#сокуон
⚡️ РФ Президенэ Владимир Путин байыаннай учуот үлэтин сүрүннүүр, тупсарар сыаллаах уураахха илии баттаата.
Байыаннай эбээһинэстээх дьон биир кэлим реестрдэрин оҥорон, кумааҕынан бэриллэр бэбиэскэни Госуслуги портал нөҥүө тустаах киһиэхэ электроннай көрүҥэ эмиэ тиксэриллиэҕэ.
Оттон бэбиэскэни тутартан куотунар дьоҥҥо кытаанах хаарчахтыыр миэрэлэр олохтонуохтара. Бу туһунан "Россия хаһыата" суруйар.
Маннык үлэ мобилизациянан сибээстээн буолбакка, биир үксүн байыаннай учуоту аныгылыы олох ирдэбилигэр киллэрэр сыалтан ыытылларын туһунан дойду баһылыгын пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков кэпсээн турар.
Ааспыт сылга күһүҥҥү мобилизация кэмигэр байыаннай учуоту ыытыыга, биир кэлим база суоҕуттан, байыаннай эбээһинэстээхтэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин туһунан толору иһитиннэрии суох буолан, бу үлэҕэ улахан харгыһы үөскэппит.
Биир кэлим реестр үлэлээтэҕинэ киһи байыаннай комиссариаты кытта алтыһыыта лаппа аҕыйыахтаах.
Оттон кумааҕы бэбиэскэни илии баттаан ылыы таһынан, электроннай бэбиэскэлэри Гусуслуги портал, "Мин докумуоннарым" офис нөҥүө эмиэ тиксэриэхтэрэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сокуон
✅ Күөх Маай бырааһынньыгын көрсө киһи бары айылҕаҕа шашлыктыы тахсарга дураһыйар. Ол эрэн сорох оройуоннарга номнуо баһаартан сэрэхтээх буолуу режима номнуо бигэргэнэн турар. Бу туһунан "Россия хаһыата" суруйар.
Ойуурга сылдьар киһи айылҕаҕа сылдьыы бэрээдэгин хаһан да умнуо суохтаах. Аһаҕас уоту туттартан туттунуллуохтаах. Ситэри умуруоруллубакка хаалбыт биир испиискэ сотото, биир табах тобоҕо тулалыыр айылҕабытыгар улахан хоромньуну таһаарыан сөптөөҕүн умнумаҥ!
Баһаартан сэрэхтээх буолуу режимин кэмигэр сылдьыы,аһаҕас уоту сэрэҕэ суохтук туттуу, бөҕү-сыыһы уматыы, өртөөһүн ыстараапка тиэрдэрин өйдөөҥ.
Санатар буоллахха, ойуурга тахсан шашлыктыыр бобуулаах. Баһаартан сэрэхтээх буолуу режимэ улууска биллэриллэ да илик буоллаҕына көҥүллэммэт. 2023 сыл кулун тутар 1 күнүттэн мангалы анал бэлэмнээх эрэ миэстэҕэ туруорар көҥүллэммитэ. Бу сокуон ойуурга уонна нэһилиэнньэлээх пууҥҥа икктэннэригэр тэҥ сыһыаннаах.
Оттон дачалаах дьоҥҥо быраабыла арыый да сымнаата. Шашлыкы дача ханнык баҕарар тутуутуттан 5 м. тэйиччигэ буһарыахха сөп. Мангал турар миэстэтиттэн 2 м эргин умайар эттик туруо суохтаах. Ол оннугар огнетушитель турара ирдэнэр.
Баһаартан сэрэхтээх буолуҥ🙌
"Үөһээ Бүлүү"хаһыат

#тускартуһан #сокуон
✅ Оҕо ыалдьар түгэнигэр көрөн олорор төрөппүт төһө харчыны ылыан сөбүй?
Оҕо ыалдьан тастан эмтэнэр кэмигэр больничнай оҥоһулларыгар маннык түгэннэри учуоттууллар:
🎚️ Төрөппүт уопсай ыстааһа. Госуслуга сыһыарыыга тус кабинекка «Работа и пенсия» киирэн көрүөххүтүн сөп.
🎚️ Оҕо сааһа.
🎚️ Күнүскү хамнас орто кээмэйэ. Кыччаабыта — 632,61 солк., үрдээбитэ — 4 039,73 солк. ыалдьыбыт оҕону көрөргө биир күнүгэр.
Босуобуйа уопсай суумата үлэ биэрээччиттэн көрүллүбэт.
▶️ Электронные больничные листы — на Госуслугах
2024 сылга орто хамнаһы хайдах ааҕабыт?
Больничнай хас биирдии күнэ күнүскү орто хамнаһынан суоттанар.
2024 сылга күнүскү орто хамнас = 2022 уонна 2023 сыллааҕы төлөбүрдэр / 730
Холобур, 490 000 солк. + 490 000 солк. = 980 000 солк. / 730 = 1 342,40 солк. Бу күннээҕи орто хамнас. Бачча сууманы 2024 сылга оҕо ыарыйдаҕына ийэтэ ылыан сөп.
🟣 Сколько дней больничного в год оплатят
🟣 Мифы и правда о больничных на детей
🟣 7 фактов при оплате пособия
🟣 10 прав родителей при болезни детей
@gosuslugiforparents
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Оҕо ыалдьан тастан эмтэнэр кэмигэр больничнай оҥоһулларыгар маннык түгэннэри учуоттууллар:
Босуобуйа уопсай суумата үлэ биэрээччиттэн көрүллүбэт.
2024 сылга орто хамнаһы хайдах ааҕабыт?
