#бэлиэкүн #тутуу
⭐️ Оҕо балыыһатын бастакы сыбаайата түстэ
Бүгүн, Ыһыах күн Үөдүгэй нэһилиэгэр улуустааҕы киин балыыһаны сэргэстэһэ оҕо балыыһатын бастакы сыбаайатын түһэрии үөрүүлээх түгэнэ буолла.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэ түгэҥҥэ кыттыыны ылла. Өр күүппүт саҥа балыыһа дьиэтин киин балыыһаны кытары ситимниир сылаас туоруур переходтаах буоларыгар баҕа санаатын эттэ. "Кырачааннар уулуссанан эргийэн сылдьыбакка, быһаттыы сылаас көрүдүөрүнэн ааһан, наадалаах процедураларын ылыахтаахтар", - диэтэ Айсен Сергеевич.
Балыыһа үлэһиттэрин уонна улуус олохтоохторун улуус баһылыга Валерий Николаев, улуустааҕы киин балыыһа сүрүн бырааһа Сардаана Павлова күүтүүлээх бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтилэр.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

#бэлиэкүн
⭐️ 50 сыл бииргэ олорбут Үөдүгэй олохтоохторугар "Килбиэннээх дьиэ кэргэн" бэлиэ ананна
Дойдуга Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүн көрсө Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын иһинэн Гражданнар турук акталарын суруйар управление олохтообут үрдүкү "Килбиэннээх дьиэ кэргэн" бэлиэтин улуустааҕы ГТАС салайааччыта Татьяна Кардашевская Константин Терентьевич уонна Валентина Николаевна Ивановтарга бүгүн, бу дьоро күнү бэлиэтиир тэрээһиннэригэр туттарда.
Ивановтар дьиэ кэргэн 1974 сыллаахха от ыйын 5 күнүгэр төрүттэммит. Ыал аҕата Константин Терентьевич өр сылларга улуустааҕы киин балыыһа суһал көмөтүгэр суоппарынан, салныыМелиорация тэрилтэтигэр плотнигынан, пилорамщигынан, оператор-кочегарынан үлэлээн, өрөспүүбүлүкэ, улуус мелиорациятын сайдыытыгар 18 сылын анаабыта. Өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин иһин "Үөһээ Бүлүү улууһугар мелиорация сайдыытыгар кылаатын иһин" түөскэ кэтэр бэлиэлээх үлэ бэтэрээнэ.
Оттон Валентина Николаевна "Үөһээ Бүлүү оройуонун доруобуйа харыстабылын бочуоттаах бэтэрээнэ". 24 сыл устата улуустааҕы киин балыыһаҕа медицинскэй сиэстэрэнэн, сүрүн уонна ревизор-бухгалтерынан, кадр отделын специалиһынан, онтон салгыы баһаарынай этэрээт бухгалтерынан, кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр кассир-бухгалтерынан үлэлээбитэ. Үлэ бэтэрээнэ.
Ону тэҥэ үйэ аҥаара бииргэ олорбут дьон Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан истиҥ-иһирэх тыллардаах эҕэрдэ суругун туттулар.
3 оҕону иитэн, киһи хара оҥорбут номнуо сиэннэр тапталларыгар угуттанар Үөдүгэй нэһилиэгин дьоһун ыалыгар улуус баһылыга Валерий Николаев аатыттан эҕэрдэ суругу улуус дьаһалтатын Дьиэ кэргэн салаатын салайааччыта Аяна Кардашевская туттарда.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ улуустааҕы ГТАС салаатын "Ытык ыал" Бочуот кинигэтигэр киирдилэр.

