Улус.Медиа | Новости Якутии
11K subscribers
62.1K photos
10.5K videos
27 files
41.6K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
АММАҔА ЫҺЫАХХА АНАММЫТ АРААС ТЭРЭЭҺИННЭР ЫЫТЫЛЫННЫЛАР

Уйгу-быйаҥ ыһыахпыт быйыл олох уратытык тэриллиннэ. Төһө да илии илииттэн ылсыһан оһуохай тэппэтэрбит, күргүөмүнэн киирэн түһүлгэҕэ көрсүбэтэрбит сайыны уруйдуур, күүс-уох мунньунар, алгыс ылар ыһыахпытын кэтэхтэн ыыттыбыт.

Амма улууһугар быйыл эмиэ бары улуустарга курдук уйгу-быйаҥ ыһыахпыт ыраахтан олорон ыытылынна. Манна хас биирдии тэрилтэ, түөлбэлэр кыттаннар араас тэрээһиннэри тэрийдилэр. Улуус бары нэһилиэктэригэр бэс ыйын 12 күнүттэн саҕалаан эмиэ онлайн эрэсииминэн ыһыахтар буоллулар, араас күрэхтэр ыытыллан кыайыылаахтар бириистэрин туттулар.

“Быйыл ыһыах хаһан да буолбатах балаһыанньаҕа ыытылынна. Аан дойду үрдүнэн коронавирус ыарыыта туран, дьон мустара тохтотуллан, үрдүкү бэлэм эрэсиимигэр олорор буолан, бары тэрээһиннэр кэтэхтэн буоллулар. Ол курдук бүгүн уйгу-тунах ыһыахпыт Аммаҕа алгыс этииттэн саҕаланна.

Ол кэнниттэн олохтоохтору улуус баһылыга Николай Архипов, Олоҥхо ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александра Артемьева эҕэрдэлээтилэр.

“Ыһыаҕым ымыылаах ырыата” улуус уус-уран самодеятельноһын кэнсиэрин, “Ааспыт кэм ахтылҕана” диэн Улуу кыайыы 65,70 сылларыгар анаммыт ыһыахтар видеослайдалары, Кыайыы 65 сылыгар тэриллибит түһүлгэлэр күрэхтэри, ону сэргэ Саха АССР народнай артыыһа, норуот тапталлаах мелодиһа, ырыаһыта Христофор Максимов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт дэгэрэҥ ырыа күрэҕин кыайыылаахтарын кэнсиэрин култуура киинэ ютуб ханаалынан көрдөрдө. Кииннэммит бибиотека, Саха сиригэр гражданскай сэрии историятын мусуойа эмиэ интэриэһинэй, киһи билиитин хаҥатар тэрээһиннэри, күрэхтэри ыыттылар”, – диэн кэпсээтэ улуус култууратын управлениетын салайааччыта Евдокия Сутакова.

Бу күн бассаап ситиминэн Амма нэһилиэгин түөлбэлэрэ эмиэ ыһыах челленджигэр көхтөөхтүк кытыннылар. Уйгу-тунах ыһыах күн иннинэ эрдэттэн Амма бары маҕаһыыннарыгар ыһыахпыт алгыстаах аһа – үтэһэлээх эт, кыынньар кымыс атыыланан дьон бэйэлэрин тиэргэннэригэр самаан сайыны уруйдаатылар, дьаҥ-дьаһах түргэнник бүтэригэр баҕардылар.

#сахапечать #улусмедиа #новости #амга #амгинскийулус #ысыах
АММА УЛУУҺУН КИИНЭ СИБЭККИЛЭРИНЭН СИМЭННЭ

Кырдьаҕас Солобуода сквердэригэр быйыл эмиэ араас дьэрэкээн сибэккилэринэн симэннэ. Сибэккилэри олордууга тэрилтэлэр күүс-көмө буоллулар.

Аммаҕа былырыын Саха сирин норуоттарын VII-с Спортивнай Оонньууларын көрсө Амма уонна чугас сытар нэһилиэктэргэ уонунан тыһыынча сибэкки олордуллан, көрүөхтэн кэрэ буолбута. Быйыл эмиэ улууспут киинэ араас дьэрэкээн сибэккилэринэн киэргэннэ. Амма нэһилиэгин дьаһалтата эрдэттэн урбаанньыт Артур Эмы кытта дуогабардаһан 16 000 сибэкки рассадатын аҕалбыта.