Больничнай хас биирдии күнэ күнүскү орто хамнаһынан суоттанар.
2024 сылга күнүскү орто хамнас = 2022 уонна 2023 сыллааҕы төлөбүрдэр / 730
Холобур, 490 000 солк. + 490 000 солк. = 980 000 солк. / 730 = 1 342,40 солк. Бу күннээҕи орто хамнас. Бачча сууманы 2024 сылга оҕо ыарыйдаҕына ийэтэ ылыан сөп.
@gosuslugiforparents
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сокуон
✅ Саха сиригэр 14 тыһыынчаттан тахса Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ уонна сэрии сылларын оҕолоро анал төлөбүрү ылаллар.
Улуу Кыайыы күнүн көрсө Ил Дархан Ыйааҕар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ сорох араҥатыгар, чуолаан 1941-45 сс. Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар 20 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх социальнай төлөбүрдэри анаан саҕалаатылар.
Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын огдооболоругар уонна «Блокадаламмыт Ленинград олохтооҕо» бэлиэнэн наҕараадаламмыттарга Ил Дархан Ыйааҕар олоҕуран, 10 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх төлөбүр, Аҕа дойду сэриитин инбэлииттэрин уонна номнуо олохтон туораабыт бэтэрээннэр огдооболоругар 5 тыһ. солк. төлөнүөҕэ. Ону тэҥэ Аҕа дойду сэриитин кэмигэр геттоҕа, концлааҕырга уонна да атын фашистар дьону күүс өттүнэн хаайан олороллоругар анаан тэрийбит миэстэлэригэр, оччолорго сокуоннай саастарын ситэ туола иликтэринэ сылдьыбыт оҕолорго уонна тыыл бэтэрээннэригэр 5-тии тыһ. солк. көрүллэр.
Маны тэҥэ, СӨ Ил Дарханын 157 №-дээх 2023 с. Ыйааҕар олоҕуран киирбит уларыйыы чэрчитинэн, 2024 сылтан саҕалаан Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларын оҕолоругар Улуу Кыайыы күнүн көрсө сыл ахсын 3 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх төлөбүр ананыаҕа.
Билигин Саха сиригэр 2 тыһыынча кэриҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ (кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, блокадаҕа түбэспит дьон), олортон сэрии кыттыылааҕа – 13, сэрии сылларын оҕото таһымнаах – 12 261 киһи.
Муус устар 10 күнүнээҕи туругунан биир кэмнээх төлөбүрү номнуо 1803 бэтэрээн ылан олорор. Бу төлөбүр уопсай суумата - 5 мөл. 920 тыһ. солкуобайга тэҥнэспит.

✅ Сокуоннайа суох маһы кэрдии административнай ыстараапка тириэрдэр
СӨ «Үөһээ Бүлүү лесничествота» ГКТ сокуоннайа суох маһы кэрдэн буруйу оҥорууга Үөһээ Бүлүү оройуонун гражданнарыгар профилактика уонна сэрэтэр үлэни ыытар. Ойуур олордуутун, сэппэрээктэри, лианнары сокуоннайа суох кэрдии РФ КоАП 8.28 ыстатыйатынан гражданнарга 3000 солкуобайтан 4000 тыһыынча солкуобайга диэри; дуоһунастаах дьоҥҥо 20000-тэн 40000 тыһыынча солкуобайга диэри көрүллүбүт административнай ыстараап түһэриллибитэ; юридическай сирэйдэргэ-200000- тэн 300000 тыһыынча солк., ону тэҥэ РФ холуобунай кодексын 260-с ыстатыйата (салгыы – РФ ХК) сокуоннайа суох маһы кэрдии иһин холуобунай эппиэтинэс көрүллэр.
Оттон ойуур олордуутун улаатыытын тохтотор эбэтэр ойуур олордуутуттан тутулуга суох үрдээһинин намтатарга хамсаныыны оҥорбут эбэтэр бу дьайыылар суолталаахтык толоруллуохтарыгар диэри 500000 тыһыынча солкуобайга диэри ыстарааптыыр. Эбэтэр 480 чааска диэри болдьоххо булгуччулаах үлэҕэ, эбэтэр 2 сылга диэри болдьоххо күһэлэҥ үлэҕэ, ону тэҥэ ыстарааптыыр кээмэйэ 100000-200000 тыһыынча солкуобай, эбэтэр хамнас кээмэйинэн, эбэтэр буруйу оҥорбут атын дохуота 1 сылтан 18 ыйга диэри, эбэтэр буруйданааччы көҥүлүн быһыан сөп.
Үөһээ Бүлүү улууһун гражданнара 2024 сылга ойуур маһын бэйэ туһатыгар атыылаһарга дуогабар түһэрсиэххитин сөп. Ол туһугар эһиги:
1. Лесничэй аатыгар маһы бэлэмнииргэ сайабылыанньа
2. Персональнай дааннайдары көрөллөрүгэр сөбүлэҥ биэрэҕит
3. Лесничэйтэн ДКП бирикээһин ылаҕыт
4. "Якутлесресурс"ГАУ тэрилтэттэн ойуур учаастагын (деляна) ылаҕыт
5. ДКП түмүгүн ойуур учаастактарын маастарыттан ылаҕыт.
Дуогабары түһэрсэр докумуоннар испииһэктэрэ
1.Паспорын куоппуйата.
2 ИНН куоппуйата.
3.СНИЛС куоппуйата
4.Дьыалабыай маска: олорор дьиэ паспорын эбэтэр сир учаастагын паспорын куоппуйата (ЕГРН выписката).
5.Чэпчэтиинэн туһанаргын туоһулуур дөкүмүөн
Салгыытын комментарийга көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️