Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
20.9K photos
4.16K videos
9 files
3.64K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#түмэл

Ыам ыйын 15 күнүттэн Түмэл нэдиэлэтэ саҕаланна.

Улууспут хайа түмэлин туһунан билиэххитин-көрүөххүтүн баҕараргытын комментарийга киирэн суруйан ааһыҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#түмэл #уһуйаан

⭐️ Үрүйэчээн уһуйаан "Кэнчээри" улахан бөлөх оҕолоро бүгүн, ыам ыйын 23 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи этнография уонна история түмэлигэр экскурсияҕа сырыттылар.

Экскурсовод Елизавета Иванова кэрэхсэбиллээх кэпсээнинэн сирдэтэн, түмэл бииртэн-биир эриэккэс экспонаттарын остуоруйатын иһиттилэр көрдүлэр.

Елизавета Алексеевна өйдөнүмтүө, дириҥ ис хоһоонноох экскурсиятыттан оҕолор элбэҕи биллилэр. Ордук интэриэһиргээн былыргы өбүгэлэрбит иһиттэрин-хомуостарын, таӊастарын-саптарын ааттарын, туохха туттуллар аналлаахтарын билистилэр. Улахан махталбытын түмэл үлэһиттэригэр Елизавета Ивановаҕа, Тайыына Кононоваҕа, Чэмэлиинэ Чыычахабаҕа биллэрэбит.
Оҕолорбутугар биир кэрэхсэнэр күн ааста.

Сонуннарга анаан Вероника Протопопова.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#түмэл

🏃‍♂️ Исидор Барахов сайыҥҥы сынньалаҥын хайдах атаарарай?

💬 Оҕолоор, сайыны эһиги хайдах атааран эрэҕит?

Лааҕырга сынньанан, дьоҥҥутун кытта оттоһон, сир астаһан, араас интэриэһинэй кинигэ ааҕан, итии күннэргэ сөтүөлээн, оонньоон-көрүлээн атааран эрэҕит дии. Оттон XX-с үйэ саҥатыгар оҕолор кылгас сайыны хайдах атааралларын туһунан уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов оҕо сааһын холобуругар билсиһиэхпит.

✍🏻 Сиһилии Евдокия Семенова, И. Барахов аатынан түмэл үлэһитин матырыйаалыгар киирэн ааҕын⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

https://keskil14.ru/isidor-barahov-sajy-y-synnala-yn-hajdah-ataararaj/

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#түмэл

⭐️ И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх оскуола түмэлигэр РСФСР, Саха АССР үтүөлээх учуутала, "Бочуот знага", Аҕа дойду сэриитин II-с степеннээх уордьаннарын кавалера, сүүрбэттэн тахса сыл Бараахап оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбит уһулуччулаах учуутал, салайааччы Дмитрий Спиридонович Спиридонов хаартыскалардаах альбомнара, туттубут тэриллэрэ, наҕараадалара көрдөрүүгэ туруорулуннулар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ситиһии #түмэл

⭐️ Москваттан үөрүүлээх сонун кэллэ

Үөһээ Бүлүү улууһун ыалдьыттарыгар күөн тутта көрдөрөр-кэпсиир Нам нэһилиэгин Ытык киһитин норуот поэта Бүөтүр Тобуруокап түмэл-уһаайбата бүтүн Россиятааҕы литературнай түмэллэр тустарынан энциклопедияҕа киирдэ.

Энциклопедия бэчээттэнэн таҕыста.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#түмэл

Бүгүн улуустааҕы История уонна этнография түмэлигэр коворкинг-киин арылынна.

Бу кииҥҥэ араас көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар о.д.а. тэрээһиннэр ыытыллар буолуохтара.

Коворкинг-киин туһунан түмэл дириэктэрэ Изабелла Саввинова кэпсээтэ.

@uoheebuluu
#Түмэл

Бүгүн История уонна этнография түмэлигэр "Түмэл уруога" ыытылынна, уруогу улуустааҕы бэтэрээннэр түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ, П.Н.Тобуруокап түмэлин сүрүннүүр үлэһитэ Иван Чычахов балаҕан ыйын 2 күнүгэр бүтэһиктээхтик түмүктэммит Аҕа дойду улуу сэриитин туһунан кэпсээтэ.

Уруокка улуус баһылыгын солбуйааччы Анна Уларова, История уонна этнография түмэлин дириэктэрэ Изабелла Саввинова кыттыыны ыллылар. Ону таһынан М.А.Алексеев аатынан лицей-интернат үөрэнээччилэрэ Иван Егорович кэпсээнин сэргии иһиттилэр.

@uoheebuluu
#Доруобуйакүнэ #Түмэл

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи История уонна этнография түмэлигэр чэбдигирии бырайыагын чэрчитинэн фито-чай амсайыыта буолан ааста.

Улууспут Далбар хотуттара доруобуйаны тупсарыыга эмтээх оттор чэйдэрин, отоннор араас утахтарын онорон аҕалан санааларын үллэһиннилэр. Бу күн лекторынан Раиса Дмитриевна Спиридонова буолла, олус туһалаах сүбэлэри-амалары кэпсээтэ, олус интэриэһинэй дьарыгыттан билиитин үллэһиннэ.

Маннык хас оптуорунньук аайы саҥаттан саҥаны билиэхпит. Инникитин биһиги тэрээһиннэрбитигэр кыттаргытыгар ыҥырабыт!

Сонуннарга анаан Изабелла Саввинова

@uoheebuluu
#түмэл

⭐️ Кэрэни кэрэхсээн...

Үөһээ Бүлүүтээҕи устуоруйа уонна этнография түмэлигэр сэтинньи 8 күнүгэр күнүс 11.00 чаастан Үөһээ Бүлүү улууһун норуот маастара, Саха сирин чороонньуттарын Сойууһун чилиэнэ Егоров Михаил Дмитриевич – Хаттаанай 50 сааһын туолар үөрүүлээх түгэнин көрсө «КЭРЭНИ КЭРЭХСЭЭН...» диэн анал быыстапкатын арыллыытыгар ыҥырабыт.

Быыстапканы көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.

@ueheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM