УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.59K subscribers
34.2K photos
3.13K videos
10 files
5.82K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Быйыл, өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын бэлиэтиир ураты үбүлүөйдээх сылга, саха норуотун биир бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһитэ Николай Окоемов төрөөбүтэ 125 сыла сөп түбэстэ. Биир дойдулаахпыт бу улахан үбүлүөйүн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бэлиэтииргэ анаан Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 15 күнүгэр ыйаахха илии баттаабыта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйа тэриллэн, бэрэссэдээтэлинэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников анаммыта.

Сергей Васильевич бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Николай Николаевич Окоемов төрөөбүт нэһилиэгэр тахсан, тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Кинини кытары улуус салайааччылара сырыттылар.

Үбүлүөй тэрээһиннэрин ыытыы биэс пууннаах. Онно ХИФУ, гуманитарнай чинчийиилэр институттарын, өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, тутуу, үөрүүлээх мунньахтары тэрийии, ыһыаҕы ыһыы, о.д.а. үйэтитии үлэлэрэ киирбиттэр.

Олохтоохтор далааһыннаах уонна Николай Окоемов аата салгыы ахтылла турарыгар сөптөөх былаан оҥоһуллубутуттан астыналларын биллэрдилэр. Көрсүһүү түмүгэр Сергей Васильевич: "Олохтоохтор, чулуу киһигит үбүлүөйүгэр тирэҕирэн тутуу, ититии о.д.а. инфраструктура боппуруостарын туруорсубуккут саамай сөптөөх. Ол эрээри бу үлэлэр анал быраагыраама быһыытынан олоххо син биир киириэхтэрэ. Биһиги саамай улахан сорукпут – бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһит Николай Окоемов мэлдьи ахтылларын туһугар үйэтитэр үлэни ыытыахтаахпыт”, – диэтэ.

Үйэтитиигэ аналлаах үлэлэртэн сороҕун билиһиннэрэр буоллахха: Н.Н. Окоемов аатын сүгэр Окоемовка бөһүөлэгэр киниэхэ аналлаах сквер оҥоһуллуоҕа, онно туруоҕа. Оттон улуус киинигэр Н.Н. Окоемов аатынан “Сынньалаҥ кытыла” бастакы уочарата тутуллуоҕа.

📌 Сиһилии хаһыат кэлэр нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕаарыҥ.

🖊️ Афанасий Копырин

@muru.sahargata

📸 Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспатын хаартыскалара

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сүбэмунньах
#үбүлүөйдэр
#курбуһахнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/CYv1fA7sViaOVI4P8Z8Y631f1pdTcNht5MoksE0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Бүгүн улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи планеркатыгар дьаһалта үпкэ управлениетын салайааччыта Петр Бурнашеву өрөспүүбүлүкэ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтигэр тас экэниэмикэҕэ үлэлэһии отделын салайааччытынан анаммытын атаардылар.

Петр Бурнашев дьаһалта үпкэ управлениетын салайааччынан 2018 сыл алтынньытыттан үлэлээтэ. Өссө кини былырыын алтынньыга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыччат Бырабыыталыстыбатын салайааччынан анаммыта.

Эдэр кэскиллээх үлэһиккэ улуус баһылыга Алексей Федотов, бары тэрилтэлэр салайааччылара ситиһиини, таһаарыылаах үлэни баҕардылар.

Оттон Петр Петрович кэллиэгэлэригэр, доҕотторугар, улууска үлэлиир кэмигэр алтыспыт дьонугар барыларыгар махталын биллэрдэ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусдьаһалтатыгарбукүннэргэ
https://www.instagram.com/p/CYz82Urob_lhVkn7AeMiaiRMNcX_1y2Z_IBMbw0/?utm_medium=share_sheet


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суһал ыстааба иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 17 күнүгэр 405 киһи COVID-19 коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыта билиннэ.

Дьокуускайга – 303 киһи, Мэҥэ Хаҥаласка – 23, Алдан улууһугар – 15, Горнайга, Хаҥаласка – 9-туу, Нерюнгри оройуонугар – 8, Намҥа, Уус Алдаҥҥа – 6-лыы, Мииринэй, Өймөкөөн – 5-тии, Үөһээ Бүлүүгэ – 3, Ньурбаҕа, Тааттаҕа, Уус Маайаҕа, Чурапчыга – 2-лии, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Муомаҕа, Сунтаарга – 1-дии киһи.

Суукка устата өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар 2181 анаалыс оҥоһуллубут, оттон пандемия саҕаланыаҕыттан – 1 842 318 тест.

🌐 @YakutiaOpershtab

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#коронавирус
#COVID19
https://www.instagram.com/p/CYz_kmRod8-X30uoqPkJg_v2xO6p_iV72BeV9A0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Кэптэнитээҕи "Аал уот" бэтэрээннэр түмсүүлэрэ ааспыт сылы түмүктүүр, саҥа сылга этэҥҥэ үктэммит үөрүүлэрин дьоро тэрээһинин ыалдьыттарынан Байаҕантай нэһилиэгин "Ситим" аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ буолла (дэлэгээссийэ салайааччыта – бэрэссэдээтэл Степан Федоров, Тандатааҕы “Үһүс саас оскуолатын” дириэктэрэ Вера Бурнашева).

“Аал уоттар” ыалдьыттарын Алааппыйа алгыһынан, Өкүлүүнэ уохтаах кымыһынан, кыракый спонсордара Арчылаан Николаев бэс туорааҕыттан мүөтүнэн, баһылык Марк Местников эҕэдэ суругун туттаран көрүстүлэр.

Оҥоһуктары көрүү быыстапкатыгар Танда фермерскэй хаһаайыстыбатын Далбар Хотуна Людмила Готовцева кылынан, сиэлинэн, хабаҕынан оҥоһуктара уонна айар, суруйар биллэр ааптар – "Танда уоттарын" салайар Наталья Андросова кыбытыгынан оҥорбут бэйэтин, кэлэктиибинэн үлэлэрэ болҕомтону тартылар. Кэптэниттэн нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Ульяна Белолюбская оҥорбут Баабыр сымнаҕас оонньуура, кириэстии быысапката оҥоһук күрэһин кыайыылааҕынан буолла.

Тэрээһин музыкальнай эҕэрдэлэһиитин чааһыгар Наталья Андросова "Баабыр" хоһооно болҕомтону ылла, Танда “Дьиэрэй" ансаамбылын солиһа Иван Готовцев ырыата сөхтөрдө. Оттон лөгөйдөртөн Варвара Федорова, Андрей Никитин, быраактыкалана сылдьар Настя Васильева попуррита, чабырҕаҕа, Нария Миронова, Анна Сысолятина эрчимнээх үҥкүүлэрэ астыннардылар.

Итини таһынан, үгэс быһыытынан “аал уоттар” сыл бастыҥнарын ааттаатылар. Ол курдук, “Уран тарбах” аат – Мария Алексееваҕа, “Айылҕа доҕоро” аат – Анна Стручковаҕа, “Сканди Хотун Эбэ” – Екатерина Белолюбскаяҕа, “Сүбэ Эбэ Хотун” – Агафья Переваловаҕа, “Алгыстаах асчыт” – Акулина Колесоваҕа, “Мин сааһым – мин баайым” аат – Иван Колодезниковка, “Хоһоон куттаах Эбэ Хотун” –Екатерина Шаринаҕа, “Кыһыл көмүс Таптал” аат – Варвара, Василий Максимовтарга, Мария, Николай Алексеевтарга, Мария, Виктор Александровтарга, “Сыл бастыҥ бэтэрээнэ” аат Мотрена Нафанаиловаҕа ананнылар.

🖊️ Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп. Кэптэни

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#лөгөйнэһилиэгэ
#байаҕантайнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/CY0C4lmoo6zJZtDNrMaURRPANMly9lsMswFkfA0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Өнөр нэһилиэгэр тохсунньу 13 күнүгэр "Саҥа дьылынан!" диэн аҕам саастаахтарга көрсүһүү киэһэтэ буолан ааста. Өрүү буоларын курдук, итии чэйдээх, минньигэс астаах сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэтии, көрдөөх оонньуулар, ырыа-тойук, викторина, ону тэҥэ хоһоону айыы күрэһэ буолла.

Нэһилиэк баһылыга Николай Лукачевскай дьаһалта, дьокутааттар ааттарыттан эҕэрдэ тыл эттэ, 2021 сылга ыыппыт үлэлэрин, 2022 сылга оскуола тутуутун туруорсарга үлэ барыахтааҕын, онон да атын былааннары билиһиннэрдэ.

Маныаха үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ аҕам саастаахтар – нэһилиэк ытыктанар дьоно тыл, эҕэрдэ этэллэригэр быйыл Саха автономиятын үбүлүөйдээх 100 сылыгар Арассыыйа Дьоруойа Михаил Стрекаловскай аатынан Өнөр оскуолатын эмиэ 100 сыла бэлиэтэнэринэн оскуолаҕа саҥа дьиэни тутууну туруорсуу оруннааҕын бэлиэтээтилэр.
Ити курдук, хардарыта эҕэрдэлэһэн, сэмэй бэлэхтэри туттарсан, көрсүһүү киэһэтэ бэрт сэргэхтик ааста.

🖊️ Варвара Парникова – Үүйэ, уопсас. кэрэсп. Өнөр

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#өнөрнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/CY0HTgeIuNC6JVPSf1J9WmnYZqYbLhw3zZDw1U0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Сарсыҥҥыттан тохсунньу 21 күнүгэр диэри улуус баһылыгын отчуота саҕаланар. Олохтоммутун курдук, баһылык отчуота бастаан нэһилиэктэринэн, онтон бүтэһик күҥҥэ улуус киин нэһилиэгэр Мындаабаҕа уонна Бороҕоҥҥо ыытыллыаҕа.

Маныаха түөрт оробуочай бөлөх тэриллэн, бастакы бөлөҕү улуус баһылыга Алексей Федотов бэйэтэ салайыаҕа уонна баһылыгы бастакы солбуйааччы Петр Попов, баһылыгы солбуйааччылар Михаил Борисов уонна Петр Сивцев салайааччынан ананнылар.

📌 Отчуот графига маннык оҥоһуллубут:

🔻 1 бөлөх: тохсунньу 18 күнүгэр – Окоемовкаҕа (10.00 ч.), Балаҕаннаахха (14.00 ч.), Уус Күөлүгэр (17.00 ч.); тохсунньу 19 күнүгэр – Бээдигэ (11.00 ч.), Дүпсүҥҥэ (14.00 ч.), Кэптэнигэ (18.00 ч.); тохсунньу 20 күнүгэр – Эһэлээххэ (14.00 ч.), Тумулга (17.00 ч.); тохсунньу 21 күнүгэр – Мындаабаҕа (11.00 ч.), Бороҕоҥҥо (15.00 ч.).

🔻 2 бөлөх: тохсунньу 18 күнүгэр – Кылаайыга (11.00 ч.), Бээрийэҕэ (15.00 ч.), Тиит Арыыга (18.00 ч.); тохсунньу 19 күнүгэр – Даалыга (11.00 ч.), Хомустаахха (14.00 ч.); тохсунньу 20 күнүгэр – Майаҕаска (11.00 ч.), Чараҥҥа (14.00 ч.), Тандаҕа (18.00 ч.); тохсунньу 21 күнүгэр – Бороҕоҥҥо (15.00 ч.).

🔻 3 бөлөх: тохсунньу 18 күнүгэр – Чэриктэйгэ (11.00 ч.), Дыгдаалга (15.00 ч.), Балыктаахха (18.00 ч.); тохсунньу 19 күнүгэр – Биэттэҕэ (11.00 ч.), Уһун Күөлгэ (14.00 ч.), Тулунаҕа (18.00 ч.); тохсунньу 21 күнүгэр – Бороҕоҥҥо (15.00 ч.).

🔻 4 бөлөх: тохсунньу 18 күнүгэр – Арыылаахха (11.00 ч.), Бэйдиҥэҕэ (14.00 ч.), Сыырдаахха (17.00 ч.); тохсунньу 19 күнүгэр – Саһылыкааҥҥа (11.00 ч.), Хоноҕорго (14.00 ч.), Оҕуруоттаахха (17.00 ч.); тохсунньу 20 күнүгэр – Тиит Арыыга (11.00 ч.), Элэһиҥҥэ (14.00 ч.); тохсунньу 21 күнүгэр – Бороҕоҥҥо (15.00 ч.).

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусбаһылыгынотчуота
https://www.instagram.com/p/CY0Tk4joKG6A1vNS-trv9CdV75VlMCuHhCjjFU0/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

2021 сыл уон бастыҥ спортсмена

🔻 Арыйаан Тютрин (көҥүл тустуу) – Аан дойду чөмпүйэнээтин үһүс миэстэлээҕэ (Осло, 2021 с.), “Иван Ярыгин”, “Александр Медведь” Гран-при түһүлгэлэр кыайыылааҕа

🔻 Изабелла Борисова (чэпчэки атлетика) – 100 км сүүрүүгэ Арассыыйа чөмпүйүөнэ, “Манчаары оонньуулара” спартакиада иккис миэстэлээҕэ

🔻 Виктор Крылов (мас тардыһыыта) – Аан дойду Куубагын хаһаайына, Азия, Европа чөмпүйүөнэ

🔻 Тимофей Сивцев (кик-боксинг) – Арассыйа чөмпүйүөнэ

🔻 Евгений Алексеев (хапсаҕай) – СӨ муҥутуур кыайыылааҕа, “Манчаары оонньуулара” спартакиада кыайыылааҕа, “Хаҥалас хапсаҕайа”, “Эҥсиэли хапсаҕайа”, И.А.Халдеев кэриэһигэр өрөспүүбүлүтэтээҕи түһүлгэлэр муҥутуур кыайыылааҕа

🔻 Руслан Лугинов (гиирэ успуорда) – Аан дойду Куубагын иккис миэстэлээҕэ, “Манчаары оонньуулара” спартакиада кыайыылааҕа, СӨ чөмпүйүөнэ, федерация Куубагын чөмпүйүөнэ

🔻 Ариан Аммосов (спортинг) – Арассыыйа Куубагын иккис миэстэлээҕэ

🔻 Эрхан Бысыин (скайраннинг) – Арассыыйа Куубагын хаһаайына, “DAB Vetical Sammer” Куубагын иккис миэстэлээҕэ, “Caspian Rum Fest” бүтүн Арассыыйааҕы бэстибээл чөмпүйүөнэ, призера

🔻 Тимур Стручков (буокса) – Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук чөмпүйүөнэ, СӨ бастыыр иһин күрэхтэһии чөмпүйүөнэ, бүтүн Арассыыйатааҕы турнир иккис миэстэлээҕэ

🔻 Мичийэ Калининская (волейбол) – Арассыыйа ыччатын сайыҥҥы Спартакиадатын иккис этээбин үһүс миэстэлээҕэ, СӨ чөмпүйэнээтин I лигатын төрдүс миэстэлээҕэ, студеннар волейболларын Арассыыйатааҕы лигатын чөмпүйэнээтин кыттыылаа5а

🔻 “Бастыҥ тренер” – Иван Дмитриев, көҥүл тустуу

🔻 “Бастыҥ федерация” – көҥүл тустуу федерацията, бэрэссэдээтэл Алексей Федотов

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сылуонбастыҥспортсмена
https://www.instagram.com/tv/CY0cx1hB7u8JlvZZfGlGVlgEd0wBoNM-BGlWZA0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар өрөспүүбүлүкэ биэс улууһугар автокулууптар ананнылар. Маннык массыыналар "Култуура" национальнай бырайыак чэрчитинэн култуурунай тэрээһиннэри ыытарга туһуланаллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу бырагырааманы олоххо киллэриигэ быйыл уопсайа 23,6 мөл. солк. үп көрүллүбүт, онуоха федеральнай бюджеттэн 99%, о.э. 23,4 мөл. солк. үбүлэммит.

Анаан биллэриллибит куонкуруһу ааһан, В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан "Тойон Мүрү" култуура уонна духуобунас киинигэр "Газель" массыына баазатыгар оҥоһуллубут кулууп бэриллэрин СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрдэ.

Оттон "Тойон Мүрү" култуура киинин дириэктэрэ Максим Гоголев үөрүүтүн бу курдук үллэһиннэ:

