ҮӨҺЭТТЭН ҮӨТҮҮЛЭЭХ, АЙЫЫЛАРТАН АЙДАРЫЫЛААХ УУС АЛДАН АЛГЫСЧЫТТАРА
Сайын кэлбитин бэлиэтиир үрүҥ тунах Ыһыах тэрээһиннэрэ өрөспүүбүлүкэ, дойду үрдүнэн уустук эпидемиологическай балаһыанньа туран, кэтэхтэн ыытыллаллар. «Сахабэчээт» иһинэн биллэриллибит «Сахабыт сирин алгысчыттара» флешмобу өйөөн, “Үлэ күүһэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Уус Алдан улууһун дэгиттэр алгысчыта Иван Бурцевы уонна эдэр алгысчыт Айаал Аргуновы кытта кэпсэттэ.
Уһун Күөл бөһүөлэгин олохтооҕо Иван Иванович Бурцев дэгиттэр киһи. Кини сатаабатаҕа диэн суох. Билигин 78 сааһыгар барбыт кырдьаҕас ыҥырыыга сылдьар алгысчыт, мастан, тимиртэн уһанар СӨ норуодунай маастара, Саха өрөспүүбүлүкэтин оһуохай уопсастыбатын чилиэнэ, “Үтүөлээх этээччитэ”, ырыа айар толорооччу быһыытынан СӨ ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Кини 67 сааһыгар СГУ төрүт култууратын салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит, сааһын тухары 40-ча сыл учууталынан үлэлээбит педагогическай үлэ, сцена бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, I Өспөх, II Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, олох үөһүгэр сылдьар аҕа, эһэ, хос эһэ. Кини туһунан улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар үгүстүк бэчээттэммитэ, тэлэбиидэнньэ элбэхтик сырдаппыта. Уйбаан Уйбаанабыс бэйэтин дэгиттэр дьоҕурунан, уостубат эдэрдии эрчиминэн эргиччи холобур буолар киһи, киниттэн ыччата, дьоно-сэргэтэ элбэххэ үөрэнэр. Оттон алгысчыт быһыытынан хайдах кини суола арыллыбытын туһунан бэйэтин кытары кэпсэтиибит бу курдук буолла.
– Уйбаан Уйбаанабыс, эн бэйэҥ сахалыы эйгэлээҕиҥ уонна айылҕаттан бэриллибит эргиччи дьоҕуруҥ, култуура үөрэхтээҕиҥ алгысчыт буолан иитиллэн тахсыыгар сирдээбит буолуохтаах?
– Кырдьыга оннук. Киһи бу сиргэ туохха эрэ анаан айыллан кэлэр, бэйэтэ ирээттээх, суоллаах-иистээх дии саныыбын. Мин баччаҕа диэри үлэм-хамнаһым, дьоҕурум алгыстыыр аналбар сирдээн аҕалбытын, анаан айыллан кэлбит ыйааҕым диэммин кэлин ордук итэҕэйэр буоллум. Ол гынан баран, онуоха киһи бэйэтин бэйэтэ салайынан, туохха дьоҕурдааҕынан, баҕатынан сайыннаран, сирдэтинэн үөрэниэхтээх, ииттиниэхтээх. Миигин урут бастаан Тиит Арыы бөһүөлэгэр учууталлыы сырыттахпына Дмитрий Бысыин ыһыах алгыһын сиэрин-туомун толор диэн көрдөспүтэ. Онтон ыла бэйэбэр чугастык санаан, бу эмиэ идэ эбит, ким эрэ манан дьарыктаныахтаах диэммин ыҥырыынан сылдьан алгыстыыр буолбутум быйыл 27-с сыла буолла.
Читайте продолжение материала на сайте Улус Медиа по ссылке https://ulus.media/2020/06/20/etten-t-leeh-ajyylartan-ajdaryylaah-uus-aldan-algyschyttara/.
#сахапечать #улусмедиа #новости #устьалданскийрайон #алгысчыттар

Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Үөһэттэн үөтүүлээх, Айыылартан айдарыылаах Уус Алдан алгысчыттара - Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Сайын кэлбитин бэлиэтиир үрүҥ тунах Ыһыах тэрээһиннэрэ өрөспүүбүлүкэ, дойду үрдүнэн уустук эпидемиологическай балаһыанньа туран, кэтэхтэн ыытыллаллар. «Сахабэчээт» иһинэн биллэриллибит «Сахабыт сирин алгысчыттара» флешмобу өйөөн, “Үлэ күүһэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ…
“МҮРҮ САҺАРҔАТА” ХАҺЫАТ ААХСЫЙАТЫГАР БАСТАКЫНАН – УЛУУС ДЬАҺАЛТАТЫН БАҺЫЛЫГА
Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан улуустааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыакка сыллааҕы сурутууга хаһыат эрэдээксийэтэ “Подпиши ветерана” диэн аахсыйа тэрийдэ. Манна бастакынан Уус Алдан улууһун дьаһалтатын баһылыга Алексей ФЕДОТОВ кытынна.
Кини улууспутугар олорор сэрии үс бэтэрээнигэр – II Лөгөй олохтооҕор Василий Ананьевич Васильевка, Хоро олохтооҕор Петр Васильевич Бурцевка, Найахыга олорор Николай Николаевич Ивановка хаһыакка сыллааҕы сурутууну бэлэх уунна. Алексей Васильевич бу аахсыйаны салгыы улуус Мунньаҕын дьокутаата, ДьУоКХ улуустааҕы салаатын начаалынньыга Е.И.Цой өйүүрүгэр ыҥырда. Онон сэрии бэтэрээннэригэр болҕомто уҕараабат, кинилэр хорсун быһыыларыгар махтал төлөнө өспөт.
#сахапечать #улусмедиа #устьалданскийрайон #новости

