#иэйии
#хоһоон
Тиит маһым хаххалаах хатыҥым
Турара тапталын билинэ
Эйэргээн көхсүнэн өйөнөн
Эркиннээх кэриэтэ сананан.
Сарсыарда суһуоҕун түһэрэн
Саҥа күн тахсарын көрүстэ
Сиигинэн сууна тараана
Сапсына куурдуна бу тыалга.
Олоххо да баары ойуулаан
Оҥорор Айылҕа бэйэтэ
Күндүттэн күндүнү айара
Көрүөхтэн кэрэни бу сиргэ.
16. 09. 23 с
Сүргэн
#үөһээбүлүүхаһыат
#хоһоон
Тиит маһым хаххалаах хатыҥым
Турара тапталын билинэ
Эйэргээн көхсүнэн өйөнөн
Эркиннээх кэриэтэ сананан.
Сарсыарда суһуоҕун түһэрэн
Саҥа күн тахсарын көрүстэ
Сиигинэн сууна тараана
Сапсына куурдуна бу тыалга.
Олоххо да баары ойуулаан
Оҥорор Айылҕа бэйэтэ
Күндүттэн күндүнү айара
Көрүөхтэн кэрэни бу сиргэ.
16. 09. 23 с
Сүргэн
#үөһээбүлүүхаһыат