Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Дапсыдьыктаана

⭐️ Михаил Петрович Алексеев - Дапсы 87 сааһын туолбут "Биһирэм тыл" күнүн чэрчитинэн Дапсы дьыктаанын суруйуута Үөдүгэй нэһилиэгин библиотекатыгар буолла.

Дьыктаан быйыл үһүс төгүлүн ыытылынна. Дьыктааны "Үөһээ Бүлүү" хаһыат корреспондена Мария Васильева аахта.

Добун суругу "Үөһээ Бүлүү" хаһыат менеджерэ Сардаана Андреева тутта. Кини биир да сыыһата суох дьыктааны суруйда.

@uoheebuluu
#БиһирэмТылКүнэ #ДапсыДьыктаана #ИйэТыл

⭐️ Бүгүн О.Д.Федорова аатынан киин бибилэтиэкэҕэ төрөөбүт ийэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай Дапсы – Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп төрөөбүт күнүн чэрчитинэн Дапсы дьыктаанын суруйуута буолла.

Улуус оскуолаларын, техникумун үөрэнээччилэрин, учууталларын, редакция үлэһиттэрин уонна биирдиилээн ааҕааччылары холбоон барыта 32 киһи кыттыыны ылла.

«Үрүҥ кэрэ сырдык» диэн сүүсчэ тыллаах тиэкиһи Исидор Барахов аатынан оскуола алын сүһүөх учуутала Варвара Петрова ааҕан суруттарда. Дьыктаан түмүгүнэн хас биирдии кыттааччыга туоһу суруктар туттарылыннылар. Түмүк сарсын киин бибилэтиэкэ саайтыгар тахсыаҕа.

Маны сэргэ бибилэтиэкэҕэ Дапсы кинигэлэрин быыстапката үгүс дьон болҕомтотун тарта.

Санатан эттэххэ, бэҕэһээ улуус дьаһалтатын сүбэ-мунньаҕын кэмигэр ыытыллыбыт дьыктааҥҥа барыта 34 салайааччы дьыктааны суруйбута.

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM