#планерка
✅Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ:
- Ааспыт нэдиэлэ устата 45 иһитиннэрии киирдэ, ол иһигэр 2 киһи өлүгэ көһүннэ (Боотулууга буолбут баһаарга), 1 дьиэттэн барыы, 11 түөкүннээһин бэлиэтэннэ.
@uoheebuluu

⭐️ Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕа, Олоҥхо күнүнэн, олоҥхону көрөн олорон ааҕыыттан саҕаланна. Тэрилтэ салайааччылара ийэ олоҥхоһуппут Кириил Никииппэрэп - Лөкөчөөн олоҥхотун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова эҕэрдэ тойугунан бэлиэ күнү арыйда.
Итиэннэ Олоҥхо декадатын иитинэн ыытыллар тэрээһиннэри билиһиннэрдэ.
Бырагырааманы сиһилии хартыыҥкаларга көрүҥ⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Хаһыакка 2025 сылга сурутуу бара турар: https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976

✅ Үөһээ Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буолуутун киинин үлэтин туһунан салайааччы эбээһинэһин толорооччу Зоя Егомина иһитиннэрдэ.
Улуус үрдүнэн социальнай көмөнөн 14027 киһи туһанар. Ол иһигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин огдообото - 2, тыыл бэтэрээнэ 31 эрэ киһи, сулууспалыы сылдьан эмсэҕэлээһин ылан инбэлиит буолбут 1 киһи баар.
42 Афганистан уонна Чечня сэриилэрин кыттыылаахтара бааллар. Маны тэҥэ билиҥҥи байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьааччылар биирдиилээн учуокка туран эрэллэр.
Улууска 1245 доруобуйатынан хаарчахтаах киһи биэнсийэ ылар. Ол иһигэр 206 оҕо, итиэннэ 1-кы группалааҕа - 190, 2-с группалааҕа - 343, 3-с группалааҕа - 513.
РФ таһымнаах үлэ бэтэрээнэ - 1202, СӨ үлэ бэтэрээнэ - 1530.
Харахтарынан көрбөт 21 инбэлиит учуоттаах.
38 киһи РФ донора дастабырыанньатынан көмөнү туһанар.
Кыаммат ыалларга субсидия көмөтүнэн дьиэлэрин газтааһыҥҥа 150 тыһ. солк. көрүллэр. Кииннэммит ититэр ситимҥэ холбонорго 125 тыһ. ананыан сөп. Быйылгы сылга газтааһыҥҥа уопсайа 9 мөл. 900 тыһ. солк., оттон кииннэммит ититэр ситимҥэ холбонууга 5 мөл. 250 тыһ. солк. анаммыта. Ол эрэн бу үп ситэри туһаныллыбакка сорох чааһа судаарыстыба бюджетыгар төннөрүллүбүт.
Социальнай хантыраак бырагырааматынан 26 мөл. 430 тыһ. солк. көрүллүбүтэ. Манна 102 кыаммат ыал уонна соҕотох олорор дьон туһаннылар. Ол курдук, бэйэ дьыалатын арыныыга - 24, үлэ буларга - 14, кэтэх хаһаайыстыба тэриниитигэр - 13, олох ыарахан, уустук балаһыанньатыттан тахсарга анаммыт көмө быһыытынан 40, соҕотох олорор 15 киһиэхэ үбүнэн көмө оҥоһулунна.
Үлэлиир саастаах инбэлииттэргэ анал бырагыраама чэрчитинэн 2 мөл. 762 тыһ. солк. 7 хантыраак оҥоһуллубут.
Оҕолоох ыаллары өйүүр бырагыраамалар күүскэ үлэлииллэр. Ол курдук, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала 300 тыһ. солк. суумалаах, регионнааҕы Ийэ хапытаала - 249 тыһ. солк.
"Дети столетия" хапытаал бүгүҥҥү күҥҥэ 110 тыһ. солк. тэҥнэһэн турар.
Элбэх оҕолоох ыаллар босхо сир учаастагын ыларга уочаракка тураллар. Улууска уһаайба сирэ суох буолан уочарат сүнньүнэн хамсыы илик. Ол уочаракка турааччылартан 94 ыал уһаайба ылартан аккаастанан, харчынан көрүллэр биир кэмнээх төлөбүр туһаммыт. Бу суума 200 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅ Спорт тэрээһиннэрин туһунан управление салайааччыта Егор Николаев кэпсээтэ.
23-гэр диэри саастаах ыччаттарга 30 хапсаҕайдьыт кыттыбытыттан Үөһээ Бүлүү хамаандата бастаан кубок хаһаайына буолла.
Бу күннэргэ ыытыллыбыт остуол тенниһин өрөспүүбүлүкэтээҕи чемпионатыгар 16 улуустан 200-тэн тахса спортсмен кыттыыны ылла. Улуус аатыттан кыттыбыт уолаттар хамаандалара 10-с миэстэни ылла, оттон кыргыттар хамаандалара үһүс бириистээх миэстэни ылары ситистэ. Пааранан күрэхтэһиигэ кыргыттарбыт Диана Пахомова уонна Эмилия Аввакумова үһүс миэстэни ыллылар.
Бырааттыы Ноговицыннар бириистэригэр хапсаҕайдаһан тустуу күрэҕэр 20-тэн тахса киһилээх Үөһээ Бүлүү хамаандата 6 ыйааһынынан күрэхтэстэ. Федерация Кубогар эрэнэр уолаттарбыт бириистээх миэстэлэри ыллылар.
Өрөбүллэргэ ыччат спартакиадата буолан ааста. 21 нэһилиэктэн 7 эрэ нэһилиэк кыттыыны ылла. Кыра нэһилиэктэргэ Хомустаах нэһилиэгин эрэ хамаандата кытынна уонна бастакы миэстэни ылан таҕыста. 35-гэр диэри саастаах 70-тан тахса ыччат дьон күрэхтэһэн, билсэн-көрсөн, алтыһан тарҕастылар.
Нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар спартакиада 23 көрүҥүнэн ыытыллар. Мантан үгүс нэһилиэктэр 5-тии, 6-лыы көрүҥҥэ кыттыбакка олороллор эбит. 6 нэһилиэк 100% кыттан олорор.
Нам уонна Хоро нэһилиэктэрэ туох-баар көрүҥҥэ барытыгар кыттан инники күөҥҥэ иһэллэр. Киирсии тыҥааһыннаах. Итиэннэ бу бөлөххө Дүллүкү уонна Үөдүгэй нэһилиэктэрэ биир очукуонан быысаһан, тилэх баттаһан иһэллэр.
Тамалакаан нэһилиэгэ орто нэһилиэктэргэ инникилээн иһэр. Тамалакаан кэнниттэн Боотулуу уонна Харбалаах нэһилиэктэрэ тэбис-тэҥ очукуолаах иһэллэр.
Үһүс, кыра нэһилиэктэр бөлөхтөрүгэр Быракаан бастаан иһэр. Кини кэннэ Хомустаах нэһилиэгэ аҕыйах очукуонан хаалан иһэр.
Билигин спартакиадаҕа биир, быһаарыылаах көрүҥ хаалан турар. Ол курдук, кырдьаҕастар спартакиадалара бу бээтинсэ, субуота ыытыллаары турар. Аҕам саастаах дьон көхтөөхтүк кыттан, нэһилиэктэригэр быһаарыылаах очукуолары биэриэхтэрэ.
Санатар буоллахха, үс бөлөҕүнэн кыайыылаах нэһилиэктэргэ улахан суумалаах харчынан бириистэр туттарыллыахтаахтар.

