Улус.Медиа | Новости Якутии
11K subscribers
62.2K photos
10.5K videos
27 files
41.6K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
АММА КУОЛАСТЫЫР УЧААСТАКТАРЫГАР КЭҺИИ БААРА БЭЛИЭТЭММЭТЭ

Амма улууһугар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар курдук куоластааһын бэс ыйын 25 күнүттэн ыла бара турар. Бу кэм устата таһырдьа өҥүрүк куйаастар тураллар. Ол да буоллар дьон графигынан кэлэн куоластыыр.

Бэс ыйын 25 күнүттэн саҕалаан ыытыллыбыт куоластааһыҥҥа бэҕэһээҥҥи туругунан, ол эбэтэр бэс ыйын 29 күнүн түмүгүнэн, уопсайа 5693 киһи куоластаата. Ол иһигэр учаастактарга 4253 киһи, дьиэлэригэр 1440 киһи. Бу уопсай куоластааһынтан 47 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Маны сэргэ ыраах учаастактарга 21 киһи куоластаата. Уопсайа алта күн устата 214 кэтээн көрөөччү куоластааһын хаамыытын хонтуруоллуур. Амма нэһилиэгин биир улахан учаастагынан 45 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастак буолар. Манна бэрэссэдээтэлинэн уопуттаах Любовь Захарова үлэлиир.

“Биһиги учаастакпытыгар уопсайа 11 буолан үлэлии олоробут. Испииһэккэ 1522 киһи баарыттан 550 киһи манна, 52 киһи дьиэлэригэр ыҥыран куоластаатылар. Бу үлэлиир кэммитигэр туох да кэһии тахсыбата. Кэтээн көрөөччүлэр үлэлииллэр. Киэһэ 8 чааска барытын ааҕан, сейфпакекка угабыт. Урнабытын эмиэ пломбалыыбыт”, – диэн этэр Любовь Михайловна.

#общероссийскоеголосование #амгинскийрайон #улусмедиа
СОМОРСУҤҤА САҤА ОҔО ООННЬУУР БЫЛАҺААККАТА КЫРАЧААННАРЫ ҮӨРДЭР

Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр өссө биир кэрэ бэлиэ сир буолла. Кырачаан олохтоохтор астына кэлэн оонньуур сирдэннилэр.

Соморсун нэһилиэгэр Ийэ уонна оҕо скверыгар нэһилиэк кырачаан олохтоохтоохторугар анаммыт саҥа тупсаҕай көстүүлээх, оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар, чэбдигирэригэр анаммыт “Шатры востока” диэн саҥа оонньуур былаһаакка турда.

“Бу оҕолорго анаммыт анал оонньуур былаһаакка “Арассыыйа Ийэлэрэ” уопсастыбаннай тэрилтэ Соморсуннааҕы түмсүүтүн активист ийэлэрэ, “Алроса” АК үбүлээһининэн “Моя площадка” диэн “Үүнэр көлүөнэ” Фондата тэрийэн ыыппыт күрэхтэригэр сүүмэрдээһини ааһан уонна кыайаннар баар буолла. Сүүмэрдээһини ааһарга, бырайыактыыр документацияны туттарарга сүбэнэн-аманан күүс-көмө буолбут улууспут дьаһалтатын үлэһиттэригэр, чуолаан тутуу боппуруостарыгар баһылыгы солбуйааччы Дмитрий Дмитриевич Ивановка, биир дойдулаахпытыгар Эдуард Васильевич Ефимовка, Фонда салалтатыгар, үлэһиттэригэр дириҥ махталбытын тириэрдэбит. Маннык үчүгэй бырагыраамалар, күрэхтэр өссө да баар буоллуннар”, – диэн этэр нэһилиэк баһылыга Алексей Кононов.

Былаһаакканы нэһилиэк эр дьонун “Эрчим” диэн түмсүүтэ, олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кэлэн туруордулар. Онон Соморсун кырачаан олохтоохторо мантан сайын нэһилиэк хабыллар ортотугар баар былаһааккаҕа үөрэ-көтө оонньуур кыахтаннылар.