"МҮРҮ-АС" КЭПЭРЭТИИПКЭ ҮҮТҮ ТУТУУ БЫЛААННААХТЫК БАРАР
Уус Алдаҥҥа үрүҥ илгэни дэлэтиигэ быйыл үүтү тутуу сыллааҕы былаана 2300 туоннаҕа тэҥнэһэр. Күн бүгүн “Мүрү-Ас” тэрилтэни кытары 71 хаһаайыстыба дуогабардаһан, бу сыл алта ыйын түмүгүнэн 692 туонна үүтү тутан, астаан олорор. Бу туһунан Мария Федорова, “Мүрү-Ас” ТХПК оҥорон таһаарар салааҕа сэбиэдиссэйэ кэпсээтэ.
– Уус Алдан улууһун үрдүнэн 9 арыы сыаҕа, 4 үүт тутар пуун үлэлии тураллар, ону таһынан, икки үүт таһар массыынабыт күннэтэ нэһилиэктэринэн сүүрэн, 12 сайылыктан үүтү таһан олоробут.
Астыыр-үөллүүр кэпэрэтиипкэ сайыҥҥы кэмҥэ эбии 35 үлэһити дуогабарынан үлэлэтэ сылдьабыт. Бу күҥҥэ барыта 16 туонна арыы, 20 туонна чөчөгөй, 80 туонна суорат, иэдьэгэй, йогурт бэлэмнэннэ. Онон билигин үүт эбиллэр кэмигэр уопсайа 75 киһилээх кэлэктиип буолан, бэйэ бородууксуйатын дэлэтиигэ үлэлэһэбит.
#улусмедиа #сахапечать #устьалданскийрайон #муруас

ОКОЕМОВКАҔА БЫЙЫЛ КҮҺҮН САҤА АРЫЫ СЫАҔЫН ТУТУОХТАРА
Уус Алдан Окоемовка бөһүөлэгэ 219 киһи нэһилиэнньэлээх, үс түөлбэлээх. Сайыҥҥы кэмҥэ хайа баҕарар бөһүөлэккэ курдук дохуотурар сирдэрэ – арыы сыаҕа. Олохтоохтор саҥа арыы сыаҕын туруорсубуттара ыраатта. Быйыл күһүн бу тутууну саҕалыыр былааннаахтар.
Окоемовка бөһүөлэгин баһылыга Никита Борисович Васильев үлэлээбитэ сылы кыайа илик, кини идэтинэн физкультура учуутала, Уус Тааттаҕа биэс сыл физкультура учууталынан уонна тириэньэринэн үлэлээбитэ.
Арыы сыаҕын үлэһиттэрэ А.Д.Ушницкая уонна Т.Е.Неустроева кэпсииллэринэн, сайын устата былаан быһыытынан, 150 туонна үүт туттарыллыахтаах. Олохтоохтор бэс ыйыгар 27 туонна үүтү туттарбыттар уонна 1 туонна 200 киилэ арыыны оҥорбуттар. Күннээҕи үүттэрэ 900-тэн тахса, 21 ыал үүт туттарар эбит. Саамай элбэҕи ИП Колодезников С.Г. туттарар. Быйыл күһүн арыы сыаҕын тутуутун саҕалаары оҥостоллор.
Саҥа оборудованиенан хааччыйабыт диэн улуус дьаһалтатын баһылыга А.В.Федотов “Быһа эпииргэ” эппитин астына истибиттэр. Сыах модульнайынан тутуллуохтаах. Быйыл күһүн бөһүөлэк иһигэр 1 мөл. солк. суумаҕа суол оҥоһуллуохттаах, таарыччы сыбаалканы астарыахпыт диэн саҥа баһылык кэпсиир. Аны КСК, оҕо саадын уонна оскуоланы үһүөннэрин хабар баһаарынай емкость туруохтаах. Эргэ оскуола оннугар исписэлиистэр олорор дьиэлэрэ тутуллуохтаах уонна саҥа фельдшерскэй-акушерскай пуун, барыта сир докумуонуттан иҥнэр. Уу ситимин боппуруоһа эмиэ быһаарыллыбакка турар. Улуус да, нэһилиэк да землеустроителлэрэ 3-4 ыйы быһа сир дьыалатын оҥорбокко, кыраттан иҥнэн уу ситимэ холбоммото. Кыра бөһүөлэк итинник улахан кыһалҕалардаах олорор. Саатар уу ситимэ холбоноро буоллар диэн баҕалаахтар.
#улусмедиа #устьалданскийрайон #маслоцех #строительство

Forwarded from Якутия. Оперштаб
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
⚡️❗️Алексей Федотов, глава администрации Усть-Алданского района о лесопожарной обстановке на 29.07.2021 года.
⚡️Сначала пожароопасного сезона на территории района зарегистрировано 19 лесных пожаров.
✅Благодаря совместной работе с оперштабом республики за сутки ликвидировано 5 лесных пожаров.
✅В тушении работали 467 человек и 67 единиц техники.
✅На сегодняшний день на территории Усть-Алданского района пожаров нет.
❗️Однако особо противопожарный режим сохраняется, в связи с чрезвычайно высоким 5 классом пожарной опасности.
«Прошу соблюдать все меры противопожарной безопасности в лесах», -заключил Алексей Федотов.
#Якутия #УстьАлданскийрайон #АлексейФедоров #ЛесныеПожары #КЧС