Улус.Медиа | Новости Якутии
11K subscribers
62.1K photos
10.5K videos
27 files
41.6K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
АММАҔА ЫҺЫАХХА АНАММЫТ АРААС ТЭРЭЭҺИННЭР ЫЫТЫЛЫННЫЛАР

Уйгу-быйаҥ ыһыахпыт быйыл олох уратытык тэриллиннэ. Төһө да илии илииттэн ылсыһан оһуохай тэппэтэрбит, күргүөмүнэн киирэн түһүлгэҕэ көрсүбэтэрбит сайыны уруйдуур, күүс-уох мунньунар, алгыс ылар ыһыахпытын кэтэхтэн ыыттыбыт.

Амма улууһугар быйыл эмиэ бары улуустарга курдук уйгу-быйаҥ ыһыахпыт ыраахтан олорон ыытылынна. Манна хас биирдии тэрилтэ, түөлбэлэр кыттаннар араас тэрээһиннэри тэрийдилэр. Улуус бары нэһилиэктэригэр бэс ыйын 12 күнүттэн саҕалаан эмиэ онлайн эрэсииминэн ыһыахтар буоллулар, араас күрэхтэр ыытыллан кыайыылаахтар бириистэрин туттулар.

“Быйыл ыһыах хаһан да буолбатах балаһыанньаҕа ыытылынна. Аан дойду үрдүнэн коронавирус ыарыыта туран, дьон мустара тохтотуллан, үрдүкү бэлэм эрэсиимигэр олорор буолан, бары тэрээһиннэр кэтэхтэн буоллулар. Ол курдук бүгүн уйгу-тунах ыһыахпыт Аммаҕа алгыс этииттэн саҕаланна.

Ол кэнниттэн олохтоохтору улуус баһылыга Николай Архипов, Олоҥхо ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александра Артемьева эҕэрдэлээтилэр.

“Ыһыаҕым ымыылаах ырыата” улуус уус-уран самодеятельноһын кэнсиэрин, “Ааспыт кэм ахтылҕана” диэн Улуу кыайыы 65,70 сылларыгар анаммыт ыһыахтар видеослайдалары, Кыайыы 65 сылыгар тэриллибит түһүлгэлэр күрэхтэри, ону сэргэ Саха АССР народнай артыыһа, норуот тапталлаах мелодиһа, ырыаһыта Христофор Максимов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт дэгэрэҥ ырыа күрэҕин кыайыылаахтарын кэнсиэрин култуура киинэ ютуб ханаалынан көрдөрдө. Кииннэммит бибиотека, Саха сиригэр гражданскай сэрии историятын мусуойа эмиэ интэриэһинэй, киһи билиитин хаҥатар тэрээһиннэри, күрэхтэри ыыттылар”, – диэн кэпсээтэ улуус култууратын управлениетын салайааччыта Евдокия Сутакова.

Бу күн бассаап ситиминэн Амма нэһилиэгин түөлбэлэрэ эмиэ ыһыах челленджигэр көхтөөхтүк кытыннылар. Уйгу-тунах ыһыах күн иннинэ эрдэттэн Амма бары маҕаһыыннарыгар ыһыахпыт алгыстаах аһа – үтэһэлээх эт, кыынньар кымыс атыыланан дьон бэйэлэрин тиэргэннэригэр самаан сайыны уруйдаатылар, дьаҥ-дьаһах түргэнник бүтэригэр баҕардылар.

#сахапечать #улусмедиа #новости #амга #амгинскийулус #ысыах
АММА ЭДЭР АРМЕЕЦТАРА БҮТҮН АРАССЫЫЙАТААҔЫ АКЦИЯҔА КЫТТЫСТЫЛАР

«Өйдөбүл чүмэчитэ» акция Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыт күнүгэр Арассыыйа бары куораттарын түмтэ. Амма эдэр армеецтара Албан аат болуоссатыгар чүмэчи уматан кыттыстылар.

1941 сыл ыам ыйын 22 күнүн сарсыарда 4 чааһа киһи аймах историятыгар хара бээтинэлээх күн. Бу кутурҕан күнүгэр, биһиги эйэлээх олохпут иһин сырдык тыыннарын толук уурбут дьоммутугар анаан, кинилэри кэриэстээн Бүтүн Арассыыйатааҕы «Өйдөбүл чүмэчитэ» акция ыытылынна. Амма эдэр армеецтара бу акцияҕа кыттыһан, Албан аат болуоссатыгар чүмэчилэри уматтылар. Оҕолор ZOOM конференциянан Сэбилэниилээх күүстэр «Патриот» Кылаабынай храмнарыттан ыытыллыбыт быһа сибээскэ холбоннулар. Эдэр армеецтар Аммаларын туһунан кэпсээтилэр, эбэлэрин, эһэлэрин хорсун быһыыларынан киэн тутталларын эттилэр. Лицей эдэр армеецтарын этэрээтэ Сэбиэскэй Союз 2 төгүллээх Дьоруойа В.Ф.Быковскай аатын сүгэр.

«Өйдөбүл чүмэчитэ» Арассыыйа эдэр ыччатын бииргэ түмэн Кыайыыны чугаһаппыт дьоммутугар дириҥ махтал бэлиэтинэн буолла. Оттон Амма оҕолоро эмиэ ытык дьоммут ааттарын үйэтитиигэ биир дьоһун хардыыны оҥордулар.

#сахапечать #улусмедиа #амгинскийулус #свечапамяти #ВОВ
АММАҔА КОВИДКА БАЛАҺЫАННЬА УУСТУГУРАР

Амма улууһугар бэс ыйын 23 күнүн туругунан COVID-19 ыарыы балаһыанньата уустугурар диэн кылаабынай быраас Михаил Архипов этэр.
Амма улууһугар икки ый устата коронавирус ыарыынан ыалдьыбыт киһи бэлиэтэммэккэ турбут буоллаҕына, бэс ыйын 23 күнүн туругунан диагноз бигэргэммит киһи ахсаана 11 киһиэхэ тиийдэ. Биллэрин курдук бастакы киһи бэс ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэммитэ.

“Билигин инфекционнай отделениеҕа 7 киһи сытар. Туруктара үчүгэй. Ону сэргэ 4 киһи  дьиэлэригэр олорон эмтэнэллэр. Хомойуох иһин бу ааспыт өрөбүллэргэ улууспутугар тутуу биригээдэтэ кэлэн бу дьонтон ылыллыбыт анаалыстар “положительнай” буоллулар. Ол курдук 8 киһиттэн ылбыппыт, 6-та бигэргэннилэр. Обсерваторга билиҥҥи туругунан 9 киһи сытар. Тастан олорон эмтэнэр, дьиэҕэ “самоизоляцияҕа” олорор тутааччылар эрэсиими тутуһалларын полициялар кэтээн көрүөхтэрэ”, – диэн этэр Михаил Архипович.

Сайын буолан билигин Аммаҕа кэлии үксээтэ. Аҥардас ааспыт өрөбүллэргэ 400 массыына кэлэн ааспыта биллэр. Онон кылаабынай быраас сэрэтэр. Манна саамай кылаабынайа маҕаһыыннар бары ирдэбили тутуһуохтарын наада. Ол курдук мааската суох дьоҥҥо атыылаабакка, мааскалаах киирэллэрин ирдиэхтээхтэр. Бука барыларыгар дезинфекциялыыр булкадаһык туруохтаах. Сотору-сотору сууйа сото сылдьыахтаахтар.

Салҕыы ааҕын https://ulus.media/2020/06/23/amma-a-kovidka-bala-yanna-uustugurar/.

#сахапечать #улусмедиа #новости #амгинскийулус
АММА УЛУУҺУГАР СЭРИИГЭ УОЛАТТАРЫН АТААРБЫТ 566 ИЙЭ ААТА ЧОПЧУЛАННА

Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэрии кыргыһыытыттан сырҕан баастаах ыал Саха сиригэр суоҕун кэриэтэ. Өстөөх саба түһэн, сэриини төлө тардаатын кытта ийэлэр барахсаттар күҥҥэ көрдөрбут хотой уолаттарын алҕаан туран охсуһууга атаараахтаабыттара. Кинилэр намчы сүрэхтэрэ төһөлөөх долгуйбута, көмүскэлэрэ харах уунан аймана туолбута буолуой?! Дьэ ол иһин сэриигэ саллаат уолаттарын атаарбыт ийэлэри кэриэстээн, үйэтитэн “Россия ийэлэрэ”  хамсааһын Саха сиринээҕи салаата өрөспүүбүлүкэ 6 улууһугар көрдүүр-ирдиир үлэни көҕүлээбитэ.
Ол иһигэр Амма улууһа бачыымы иилэ хабан ылан, киэҥ өрүттээхтик чинчийдэ. Алтынньыттан көрдөөһүҥҥэ ылсан, кураторынан Галина Бочугурова анаммыта. Тута нэһилиэктэргэ киэҥник иһитиннэрэн, кэпсээн  ийэлэр барахсаттар сырдык мөссүөннэрин туоһуласпыттара, ахтыылары хомуйбуттара.

“Ытык бырайыакка Амма улууһун нэһилиэгин дьоно көхтөөхтүк кыттыспыттара кэрэхсэбиллээх. Көрдүүр үлэ чахчы ымпыктаах-чымпыктаах үлэ. Сыл-хонук  ааһан, ийэлэр туһунан сибидиэнньэ умнулла быһыытыйбыта уустук этэ. Сорох дьон эбээлэрин ааттарын-суолларын умнан кэбиспиттэр эбит, ити иһин хаартыскаларын буларга ыарырҕаттыбыт, ол да үрдүнэн аймахтарыттан сураһан, ардыгар өйдөбүнньүк кинигэнэн сирдэтэн  матырыйааллары түмтүбүт, хаартыскалары хомуйдубут. Ону сэргэ онлайн архыып арыллыбыта туһалаата. Киһи маны тутан олорон, биитэр ахтыыларын истэн баран хайдах да сүрэҕин таһынан аһарбат, ийэлэр мөссүөннэрэ, буойун уолаттарын күүппүттэрэ, кыайыы туһугар үлэлээбиттэрэ хараххар бу ойууланан кэлэр. Олус суолталаах бырайыакка көмөлөспүттэргэ махтанабыт. Ол иһигэр бааллар кыраайы үөрэтээччилэр, историктар, оҕо айымньытын киинин оҕолоро төһүү буоллулар. Уопсай күүһүнэн онон саллаат ийэлэрин үйэтитэр буоллубут”, – диэн “Россия ийэлэрэ” хамсааһын Амматааҕы салаатын  бэрэссэдээтэлэ Оксана Ивановна Архипова кэпсээтэ.

Дьэ ол курдук Амма улууһугар  уоттаах сэриигэ уолаттарын атаарбыт 566 ийэ аата-суола чопчуланна, олоҕо сурулунна. Кинилэртэн  126-та Абаҕаттан төрүттээхтэр. Фроҥҥа алта уолун атаарбыт Неустроева Татьяна Семеновна Сатаҕай олохтооҕо эбит. Күн күбэй ийэ алта хоодуот уолуттан үһэ кыргыһыы толоонуттан эргиллибэтэх. Биэс оҕото өстөөҕү самнарсыбыт ийэлэринэн Борисова Н.Г,  Яковлева М.Е. буолаллар. Маны тэҥэ 4 саллаат уоллаах 25 ийэ көһүннэ, үс уолун сэриигэ атаарбыт 62 ийэ булулунна. Билигин  бу көмүскэ тэҥнээх сибидиэнньэлэри  аммалар барытын сыа-сым курдук тутан, электроннай көрүҥҥэ киллэрдилэр, аны кумааҕынан  кинигэни  былаанныыллар.

#улусмедиа #сахапечать #амгинскийулус #новости #ВОВ
АММАҔА КУОЛАСТААБЫТ ДЬОН ҮГҮС ӨТТӨ УЛАРЫТЫЫЛАРЫ ӨЙҮҮРҮН БИЛЛЭРДЭ

Амма улууһугар уопсайа испииһэккэ киирбит 11695 киһиттэн бюллетени 8244 киһи тутта.

Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыҥҥа Амма улууһугар уопсайа 8244 киһи кытынна. Онон куоластааһыҥҥа кыттыы 70 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Куоластаабыт дьонтон 58 бырыһыан киирэр уларытыылары өйүүллэрин биллэрдилэр. онтон 3390 киһи утардылар. Бу курдук ким туох санаалааҕын кэлэн сэттэ күн устата ыытыллыбыт куоластааһыҥҥа кытыннылар. Бу кэм устатыгар 17 учаастакка биир да кэһии таһаарыллыбата. 214 кэтээн көрөөччү, 121 быыбар хамыһыйатын чилиэннэрэ үлэлээтилэр. Бу курдук Амма улууһа Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары киллэриигэ көхтөөхтүк кытынна.

#улусмедиа #амгинскийулус #амга #общероссийскоеголосование
АМГИНСКИЕ ВЕТЕРИНАРЫ РАССКАЗАЛИ, КАК ПРАВИЛЬНО СОДЕРЖАТЬ СОБАКУ

Сегодня, 2 июля, Международный день собак. Хотя этот праздник официально не утверждён, хозяева собак по всему миру в этот день балуют своих питомцев. Как правильно обращаться с четвероногим другом, рассказали ветеринары Амгинского улуса.

В Якутии мало, кто знает о праздновании Дня собаки, поэтому Амгинские ветеринары в этот день решили просто напомнить, как правильно обращаться со своим питомцем.

«С двух месяцев необходима вакцинация против чумы. Один раз в год нужно вакцинировать против бешенства. Собака должна иметь свой паспорт, где указаны данные о хозяине и собаке. В летнее время высок риск, что у собаки могут быть клещи, поэтому летом нужно периодически осматривать питомца на наличие паразитов», – поясняют ветеринары. Также врачи советуют стерилизовать своего питомца. С каждым годом количество бездомных животных растёт, а стерилизация может помочь уменьшить их популяцию.

Напоминаем, что с августа в Амге начинается чипирование собак и кошек. Чип будет вводиться подкожно. С помощью него можно будет узнать данные о животном и хозяине, какие вакцины получил и по какому адресу проживает ваш питомец. Чипирование проводится бесплатно.

#международныйденьсобак #улусмедиа #амгинскийулус #ветеринары #собакадругчеловека
АММА ТАЛААННААҔА АННА МАТВЕЕВА ЭРГЭ БУОЧУКАЛАРЫ ТУУЙАСТАРГА КУБУЛУТТА

Амма биир далбар хотуна Анна Матвеева ырыаһыт эрэ буолбакка, тарбаҕар талааннаах, айар-тутар киһи буолар. Күөх сайыҥҥа Анна эдьиийин көрдөһүүтүн быһа гыммакка, үс эргэ буочукатын киһи эрэ кэрэхсии көрөр тууйастарыгар кубулутта.

Анна Матвеева 20-чэ сыл устата уһуйааҥҥа кырачааннары уруһуй абылаҥар уһуйбута. Кини манна уруһуйдуур талаана арыллан, элбэх саҥаны айан олус айымньылаахтык үлэлээбитэ.

Онтон билигин О.П. Иванова –Сидоркевич аатынан оҕо сайдар дьиэтигэр ырыаҕа уһуйааччынан эмиэ олус ылларан туран, араас бырайыактары олоххо киллэрэн үлэлии сылдьар.