– "Култуура" национальнай бырайыак чэрчитинэн куонкуруска кыайыылааҕынан тахсан, маныаха улуустан эмиэ утары үбүлээһиҥҥэ улуус дьаһалтатын, улуустааҕы култуура управлениетын өйөбүллэринэн автокулууп тиэхиньикэни ылар үрдүк үөрүүлэннибит. Бу массыына аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттииринэн миэстэтигэр тиийэн култуурунай тэрээһиннэри оҥорорго төһүү күүс буолуоҕа. Холобур, сайын ыһыахтары тэрийиигэ, гастроллуур биригээдэлэр айаннарыгар, аһаҕас халлаан анныгар киинэни көрдөрүүгэ, о.д.а. туттуллуон сөп. Онон массыынабыт аны сайын кэлэрин долгуйа күүтэбит.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#култуура
#нацбырайыактар
#сахаасср100сылыгар
https://www.instagram.com/p/CZwOCNCMEbk/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Тулалыыр эйгэбит, айылҕабыт, кэлиҥҥи кэмнэргэ тупсан, чэлгийэн, сайдан иһэр диирбит кыаллыбат буолан иһэр. Ордук айылҕабытыгар киһи өттүттэн хоромньулар тахсаллара аҕыйыахтааҕар сэтэрээн иһэллэрэ дьиксиннэрэр. Сыл аайы өрүстэри промышленность өттүттэн киртитиилэр тахсаллар, салгыммыт промышленноһы таһынан, массыыналар элбээбиттэриттэн киртийэр, аны былырыыҥҥы тыа баһаардарыттан сүүһүнэн тыһыынча гектар тыабыт умайда. Биллэринэн, айылҕаҕа куһаҕан дьайыылар аччыылларын туһугар ыытыллар үлэлэр уруккуттан экологтарынан, учуонайдарынан, биирдиилээн да дьон көмөлөрүнэн балай да күүстээхтик бара турар да, ол сырдатар күүс өссө да кэҥиирэ, улаатара наадата көстөр. Онон экологическай сырдатыы үлэтэ элбиирэ, көдьүүһэ биллэ улаатарын туһугар дьону оҕо саастарыттан айылҕаны үөрэтиигэ, харыстыырга, сайыннарарга үлэ ыытыллара кэрэхсэниэн эрэ сөп.

Манна сыһыаран, 2011 сылтан Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын кэлэктиибин көҕүлээһининэн, Мүрү юннаттар станцияларын үлэһиттэрэ тэрийэр үлэҕэ кыттыылаах Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үтүөлээх учуутал, краевед, ССРС географическай уопсастыбатын чилиэнэ, Саха сирин олохтоохторун успуорка бастакы уонна иккис спартакиадаларын (1930-с сс.) атах оонньууларыгар призера Г.В. Данилов сырдык кэриэһигэр оскуола үөрэнээччилэрин ортотугар “Данилов ааҕыылара” ыытыллаллар. Барыта 4 сиэксийэнэн (“Наука о Земле”, “Экология”, “Сельское хозяйство”, “Краеведение”, “Отходы в доходы”), айылҕаны дьүһүйэр хаартыска, видео-күрэстэр барбыттара.

Салгыытын комментарийдарга аах

🖊️ А.Г. Емельянова, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын наукатын хандьыдаата

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мүрү1нүөмэрдээхортооскуолата
#даниловскайааҕыылар
https://www.instagram.com/p/CZx3yyVtlFx/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

I Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа Ылдьаа Нохуоккун аатынан култуура киинигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Ийэ сылын үөрүүлээх аһыллыыта онлайн-тэрээһин көрүҥүнэн буолан ааста. Тэрээһини киин уус-уран салайааччыта Екатерина Свинобоева кыайа-хото тутан иилээн-саҕалаан ыытта.

Нэһилиэк баһылыга Василий Бурцев, дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Светлана Бурцева эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Ол кэнниттэн сыана бэтэрээнэ Николай Бурцев толоруутугар А. Никифоров тылларыгар уонна мелодиятыгар «Мин ийэм», Иван Карпов толоруутугар Е. Свинобоева тылларыгар уонна мелодиятыгар «Ийэккээм» ырыалары урукку устууттан киллэрэн көрдөрдүлэр.

Салгыы 70-с сылларга Дьоруой ийэ үрдүк аатын ылбыт Мария Афанасьевна Бурцева уонна Александра Гаврильевна Свинобоева олохторун киэҥник сырдатан, оҕолорун ахтыыларын ааҕан иһитиннэрдилэр.

Кыраайы үөрэтээччи Клара Бурцева нэһилиэкпититтэн ыҥырыллыбыт саллааттар ийэлэрин чинчийэн үөрэтиитинэн Кулантай аатынан литературнай түмэл (сал. Клара Крылова) 2020 сыллаахха «Атаарбыттара сэриигэ сүрэхтэрин ыга туттан» диэн брошюраны таһааттарбытын көрдөрөн, устуоруйа быыһын «Ийэлэр бааллар өрүү» диэн ааттаан сэгэппиттэрэ сонун көстүү буолла.