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Бэлиэкүн
Атырдьах ыйын 22 күнүгэр О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай былааҕын 30 сылыгар анаан эдэр көлүөнэҕэ сэргэх тэрээҺин буолан ааста.
Манна "Бараховец" лааҕыр оҕолоругар (нач. В. И. Тарасова, восп. А.И. Иванова, Е.Д. Хабахова) Арассыыйа Былааҕын историятын туһунан (День Государственного Флага) библиотечнай уруок, бэсиэдэ, интеллектуальнай викторина ыытылынна.
Дойдубут былааҕын күнэ Арассыыйа Федерациятын өрөгөйүн ырыатынан саҕаланна. Викторинаҕа оҕолор балачча билиилээхтэрин көрдөрөн көхтөөхтүк кытыннылар.
Викторина түмүгэр
1 м. - Николаев Сахамин (6 кл).
2 м. - Миронов Саян (6 кл).
3 м. - Сидоров Сахамин (6 кл) буоллулар. Кыайыылаах оҕолорго улууспут историятын көрдөрөр ис хоһоонноох кинигэлэр туттарылыннылар.
Маны таһынан, "Великий Российский прославленный флаг" кинигэ быыстапката турда. Оҕо уонна нэһилиэк библиотекаларыгар кинигэ выставкалара, бэсиэдэлэр, куйаар ситиминэн тургутуктар ыытылыннылар.
@uoheebuluu

Бүгүн Улуу Россия былааҕын күнүнэн Ийэ скверигэр үөрүүлээх концерт ыытылынна.
Улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын салайааччыта Айяна Кардашевская Россия былааҕын күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна бу бэлиэ күн туһунан чахчылардаах флаердары мустубут дьоҥҥо бэлэхтээтэ.
Улууспут талба талааннаахтара, ырыаһыттара, мелодистара Николай Чуручанов, Марина Петрова, Мария Алексеева, Юрий Васильев- Дьураай о.д.а. ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Аһаҕас халлаан анныгар ыытыллыбыт эҕэрдэ концерт элбэх көрөөччүнү муста, дьону-сэргэни сэргэхситтэ.

Бүгүн, Олоҥхо дьиэтигэр, СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө, үөрүүлээх тэрээһин Улуу Россия, Саха сирэ, Үөһээ Бүлүү гимнэриттэн саҕаланна.

СӨ Ил Дархан дьаһалтатын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын салайааччы Георгий Николаевич Михайлов улуус олохтоохторун эҕэрдэлээтэ уонна Ил Дархан махтал суруктарын идэлэригэр бэриниилээх дьоҥҥо туттартаата.

Улуус баһылыга Валерий Николаев бар дьонун Судаарыстыбаннас күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна Ыксаллаах быһыы-майгы сулууспата тэриллибитэ 40 сылынан үбүлүөйдээх мэтээллэри, "Россия бочуоттаах донора" ааты туруу үлэһиттэргэ уонна бу күннэргэ 14 саастарын туолбут кэнчээри ыччаттарбытыгар Россия гражданинын пааспардарын туттартаата.
Эҕэрдэлиибит! 🎉🎉🎉

Улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев истиҥник эҕэрдэлээн туран өр сыллаах сыралаах үлэтин уонна Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин "СӨ Бочуоттаах тутааччыта" түөскэ кэтиллэр бэлиэ хаһаайына Дмитрий Алексеевич Петровка "Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтоҕо" ааты туттарда, улуус депутатыгар Александра Михайловаҕа уонна депутаттар Сэбиэттэрин специалиһыгар Диана Сидороваҕа махтал суруктары туттартаата.

Д.С.Спиридонов аатынан 4 нүөмэрдээх орто оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ, "Лидер" куруһуок иитиллээччитэ, "Басхан" улуустааҕы дьыалабыай оонньуу кыайыылааҕа Олег Андреев кэнчээри ыччат аатыттан эҕэрдэтин эттэ, "Cаха буоларбытынан киэн туттуохха" диэн доргуччу ыҥырда.

#бэлиэкүн #уһуйаан
⭐️ Кырачааннар Судаарыстыбаннас күнүн кытта билистилэр
Хоро нэһилиэгин уһуйаанын кырачаан бөлөҕүн иитиллэччилэрэ СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө Сахабыт сирин былааҕын кытта билистилэр. Билиилэрин чиҥэтэн, оҥоһуктарын кумааҕыга тистилэр.
Нэһилиэк библиотекатыгар тахсан Мария Чиряева бэлэмнээбит иһитиннэриитин болҕомтолоохтук истэн сэҥээрдибит.
Саха Судаарыстыбаннаһын күнэ бэрт сэргэхтик ааста.
Сонуннарга анаан Хоро уһуйаанын иитээччилэрэ Евдокия Корякина уонна Сахая Николаева.