✅ Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.
Ааспыт нэдиэлэ устата Ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар 26 иһитиннэрии киирбит. Мантан араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ - 5, онтон үһэ охсуһуу түмүгэр кыра өрүттээх эчэйии буолар. Административнай боротокуолунан муҥурданыахтара.
6 түөкүннээһин, өлөрүүнэн куттааһын түбэлтэтэ - 1, элбэх квартиралаах дьиэҕэ киэһээҥи өттүгэр чуумпуну аймааһын - 4.
Дьуһуурунай чааска 3 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.
Уопсайа нэдиэлэ устата 20 административнай боротокуол оҥоһуллубут. ГАИ үлэһиттэринэн 107 боротокуол толоруллубут.
❗️Арыгы испит туруктаах икки суоппар уруулга олорон тутуллубут. Бу дьон 30 тыһыынча солкуобай ыстараабы төлүүллэрин таһынан балтараа сылга уруулга олорор, массыына ыытар бырааптара сокуонунан быһыллар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Ааспыт нэдиэлэ устата Ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар 26 иһитиннэрии киирбит. Мантан араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ - 5, онтон үһэ охсуһуу түмүгэр кыра өрүттээх эчэйии буолар. Административнай боротокуолунан муҥурданыахтара.
6 түөкүннээһин, өлөрүүнэн куттааһын түбэлтэтэ - 1, элбэх квартиралаах дьиэҕэ киэһээҥи өттүгэр чуумпуну аймааһын - 4.
Дьуһуурунай чааска 3 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.
Уопсайа нэдиэлэ устата 20 административнай боротокуол оҥоһуллубут. ГАИ үлэһиттэринэн 107 боротокуол толоруллубут.
❗️Арыгы испит туруктаах икки суоппар уруулга олорон тутуллубут. Бу дьон 30 тыһыынча солкуобай ыстараабы төлүүллэрин таһынан балтараа сылга уруулга олорор, массыына ыытар бырааптара сокуонунан быһыллар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅РФ биэнсийэннэн уонна олоххо дьаһахха көмөн хааччыйыы пуондатын СӨ Үөһээ Бүлүү улууһугар килийиэн сулууспатын үлэтин туһунан Альбина Николаева иһитиннэрдэ:
- Улууска килийиэн сулууспата диэн ааттанан 2023 с үлэлии олоробут. Тэрилтэбитигэр 17 үлэһит баар.
Олоххо-дьаһахха көмөлөөх өҥөлөрү оҥоробут, босуобуйалары, биэнсийэлэри, социальнай өҥөлөрү РФ сокуонунан оҥоро олоробут. 6191 киһи биэнсийэннэн хааччыллан олорор. Орто кээмэйэ 26770,71 солк. тэҥнэһэр.
18 саастарын туола илик 214 инбэлиит оҕолор, биир төрөппүтүн сүтэрбит 757 оҕо биэнсийэлэри ылаллар.
ЕДВ 1420 киһи туһанар, ол иһигэр бойобуой дьайыы 72 бэтэрээнэ ылар.
Тохсунньу 1 күнүттэн нэһилиэнньэттэн уопсайа 2278 сурук киирдэ, олортон 1462 интэриниэт ситиминэн, суругунан 243 , МФЦ нөҥүө 73. Инникитин көһө сылдьар приему оҥорор өҥө олоххо кыралаан киирэн иһэр. 5619 консультация оҥоһулунна, төлөпүөнүнэн 6915 ыйытык киирдэ. Үксүн босуобуйа туһунан ыйытыктар киирэллэр.
2024 сылга 1974 с.т. дьахталлар, 1966 с.т. эр дьон биэнсийэҕэ тахсаллар. Дьахталлар 20 сыл ыстаастаах, эр дьон 25 сыл ыстаастаах буолуохтаахтар, 28,2 баал ирдэнэр. Кэлэр сылтан 30 баалга тиийэ үрдүүр.
Үлэлээбэт биэнсийэлээх дьон икки сылга биирдэ босхо бырайыаһынан туһаналлар, ол курдук быйыл бу өҥөнөн 658 киһи туһанна, уопсай сууммата 15 мөл. солк тахса.
Босуобуйа туһунан эттэххэ, интэриниэт ситиминэн 93 % киһи сайабылыанньа ыытта. Сайабылыанньа түмүгүнэн 50, 75, 100% төлөбүр кээмэйэ ананар.
ТСР (технические средства реабилитации) барыта 17045 киһи сайабылыанньа биэрэн, коляска, слуховой аппарат, протез, подгузник, сынньанар сиргэ бырайыас туһаналлар.
Санаторно-курортнай путевканан туһаныы өҥөтө баар. Маныаха учуокка турар 130 льготник, ол иһигэр 1 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа туһанна. Үгүс дьон реабилитационнай кииннэргэ Дьокуускайга баран эмтэнэн кэлэллэр.
Бу ый 20 күнүгэр килийиэн сулууспатын иһинэн Аҕа көлүөнэ билсэр-көрсөр, кэпсэтэр киинэ арыллаары турар.

