Forwarded from Газета "Ньурба" / Нюрбинский улус
#үлэсыла #маай #субуотунньук
🎈 🚩 Сандал саас биир күүтүүлээх кэрэ кэмин Эйэ, Үлэ, Саас бырааһынньыгын көрсө, Күндээдэ нэһилиэгин "Харысхал" аҕа түмсүүтэ уонна олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн нэһилиэкпит эр дьоно субуотунньукка түмүстүлэр.
Үлэһит дьон эдэр ыччат специалиһа оллооҥҥо буһарбыт миининэн, үүттээх чэйинэн үссэннилэр. Уолаттарга мас хайытааһыныгар күрэх ыытылынна. Иппатьев Толя мас хайытыытыгар, саһаан туруорууга Варламов Вадим бастаатылар. Кыттыбыт уолаттар бары сертификатынан наҕараадаланнылар. Бириистэри олохтоох дьаһалта туруорда.
Бу тэрээһиҥҥэ туора турбакка кэлэн үлэлээбит-хамнаабыт, көмөлөспүт дьоммутугар, уолан оҕолорбутугар, оскуола, детсад, музей, дьаһалта эр дьонугар махтанабыт.
Бастакы тэрээһиммитигэр күүстээх аҥардар күүппүтүнээҕэр аҕыйах соҕус да буолларбыт ботуччу саһаан бэлэмнэннэ. Маны нэһилиэкпит кыаммат араҥатыгар, кырдьаҕастарга, СВО кыттыылаахтарын дьонноругар көмө гыныахпыт.
✍Анатолий Петров, "Харысхал" аҕалар сүбэлэрин салайааччыта.
@gazetanyurba @ulusmedia