Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#планерка

Үөдүгэй нэһилиэгин уулуссаларын ыраастааһын үлэлэрин туһунан Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Паром сырыытын туһунан биир кэлим диспетчер сулууспатын (ЕДДС) салайааччытын солбуйааччы Василий Морфунов иһитиннэрдэ.

Паром сырыыта кэлэр нэдиэлэттэн тохтуура сабаҕаланар. Бүлүү эбэни туоруур миэстэ, табыгастааҕын быһыытынан, улуустааҕы история уонна этнография түмэлин диэкинэн быһаарыллан турар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһун ветеринарнай сулууспатын салайааччыта Владимир Мачахтыров салалта үлэтин туһунан иһитиннэрии оҥордо.

Ынах сүөһү уопсай ахсаана, регистрацияламмытынан, 9533 төбө. Оттон сылгы ахсаана 8138 тэҥнэһэр. Итиэннэ 33 сибиинньэ, 30 коза, 987 дьиэ көтөрө, 1331 ыт, 413 куоска регистрацияны ааспыт.

Сиэмэлээһиҥҥэ улууска 1835 төбө былаан бэриллэн турарыттан, онтон 1256 төбө сиэмэлэммит, ол эбэтэр бу көрдөрүү уопсай былаантан 68% тэҥ.

3 соччото суох пуун бэлиэтэнэн турар. Оҥхойго бу нэдиэлэҕэ харантыын сабыллара былааннанар. Боотулууга эмиэ кэлэр нэдиэлэ бүтүүтэ харантыын тохтотуллуохтаах. Бу нэһилиэктэр эмкар ыарыынан бэлиэтэнэн харантыыннаммыттара. Итиэннэ Үөһээ Бүлүүгэ ыт бруцеллеһун боппуруоһа сабыллыбакка турар.

Ынах сүөһүнү маркировкалааһын 80% тиийэн турар. Сылгыларга чип кэллэҕинэ 100% чиптэниэхтээхтэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ананар көмөнү тэрийэр пуондаҕа харчы киириитин туһунан баһылык сүбэһитэ, 2032 сылга диэри улуус стратегическай сайдыытын сүрүннээччитэ Наталья Гурьева иһитиннэрдэ.

Баҕа өттүнэн көмөнү оҥорууга күн бүгүн улуус 51 тэрилтэтэ үлэлэһэ олорор. 41 тэрилтэ хамсаныыта бытаан диэн бэлиэтэннэ. Итиэннэ биирдиилээн биэнсийэлээх аҕам саастаах дьон ый ахсын биэнсийэлэриттэн бу пуондаҕа көмө киллэрэ тураллар. Бу олус хайҕаллаах уонна холобур буолуох тустаах дьыала.

"Байыастарга ананар гуманитарнай сырыы Саха сирин киинин кытта былааннаан оҥоһуллар. Бу сырыыга улуус дьаһалтатын аатыттан 4 киһи барара былааннанар. Онон нэһилиэктэр баһылыктарыттан бу сырыыга кыттыһыан баҕалаах дьонтон сайаапка күүтэбит. Биир дойдулаах уолаттарбытыгар көмө буолар, олус наадалаах тэриллэрин атыылаһан ылан илдьэргэ үлэһит нэһилиэнньэттэн көмө киирэрэ наада. Барыта кыайыы туһугар диэн санаанан салайтаран көмөҕүтүн түргэтэтиэххит диэн эрэнэбин", - диэн улуус баһылыга Валерий Николаев санаатын эттэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччытын быстах кэмҥэ эбээһинэһин толорооччу полиция лейтенана Николай Гурьев иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар 43 иһитиннэрии киирбит. Онтон араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ - 4, түөкүннээһин - 14, уоруу - 1, атын киһи бас билэр баайын-дуолун алдьатыы - 1

6 административнай ыстараап боротокуола толоруллубут. Нэдиэлэ устата ГАИ үлэһиттэрэ 90 ыстараап боротокуолун толорбуттар. Арыгы иһэн баран иккистээн массыына ыыта сылдьан биир киһи тутуллубут.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов иһитиннэрбитинэн, МТС сибээс улууска мөлтөҕүнэн сибээстээн бу боппуруоһу туруорсубута 5 ый буолбут. Мантан сиэттэрэн улууска саҥа станция туруоруллуохтаах диэн эппиэт суругунан кэлбит.

Убаастабыллаах улуус олохтоохторо, МТС сибээһинэн туһанааччылар!

МТС сибээһэ сүттэ даҕаны 0890 нүөмэргэ эрийэн сибээс барда, быстар мөлтөх диэн эрийэн үҥсүү хаалларан бэлиэтэнэр наада буолла. Төһөнөн нэһилиэнньэтин элбэх үҥсэргээһин киирэр даҕаны, соччонон саҥа станция туруоруллар боппуруоһа түргэтиэхтээх. Онон сибээс мөлтүүр түгэнигэр 0890 нүөмэргэ харса суох эрийэн биллэриҥ. Маныаха үҥсэргээбит дьоҥҥо тарыыпка 30% чэпчэтии кытта көрүллүөн сөптөөх.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуустааҕы административнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Анна Васильева иһитиннэриититтэн саҕаланна.

10 ый устатыгар уопсайа 93 административнай боротокуол толоруллубут.

3.5 ыстатыйа 1 чааһыгар олоҕуран, ол эбэтэр киэһээҥи өттүгэр чуумпуну уйгуурдуу. Үлэ кэмигэр киэһэ 21:00 чаастан 8 чаас устата, өрөбүллэргэ уонна бырааһынньык күннэригэр киэһэ 22:00 чаастан 10 чаас устата элбэх квартиралаах дьиэлэргэ олохтоохтор чуумпуну тутуһуохтаахтар. Манна 48 киһиэхэ административнай боротокуол толоруллубут.