„Сибэккилэрбитин былааннаммытын курдук Албан Аат болуоссатыгар, „Экономистар“, „Ыччат“, „Үлэһит дьон“, Михаил Скрябин, Леонид Киренскэй сквердэригэр, култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар олортубут. Манна биһиэхэ тэрилтэлэр, түөлбэлэр олохтоохторо, уопсастыбаннай тэрилтэлэр күүс-көмө буоллулар. Ол курдук Оҕо саас скверигэр олохтоох нэһилиэк дьаһалтата бэйэбит, “Ыччат” скверигэр нэһилиэк “Батыс” ыччат түмсүүтэ, 2№-дээх Амма орто оскуолатын, “Хатыҥчаана” уһуйаан, Албан аат болуоссатыгар Ф. Потапов аатынан култуура киинин, ОДЬКХ эр дьоно, нэһилиэк дьахталларын Сэбиэтэ, “Сардаана” уһуйаан, “Экономистэр” сквердэригэр улуустааҕы экономика уонна уп управлениеларын, Михаил Скрябин аатынан сквергэ Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын, “Үлэ киһитин“ скверигэр улуус идэлээх сойуустарын кэлэктииптэрэ үлэлээтилэр.

Онтон Аммаҕа киириигэ сибэккилэри А. Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын, лицей эр дьоно, ону сэргэ кииннэммит библиотека, “Радуга” уһуйаан олортулар. Сынньалаҥ пааркабытыгар педагогическай үлэ бэтэрээнэ, энтузиаст Клара Дмитриевна Гермогенованы кытта “Үһүс көлүөнэ оскуолатын” волонтердара үлэлээтилэр. Бука бары көмөлөспүт дьоммутугар, санааларын ууран кэрэни кэккэлээбит тэрилтэ үлэһиттэригэр барҕа махталбытын этэбит. Олохтоох дьаһалта Аммабыт тупса турарыгар сыаллаах-соруктаах тэрилтэлэргэ уонна түөлбэлэринэн көҕөрдүүгэ, тупсарыныыга күрэх биллэрбитэ. Балаһыанньалары ыыталаабыппыт, онно көхтөөх кыттыыны ылыахтара диэн эрэнэбит. Түмүк балаҕан ыйыгар Солобуодабыт күнүгэр биллэриллиэҕэ”, – диэн кэпсээтэ нэһилиэк баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Любовь Боярская.

#амга #улусмедиа #сахапечать
АМГА – ЛЮБИМАЯ РОДИНА САРДААНЫ, САМОГО КРАСИВОГО ЦВЕТКА ЯКУТИИ

Сегодня, 30 июня,  отмечается День самого красивого цветка Якутии. Сардаана считается национальным цветком Якутии, ее красотой восхищаются, а поэты посвящают ей многочисленные стихи и песни. По якутским поверьям каждому, кто видел сардаану, обернется удача и счастье. А если посадить цветок у себя дома, то в доме навсегда поселится семейное благополучие.  О дикой лилии рассказала педагог «Амгинской станции юных натуралистов» Антонина Слепцова.

Особенно много сардаан растут на берегу реки Амги, каждое лето сюда приезжают толпы туристов, чтобы полюбоваться красотой дикой лилии и сделать памятные фотографии для социальных сетей. «Алый цветок сардаана – символ нашей красавицы Амги. Из-за небрежного отношения людей к природе и ухудшения экологической обстановки, популяция этих цветов, к сожалению, падает. Это уникальный цветок, и я считаю, что каждый должен беречь и сохранять его», – говорит Антонина Слепцова.

Множество якутян выращивают этот роскошный цветок у себя дома, и любуются ее красотой круглый год. «Сардаана, будучи диким растением, хорошо приживается в саду и огороде. Выращивание цветка в домашних условиях требует только периодического ухода, полива и чистки от сорняков. Первые годы цветок очень маленький и тонкий, поэтому требует немного больше внимания», – рассказывает Антонина Слепцова.

История цветка очень интересная. Впервые лилия была привезена в Петербург в середине XVII века сибирскими исследователями. Оттуда попала в Англию, где ее ошибочно назвали «Красной лилией из Пенсильвании», хотя этот вид там не растет. Ошибка была исправлена, и вид получил название «Лилия даурская».

Напомним, что сбор цветов, занесенных в Красную книгу, запрещен. Инспектор охраны природы Амгинской инспекции государственного экологического надзора Николай Неустроев предупреждает, что уничтожение цветов сардаана является нарушением закона: «Цветы сардаана находятся под угрозой исчезновения. Сбор этих растений – административное правонарушение (статья 8.35), которое предусматривает наложение штрафа на граждан в размере от одной тысячи до двух тысяч пятисот рублей».