“Эдьиийим көрдөһөн кини эргэ буочукаларын кырааскалаан, ойуулаатым. Эмаль кырааскаҕа колер эбэн, ойуулаатым. Уопсайынан, бу дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ биир өттүнэн эмиэ үчүгэй өттүнэн дьайда. Ол курдук урут солото суох сылдьар дьон, дьэ бириэмэлэнэн айар-тутар талааннара киирдэ. Ол иһигэр мин эмиэ урут ылсыбакка сылдьыбыт дьарыктарбар ылсан элбэххэ үөрэнним. Холобура, ыалым Матрена Караканова оҕуруонан араас киэргэллэри оҥорорго үөрэтэн, билигин бэйэм астынан туран дьарыктанабын. Бу олорон көстүүмнэрбин саҥартым, киэргэллэри оҥордум. Сорохторун арыый уларытан биэрдим. Билигин киэргэллэр сыаналара наһаа ыараата дии. Ол иһин бэйэм үөрэнэн киэргэллэрбин барытын бэйэм оҥоробун. Инникитин үөрэтэр оҕолорум симэхтэрин бэйэлэрэ оҥостоллоругар үлэлэһиэхпит”, – диир талааннаах уһуйааччы.

Кини бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит айар талааннаах киһи буолан, ону үлэтигэр хото туһанар. Олус үчүгэйдик ыллыыр. Быйыл сайын биирдиилээн ыллыыр оҕолорго клип уһуллулар. Манна киниэхэ оператор, монтажер быһыытынан Мария Иванова, ырыаларын устан Косиор Карманов, баянист Василий Неустроев күүс-көмө буоллулар. Урут “Сардаана” диэн ырыаны бэйэтэ толорон ыллыыр эбит буоллаҕына, билигин үөрэтэр оҕотугар Настя Черноградскаяҕа үөрэтэн, клип устан таһаарбыттарын, дьон-сэргэ олус диэн сэргээтэ.

Бу курдук кылгас күөх сайыммытын баттаһа Амма биир талааннаах киһитэ, көмүс куоластаах ырыаһыта Анна Матвеева бириэмэтин туһалаахтык атаарар, кэрэни дьиэтигэр киллэрэр.

#улусмедиа #сахапечать #Амгинскийулус #новости #творчество #народноетворчество #культура
СОМОРСУҤҤА ЫЧЧАТ СҮӨҺҮНҮ ТУТАР САЙЫЛЫК ҮӨРҮҮЛЭЭХТИК АҺЫЛЫННА

Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр ыччат сүөһүгэ анаммыт сайылык үөрүүлээхтик аһылынна.

Соморсун сирин-уотун биир кэрэ сиригэр, Дьаллаан алааһыгар ынах сүөһүгэ буолбакка, ыччат сүөһүнү сайылатар сайылык баар буолла.

Манна кыттыыны Амма улууһун баһылыга Николай Архипов, СӨ Агроплемхолбоһук салайааччыта Алексей Жирков, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта, баһылыгы тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччы Ион Кононов, Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Кононов, хаһаайыстыба салайааччылара ыллылар.

 “Бу өрөспүүбүлүкэҕэ ыччат сүөһүнү төлөһүтүү пилотнай бырайыак бастакы эбийиэгэ буолар. Ол курдук биһиги СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр этии киллэрэн, ыччат сүөһүнү туспа көрөн, урукку курдук туспа салааны тутан иитэн эрэбит. Манна бары өттүнэн табыгастаах, аһылыгынан толору хааччыйыан сөп „Соморсун“ хаһаайыстыбата ылсыбыта. Ол курдук оттуур сирдээх, сенаж бэлэмниир, бурдук да үүннэрэр. Онно саҥа салайааччы, олохтоох киһи Петр Николаевич Андросов бэрэссэдээтэлинэн ананна. Былырыын пилотнай бырайыагынан күһүн 200 ыччат сүөһү киирэр саҥа хотоно тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Онно этэҥҥэ кыстаабыттара. Сайылык титиигин Алексей Караканов салайааччылаах олохтоох биригээдэ тутан киллэрдэ. Манна үлэһиттэр икки дьиэнэн олороллор. Биригэдьиир – Анна Николаевна Чемезова“, – диэн кэпсээтэ кылаабынай зоотехник Спиридон Капитонов.

Үөрүүлээх аһыллыыга сахалыы сиэринэн аал уот оттуллунна, алгыс тыла этилиннэ. Тутууну ыыппыт бастыҥ үлэһит дьоҥҥо наҕараадалар туттарылыннылар.

#УлусМедиа #новости #Амгинскийулус #сайылык