#новостиякутии #улусмедиа #амгинскийрайон #детскиеплощадки #Соморсун
АММА АВТОИНСПЕКТОРДАРА ХААЧЧАХТААҺЫН КЭМИГЭР КҮҮСТЭЭХ ӨЙӨБҮЛҮ ОҤОРДУЛАР

Амма улууһун госавтоинспекциятыгар 7 сотрудник үлэлиир. Кинилэр улууска биллэриллибит үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимигэр ыарыыны тарҕаппат туһугар күүстээх үлэни көрдөрдүлэр.

Амма улууһун ГАИ-гар уопсайа 7 инспектор күннэтэ түбүгүрэр. Инспектордар муниципальнай суолталаах 236 км уонна өрөспүүбүлүкэ суолталаах 362 км суолга быһылаан тахсыбатын туһугар үлэлэһэллэр.

“Биһиги инпекциябыт бэс ыйыгар уопсайа 282 автомототехниканы регистрациялаата. Сыл алта ыйын түмүгүнэн 1045 административнай боротокуол толорулунна. Уруулга итирик туруктаах олорууну утары үлэ күннэтэ ыытыллар. Бэс ыйыгар оннук арыгы иһэн баран тоҕус киһи тутулунна. Бу ааспыт сыл бэс ыйын кытта тэҥнээтэххэ 1 киһинэн аҕыйах. Пандемия кэмигэр сотрудниктарбыт солбуһа сылдьаннар 6 км баар постка волонтердары кытта күннэри-түүннэри үлэлээн тыһыынчанан массыынаны бэрэбиэркэлээтилэр.

Биһиги улууспут нөҥүө Уус Майа улууһун техникалара эмиэ ааһаллар. Ол бэрэбиэркэтин эмиэ ыытабыт. Маны сэргэ киэһэ араас рейдэлэргэ сылдьаллар, профилактическай операцияларга кытталлар. Бэйэм кэллиэгэлэрбин идэлээх күннэринэн эҕэрдэлиибин уонна туйгун сулууспаны баҕарабын”, – диэн этэр Амма улууһун ГИБДД сулууспатын начальнига, полиция капитана Валерий Тылбыков.

Күн бүгүн инспекцияҕа сэттэ эдэр үлэһит уолаттар суолга саахал тахсыбатын, сатыы да, техникалаах да дьон суол быраабылатын тутуһан сылдьалларын туһугар үлэлииллэр. Ол курдук старшай госинспектор, полиция старшай лейтенана Яков Слепцов, госинспектор, полиция старшай лейтенана Григорий Неустроев, старшай ДПС инспектора, полиция старшай лейтенана Роман Гаврильев, ДПС инспектордара, полиция лейтенаннара Андрей Шараборин, Игнат Ноговицын уонна Кирилл Никулин.

#улусмедиа #амгинскийрайон #ГАИ #ГИБДД #ДПС
АЛТАҤҤА ВЫПУСКНИКТАР ОСКУОЛАЛАРЫГАР СЫННЬАНАР СИР ОҤОРОН ТУРУОРДУЛАР

Амма улууһун Алтан орто оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрбит оҕолор үбүлүөйдээх сылларынан сынньанар сири оҥорон бэлэхтээтилэр.

Алтан орто оскуолатын 1985 сыллаахха 30 оҕо буолан бүтэрбиттэрэ. Оччолорго Эмис уонна Сатаҕай оскуолалара 8 кылаастаах буолан, Алтаҥҥа бу нэһилиэктэртэн кэлэн эмиэ үөрэнэллэрэ. Төһө да атын атын сиртэн кэллэллэр, бука бары олус иллээхтик үөрэнэн оскуолаларын тутуспутунан бүтэрбиттэрэ уонна күн бүгүҥҥэ диэри билсэ, кэпсэтэ сылдьаллар.

Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оскуоланы 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр 35 сыллаах үбүлүөйдэрэ. Манна кинилэр ааспыт сылтан араас тэрээһиннэри ыыттылар. Быйыл өссө күүстээх үлэ барыаҕын, коронавирус ыарыы туран хааччахтааһын мэһэйдээтэ. Ол да буоллар Амма улууһун Алтан оскуолатын выпускниктара быыс булан үөрэммит оскуолаларыгар махталларын бэлиэтин – сынньанар сири оҥорон туттардылар.

