааһа, Сургуулук кэннэ иккис миэстэҕэ сылдьар Балаҕаннаах нэһилиэгин сүрүн оскуолата агро оскуола быһыытынан биллэр.

Сэллик ыарыыта өрө турбут кэмигэр, СЭС-тэри кытары сүбэлэһэн, анал бырагыраама оҥорон, бу оскуола базатыгар быһыыта ылар уонна контактаах оҕолорго анаан кымыһынан эмтиир профилактическай оҕо сайыҥҥы лааҕыра арыллан оҕо доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ үлэлээн улаханнык абыраабыта. Билиҥҥэ диэри сайынын бу агро оскуола оҕолорго биэ кымыһын иһэрдэр.

Оскуола дириэктэрэ Степан Жендринскай саҥа тутуллуохтаах оскуола бырайыагын, тутуутун уонна агро оскуолаҕа бырыһыан көрүллүө дуо диэн ыйыталаста.

Бу боппуруоска УПСиРИ начаалынньыга Николай Николаев чопчу эппиэттээтэ. Бырайыагын оҥоруу эһиилги сылга былааҥҥа турар диэтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#Балаҕаннаах

Балаҕаннаах элбэх оҕолоох ийэтэ Туйаара Егорова элбэх оҕотунан ылыахтаах сэртипикээтин ылар кэмигэр оҕото сокуоннай сааһын туолбут буолан ыйыталаспытыгар, 50% харчынан биэрэбит диэбиттэр. Тоҕо оннук буолуохтааҕый диэн өр күүппүт ийэ мунаарарын биллэрдэ.

Олохтоохтор барыбытын долгутар анал быстах байыаннай дьайыыга улууска кубуотаны биэрии туһунан ыйыттылар.

Анал байыаннай дьайыыттан кэлбит дьоммутун көрсөргө, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары үлэлэһэргэ, өйүүргэ сүрүннүүр киин тэриллиэн наада эбит диэн санааларын этиннилэр.

Улуус меценаттара, урбаанньыттара анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга төһө көмөлөһөллөрүн туоһуластылар.

Үөһээ Бүлүүттэн анал байыаннай дьайыыга сураҕа суох сүппүт дьоҥҥо хайдах
быһаарыы оҥоһулларый диэн чуолкайдастылар.

Үүт харчыта быйыл тоҕо хойутаата диэн ыйыталастылар.

Бу кэпсэтиилэр тустарынан сиһилии хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#Балаҕаннаах

Балаҕаннаах нэһилиэгин олохтоохторо нэһилиэктэрин историятын үөрэтиигэ улахан болҕомтолорун уураллар. Өр сылларга дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбит оскуола киэн туттар учуутала Нина Спиридоновна Софронова Оленск куорат Балаҕаннаахха баар буола сылдьыбыт диэн гипотезаны дакаастаан, үөрэтэр оҕотунаан чинчийэннэр улуустааҕы научнай- практическай конференцияҕа кыттан былырыын үһүс миэстэ буолбуттара. Итиниэхэ Бурхалей Макаров салайааччылаах улуус устуоруктарын уонна краеведтарын түмсүүтэ бу сайын экспедиция оҥорбуттара. Нина Спиридоновна бу түмсүүгэ киирэн инникитин бииргэ үлэлиэхтэрэ.
Нэһилиэк баһылыга Степан Дмитриев нэһилиэк историятын үйэтитиигэ күүскэ ылсан үлэлэһэр. Руф Кардашевскай туһунан дакылаатынан былырыын Дьокуускайга буолбут устуоруктар уонна краеведтар научнай - практическай конференцияларыгар кыттан биһирэбили ылбыта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#Балаҕаннаах

Улуус дьаһалтатын 2023 сыллааҕы отчуотун 19 киһи иһиттэ.

Барыбытын долгутар анал байыаннай дьайыыга аналлаах үгүс боппуруос, этинии киирдэ, истиҥ кэпсэтии буолла.

Балаҕаннаахтар улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#Нам

Нам нэһилиэгэр улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньаҕа саҕаланна.

Нам нэһилиэгин дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Лилия Васильева биэрэги бөҕөргөтүү үлэтин туруоруста. Биэрэкпит сиҥнэ турар, нэһилиэгинэн ууга барар кутталлаахпыт диэтэ.

40 - тан тахса сылгылаах Спартак Кардашевскай биэ төбөтүгэр ааспыт сылга көрүллүбүт сууманы чуолкайдаста.
Бэйэтэ атыыласпыт пресс- подборщигын улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена возмещайдыан сөп дуо диэн ыйыталаста.

Намнар барыта 22 киһи мунньахха кыттыыны ыллылар. Түмүккэ, улуус дьаһалтатын үлэтин-- хамнаһын биһириибит диэтилэр.

Бу кэпсэтиилэр тустарынан хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ диэн санатабыт

" Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#Кэнтик

Кэнтиккэ улуус дьаһалтатын 2023 сыллааҕы үлэтин - хамнаһын отчуоттуур мунньаҕа буолан ааста.

Кэнтик олохтоохторо Бүлүү Эбэни туоруур муоста үлэтэ хаһан саҕаланыай диэн ыйыталастылар.

Нэһилиэккэ почта күн ахсын үлэлииригэр баҕарабыт диэн санааларын тиэртилэр.

Автобус тоҕо сылдьыбатый диэн улуустааҕы социальнай көмүскэл үлэһитэ Надежда Еттянова туоһуласта.

Түмүккэ, Кэнтик олохтоохторо улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Улуус дьаһалтатын 2023 сыллаах үлэтин-хамнаһын отчуоттуур иккис бөлөх Харбалаах нэһилиэгэр үлэлии кэллэ.

Бөлөҕү быстах кэмҥэ баһылык эбээһинэһин толорооччу Люция Тойтонова салайар.


"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Бөлөх салайааччыта Люция Тойтонова Исиидэр Бараахап албан аатын үйэтитиигэ үлэ тиһигин быспакка барыахтааҕын этиннэ.

@ulusmedia
@uoheebuluu
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Харбалаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Ольга Уларова улуус киинигэр таһар маршрутнай автобус сырыытын туоһуласта 🚌

@ulusmedia
@uoheebuluu
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Оскуола дириэктэрэ Васмар Руфов саҥа оскуола тутуутун боппуруоһун сураста.
Бэлиэтээн эттэххэ, Харбалаах орто оскуолата 1969 сыллаах эргэ тутуу. Оскуолаҕа чугастыы сытар Тамалакаан, Ороһу нэһилиэктэриттэн тиийэ кэлэн, барыта оҕо 98 үөрэнэр.

Эппиэти биэрдэ улуустааҕы Промышленность уонна Тутуу управлениетын салайааччыта Николай Дмитриев👍🏻

@ulusmedia
@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор нэһилиэк олохтооҕо Прокопий Ноговицын өртөөһүн курдук сытыытык турар кыһалҕаны сураста.

@ulusmedia
@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Улуустааҕы социальнай харысхал управлениетын специалиһэ Михаил Дмитриевич Сибиряков 2024 сыл тохсунньу ыйтан киирбит уларыйыылар тустарынан иһитиннэрдэ👍🏻

@ulusmedia
@uoheebuluu
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Харбалаахтар 2023 сыллаах улуус үлэтин-хамнаһын "биһирииллэрин" биллэрдилэр👍🏻

@uoheebuluu
#баһылыкотчуота
#тамалакаан

Иккис бөлөх Харбалаахтан Тамалакааҥҥа кэллэ. Мунньах саҕаланна.

@uoheebuluu
@ulusmedia
#баһылыкотчуота
#тамалакаан

Тамалакаан орто оскуолатын учуутала Маргарита Ивановна улуус киинигэр таһар маршрутнай автобус сырыытын сөргүтэллэригэр баҕарда🚌

@ulusmedia
@uoheebuluu
#баһылыкотчуота
#тамалакаан

Нуучча тылын учуутала Агния Афанасьевна Иванова оскуола эргэ куорпуһа хаһан көтүрүллүөҕүн туоһуласта.

@ulusmedia
@uoheebuluu