УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.59K subscribers
34.2K photos
3.13K videos
10 files
5.82K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Байаҕантай нэһилиэгэр Танда үрэх сүнньүгэр тайаан сытар Кылаайы, Бээрийэ, Тиит Арыы, Танда бөһүөлэктэригэр анаан кулун тутар 25-26 күннэригэр олус көдьүүстээх, инникигэ кэскиллээх тэрээһин буолан ааста.

Ол курдук, саха таҥаһын чинчийээччи, “Уран иис” маастардар үрдүкү оскуолаларын салайааччы, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ доцена, СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна Светлана Петрова уонна кини үөрэнээччилэрэ – СӨ уонна РФ норуотун маастардара​ Д.С. Козлова, Г.К. Ноговицына, СӨ норуотун маастара Т.Н. Шишигина кытыннылар.

Баай уопуттаах маастардар олохтоох иистэнньэҥнэргэ саха таҥаһын, бэргэһэ, ат симэҕин ньэмиэттэрин устууну, дьабака бэргэһэ чопчуурун, өттүк симэҕин тигиини​ үөрэттилэр, сүбэ-ама биэрдилэр.

"Бу тэрээһин 2022 сылга улууспутугар ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытылынна. Маастар кылааска барыта 17 Далбар хотун иис абылаҥар уһуйуллан, астынан тарҕастылар", - диэн Тандатааҕы култуура киинин дириэктэрэ Альберт Находкин үллэһиннэ.

#уйгусирэуусалдан
#мүрүсаһарҕата
#байаҕантайнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/CNMaNWsMrZH/?igshid=1jjybkg0vggpt
📰📰📰

Кэптэнитээҕи "Аал уот" бэтэрээннэр түмсүүлэрэ ааспыт сылы түмүктүүр, саҥа сылга этэҥҥэ үктэммит үөрүүлэрин дьоро тэрээһинин ыалдьыттарынан Байаҕантай нэһилиэгин "Ситим" аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ буолла (дэлэгээссийэ салайааччыта – бэрэссэдээтэл Степан Федоров, Тандатааҕы “Үһүс саас оскуолатын” дириэктэрэ Вера Бурнашева).

“Аал уоттар” ыалдьыттарын Алааппыйа алгыһынан, Өкүлүүнэ уохтаах кымыһынан, кыракый спонсордара Арчылаан Николаев бэс туорааҕыттан мүөтүнэн, баһылык Марк Местников эҕэдэ суругун туттаран көрүстүлэр.

Оҥоһуктары көрүү быыстапкатыгар Танда фермерскэй хаһаайыстыбатын Далбар Хотуна Людмила Готовцева кылынан, сиэлинэн, хабаҕынан оҥоһуктара уонна айар, суруйар биллэр ааптар – "Танда уоттарын" салайар Наталья Андросова кыбытыгынан оҥорбут бэйэтин, кэлэктиибинэн үлэлэрэ болҕомтону тартылар. Кэптэниттэн нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Ульяна Белолюбская оҥорбут Баабыр сымнаҕас оонньуура, кириэстии быысапката оҥоһук күрэһин кыайыылааҕынан буолла.

Тэрээһин музыкальнай эҕэрдэлэһиитин чааһыгар Наталья Андросова "Баабыр" хоһооно болҕомтону ылла, Танда “Дьиэрэй" ансаамбылын солиһа Иван Готовцев ырыата сөхтөрдө. Оттон лөгөйдөртөн Варвара Федорова, Андрей Никитин, быраактыкалана сылдьар Настя Васильева попуррита, чабырҕаҕа, Нария Миронова, Анна Сысолятина эрчимнээх үҥкүүлэрэ астыннардылар.

Итини таһынан, үгэс быһыытынан “аал уоттар” сыл бастыҥнарын ааттаатылар. Ол курдук, “Уран тарбах” аат – Мария Алексееваҕа, “Айылҕа доҕоро” аат – Анна Стручковаҕа, “Сканди Хотун Эбэ” – Екатерина Белолюбскаяҕа, “Сүбэ Эбэ Хотун” – Агафья Переваловаҕа, “Алгыстаах асчыт” – Акулина Колесоваҕа, “Мин сааһым – мин баайым” аат – Иван Колодезниковка, “Хоһоон куттаах Эбэ Хотун” –Екатерина Шаринаҕа, “Кыһыл көмүс Таптал” аат – Варвара, Василий Максимовтарга, Мария, Николай Алексеевтарга, Мария, Виктор Александровтарга, “Сыл бастыҥ бэтэрээнэ” аат Мотрена Нафанаиловаҕа ананнылар.

🖊️ Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп. Кэптэни

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#лөгөйнэһилиэгэ
#байаҕантайнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/CY0C4lmoo6zJZtDNrMaURRPANMly9lsMswFkfA0/?utm_medium=share_sheet