“Бу сынньанар сир салгыы кэҥэтиллэн, өссө тупсаран үлэ ыытыллан аллея буолуон баҕарабыт. Оччоҕо оҕолор да, учууталлар да сынньанар кэрэ миэстэлэрэ буолуо этэ”, – диэн выпускниктар баҕа санааларын тириэрдэллэр.

#улусмедиа #амгинскийрайон #Алтан #подарокшколе
СОМОРСУН НЕУСТРОЕВТАРА 68 СЫЛ УСТАТА ЭЙЭ ДЭМНЭЭХТИК ОЛОРОН КЭЛЛИЛЭР

Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин ытык мааны олохтоохторо Марфа Егоровна уонна Гаврил Афанасьевич Неустроевтар сарын сарыннарыттан даҕайсан, сүүс сүүстэриттэн өйөнсөн ыал буолан олорбуттара алта уон ордугуна аҕыс буолла. Кинилэр улуус үрдүнэн саамай өр бииргэ олорбут ытык ыал буолаллар.

Неустроевтар дьиэ кэргэн сэттэ оҕону төрөтөн, атахтарыгар туруоран улаатыннардылар. Оҕолор бары үлэһит буолан, араас идэлэри баһылаан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бэйэлэрэ эһээ-эбээ буолан, төрөппүттэрин хос, хос-хос эбээ уонна эһээ гынан дьоллууллар. Марфа Егоровна бу саас кулун тутарга 90 сааһын томточчу туолан Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Ил Дархан Айсен Николаев Эҕэрдэ суруктарын туппута. Онтон Гаврил Афанасьевич өссө икки сыллааҕыта 90 ытык сааһын туолбута.

Нэһилиэк дьоһун-мааны олохтоохторо Бүтүн Арассыыйатааҕы дьиэ кэргэн, таптал уонна бэйэ-бэйэҕэ бэриниилээх буолуу күнүн өссө 68 сыл анараа өттүгэр курдук сылаас тапталларыгар бигэнэн көрсөллөрүттэн киһи эрэ долгуйар.

#УлусМедиа #сахапечать #Амгинскийрайон #Деньсемьиверностилюбви
АММА ЫЧЧАТА СӨМӨЛҮӨТТЭР ТЕХНИЧЕСКЭЙ ТУРУКТАРЫН КӨРҮӨҔЭ

Дьокуускай куоракка Айыы Кыһатын бүтэрбит Амма улууһун Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх Сахаяр Бубякин сөмөлүөттэри көрөр-истэр идэни баһылаата.

Бу күннэргэ араас үөрэх кыһаларыгар устудьуоннар дипломнарын көмүскээннэр идэлэри баһылаан, олох киэҥ аартыгар үктэннилэр. Олор истэригэр Айыы Кыһатын выпускнига Сахаяр Бубякин Дьокуускайдааҕы авиационнай техническэй гражданскай авиация училищетын бүтэрэн “Техническая эксплуатация летательных аппаратов” диэн идэни баһылаата.

Сахаяр оскуолатыгар көхтөөх үөрэнээччи этэ. Ол курдук кылааһыгар старосталаан, араас тэрээһиннэри ыытыһара. Спортивнай күрэхтэргэ тустан, хапсаҕайдаһан оскуолатын чиэһин элбэхтик көмүскээбитэ.

“Училищеҕа 11 кылаас кэнниттэн кэлэн киирбитим. Уопсайа 2 сыл 10 ый үөрэннибит. Бастаан киирэрбитигэр группаҕа 40-ча этибит. Онтон 22 буолан бүтэрдибит. Техническэй буолан физика, математика, химия предметтэрин үчүгэйдик билиэххэ наада. Практикабытыгар үксүн “Полярные авиалинии” хампаанньаҕа Маган пордугар сылдьыбыппыт. Онтон кэнники куурустарга Тиксиигэ, Ньурбаҕа, Баатаҕайга, Зырянкаҕа практикаҕа барааччыбыт. Дипломмутун Санкт Петербургтан кэлэн туппуттара. Мин билигин үөрэхпин үрдэтинэр баҕа санаалаахпын. Үлэлии-үлэлии. Салгыы училищебыт үрдүкү кыһатыгар Санкт Петербурдааҕы гражданскай авиация университетыгар туттарсыам. Үөрэхпин сөбүлүүбүн, улахан эппиэтинэстээх үлэ. АН-24 сөмөлүөттэр уонна МИ-8 бөртөлүөттэр техническэй туруктарын көрөр-истэр киһи буолаҕын. Олус интэриэһинэй”, – диэн этэр Сахаяр.

#УлусМедиа #новости #Амгинскийрайон #профессии
АММА II ЧАКЫРЫН СИРИГЭР-УОТУГАР КЭЛИИ СҮӨҺҮЛЭР ҮӨРЭНЭН ЭРЭЛЛЭР

II Чакыр нэһилиэгэр үлэлиир «Кэскил» ХЭТ хаһаайыстыбатыгар Смоленскай уобалаһыттан быйыл ыам ыйын саҥатыгар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин көмөтүнэн уонна улуус салалтатын өйөбүлүнэн кэлбит 100 төбө эдэр сүөһү Тураҥ Үрдүгэр сайылыыллар. 23 бургунас төрөөннөр ыанньыксыттар үүтү ыан эрэллэр.

II Чакыр нэһилиэгэр үлэлии олорор Александр Карманов салайааччылаах «Кэскил» ХЭТ хаһаайыстыбатыгар быйыл ыам ыйын саҥатыгар Смоленскай уобалас Сычевскай оройуонуттан тарҕаммыт 100 төбө ынах сүөһү кэлбитэ.

Норуокка биллэринэн «сычевка» өлгөм үүттээҕинэн, эттээҕинэн, араас усулуобуйаҕа хаппырыыһа суох түргэнник сөп түбэһэринэн биллэр боруода бургунастары бостуук Егор Оконешников Тураҥ Үрдэ сайылыкка мэччитэр. Төрөөбүт ньирэйдэр Чупчаахха сүөһү иитиитигэр үгүс сыратын уурбут уопуттаах үлэһит Ульяна Оконешникова көрүүтүгэр киирэн иһэллэр.

Хас биирдии кэлии сүөһү биригэдьиир Светлана Григорьева уонна ыстаарсай ыанньыксыт Амгарита Кириллина кэтээн көрүүлэригэр сылдьаллар. Эдэр ынахтар үүттэрэ кыралаан эбиллэр. Туспа дойду сиригэр – уотугар сыыйа – баайа үөрэнэн эрэллэр.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри 23 бургунас төрөөтө, ньирэйдэрэ төрөлкөйдөр, бары этэҥҥэлэр. Сайын отучча, күһүн  эмиэ итиччэ, салгыы уочаратынан ити курдук төрөөн иһиэхтээхтэр. Төрөөбүт ынахтарбытын анал сиэмэнэн буоһатабыт. Сэттэ ыанньыксыт үллэстэн тутан иһэллэр. Бурдугу сиэтэбит, тото-хана мэччийэллэр. Кэлии ынахтарбыт майгыларынан да сымнаҕастар, эрэйэ суох ыаталлар. Элбэҕи аһыыллар, элбэх үүтү да биэриэхтэрэ диэн кэтэһэбит», – диэн этэр хаһаайыстыба биригэдьиирэ Светлана Григорьева.

@amma_olo5о

#сельскоехозяйство #улусмедиа #новости #Амгинскийрайон #
АММА ЧАКЫРЫГАР ИНИ-БИИЛЭР ЫҤЫРЫА ИИТЭЛЛЭР

Саха сиригэр кэлиҥҥи кэмҥэ мүөттээх ыҥырыаны иитии сөргүтүллэн эрэр. Сорох дьон граҥҥа киирсэн судаарыстыбаттан өйөбүлү туһанан ыҥырыаны иитэр, оттон Амма улууһун Чакырыгар Владимир Бессонов бэйэтин күүһүнэн ылыста.

Чакырга ыҥырыа уйата өрө дыыгынаан, сотору  дьэҥкир мүөтүнэн мас  араама туолууһу. Владимир Бессонов  убайдарын кытта алта  уйаҕа ыҥырыаны иитэллэр. Ини-биилэр урут букатын сыстыбатах түбүктэрэ эрээри, саҕалааһын сатанан, санаа көтөҕүллүбүт. Владимир сурдьа  Денис итиэннэ тастыҥ убайа Иван Нерлов  сирэйдэрин сиэккэнэн хаххаланан, анал  көстүүм кэтэн, уйаларын бэрийэллэр.

“Алта дьиэ кэргэни Амур уобалаһыттан аҕалбыппыт. Аан бастаан саҕалаабыт дьыалабыт. Арай бырааппыт Владимир Владивостокка аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, дьон хайдах ыҥырыаны иитэрин көрөн, Саха сиригэр тоҕо табыллыбат буолуой диэн санаалаах кэлбитэ. Ол иһин сүбэлэһэн боруобаланныбыт. Араас сиртэн аҕалан билигин балачча атыылыыллар эрээри, бэйэ мүөтэ ордук туһалаах буоллаҕа. Онон  ыҥырыалары элбэтэр санаалахпыт”, – диэн ыҥырыа дыыгыныырын быыһыгар кэпсээтилэр. Убайдыылар ыҥырыаларын Чакыр бөһүөлэгиттэн соччо ырааҕа суох  Бэрдигэс  диэн сири түүлэһэн, онно көрөллөр. Чугас уулаах, тула күп-күөх буолан үчүгэй. Ыҥырыаларын саас сибэкки тыллыан иннинэ саахар сиробунан аһаппыттар, билигин  бэйэлэрэ  сир симэхтэрин кэрийэн аһыыллар.

Оттон Аммаҕа ыҥырыаны иитиигэ покровкалар суолу тэлбиттэрэ. Билигин Мээндигэнэн уонна да атын  нэһилиэктэринэн дьарыктаналлар. Онно бу чакырдар эбилиннилэр. Сайын устата Владимир убайдарынаан биэс киилэ курдук мүөтү хомуйан, арааматтан ылҕаан баран аппаракка эрийтэрэллэр. Бастакы сырыыларыгар саахара арыый элбэх эбит,  билигин дьэп-дьэҥкир мүөт кутуллар. Этэргэ дылы көрөн туран ”ок-сиэ сахалар да ыҥырыаны табан иитэр буолбуттар ээ” дии саныыгын. Онон минньигэс мүөт чакырдарга былдьаһык буолбут. 250 грамнаах иһиккэ кутуллубуту үс мөһөөх солкуобайга тута бүтэрэллэр. Инньэ гынан аймахтыылар ыҥырыаларын кыстатаары гыналлар. Күһүөрү сылаас сиргэ көһөрүөхтэрэ, онно уйаларын иһэ биир тэҥ температуралаах буоллаҕына, кыстыгы туорууллар.

#Амгинскийрайон #Амга #Улусмедиа #пчеловодствовЯкутии #новости
АММАЛАР ТУОС ТИГИИЛЭРИН ТААТТАҔА ИЛДЬЭН ТУТТАРДЫЛАР

Амма нэһилиэгин уран тарбахтаахтара Борис Неустроев – Мандар Уус моҕол ураһатыгар көмөлөһөн оҥорбут туос тигиилэрин Таатта Баайаҕатыгар илдьэн туттардылар. Аны бу күннэргэ Болугур нэһилиэгин “Арчылаана” түмсүү уран тарбахтаахтара бэйэлэрин тигиилэрин илдьэн бэлэхтиэхтэрэ.

Амма уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ Клавдия Новикова, Людмила Борисова, Анастасия Сирдитова, Светлана Михайлова өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыакка баҕа өттүлэринэн кыттыһан  Таатта Баайаҕатыгар туруохтаах Борис Неустроев – Мандар Уус моҕол ураһатыгар көмөлөстүлэр. Ол курдук алта ый иһигэр тикпит 2,5 м усталаах, 1,5 м туоралаах испэни, таспаны, 15 м курдууну – барыта 80 устуука туос оҥоһуктарын бөлөх салайааччыта, норуот маастара Клавдия Новикова Борис Федоровичка илдьэн туттарда.

Амма улууһуттан хамсааһыҥҥа Болугур нэһилиэгин “Арчылаана” түмсүү уран тарбахтаахтара кыттыһан бэйэлэрин тигиилэрин бу күннэргэ илдьэн туттараары бэлэмнэнэ сылдьаллар.

«Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах улахан дьыалаҕа көмөлөһөр үтүө санаалаах дьонноох, өйөбүллээх буоламмыт үөрэ – көтө кыттыстыбыт. Болугуртан “Арчылаана” түмсүү иистэнньэҥнэрин кытта биир сүбэнэн үлэлээтибит. Ф.Ф.Потапов аатынан норуот айымньытын дириэктэрэ Петр Кулаковскай биһиэхэ хос анаан улахан көмө буолла. Биир санаалаах дьоммут көмөлөрүнэн хаста да Таатта уһук нэһилиэгэр баран кэллибит.

Түмүктээбит сыралаах үлэбитин илдьэрбитигэр Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев айанныыр ороскуоппутун барытын уйунан, суоппар Анатолий Аммосов тиэйэн үөрэ – көтө илдьэн туттардым. Аны Тааттаҕа ураһа бүтэн турарын эрэ кэтэһэбит. Мандар Уус аммаларга улахан махталын тириэрдэр. Билигин кинилэргэ үлэ күөстүү оргуйар, моҕол ураһаны бүтэрэ охсор санаалара баһаам. Саамай улахан үлэни аммалар оҥордубут. Бу барыбыт кыайыыта диэн сыаналыыбын, онон салгыы бу курдук биир сүбэнэн үлэлиэҕиҥ», – норуот маастара Клавдия Новикова үөрүүтүн үллэстэр.

#улусмедиа #новости #амгинскийрайон #мандаруус #туос
АММА ВЫПУСКНИКТАРА ОСКУОЛАЛАРЫГАР БЭРТЭЭХЭЙ БЭЛЭХ ОҤОРДУЛАР

Амма улууһугар үбүлүөйдээх выпускниктар үөрэммит оскуолаларыгар өйдөбүл буолар бэлэхтэри оҥороллоро үтүө үгэс буолла.

Алтан орто оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрбит выпускниктар оскуоланы бүтэрбиттэрэ 35 сылыгар анаан тэлгэһэҕэ сынньанарга аналлаах беседка оҥорон бэлэхтээн учууталларын үөрдүбүттэрэ. Онтон бу күннэргэ В.Г. Короленко аатынан Амма 1№-дээх орто оскуолатын 2000 сыллаахха бүтэрбит выпускниктар эмиэ умнуллубат бэлэҕи оҥордулар.

Ол курдук аныгы кэм сиэринэн, оскуола иннигэр 30 бэлисипиэт турар стоянкатын бэлэхтээтилэр. Оҕолор бу оскуолаларын бүтэрбиттэрэ 10 сыла буолбутунан, бэйэлэрэ илиилэринэн тутан-хабан, тимиринэн уһун үйэлээх буолар гына оҥордулар.

„Урут бэлисипиэтинэн кэлэн баран, түҥ-таҥ уурар этибит. Бэрээдэк суоҕа. Араастаан ыһыллан, ким ханна сатыырынан туруорарбыт. Ону санааммыт толкуйдаан баран, бэйэбит матырыйаал атыылаһан, оҕолор бэлисипиэттэрин уурар сирдэрин оҥордубут уонна оскуолабытыгар бэлэхтээтибит. Билигин биир сиргэ бэрээдэктээхтик хатаан туруорар кыахтаннылар. Үөрэппит оскуолабытыгар, учууталларбытыгар, ордук чуолаан бастакы учууталбытыгар Анастасия Афанасьевна Яковлеваҕа, Туяра Яковлевна Поповаҕа, фольклорга уһуйбут, элбэҕи үөрэппит Александра Ивановна Артемьеваҕа махталбыт улахан“, – диэн этэллэр оҕолор, билигин үлэһит буола сылдьар ыччаттар.

Тэрийэр үлэҕэ выпускниктар Дария Артемьева, Егор Бубякин, Айсен Трофимов, Афанасий Старостин сырыттылар, сүрүн үлэтин ыыттылар.

#улусмедиа #новости #амгинскийрайон #выпускники #подарокшколе