Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.95K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🐴 Техникаттан - сүөһү көрүүтүгэр. Бэрдьигэстээх олохтооҕо Семен Леверьев үрүҥ илгэни дэлэтэр

Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕин олохтооҕо Семен Леверьев бааһынай хаһаайыстыбатын сэттэ сыллааҕыта тэриммитэ. Бас-көс үлэлээх хаһаайыстыбаҕа отучча төбө ынах сүөһү иитиллэр, итини тэҥэ салайааччы сир оҥоһуутугар сыралаһар.

🎥 Үлэ сылынан Ulus.Media сюжетыгар урукку өттүгэр бырамыысыланнаска үлэлээбит Семен Леверьев сүөһү иитиитин дьарык оҥостубутун туһунан сиһилии кэпсээтэ.

https://youtu.be/xOGqQst0uVA

#үлэсыла #улусмедиа #горнай

Видео ❤️ @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔅Василий Львов салайааччылаах “Элгээйи” бааһынай хаһаайыстыбата III Бордҥҥо саха ынаҕын🐮🐮 иитэллэр.

Борис Васильев, Павел Григорьев хаартыскаҕа түһэриилэрэ, Павел Григорьев видеоҕа устуута

Сиһилии⤵️⤵️⤵️

https://сунтаарсонуннара.рф/article/90218

#Үлэсыла

@suntaar_sonunnara
#үлэсыла

Ырыаҕа ылламмыт улуу Тойон Арыыга

Михаил Павлов бу өрөспүүбүлүкэҕэ да суох бөдөҥ кэтэх хаһаайыстыбаны бастаан тэринэригэр үгүс ыарахаттары да көрүстэр, билигин дьону үлэнэн хааччыйан сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы дэлэтэн олорор


Уонча сыллааҕыта Тойон Арыы бу соҕурууҥҥу соҕус өттүгэр баар Харыйа диэн учаастагар (билигин Павловтар хаһаайыстыбалара манна саҥалыы олохсуйар) дьон-сэргэ син олорбут дойдута этэ эрээри, кэлин олохпут оҥкула уларыйан, уот туран эҥин биир эмэ эргэ дьиэ, хотон ордон хаалбыта баара.

Сиhилии: https://ханаласгазета.рф/article/95796

Людмила Аммосова, "Хаҥалас" хаһыат

@gazetahangalas
#үлэсыла #маай #субуотунньук

🎈 🚩 Сандал саас биир күүтүүлээх кэрэ кэмин Эйэ, Үлэ, Саас бырааһынньыгын көрсө, Күндээдэ нэһилиэгин "Харысхал" аҕа түмсүүтэ уонна олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн нэһилиэкпит эр дьоно субуотунньукка түмүстүлэр.

Үлэһит дьон эдэр ыччат специалиһа оллооҥҥо буһарбыт миининэн, үүттээх чэйинэн үссэннилэр. Уолаттарга мас хайытааһыныгар күрэх ыытылынна. Иппатьев Толя мас хайытыытыгар, саһаан туруорууга Варламов Вадим бастаатылар. Кыттыбыт уолаттар бары сертификатынан наҕараадаланнылар. Бириистэри олохтоох дьаһалта туруорда.

Бу тэрээһиҥҥэ туора турбакка кэлэн үлэлээбит-хамнаабыт, көмөлөспүт дьоммутугар, уолан оҕолорбутугар, оскуола, детсад, музей, дьаһалта эр дьонугар махтанабыт.

Бастакы тэрээһиммитигэр күүстээх аҥардар күүппүтүнээҕэр аҕыйах соҕус да буолларбыт ботуччу саһаан бэлэмнэннэ. Маны нэһилиэкпит кыаммат араҥатыгар, кырдьаҕастарга, СВО кыттыылаахтарын дьонноругар көмө гыныахпыт.

Анатолий Петров, "Харысхал" аҕалар сүбэлэрин салайааччыта.

@gazetanyurba @ulusmedia
#Үлэсыла

"Сырдык аартык" үлэни-хамнаһы кыайа тутар кэпэрэтиип

🔅Күндэйэтээҕи Р.А.Иванова аатынан «Сырдык аартык» кэпэрэтиип (сал. Алина Львова) нэһилиэк, улуус социальнай-экономическай балаһыанньата, туруга сайдарыгар үгүс үлэни ыытар.

Сиһилии⤵️⤵️⤵️
https://сунтаарсонуннара.рф/article/97146

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
👶🍁🌾Кыратын көрүмэҥ😍Рамилька Николаев дьоно сылгы иитиитинэн утумнаахтык дьарыктаналлар💪Кини 🍼🚽соспутунан, 🛺 да утуйдар тэбис тэҥҥэ сылдьыҺар👏Тыа сиригэр оҕо инник кыра эрдэхтэн үлэ диэн тугун, түмүгүн көрөн - истэн, убанан улаатар👍👍👍Рамилька доруобай, үтүө, үлэҺит бэрдэ буола улаатан дьиэ кэргэн утум дьарыгын- сыспай сиэллээҕи🐎иитэн алаас аайы тарҕаттын, хонуу ахсын дэлэттин!🤞🫶
#үлэсыла