9.10 ыстатыйанан - 24 киһи эппиэккэ тардыллыбыт, 13.4 ыст. (тыллар туһунан СӨ сокуонунан ирдэбиллэрин тутуспат буолуу) - 4, 20.25 ыстатыйанан 4 боротокуол оҥоһуллан, 26 тыһыынча солкуобай ыстараап олохтоммут.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#планерка

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр уулуссалар туруктарын көрөр үлэни тэрийии туһунан Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Александр Бороннуров иһитиннэрии оҥордо.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 42 км 217 м уһуннаах 103 уулусса баар. Мантан 25 км 96 м уһуннаах 43 уулуссаҕа сырдатыы үлэтэ ыытыллан, уот холбонон турар.

Бу сылга эбии 7 уулуссаҕа сырдатыы үлэтэ ыытыллыахтаах. Оччоҕо 3 к 97 м уһуннаах уулуссалар сырдатыллыахтаахтар.

Алтынньы бүтэһигэр кэлэр 2024 сылга олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) эбии 2 км 961 м усталаах 7 уулусса уотун оҥорор үлэҕэ сайаапка бэриллиэхтээх.

Уулуссалары сырдатыы үлэтигэр сэлиэнньэ бюджетыттан сыллата 1 мөлүйүөн үп көрүллэ турар.

2021 сылтан "СибПроект" ГК ХЭТ нөҥүө дуогабардаһан светодиоднай лаампаларынан хааччыйа олороллор. Ону тэҥэ бу лаампаларын сылы эргиччи көрөр-истэр, өрөмүөннүүр дуогабардаах.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөрэх эйгэтигэр ыытыллар үлэ туһунан үөрэх салалтатын салайааччытын солбуйааччы Николай Платонов иһитиннэрдэ.

Улуус үрдүнэн 25 оскуолаҕа 3500 оҕо үөрэнэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар 23 эдэр специалист үлэлии кэллэ. Ол үрдүнэн 41 вакансия күн бүгүн аһаҕас турар, онтон 1 үлэ миэстэтэ эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр. Үлэ миэстэтин үөрэх управлениетыттан тиийэ ыйыталаһыаххытын сөп.

Бүтүн Россиятааҕы олимпиада оскуола иһинэн ыытыллар этаба саҕаланна. Манна кыайбыттар салгыы улуус таһымнаах олимпиадаҕа киириэхтэрэ. Секциялар, кружоктар былаан быһыытынан үлэлии тураллар.

10-тан тахса киһилээх Үөһээ Бүлүү улууһун учууталларын делегацията үөрэх управлениетын салайааччыта Юрий Кынатов салалтатынан Калининград куоракка үөрэхтээһин кууруһугар баран кэллэ.

Алтынньы 15-16 күннэригэр үлэ хаамыытын чэрчитинэн 26 киһи - оскуола дириэктэрдэрэ, уһуйаан сэбиэдиссэйдэрэ, үөрэх эйгэтин специалистара Горнай улууһугар баран кэллилэр. Горнайга 15 уһуйаан, 11 үөрэх тэрилтэтэ грантовай куонкурустарга күүскэ кытта сылдьар уопуттарын кэпсээтилэр.

Оскуола үөрэнээччилэригэр күһүҥҥү сынньалаҥ алтынньы 28 күнүттэн саҕаланыаҕа уонна сэтинньи 4 күнүгэр түмүктэниэҕэ.

Федеральнай сокуон 120 ыстатыйатыгар олоҕуран үлэлиир хамыыһыйа саҥа састааба бигэргэннэ. Сокуоннай саастарын ситэ туола илик оҕолор буруйу оҥоруулара тахсыбатын туһугар атын бэрээдэгинэн үлэлииргэ былааннаатылар.

Оскуола үөрэнээччилэрин комплекснай спартакиадатыгар "Спортивная Якутия" өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиада 26 көрүҥүттэн 19-һун киллэрдилэр. Сэтинньи 8 күнүттэн саҕаланыахтаах уонна сыл устата барыахтаах. Саас, үөрэх дьылын бүтүүтэ түмүгэ тахсыахтаах. Ситэтэ суох орто оскуолалар, 100-кэ диэри ахсааннаах уонна 100-тэн тахса ахсааннаах үөрэнээччилээх оскуолалар диэн үс бөлөҕүнэн күрэстэһиэхтэрэ.

2025 сылга сайыҥҥы оҕо лааҕырдарын тэрийии туһунан улахан былаанныыр мунньах ыытыллыбыт.

Улуус баһылыга Валерий Николаев үөрэххэ киирии боппуруоһун таарыйда. Ол курдук, улуус үрдүнэн 11 эрэ оҕо үрдүк үөрэххэ киирбитин бэлиэтээтэ. Бу боппуруоска күүскэ үлэлиир наадатын ыйда. Сүрүн предметтэри биэрэр учууталлар улуус киинигэр үлэлии кэлэллэрин туһугар улуус дьаһалтатыттан эбии үп көрөн, күүскэ үлэлэһэргэ былааннаабытын иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

"Автодор" АУо РИХ "Бүлүү" федеральнай суолугар ыытар үлэтин туһунан СМР маастара Гаврил Семенов иһитиннэрдэ.

Чыбыыдаҕа диэри суолга дьаамалары суох гынар өрөмүөн үлэтэ кэлэр нэдиэлэҕэ ыытыллыаҕа.

Түүкээҥҥэ диэри Ньурба улууһун суол үлэтин хааччыйар тэрилтэтэ сылдьар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM