Улус.Медиа | Новости Якутии
11K subscribers
62.2K photos
10.5K videos
27 files
41.6K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
АЛЛЫҤА «ЧОРГУЙ» ФОЛЬКЛОРНАЙ БӨЛӨҔҮН ИИТИЛЛЭЭЧЧИТЭ АЙЫЛААН ЯКОВЛЕВ ДЬОҺУН СИТИҺИИЛЭННЭ

Сунтаар улууһун Аллыҥа нэһилиэгин кылаабынай библиотекара, эбии үөрэхтээһин учуутала Нюргуяна Семеновна Саввинова 2013 сылтан «Чоргуй» фольклорнай бөлөҕү тэрийэн, күн-бүгүн оҕолор ситиһиилэрэ үгүс.

“Чоргуй”-дар Сунтаар улууһугар, Бүлүү бөлөххө, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күөн-күрэстэр хас да төгүллээх лауреаттара, кылаан кыайыылаахтара. Холобур, бөлөх улахан кыттааччылара 2016 с. Южнай Кореяҕа «Фестиваль холода» кыттан, лауреат, оттон бу аҕыйах хонуктааҕыта Айылаан Яковлев, Аллыҥа 4 кылааһын үөрэнээччитэ Аан дойдутааҕы Босфорскай муусука, үҥкүү, искусство онлайн бэстибээлигэр I истиэпэннээх лауреат буолла.

«Айылаан оҕо саадыгар бэлэмнэнии бөлөҕөр сылдьыаҕыттан бэйэтин улахан баҕатынан, биһиги бөлөхпүтүгэр киирбитэ.Чабырҕахтыыра олус табыллар, олус кыһаллар, сылтан сыл тупсар. Икки сыллааҕыта Турцияҕа баран бөлөҕүнэн лауреаттаан турар. Бу бэстибээлгэ ситиһиилэнэн, SAYAR кэмитиэт тэрийэр бэстибээлигэр 2020-2021 сылга ыҥырыы тутта», – диир салайааччыта.

Бөлөххө Аллыҥаттан 20-тэн тахса, ону тэҥэ Маар Күөл нэһилиэгиттэн 5 оҕо дьарыктаналлар.

Эдэр талааннаах уһуйааччы, педагог Нюргуяна Семеновна бу курдук оҕолору төрүт дорҕоон абылаҥнаах эйгэтигэр уһуйан, оҕолор талааннара арыллан, ситиһиилэрэ сиэттиһэн кэлэ турдун!

#творчество #чоргуй #Сунтарскийулус #новости #победители #Якутия
АММА ТАЛААННААҔА АННА МАТВЕЕВА ЭРГЭ БУОЧУКАЛАРЫ ТУУЙАСТАРГА КУБУЛУТТА

Амма биир далбар хотуна Анна Матвеева ырыаһыт эрэ буолбакка, тарбаҕар талааннаах, айар-тутар киһи буолар. Күөх сайыҥҥа Анна эдьиийин көрдөһүүтүн быһа гыммакка, үс эргэ буочукатын киһи эрэ кэрэхсии көрөр тууйастарыгар кубулутта.

Анна Матвеева 20-чэ сыл устата уһуйааҥҥа кырачааннары уруһуй абылаҥар уһуйбута. Кини манна уруһуйдуур талаана арыллан, элбэх саҥаны айан олус айымньылаахтык үлэлээбитэ.

Онтон билигин О.П. Иванова –Сидоркевич аатынан оҕо сайдар дьиэтигэр ырыаҕа уһуйааччынан эмиэ олус ылларан туран, араас бырайыактары олоххо киллэрэн үлэлии сылдьар.

“Эдьиийим көрдөһөн кини эргэ буочукаларын кырааскалаан, ойуулаатым. Эмаль кырааскаҕа колер эбэн, ойуулаатым. Уопсайынан, бу дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ биир өттүнэн эмиэ үчүгэй өттүнэн дьайда. Ол курдук урут солото суох сылдьар дьон, дьэ бириэмэлэнэн айар-тутар талааннара киирдэ. Ол иһигэр мин эмиэ урут ылсыбакка сылдьыбыт дьарыктарбар ылсан элбэххэ үөрэнним. Холобура, ыалым Матрена Караканова оҕуруонан араас киэргэллэри оҥорорго үөрэтэн, билигин бэйэм астынан туран дьарыктанабын. Бу олорон көстүүмнэрбин саҥартым, киэргэллэри оҥордум. Сорохторун арыый уларытан биэрдим. Билигин киэргэллэр сыаналара наһаа ыараата дии. Ол иһин бэйэм үөрэнэн киэргэллэрбин барытын бэйэм оҥоробун. Инникитин үөрэтэр оҕолорум симэхтэрин бэйэлэрэ оҥостоллоругар үлэлэһиэхпит”, – диир талааннаах уһуйааччы.

Кини бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит айар талааннаах киһи буолан, ону үлэтигэр хото туһанар. Олус үчүгэйдик ыллыыр. Быйыл сайын биирдиилээн ыллыыр оҕолорго клип уһуллулар. Манна киниэхэ оператор, монтажер быһыытынан Мария Иванова, ырыаларын устан Косиор Карманов, баянист Василий Неустроев күүс-көмө буоллулар. Урут “Сардаана” диэн ырыаны бэйэтэ толорон ыллыыр эбит буоллаҕына, билигин үөрэтэр оҕотугар Настя Черноградскаяҕа үөрэтэн, клип устан таһаарбыттарын, дьон-сэргэ олус диэн сэргээтэ.

Бу курдук кылгас күөх сайыммытын баттаһа Амма биир талааннаах киһитэ, көмүс куоластаах ырыаһыта Анна Матвеева бириэмэтин туһалаахтык атаарар, кэрэни дьиэтигэр киллэрэр.

#улусмедиа #сахапечать #Амгинскийулус #новости #творчество #народноетворчество #культура