Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#сиэртуом #итэҕэл

🖼️ П.Н.Тобуруокап аатынан орто оскуола бэтэрээн учууталларын түмсүүтэ ый ахсын тэрээһин ыытар.

Муус устардааҕы тэрээһиҥҥэ оскуола 1976 с. выпускнига Трофим Миронов балаҕаныгар "Төрүт дьиэбит- балаҕан" диэн көрсүһүүнү 4-с кылаас оҕолоругар ыыттылар.

Оҕолор алгыс тылын иҥэриннилэр, өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын-салларын көрдүлэр, остуоруйа иһиттилэр, хабылык- хаамыска оонньоотулар. Биһилэх кутан, таабырын таайан олус сэргэхсийдилэр.
Трофим Васильевичка элбэх ыйытыылары биэрдилэр, ирэ-хоро кэпсэттилэр.

Алаадьы сиэн, махтанан, оҕолорбут астынан үөрэн-көтөн кэллилэр.

Сонуннарга анаан Нина Саввинова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ийэтыл #сиэртуом

Бүгүн Кыырт Далын ортоку балаҕаныгар " Эйгэ" культурнай- этнографическай комплекс уонна улуустааҕы " Ийэ тыл" түмсүү тэрийиилэринэн, " Алгыс аалы көтөҕөр" диэн " төгүрүк остуол" буолла 👏👏💫💫💫

Үөһээ Бүлүү алгысчыттарын түмэр, алгыс сиэрин- туомун билиһиннэрэр, нэһилиэктэр бэйэлэрэ алгысчыттаах буолалларыгар көмөлөһөр туһунан кэпсэттилэр.

Бу " төгүрүк остуолга" улуус алгысчыттара Трофим Миронов, Иван Чычахов кыттыыны ыллылар 👍👍👍
Хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр бу түмсүү туһунан сиһилии ааҕаарыҥ 🙌🙌🙌

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат