Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.5K photos
4.41K videos
9 files
3.99K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#откэмэ
🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿
Өбүгэлэрбит барахсаттар ходуһаҕа Бөтүрүөп таҥара иннинэ, эбэтэр ый ортотун аһардан баран, от сиппитин, сибэккилэммитин кэннэ киирэр үгэстээхтэрэ. 


🌿Окко күргүөмүнэн Борокуоппайап күнүттэн киирэллэрэ.

🌿Окко киирии туомнара:
Хотуур уулатыы
От охсооччулартан биирдэстэрэ илин диэки хайыһан туран күҥҥэ сүгүрүйэр, ол кэннэ хотуурун үс төгүл далайан охсор. Охсуллубут оттон биир тутуму ылан, ымдааҥҥа (быырпахха) уган илитэр уонна ол отунан хотуурун үстэ сотор. Атыттар кинини үтүктэллэр. Дьэ ол кэнниттэн, бары ходуһаҕа киирэн, охсууну саҕалыыллар этэ былыр
Күүлэй
Бастыҥ отчуттары мунньан, оту охсууга күрэхтэһиннэрии саха омук сиэригэр-туомугар киирбит көр. Кыттар дьону эрдэттэн анаан ыҥыраллара, үүнүүлээх алааһы талаллара, үчүгэй аһы-үөлү, элбэх кымыһы, ымдааны бэлэмнииллэрэ. Күрэхтэһии саҕаланыытыгар уот оттон, ходуһаларын иччитин аһаталлар. Түмүккэ киэҥ сири охсубут киһи кыайыылааҕынан ааҕыллар
🌿От ыйын 13 күнүгэр СЫННЬАЛАҤ- абааһы мунньаҕын күнэ
интернет ситимиттэн инфо
#Үөһээбүлүүхаһыат