✅Улуустааҕы киин балыыһа үлэтин хаамыытын туһунан киин балыыһа сүрүн бырааһа Сардаана Павлова:
- 20 нэһилиэккэ аптека арыллан үлэлии турар. "Работа России" портал нөҥүө 6 оҕо үрдүк үөрэххэ, 10 оҕо орто үөрэххэ. 2025, 2026 сс
үлэлии кэлэллэрэ былааннанар.
Кардиолог, дерматовенеролог "Земскэй доктор" программанан үлэлии кэлбиттэрэ.
Оҕо консультациятын 30% тутуута бара турар. Эһиил ахсынньыга киирэрэ былааннанар.
Национальнай бырайыак чэрчитинэн, үгүс массыына кэлэн сүүрэ сылдьар.
Компьютернай тамографпыт кулун тутарга уот хамсааһыныгар алдьанан, 3,5 мөл. солк төлөөн бесперебойник атыылаһаммыт бу алтынньыттан үлэлэтэбит.
Бу нэдиэлэҕэ Хороҕо стоматолог үс күн үлэлиэхтээх. Улуус киинигэр 6 стоматолог үлэлиир эрээри, талон мэлдьи тиийбэт.
Нэһилиэктэринэн быраастар кэмиттэн кэмигэр тахсан үлэлииллэр. Хас оптуорунньук аайы көһө сылдьар мобильнай киин үлэлиир, диспансеризация ыытыллар, тэрилтэлэринэн тиийэн нэһилиэнньэни көрөр өҥөнү оҥоробут.
Алтынньыга мобильнай хирургическай биригээдэ кэлэн үлэлээтэ, уопсайа 70 киһини эпэрээссийэлээтэ.
ФЛГ үс нэһилиэк түһэ илик, дьон көхтөөхтүк түһүөн наада. Үлэ күннэригэр күн аайы 3 чааска диэри түһүөххүтүн сөп.
Үөһээ Бүлүүгэ барыта 64 оҕо төрөөтө, өлүү -159. Орто сааһа 54 саас. Атырдьах ыйыттан 14 киһи реанимацияҕа арыгы дьайыытыттан киирэн таҕыста, онтон 2-тэ өллө.
Башкортостантан акушер-гинеколог кэлэн Бүлүү бөлөххө үлэлиэхтээх. Бу ый 6,7,8 күннэригэр эндероскопист быраас кэлиэхтээх.

