Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
21K photos
4.16K videos
9 files
3.66K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#кэрээйгэтэ

⭐️⭐️⭐️Үөдүгэйдээҕи Култуура Киинигэр алтынньы 1️⃣4️⃣ күнүгэр улууспут олохтоохторун, мааны ыалдьыттарын үлэ сезонун арыйар тэрээһиннэргэ күүтэбит!!!

⭐️14 ч 00 м - "Ким түмсүүлээх - ол тирэхтээх" СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, норуот суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов, Сунтаар улууһун талааннаах ырыаһыта, сытыы бөрүөлээх суруйааччыта Мэхээс Сэмиэнэп кыттыылаах улууспут айар куттаах, ырыа ымыылаах дьонун кытта төгүрүк остуол.

⭐️ 14 ч 00 м - тарбаҕар талааннаах Далбар Хотун Галина Степановна Семенова оҥоһуктарын киэҥ быыстапката.

⭐️ 22 ч 00 м - "ТЫЫННААХ ДОРҔООН" сахалыы ырыа, тэтимнээх хамсаныы Добун түһүлгэтэ!

⭐️Мэхээс Сэмиэнэп, "Үргэл" ВИА, Юрий Васильев - Дьурай      
        
Саҕаланар: 2️⃣2️⃣ч0️⃣0️⃣м.   
Киирии: 5️⃣0️⃣0️⃣солк
Кэлиҥ! Кэрэни кэрэхсээҥ!

"Үөдүгэйдээҕи сынньалаҥ киинэ"
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

⭐️ Кэлэн иһэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн улууспут күүстээх аҥаардарын "Ыллыыр Хотун Бүлүү" кэнсиэринэн оройуоммут талба талааннаах кэрэ аҥаардара эҕэрдэлиэхтэрэ.

Олоҥхо дьиэтигэр олунньу 22 күнүгэр киэһэ 19:00 чаастан күүтэллэр.

Кэрэ аҥаардар убайдаргытыгар, кэргэттэргитигэр, эһээлэргитигэр бырааһынньыктааҕы кэнсиэргэ билиэттэ ылан бэлэхтииргэ тиэтэйиҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#күрэх #кэрээйгэтэ

⭐️ "Дорҕоон" эр дьон ансаамбыла Ньурба улууһугар ыытыллыбыт ырыа күрэҕэр кыайыылаах буолла.

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Ньурба оройуонугар Олох-дьаһах эйгэтин тупсарыы, Марха улууһа тэриллибитэ 200 сылларын чэрчитинэн Чаппанда нэһилиэгэр Бүлүү бөлөх оройуоннарын икки ардыларыгар онус төгүлүн ырыа күрэҕэ ааста.

«Иһийбит иэйиини күөдьүтэн» үбүлүөйдээх күрэххэ Дүллүкү нэһилиэгин "Дорҕоон" эр дьон ырыа ансаамбыла Гран-При үрдүк аатын ылары ситистэ.

Соторутааҕыта эрэ куйаар ситимнэринэн киэҥник тарҕанан үгүс дьон сэҥээриитин ылбыт ырыа куттаах эр дьоммутун өссө биирдэ истэ сэргэҕэлээҥ.

Видеолар комментарийга⬇️⬇️⬇️

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#култуура #кэрээйгэтэ

Ю.Е.Платонов аатынан СӨ эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыстара "Маҥнайгы учуутал" музыкальнай спектакль туруораары бэлэмнэнэ сылдьар түгэннэрэ💫

Үөһээ бүлүүлэр Сергей Потапов туруоруутугар дьоһуннаах спектаклы көрдүлэр. Ырыаһыт артыыстар көрөөччүлэр куттарын тутан, дууһа кылын таарыйан, олохтоохтор сүһүөхтэригэр туран эрэ харах уулаах ытыс дохсун тыаһын бэлэх ууннулар. Саалаҕа мустубут дьон артыыстары туран эрэ уруйдаатылар.

Кэлбэтэх дьон элбэҕи сүтэрдэ диэҕи баҕарыллар.

@ulusmedia