Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#сайдыы

Бу ый 2-4 күннэригэр Дьокуускай куоракка регионнааҕы Энергияны харыстааһын уонна көдьүүстээхтик туттуу чэрчитинэн улахан форум ыытылла турар.

Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин муниципальнай тэриллиилэриттэн бэрэстэбиитэллэр көхтөөх кыттыыны ылаллар.

#үөһээбүлүүхаһыата
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тууту министиэристибэтэ көҕүлүүр “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи Үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн ыытыллар конкуруска Үөһээ Бүлүү улууһа ситиһиилээхтик кыттан 4 служебнай квартиралары ылары ситистибит.

Быйыл 2024 сылга служебнай квартиралары ыларга 10 сайаапканы СӨ тутуу министиэристибэтигэр киллэрэн конкурска кытынныбыт.

Конкурс хамыыһыйатын мунньаҕын түмүгэр уон биэрбит сайаапкабытыттан түөрдэ ааһан, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Интернациональная уонна Школьная уулуссаларга улуус суотугар уопсайа 217,65 кв.м. иэннээх 4 квартираны ыларга 21 мөл. 291 тыһ. солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэрин ситистибит.

Улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурсу ааһаммыт Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр 4 служебнай квартиралары ылбыппыт улууспутугар туһалаах доруобуйа харыстабылын исписэлиистэрэ, үөрэх салаатын учууталлара кэлэн үлэлииллэригэр суолу арыйабыт.

Сылтан сыл маннык ситиһиилээхтик конкурска кыттаммыт тутаах исписэлиистэргэ анаммыт дьиэлэри улууспутугар элбэтэргэ күүстээх үлэни ыытарга бэлэммит.

#СаҥаСүүрээн
#Сайдыы
#СлужебныеКвартиры
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev