УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.59K subscribers
34.2K photos
3.13K videos
10 files
5.82K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Бүгүн Өнөр нэһилиэгэр биир ураты суолталаах күн ааста. Аан дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн күнүн көрсө Өнөр нэһилиэгин биир тутаах, холобур оҥостор элбэх оҕолоох ыала Вера Петровна Атласова уонна Николай Михайлович Ушницкай бур-бур буруо таһааран ыал буолан олорбуттара 50 сылын туолан, кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр. Хамсык ыарыы төһө да күчүмэҕэйдэри көрүһүннэрдэр, былааннаммыт тэрээһиҥҥэ оҕолоро, сиэннэрэ, чугас ыаллара түмсэн, тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста.

Вера Петровна – өр сылларга ыанньыксытынан, Николай Михайлович тырахтарыыһынан үлэлээн, чэрдээх илии күүстээҕин эт хааннарынан билбит дьон. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга төһө даҕаны 85 сааһын аастар, тимир көлө үрдүгэр сылдьара билигин да олус үөрдэр. Ыал ийэтэ – ытык саастаах далбар хотун – мааны асчыт, оҕуруоччут буолан, кэнчээри ыччакка холобур буолар. Кэргэнниилэр бэйэлэрин үтүө холобурдарынан алта оҕону иитэн, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эбэтэ, эһэтэ буолаллар.

Бу күн эҕэрдэҕэ кыттыһан, алгыс аан тылы Өнөр нэһилиэгин баһылыга Николай Лукачевскай саҕалаата. Ону тэҥэ кырдьаҕастар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Любовь Борисова, өр сылларга эн-мин дэһэн олорор ыаллара Любовь Максимова, нэһилиэк социальнай үлэһитэ Октябрина Протопопова улуустааҕы управление эҕэрдэтин, нэһилиэк дьаһалтатын специалиһа Туяра Бурнашева улуустааҕы ЗАГС отделын эҕэрдэ суругу, сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Өссө төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ махтал тылларын этэн түһүлгэни киэргэттилэр. Оттон атын сиргэ олорор аймахтара аныгы үйэ сиэринэн ZOOM платформанан быһа сибээскэ тахсан, дьоро күҥҥэ кыттыстылар.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьиэкэргэнкүнэ
#өнөрнэһилиэгэ
#кыһылкөмүссыбаайба
https://www.instagram.com/p/CO5Akh3sumO/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Өнөр нэһилиэгэр тохсунньу 13 күнүгэр "Саҥа дьылынан!" диэн аҕам саастаахтарга көрсүһүү киэһэтэ буолан ааста. Өрүү буоларын курдук, итии чэйдээх, минньигэс астаах сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэтии, көрдөөх оонньуулар, ырыа-тойук, викторина, ону тэҥэ хоһоону айыы күрэһэ буолла.

Нэһилиэк баһылыга Николай Лукачевскай дьаһалта, дьокутааттар ааттарыттан эҕэрдэ тыл эттэ, 2021 сылга ыыппыт үлэлэрин, 2022 сылга оскуола тутуутун туруорсарга үлэ барыахтааҕын, онон да атын былааннары билиһиннэрдэ.

Маныаха үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ аҕам саастаахтар – нэһилиэк ытыктанар дьоно тыл, эҕэрдэ этэллэригэр быйыл Саха автономиятын үбүлүөйдээх 100 сылыгар Арассыыйа Дьоруойа Михаил Стрекаловскай аатынан Өнөр оскуолатын эмиэ 100 сыла бэлиэтэнэринэн оскуолаҕа саҥа дьиэни тутууну туруорсуу оруннааҕын бэлиэтээтилэр.
Ити курдук, хардарыта эҕэрдэлэһэн, сэмэй бэлэхтэри туттарсан, көрсүһүү киэһэтэ бэрт сэргэхтик ааста.

🖊️ Варвара Парникова – Үүйэ, уопсас. кэрэсп. Өнөр

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#өнөрнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/CY0HTgeIuNC6JVPSf1J9WmnYZqYbLhw3zZDw1U0/?utm_medium=share_sheet