Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.2K photos
4.38K videos
9 files
3.9K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#кырдьаҕастардекадалара

🧿 Бу нэдиэлэҕэ Мэйик сүрүн оскуолатын алын сүһүөх кылаастарын учууталлара үөрэнээччилэрин кытта "Аҕам саастаахтар" нэдиэлэлэрин чэрчитинэн нэhилиэк кырдьаҕастарыгар сылдьан, кинилэри кытта истиҥник кэпсэтэн, кылгастык да буоллар, сэргэхситтилэр.

Оҕолор барахсаттар эбээлэрэ, эhээлэрэ бэлэмнээбит остуолларыгар минньигэс сиэн, сок, чэй иhэн, сүрдээҕин астыннылар.

Бастакы хаар түhэн, хаарынан бырахса оонньоон, дьиэлэригэр улаханнык илистибит дьон тиийбиттэрэ чуолкай. Оҕолорбут саастаах дьону убаастыы, кинилэринэн киэн тутта, көмөлөһө сылдьыахтарын испитигэр-быарбытыгар олуһун баҕарабыт. Учуутал үөрэтэр эрэ буолбатах, кини киhилии киhи буола улааталларыгар акылааттарын уурааччы буоларын умнуо суохтаахпыт.

Мэйиктэн Валентина Попова

Салгыытын комментарийга киирэн ааҕыҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кырдьаҕастардекадалара

⭐️Үөһээ Бүлүү улууһун Култууратын департамена аҕам саастаах дьон декадаларын чэрчитинэн, сыл ахсын култуура бэтэрээннэрин кытары истиҥ көрсүһүүлэри тэрийэллэр. Чэйдэтиини култуура үлэһиттэрин идэлээх Сойууһа (бэрэссэдээтэл Зоя Колосова) тэрийдэ. Араас сылларга үлэлээбит култуура бэтэрээннэрэ бииргэ үлэлээбит дьоннорун кытары көрсөн үөрэллэр-көтөллөр, уруккуну-хойуккуну санаан ахтыһаллар. Бу күн култуура үлэһиттэрэ бэтэрээннэргэ "Лоокуут уонна ньургуһун" уус-уран киинэни көрдөрөн бэлэх ууннулар.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаас #кырдьаҕастардекадалара

🏃‍♂️ Оҕо сайдар киинин "Үрүйэчээн" уһуйаан бэлэмнэнии бөлөх иитээччилэрин уонна төрөппүттэрин көҕүлээһининэн "Аҕам саастаахтар" күннэринэн өр сылларга биһиги уһуйаамытыгар үлэлээбит бэтэрээннэрбитигэр Федотова Мария Михайловнаҕа, Лазарева Лидия Гаврильевнаҕа эҕэрдэлээн ыалдьыттаатыбыт.

Оҕолор хоһоон ааҕан санааларын өрө көтөхтүлэр, кыра «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн" оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут минньигэс кэнсиэрбэсэлэри, сир аһыттан бэлэх туттардыбыт.

Бэтэрээннэрбит ис-истэриттэн үөрэн, алгыс тылларын анаатылар. Убаастыыр күндү дьоммут, Эһиги олоххут устата мунньуммут киэҥ билиигит, муудараскыт, өйгүт-санааҕыт биһиэхэ үтүө холобур буолаллар. Сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн тураммыт эһиэхэ уһун дьоллоох олоҕу, кытаанах доруобуйаны, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьаргытыгар баҕарабыт.

Сонуннарга анаан Вероника Протопопова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кырдьаҕастардекадалара

⭐️ Сааһырбыт дьон нэдиэлэтигэр анаан Нам спортсаалатыгар "Мин сааһым - мин баайым" диэн тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста.

Ас арааһын аһаттылар, кус миининэн күндүлээтилэр, ылбаҕай ырыанан эҕэрдэлээтилэр. Баһылык Александр Кардашевскай үбүлүөйдээх, анал ааттары ылбыт ытык дьоммутугар Добун суруктары, бэлэхтэри туттарда.

"Өйдүүгүөн ол сыллары, эдэр саас кэмнэрин ..." диэн ааттаах фотозонаны П.Н.Тобуруокап музей-уһаайбатын үлэһиттэрэ оччотооҕу малы-салы ыаллартан
уларсан туруорбуттарыгар кэлбит дьон үөрэ- көтө хаартыскаҕа түстүлэр.

Дартс, дуобат, сахалыы остуол оонньуулара, сканди - көрдөөх эстафета тэрийдилэр. Кэлбит ыалдьыттар үөрэн-көтөн, үҥкүүлээн, бэркэ сэргэхсийэн, махтал тылларын тэрийээччилэргэ анаан тарҕастылар.

Сонуннарга анаан Нина Саввинова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кырдьаҕастардекадалара

⭐️ Аҕам саастаахтарга болҕомто

"Мин докумуоннарым" элбэх өҥөнү оҥорор киин коллектива, аҕам саастаахтар декадаларыгар олоҕуран, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Наталья Петровна Муксуноваҕа кус, балык, бэйэ оҥорон таһаары үүт аһын бэлэх ууннулар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM