Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#оҕосаас #тэрээһин

⭐️Бүгүн, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи "Тускул" оҕо киинигэр эбии дьарыктанар оҕолору сүрэхтиир, уруйдуур тэрээһин буолла.

Манна уопсайа 10 араас холбоһуктан оҕолор кэлэн кыттыыны ыллылар. Кинилэргэ анаан араас көрдөөх күрэхтэр буоллулар, оҕолор бииргэ дьарыктанар үөрэнээччилэрин, педагогтарын иннилэригэр андаҕар тыл эттилэр.

"Тускул" оҕо киинин салайааччыта Марианна Ивановна Иванова оҕолорго инникилэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарда.

"Тускул" оҕо киинигэр эбии дьарыктаммыт оҕолор олоххо бэйэлэрин суолларын булан, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Олортон биирдэстэрэ - Михаил Андреевич Алексеев республикатааҕы лицей-интернатын математикаҕа уонна информатикаҕа учуутала Дьулус Мичилович Захаров эйэҕэс эҕэрдэтин тириэртэ.

Хас биирдии холбоһук бу тэрээһиҥҥэ анаан бэйэни билиһиннэрии уонна музыкальнай нүөмэр бэлэмнээтэ. Маннык тэрээһин оҕолору түмэр, "Тускул" оҕо киинин билиһиннэрэр сыаллаах.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаас #кырдьаҕастардекадалара

🏃‍♂️ Оҕо сайдар киинин "Үрүйэчээн" уһуйаан бэлэмнэнии бөлөх иитээччилэрин уонна төрөппүттэрин көҕүлээһининэн "Аҕам саастаахтар" күннэринэн өр сылларга биһиги уһуйаамытыгар үлэлээбит бэтэрээннэрбитигэр Федотова Мария Михайловнаҕа, Лазарева Лидия Гаврильевнаҕа эҕэрдэлээн ыалдьыттаатыбыт.

Оҕолор хоһоон ааҕан санааларын өрө көтөхтүлэр, кыра «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн" оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут минньигэс кэнсиэрбэсэлэри, сир аһыттан бэлэх туттардыбыт.

Бэтэрээннэрбит ис-истэриттэн үөрэн, алгыс тылларын анаатылар. Убаастыыр күндү дьоммут, Эһиги олоххут устата мунньуммут киэҥ билиигит, муудараскыт, өйгүт-санааҕыт биһиэхэ үтүө холобур буолаллар. Сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн тураммыт эһиэхэ уһун дьоллоох олоҕу, кытаанах доруобуйаны, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьаргытыгар баҕарабыт.

Сонуннарга анаан Вероника Протопопова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаас

🏃‍♂️ "Солнышко" уһуйаан иитиллээччилэрэ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникумҥа ыалдьыттаатылар.

Кырачаан дьон массыына мастарыскыайыгар, сокуону, бэрээдэги көрөр-истэр үлэһиттэри уонна баһаарынай байыастарын бэлэмниир бөлөхтөр эрчиллэр сирдэрин көрдүлэр.

Барытын тутан-хабан, сыттаан, амтаһыйан көрөн олус астыннылар. Мастарыскыай үлэһиттэрэ минньигэһинэн күндүлээтилэр, араас интэриэһинэй чахчылары кэпсээн кырачааннар болҕомтолорун тартылар.

Сонуннарга анаан Лев Саввинов

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаас

🖼️ Кырачааннар бичиэнньэ астыыллар

Оҕо сайдар киинин "Үрүйэчээн" уһуйаан бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро Ийэ күнүгэр анаан иитээччилэрин кытта бичиэнньэ астаан ийэлэригэр бэлэх оҥордулар. Оҕолор бэйэлэрэ тутан-хабан, астаан олус үөрдүлэр, астыннылар.

Сонуннарга анаан Вероника Протопопова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#саҥа дьыл #оҕосаас

⭐️ Саҥа 2024 сылы көрсө ахсынньы 27 күнүгэр култуура дьиэтигэр кыра дохуоттаах, элбэх оҕолоох уустук балаһыанньаҕа түбэспит ыаллар оҕолоругар аналлаах «Саҥа дьыл бэлиэтэ - от күөҕэ Дракон» диэн дьикти түгэннэрдээх бырааһынньыктааҕы утренник буолан ааста.

Бу тэрээһини Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И.Седалищев аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмөнү оҥорор киин сылын аайы ыытара үтүө үгэс курдук. «Тускул» оҕо айымньытын киинин үлэһиттэрэ дьэрэкээн саалаҕа, лаглайбыт харыйа тула араас ойуулук сүрүн геройдара буолан оҕолору ыллатан, үҥкүүлэтэн, оонньотон, дуоһуйууну, үөрүүнү бэлэхтээтилэр.

Бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ киин дириэктэрин солбуйааччы Василий Абрахов оҕолору эҕэрдэлээтэ, үөрэхтэригэр үчүгэй, көхтөөх оҕолорго грамота уонна бэлэх туттарда. Маны таһынан «Дьиэ симээһинэ», «Саҥа дьыллааҕы харыйа оонньуура», «Саҥа дьыл бэлиэтэ от күөх Дракон» күрэхтэргэ кыайыылаах дьиэ кэргэттэр туоһу суругу уонна сыаналаах бэлэхтэри туттулар.