Нэһилиэкпит биэстэн элбэх оҕолоох ийэлэрин В.А. Самсонова, А.А. Макеева, С.В. Стручкова, Т.Г. Федорова, Т.А. Румянцева дьиэ кэргэттэрин медиапрезентациялара нэһилиэкпит инники кэскилин түстүүр, эдэр ыччакка холобур буолар сыаллаах көрдөрүлүннүлэр.

Онлайн тэрээһин «Туругурдуннар Ийэ, Олох уонна Эйэ» тылларынан түмүктэннэ.

🖊️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ийэсыла
https://www.instagram.com/p/CZ073iPMoTb/?utm_medium=share_sheet
https://мюрюгазета.рф/article/41659
Олох-дьаһах туруга бигэ

Ааспыт үйэ 90-c, саҥа үйэбит бастакы сыллара олохтоох бэйэни салайыныыга хардыылыыр өрө-таҥнары түһүүлээх быыһык кэмнэри ааһан, тыа сирин олоҕо оннун дьэ булуох курдук буолла. Ол сыллардааҕы курдук киин сиргэ аһара талаһыы да билигин тохтуу быһыытыйда. Дьэ, кырдьык, туга-ханныга биллибэт кэмнэр этилэр. Тыа хаһаайыстыбата хайдах буолуохтаах суола куруутун мөккүөргэ турара. Социальнай эбийиэктэр сүрүннээн “Үтүө дьыала” хамсааһын иһинэн тутуллаллара. Аны ол дьиэлэр-уоттар тутуллар ньымалара судургу буолан, үйэлэрэ кылгас этилэр. Ол да буоллар, тыа сирэ ити кэмнэргэ итинник эрэ тутууларынан өрө тыынан олорбута. ДьУоКх балаһыанньата эмиэ бэрт уустук этэ, араас уларытыылары ааспыта. Тыйыс тымныылаах сиргэ чахчы ыарахан этэ. Ити быыһык кэм тыа сирин олоҕун төһө да ыараттар, онтон олох айгыраан хаалбакка, эрдээх санаанан төрөөбүт түөлбэ туһугар үлэлээн-хамсаан син өнүйүү баар буолла. Билигин тыа сирин дьонун ас-үөл, уматык, өҥө иһин төлөбүрдэр үрдүү тураллара, ону хамнаһы да, биэнсийэни да үрдэтэн кыайан ситиллибэтэ долгутар. Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэктэр хайдах олороллор эбитий? Бу туһунан баһылыктар кэпсииллэр.
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Первый якутский журнал «Чолбон» запустил собственный сайт

📚Лучшие произведения якутских писателей теперь можно найти в электронном архиве журнала «Чолбон». Все номера, вышедшие в свет с 1926 года, собраны на одной онлайн-площадке. Читать архив можно с любого уголка мира.

Подробнее - смотрите в нашем сюжете!

@ulusmedia
📰📰📰

Бүгүн "Саха" НКИХ ханаалыгар "Олох омоон суолунан" биэриигэ Саха АССР төрүттэммит үйэлээх үбүлүөйүн көрсө, автономияны турууласпыт саха чулуу уола, государственнай уонна общественнай деятель Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар, Социалистическай Үлэ Геройа, кыргыз народнай суруйааччыта Чингиз Айтматов "Муора кытылынан сүүрэр Эриэн ыт" сэһэнин государственнай уонна общественнай деятель, М.К. Аммосов аатынан уонна Былатыан Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэлэр лауреаттара Александр Николаевич Жирков сахалыы тылбааһын Россия үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата Анатолий Николаев ааҕыытын сэргээҥ (режиссер: Ольга Степанова, редактор: Валентина Петрова).

📌 Биэрии күнүс 11 ч. 35 мүн. саҕаланыаҕа.

📸 Хаартыскаҕа: Александр Жирков Чингиз Айтматов уолун Аскар Айтматовы кытта.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саханкихкөрдөрөр
https://www.instagram.com/p/CZ23XVOtwGQ/?utm_medium=share_sheet
https://мюрюгазета.рф/article/41730

Биир дойдулаахпытыгар Дмитрий Гороховка анаммыт кинигэ күн сирин көрдө

Биир дойдулаахпыт – 1990 с. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин XII-с ыҥырыытыгар, 2002 – 2013 сс. СӨ Ил Түмэн III – IV ыҥырыыларыгар дьокутаатынан талыллан, олохтоох бэйэни салайыныы сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн, Арктика боппуруостарыгар, хотугу норуоттар кыһалҕаларын, айылҕа баайын туһаныы, экология боппуруостарыгар кэмитиэттэригэр таhаарыылаахтык үлэлээбит Дмитрий Горохов төрөөбүт күнүгэр киниэхэ анаммыт "Дальние и сверхдальние лыжные переходы в Якутии" диэн кинигэ күн сирин көрдө. Кинигэни таһаарыыны СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков сүрүннээбитин, салайбытын Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
💎Сегодня 124 года со дня рождения Исидора Никифоровича Барахова.

В честь этой даты victorleefu преобразил старую фотографию Великого якутского деятеля

@ulusmedia
https://мюрюгазета.рф/article/41764

Тэрээһин, түмсүү кыайбыта

Саха сирин норуоттарын бастакы спортивнай оонньууларын тэрийэн ыытыыга улуустааҕы потребительскай уопсастыба Оонньуулар кыттыылаахтарын итии аһылыгынан хааччыйыыга улуустааҕы тэрийэр хамыыһыйанан сорудахтаммыта. Онон улуустааҕы ПО иһинэн үлэ­лиир атыы-эргиэн тэрилтэлэрин киллэрэн туран, үлэ бөлөҕө тэриллибитэ. УПО бэрэссэдээтэлэ буоларым быһыытынан, миигин бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара.

🖊️ Иван Алексеев, 1994 – 1998 сс. улуустааҕы потребительскай уопсастыба бэрэссэдээтэлэ
📰📰📰

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн "Сахалыы дьыктаан" аахсыйа киэҥ далааһыннаахтык ZOOM платформа нөҥүө ыытылынна. Улууспутугар аахсыйаны бибилэтиэкэ кииннэммит тиһигэ иилээтэ-саҕалаата. Ону таһынан биирдиилээн дьон СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин онлайн трансляциятынан төрөөбүт тылларын билиилэрин тургуттулар.

📌 "Тэрээһин көхтөөх кыттааччыларын улуус дьаһалтатын аатыттан улуус култуураҕа управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Лена Павлова эҕэрдэлээтэ. Оттон дьыктаан тиэкиһин РФ уопсай үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, "Барҕарыы" национальнай фонда стипендиата, "Саха сирин методиһа" бэлиэ хаһаайката, "Кэскил түһэ" ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта Светлана Бурцева аахта.

Светлана Михайловна – 25 сыл ыстаастаах, уопуттаах саха тылын уонна литературатын учуутала. Дьыктааны суруйбуттар кини дьыктааны чуор, чөллөркөй куолаһынан аахпытын биһирээтилэр, махтаннылар уонна кэлин даҕаны маннык тэрээһиннэргэ кыттар санааларын эттилэр. Биһиги бибилэтиэкэбит дьыктааны суруттарыытыгар 100 киһи кытынна", – диэн улуус бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ иһитиннэрдилэр.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сахалыыдьыктаан
https://www.instagram.com/p/CZ4Fh11sZFQ/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

📌 Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев 1996 с. олунньу 9 күнүнээҕи 1294№-дээх “Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан” Ыйааҕынан олунньу 13 күнүн – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэрбитэ. Биллэрин курдук, бу күн – бастакы саха суругун-бичигин олохтообут саха лингвист-учуонайа, бастакы саха үөрэҕин кинигэлэрин таһаарааччы Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ. Онон кини сырдык аатын ааттыыр, үйэтитэр күн диэххэ эмиэ сөп. Бэлиэтиир буоллахха, быйыл кини төрөөбүтэ 130 үбүлүөйдээх сыла.

📌 Бу күн уһуйаантан саҕалаан араас үөрэх кыһаларыгар, култуура кииннэригэр төрөөбүт тылга аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллаллар, араас күрэстэр, көрүүлэр тэриллэллэр. Олунньу 13 күнүгэр үгэс быһыытынан Санкт Петербург куоракка Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһиттэрэ Смоленскай кылабыыһаҕа биллиилээх учуонай С.А.Новгородов, кини кыыһа Е.С.Новгородова уонна саха тылдьытын оҥорбут Э.К.Пекарскай көмүс уҥуохтарыгар сүгүрүйэллэр, сибэкки, венок уураллар.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэлиэкүн
https://www.instagram.com/p/CZ5mtmjobjZ/?utm_medium=share_sheet