"МҮРҮ-АС" КЭПЭРЭТИИПКЭ ҮҮТҮ ТУТУУ БЫЛААННААХТЫК БАРАР
Уус Алдаҥҥа үрүҥ илгэни дэлэтиигэ быйыл үүтү тутуу сыллааҕы былаана 2300 туоннаҕа тэҥнэһэр. Күн бүгүн “Мүрү-Ас” тэрилтэни кытары 71 хаһаайыстыба дуогабардаһан, бу сыл алта ыйын түмүгүнэн 692 туонна үүтү тутан, астаан олорор. Бу туһунан Мария Федорова, “Мүрү-Ас” ТХПК оҥорон таһаарар салааҕа сэбиэдиссэйэ кэпсээтэ.
– Уус Алдан улууһун үрдүнэн 9 арыы сыаҕа, 4 үүт тутар пуун үлэлии тураллар, ону таһынан, икки үүт таһар массыынабыт күннэтэ нэһилиэктэринэн сүүрэн, 12 сайылыктан үүтү таһан олоробут.
Астыыр-үөллүүр кэпэрэтиипкэ сайыҥҥы кэмҥэ эбии 35 үлэһити дуогабарынан үлэлэтэ сылдьабыт. Бу күҥҥэ барыта 16 туонна арыы, 20 туонна чөчөгөй, 80 туонна суорат, иэдьэгэй, йогурт бэлэмнэннэ. Онон билигин үүт эбиллэр кэмигэр уопсайа 75 киһилээх кэлэктиип буолан, бэйэ бородууксуйатын дэлэтиигэ үлэлэһэбит.
#улусмедиа #сахапечать #устьалданскийрайон #муруас