✅Улуустааҕы үөрэх салалтатын үлэтин туһунан үөрэх салалтатын салайааччытын солбуйааччыта Леонид Огочонов иһитиннэрдэ:
- Бу нэдиэлэҕэ бүтүн Россиятааҕы улуус таһымнаах олимпиадалар түмүктэнэллэр. 50 баалтан элбэҕи ылбыт оҕолор республикаҕа бэрэбиэркэҕэ барар, уопсайа 42 оҕо үлэтэ барда.
11-с кылаастар итоговай сочинениелары суруйарга бэлэмнэнэллэр. Ахсынньыга туттарбатахтарга олунньуга уонна кулун тутарга перезачет буолар. Урукку сылларга оҕолор туттарыылара үчүгэй этэ.
Сэтинньи 30 күнүгэр норуоттар икки ардыларынааҕы В.Д. Михайлов сырдык кэриэһигэр НПК буолла. Манна Саха сириттэн эрэ буолбакка, онлайн нөҥүө Узбекистантан, Казахстантан о.д.а кытыннылар.
Бу ыйга уһуйаан, оскуола үбүлүөйдээх дааталара буолаары тураллар, ол иһигэр ахсынньы 6,7 күннэригэр М.Т.Егоров аатынан 2-с нүөмэрдээх орто оскуола үбүлүөйэ буолаары турар.
Ахсынньы 13 күнүгэр сылын аайы ыытыллар "Сыл бастыҥ учуутала" куонкурус буолуохтаах.

✅Спорт тэрээһиннэрин туһунан спорт управлениетын салайааччыта Егор Николаев:
- Ааспыт нэдиэлэҕэ бэтэрээннэр спартакиадалара буолла. 13 көрүҥҥэ 14 нэһилиэктэн 200-тэн тахса кыттааччы кытынна.
Чэппиэргэ Дьиэ кэргэн спортивнай күрэхтэһиилэр буолла, барыта 9 ыал кытынна.
Оҕолорго гиирэ спордугар күрэхтэһии буолла. 24 уолаттар, 8 кыргыттар гиирэ астылар. Федерация бэрэссэдээтэлэ Ньургун Саввин бэйэтэ бириистэри туруорда.
Ахсынньыга 6,7 күннэригэр иккис сылын К.Мандаров сырдык кэриэһигэр оҕолорго, улахан дьоҥҥо хапсаҕайга тустуу күрэҕэ Дүллүкүгэ буолаары турар.
7,8 күннэригэр А.Кузнецов сырдык аатыгар республикатааҕы мас тардыһыыта Үс Хоһууҥҥа буолуоҕа.
Бу нэдиэлэҕэ Федерация кубогар остуол оонньууларыгар спортсменнарбыт Дьокуускайга бараары сылдьаллар.
Ахсынньы бүтэһигэр чемпионнар бааллара буолара былааннанар.

✅ Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция подполковнига Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.
Ааспыт нэдиэлэ устата Ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар 34 иһитиннэрии киирбит. Мантан араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ - 10, онтон иккитэ охтуу түмүгэр, 8-һа охсуһуу. Бэрэбиэркэ барар.
11 түөкүннээһин, өлөрүүнэн куттааһын түбэлтэтэ - 1, Маҥаас нэһилиэгэр ыаллар уһун кэмнээх арыгылааһыннарын түмүгүнэн, 4 сокуоннай саастарын туола илик оҕолору Приюкка киллэрдилэр.
Дьуһуурунай чааска 4 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.
Уопсайа нэдиэлэ устата 32 административнай боротокуол оҥоһуллубут. ГАИ үлэһиттэринэн 109 боротокуол толоруллубут. Итирик туруктаах 2 киһи тутулунна.