#улусмедиа #Амга #сардаана
АММАҔА КУОЛАСТААБЫТ ДЬОН ҮГҮС ӨТТӨ УЛАРЫТЫЫЛАРЫ ӨЙҮҮРҮН БИЛЛЭРДЭ

Амма улууһугар уопсайа испииһэккэ киирбит 11695 киһиттэн бюллетени 8244 киһи тутта.

Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыҥҥа Амма улууһугар уопсайа 8244 киһи кытынна. Онон куоластааһыҥҥа кыттыы 70 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Куоластаабыт дьонтон 58 бырыһыан киирэр уларытыылары өйүүллэрин биллэрдилэр. онтон 3390 киһи утардылар. Бу курдук ким туох санаалааҕын кэлэн сэттэ күн устата ыытыллыбыт куоластааһыҥҥа кытыннылар. Бу кэм устатыгар 17 учаастакка биир да кэһии таһаарыллыбата. 214 кэтээн көрөөччү, 121 быыбар хамыһыйатын чилиэннэрэ үлэлээтилэр. Бу курдук Амма улууһа Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары киллэриигэ көхтөөхтүк кытынна.

#улусмедиа #амгинскийулус #амга #общероссийскоеголосование
АММА ЧАКЫРЫГАР ИНИ-БИИЛЭР ЫҤЫРЫА ИИТЭЛЛЭР

Саха сиригэр кэлиҥҥи кэмҥэ мүөттээх ыҥырыаны иитии сөргүтүллэн эрэр. Сорох дьон граҥҥа киирсэн судаарыстыбаттан өйөбүлү туһанан ыҥырыаны иитэр, оттон Амма улууһун Чакырыгар Владимир Бессонов бэйэтин күүһүнэн ылыста.

Чакырга ыҥырыа уйата өрө дыыгынаан, сотору  дьэҥкир мүөтүнэн мас  араама туолууһу. Владимир Бессонов  убайдарын кытта алта  уйаҕа ыҥырыаны иитэллэр. Ини-биилэр урут букатын сыстыбатах түбүктэрэ эрээри, саҕалааһын сатанан, санаа көтөҕүллүбүт. Владимир сурдьа  Денис итиэннэ тастыҥ убайа Иван Нерлов  сирэйдэрин сиэккэнэн хаххаланан, анал  көстүүм кэтэн, уйаларын бэрийэллэр.

“Алта дьиэ кэргэни Амур уобалаһыттан аҕалбыппыт. Аан бастаан саҕалаабыт дьыалабыт. Арай бырааппыт Владимир Владивостокка аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, дьон хайдах ыҥырыаны иитэрин көрөн, Саха сиригэр тоҕо табыллыбат буолуой диэн санаалаах кэлбитэ. Ол иһин сүбэлэһэн боруобаланныбыт. Араас сиртэн аҕалан билигин балачча атыылыыллар эрээри, бэйэ мүөтэ ордук туһалаах буоллаҕа. Онон  ыҥырыалары элбэтэр санаалахпыт”, – диэн ыҥырыа дыыгыныырын быыһыгар кэпсээтилэр. Убайдыылар ыҥырыаларын Чакыр бөһүөлэгиттэн соччо ырааҕа суох  Бэрдигэс  диэн сири түүлэһэн, онно көрөллөр. Чугас уулаах, тула күп-күөх буолан үчүгэй. Ыҥырыаларын саас сибэкки тыллыан иннинэ саахар сиробунан аһаппыттар, билигин  бэйэлэрэ  сир симэхтэрин кэрийэн аһыыллар.

Оттон Аммаҕа ыҥырыаны иитиигэ покровкалар суолу тэлбиттэрэ. Билигин Мээндигэнэн уонна да атын  нэһилиэктэринэн дьарыктаналлар. Онно бу чакырдар эбилиннилэр. Сайын устата Владимир убайдарынаан биэс киилэ курдук мүөтү хомуйан, арааматтан ылҕаан баран аппаракка эрийтэрэллэр. Бастакы сырыыларыгар саахара арыый элбэх эбит,  билигин дьэп-дьэҥкир мүөт кутуллар. Этэргэ дылы көрөн туран ”ок-сиэ сахалар да ыҥырыаны табан иитэр буолбуттар ээ” дии саныыгын. Онон минньигэс мүөт чакырдарга былдьаһык буолбут. 250 грамнаах иһиккэ кутуллубуту үс мөһөөх солкуобайга тута бүтэрэллэр. Инньэ гынан аймахтыылар ыҥырыаларын кыстатаары гыналлар. Күһүөрү сылаас сиргэ көһөрүөхтэрэ, онно уйаларын иһэ биир тэҥ температуралаах буоллаҕына, кыстыгы туорууллар.

#Амгинскийрайон #Амга #Улусмедиа #пчеловодствовЯкутии #новости