Күүтүүлээх түгэнинэн Тымныы оҕонньор сиэн кыыһа Хаарчааналыын ыалдьыттаабыта буолла. Бу алыптаах күҥҥэ оҕолорго, төрөппүттэргэ истиҥ сыһыаны, бигэ туругу, или-эйэни баҕарда. Хоһоон, ырыа кэһиилээх кэлбит кырачааннарга үөрдэ-көтүтэ бэлэхтэри, минньигэстэри түҥэттилэр. Киэҥ саалаҕа астына сүүрэн, оонньоон, ыллаан-туойан, бэлэх тутан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Тэрийээччилэр ааттарыттан бэртээхэй бириистэри уонна Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри анаабыт тэрилтэ салайааччыларыгар Александр Адамовка (АКС), Николай Петровка (ЦТиЗ), Альберт Гаврильевка (ОДьКХ), Василий Евдокимовка (Алмазэргиэнбаан), Мотрена Осиповаҕа (Техникум), Ульяна Олесоваҕа (УИИ), Александр Антоновка "Профото", Люция Спиридоноваҕа «Бэллэкэ», Елена Михайловаҕа «Мила» уонна «Тускул» оҕо киинин үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт ыстаал курдук кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри. Дьиэ кэргэҥҥитигэр, чугас дьоҥҥутугар дьол-соргу тосхойдун!

Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И.Седалищев аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмөнү оҥорор киин

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #оҕосаас

🏃‍♂️ Хоро кырачааннара бырайыакка кытыннылар

Уһуйааммыт иһинэн сыллата ыытыллар "Тыа кыылларын харыстаа" бырайыак чэрчитинэн оҕолорго аралдьыйыы буолан ааста.

Саамай кыра "Үнүгэсчээн" бөлөх иитиллээччилэрэ төрөппүттэрин кытта чыычаахтарга араас уйалары оҥорон аҕаллылар.

Нэдиэлэ устата кыыллар тустарынан араас иһитиннэриилэри, остуоруйалары сэргээн истэн, хамсаныылаах, остуол оонньуулары оонньоон, оҕолор билиилэрин хаҥатыы буолла.

Кыра саастарыттан тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иитии-иҥэрии күннэтэ ыытыллара оҕо сайдарыгар, кэрэҕэ тардыһара туһалаах буолара саарбахтаммат.

Сонуннарга анаан Евдокия Корякина, Сахая Николаева

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаас

🏃‍♂️ "Үрүйэчээн" оҕо сайдар киинэ төрөппүттэригэр анаан "Аҕа, ийэ уонна мин" спортивнай күрэҕи Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с №-дээх орто оскуола спортивнай саалатыгар тэрийэн ыыттыбыт.

Күрэх Россияҕа "Дьиэ кэргэн" Саха сиригэр "Оҕо саас" сылларын чэрчитинэн ыытылынна. Дьиэ кэргэн чөл олоҕу тутуһан, эти -хааны сыаллаахтык дьарыктаан чэбдигирдиитэ, спортка көҕүлээһин - бу киириэхпит сүрүн сыала буолар.

Күрэхтэһиибитин уһуйааммыт дириэктэрэ Евдокия Платонова эҕэрдэ тылынан арыйда, кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини баҕарда. Кырачаан иитиллээччилэр эҕэрдэ ырыа ыллаан тэрээһиммитин өссө ордук киэргэттилэр.

Уопсайа биэс дьиэ кэргэн күөн көрүстүлэр. Ол курдук, "Күнчээн" бөлөхтөн Ивановтар, "Кустукчаан" бөлөхтөн Семеновтар, "Кэнчээри" бөлөхтөн Шеломовтар, "Чуораанчык" бөлөхтөн Лебедкиннар уонна Прокопьевтар кытыннылар. Хамаандалар үчүгэйдик бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон кэлбиттэр.

Бастакы түһүмэххэ бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Иккис тыҥааһыннаах түһүмэҕинэн "Веселые старты" буолла. Манна Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ сымсаларын көрдөрдүлэр. Үһүс түһүмэххэ "сыал быраҕан" Семеновтар бастаатылар. Төрдүс түһүмэххэ балыктаан Ивановтар, Семеновтар, Лебедкиннар үрдүк көрдөрүүлэннилэр. Мээчиги тэйитэн сүүрүүгэ, ох саанан ытыыга Ивановтар тэҥнээхтэрин булбатылар.
Скакалкаҕа Прокопьевтар бастаатылар.

Уопсай түмүгүнэн сэттэ түһүмэхтэн биэһигэр үрдүк көрдөрүүлээх Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар. Үс
тургутууга кыайыылаах Семеновтар 2-с миэстэни ыллылар. 3-с миэстэҕэ Прокопьевтар дьиэ кэргэн тигистэ.

Кыайбыт, ону тэҥэ кыттыбыт дьиэ кэргэттэр грамоталарынан, мэтээлинэн наҕараадаланнылар.

Төрөппүттэрбит күннээҕи олохтон аралдьыйан, күлэн-оонньоон, астынан бардылар. Күндү дьоммутугар баҕарыа этибит өрүү маннык оҕолуу оонньоон, хамсанан чэгиэн буоларгытыгар.
Барҕа махталбытын 2-с №-дээх орто оскуола коллективыгар, дириэктэр Васмар Руфовка тиэрдэбит.

Сонуннарга анаан Джемма Дмитрьева

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM