Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#эдэрсаас

⭐️ Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт "Актив Вервил" эдэр ыччат фестивалын кыайыылаахтара - Кытайга

"Күн ыччаттара" диэн ааттаах бу фестивальга кыайыы өрөгөйүн билбит хамаанда сүрүн бирииһи - Кытай өрөспүүбүлүкэтин Хэйхэ куоратыгар барар путевканы туппуттара. Күн бүгүн номнуо күүлэйдээн, дуоһуйа сынньана кэллилэр.

"Аллараа Бэстээхтэн Благовещенскай куоракка диэри поеһынан айаннаан, Амур үрэҕи паромунан туораан, Хэйхэ куоракка тиийбиппит. Бэйэбит 16 этибит, барыта эдэр ыччат. Бастакы күнтэн саҕалаан кэлиэхпитигэр диэри Хэйхэ куоратын бэрэстэбиитэлистибитэ гид сыһыарбыта. Амур өрүһү туоруур саҥа муостаны, болуоссаттары, музейдары көрдүбүт, куораты биир гына күүлэйдээтибит. Хэйхэ 100000 киһилээх куорат, Кытай сүрүн куоратыгар холоотоххо, кыра куорат эбит, ол да буоллар сайдыыта үрдүк таһымҥа турар, ыраас куорат буоларын бэлиэтии көрдүбүт. Махтаныам этэ Владимир Семенович Посчкачиҥҥа, уонна Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар! Атын культураны кытта ыкса билсиһэн кэлэр диэн киһиэхэ, кырдьык, олус наадалаах уонна туһалаах буолар эбит", - диэн Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар Үөһээ Бүлүү уонна Үөдүгэй нэһилиэктэрин кытта үлэлэһэр исписэлиис Алексей Прокопьев санаатын үллэһиннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM