УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.62K subscribers
34.4K photos
3.15K videos
10 files
5.84K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#оҕолорсуруйаллар

Экскурсияҕа сылдьан астынным

Атырдьах ыйын 27-28 күннэригэр "Мүрү саһарҕата" хаһыат редакциятыгар уонна Спорт дыбарыаһыгар экскурсияҕа сырыттым. Экскурсияҕа сылдьар наһаа интэриэһинэй, элбэх саҥаны биллим 👍

📰📰📰 Ол курдук, Афанасий Копырин экскурсияны салайан сиһилии көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ. Бастакы хаһыат хаһан, хайдах бэчээттэнэн тахсыбытын, урукку станоктарга хаһыаты хайдах үлэлээн бэчээттииллэрин наһаа интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Бастакы хаһыат латыын тылынан тахсыбыт эбит. Кырааската, хаһыат хаартыскатын, суругун таһаарар эмтэрэ наһаа сыттаах буолар үһү. Журналистар, редактордар хаартыскалара ыйанан тураллар этэ. Кинилэр тустарынан билиһиннэрдэ. Манна сылдьан мин элбэҕи биллим, ордук художник-карикатурист Александр Попов үлэлэрин наһаа сэргээтим.

🤾‍♀⛹‍♂🏌‍♂ Салгыы спордунан дьарыктанар дыбарыаска бардыбыт. Онно биһиэхэ бокс тренерэ Станислав Кириллин тренажердары сырдатта. Биһиги сөҕө- махтайа иһиттибит. Беговой дорожкаҕа сүүрэн көрдүм, илии-атах тренажердарыгар бэйэбин холонон көрдүм, үөрдүм-көттүм, сынньанным.
Миэхэ биир умнуллубат күннэри бэлэхтээбит иитээччилэрбэр махтанабын!

Сандаара Готовцева, реабил. киин иитиллээччитэ.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр

Хомустаах бөһүөлэгэр 0.4 кВ күүрүүлээх уот ситимигэр хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ оҥоһулларынан, балаҕан ыйын 2-6, 9-13, 16-20, 23-27 күннэригэр сарсыарда 08.30 чаастан киэһэ 20.00 чааска уоту араарыахтара.

@uamurusahargata @ulusmedia
Кыайыы 80 сылын көрсө – 80 үлэ 👍👏

Маны таһынан бөһүөлэктэр­битигэр баар Албан аат паа­ма­тынньыктарын тупсарыыга үлэ­лэр былааннаналлар. Үөрэх, култуура тэрилтэ­лэригэр оҕону, эдэр ыччаты Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга үөрэтэр, Аҕа дойду сэриитин туһунан билиһиннэрэр тэрээһиннэр тиһигин быспакка тэриллэллэр.

Балаҕаннаах бөһүөлэгин дьиэ­лэрэ киин ититиигэ 100 бырыһыан холбонон, дьон кэлэн олохсуйуута кыра­лаан элбиир. Быйыл манна этно-культурнай киин – балаҕан дьиэтин маһа субуотунньугунан бэлэмнэннэ, салгыы тутуутугар үлэ ыытыллар. Маны таһынан балаҕаннаахтар ыһыахтыыр сирдэрин оҥорууга, урут балыыһа буолан турбут сиргэ Саппыйаҕа өйдө­бүнньүк бэлиэ туруоруутугар үлэ­лэһэ сылдьаллар.
Курбуһах нэһилиэгэр 8 тыыл бэтэрээнэ, 2 Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа, 11 сэрии кэмин оҕото олороллор. Аарыма бэтэ­рээннэрбитигэр өйөбүл-тирэх, күүс-көмө буолар, кинилэри чиэс­тиир эбээһинэстээхпит, иэс­тээхпит. Биһиги ортобутугар баал­лары баттаһа, олохтон туораабыттар урукку өттүгэр сурукка тиһиллэн, видеоҕа уһуллан хаалбыт ахтыыларын үйэтитэр, бэчээккэ таһаарар баҕа санаа­лаахпыт. Сураҕа суох сүппүт, көмүллүбүт сирдэрэ биллибэт буойуттары көрдүүргэ-ирдииргэ эдэр ыччаты сыһыаран үлэ барар. Бу үлэлэр түмүктэринэн Кыайыы 80 сылын көрсө Аҕа дойду көмүскэлигэр кыттыыны ылбыт дьоммутун үйэтитэр кинигэ тахсыахтаах.

Сайыҥҥы кураан күннэри баттаһа Уус Күөлэ – Окоемовка суолугар капитальнай өрөмүөн оҥоһулунна, маны таһынан киин бөһүөлэк суол­ларыгар өрөмүөн ыытыл­лыаҕа. ППМИ бырагырааматынан Уус Күөлүгэр са­йыҥҥы уу ситимэ хас биир­дии ыал олбуоругар тии­йиэҕэ. Окое­мовкаҕа 18 дьиэ киин ититиигэ холбо­норугар анаан матыры­йаал, турба аҕалылынна, саҥа арыы сыаҕын дьиэтин тутуутугар анаммыт сиргэ буор кутулунна.

Владимир Петров, Курбуһах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#фотофакт

Бүгүн Өнөргө кустук суһума оонньоото 🌈🌈🌈

📸 Анатолий Черноградскай.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🚗 🐎"Массыына айаннаатаҕына, кулунчук хаалсыбат"

Үйэтин батыһан "Ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалсыбат" өс хоһооно уларыйа быһыытыйбыт😜

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#барыбииргэ

«Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйа көмөтүн туттарыы саҕаланна 👍

😍 Россиятааҕы «Биир ньыгыл Россия» баартыйата ыытар «Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйатынан улууспутугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар бэлэх туттарыы бүгүҥҥүттэн саҕаланна.

📒 🖍 🎒 Улуус баһылыга Василий Аммосов уонна «Биир ньыгыл Россия» Уус Алданнааҕы салаатын сэкирэтээрэ Күннэй Рощина ыалларга ыалдьыттаан, оҕолорго үөрэх тээбириннэрин туттардылар, Василий Иванович оҕолору кытта кэпсэттэ, ситиһиилээх үөрэҕи баҕарда.

Бу аахсыйаҕа политическай баартыйа чилиэннэрэ, байыаннай дьайыыга кыттааччылаах улууспут нэһилиэктэрин дьаһалталара, Мүрү нэһилиэгин түөлбэлэрэ уонна тэрилтэлэртэн ветеринарнай управление кытынна.
Маннык көмө бэлэҕи улууспутугар барыта 110 ыал оҕото тутуоҕа.

✍️ Мария АРГУНОВА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Хочуолунайдар 7 чыыһылаттан буруолуохтара 👍

Балаҕан ыйын 7 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оттук кэмэ саҕаламмытын биллэрэн, хочуолунайдар буруолара унаарыаҕа. Ол аата кэлэр сыл ыам ыйын 22 күнүгэр диэри оһохтор умуллубакка сылааһы биэрбитинэн барыахтара.

Улуустааҕы ДьУоКХ оттук быйылгы сезонугар бэлэмнээх буолууга үлэтэ күөстүү оргуйар. Өрөмүөн үлэтэ 80-90% түмүктэннэ. Быйылгы кыстыкка Мүрү нэһилиэгэр Радиотумул, Мындааба, Бороҕон илин өттүнээҕи ыаллара, Дүпсүн нэһилиэгэр Бээдигэ, Курбуһах нэһилиэгэр Окоемовкаҕа ыаллары ититиигэ холбооһун үлэлэрэ барар 👏

Оттук кэмин саҕалыырга сөптөөх чох саппааһа миэстэтигэр тиэрдиллэн турар. Сир тоҥноҕуна эрэ чоҕу таһыы саҕаланыаҕа. Хачыгаарынан хааччыллыы толору. Онон кыстыгы этэҥҥэ туоруурга тэрилтэ бэлэм диэххэ сөп.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
⛅️ Улахан тыала, былыта суох бэртээхэй күн ааста. Бука, айаны-сырыыны мэһэйдиир ардах да түспэтэ буолуо. Быһата, кураан күннэр.

🌤 Бүгүн сарсыарда 6 чааска Бороҕоҥҥо 7 кыраадыс сылаас буолбут. Күнүс 10-12 кыраадыс сылаас буолара күүтүллэр. Илинтэн сөкүүндэҕэ 2 м түргэннээхтик үрэр тыаллаах, дьайҕаран ылар былыттаах күн.

🍃🍂 Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа кэлэр нэдиэлэ сылаас буолуо диэн иһитиннэрэр. Оччотугар балаҕан ыйын бастакы аҥаара сылаас буолуон сөп курдук.

✍️ Афанасий Сектяев.

📸 Ольга Шепелева.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
☘️ Атырдьах ыйын 31 күнэ ☘️

♈️ Хой

Толкуйдамматах быһыыгыттан сыыһаны таһаарыаххын сөп. Дьону кытта эйэҕэстик сыһыаннас, мичээрдээ. Суолталаах сонуну күүт.

♉️ Оҕус

Үлэҕэр санааҕын уур уонна фантазияҕын үлэлэт. Кыраапыгы тутуһа сатаа, болдьоҕу кэһимэ.

♓️ Игирэлэр

Бу күн толкуйгун олоххо киллэриэҥ. Дьыалабыай кэпсэтии уонна харчыны уурдарыы табыллыаҕа. Түүлүҥ иччилээх буолуоҕа.

♋️ Рак

Түгэннэр киинигэр сылдьыаҕыҥ. Элбэх кэпсэтии, билсиһии тахсыаҕа. Эн табыллыыгыттан ордук санааччыларыҥ, куоталаһааччыларыҥ абарыахтара.

♌️ Хахай

Киирэр информацияларга болҕомтоҕун уур - эйиэхэ туһалаах буолуон сөп. Биир санаалаахтаргын түмэн, саҥа бырайыагы олоххо киллэрэргэ табыгастаах кэм.

♍️ Кыыс

Дьиэ кэргэҥҥэр көмө наада буолуо. Сүргэни көтөҕөр бэлэхтэ бэлэмнээ. Бу күн аһымал аахсыйаҕа кыттыыҥ, олоххор үчүгэйинэн дьайыаҕа.

♎️ Ыйааһын

Бэйэҕин икки аҥы, утарыта сананыаҥ. Бэйэҕэр эрэлэ суоҕуҥ күүһүрүө, эмиэ да тулуурдаах, муударай быһаарыныыны ылынар кыахтааххын билиэҕиҥ.

♏️ Скорпион

Бэйэҕин үчүгэй өттүнэн көрдөрөргө кыах үөскүөҕэ. Сэниэҕин үлэҕэр туһаай. Итиэннэ дьиэ кэргэҥҥэр, бииргэ үлэлэһэр киһигэр аптарытыаккын көрдөрүмэ.

♐️ Охчут

Эйиэхэ саҥа үлэҕэ, эбэтэр үрдүк дуоһунаска тахсарга этии киириэн сөп. Сөбүлэстэххинэ, барыстаах тахсыаҥ. Бу күҥҥэ сыаналаах малы атыыластаххына, элбэх үөрүүнү аҕалыаҕа.

♑️ Чубуку

Сулустар доруобуйаҕын, тас көрүҥҥүн көрүнэргэр сүбэлииллэр. Ол эрээри аһара барбакка, ортотун тутус.

♒️ Күрүлгэн

Табыллыы креативнай үлэлээхтэри талыаҕа. Холобур, артыыстары, реклама эйгэтигэр үлэлээччилэри... Үчүгэй сүргэ соруктары чэпчэкитик быһаарарга көмөлөһүөҕэ.

♊️ Балыктар

Бүтэһик сайыҥҥы күҥҥэ үп-харчы боппуруоһун үчүгэйдик быһаарыаҥ. Үлэни уларытарга этии киирдэҕинэ, сөбүлэс.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Радиотумул түөлбэҕэ ититии ситимин турбатын тардар үлэ саҕаланна 👍👍👍

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🌱🌱🌱 Улууска туораахтаах култуура үүнүүтэ хайдаҕый?

Улууспутугар сэлиэһинэй, эбиэс бурдугун үүнүүтүн Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин кытта Дүпсүн эҥэр сылдьан бааһыналары көрдүбүт. Үүнүү туһунан улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын кылаабынай агронома Прокопий Белолюбскай кэпсээбитинэн, быйыл улуус үрдүнэн 1311 гектардаах сиргэ туораахтаах култуура ыһыллыбыт, 277 гектарыгар сэлиэһинэй, онтон ордугар эбиэс
.

2012 сылтан республика учуонайдара саҥа сиэмэни айыынан дьарыктаналлар. Билигин 100 % ыһыы сиэмэтигэр ылсан үлэлииллэр. Ол курдук, «Биэттэ-Агроҕа» Туймаада сэлиэһинэй суорда ыһыллыбыт. Оттон урбаанньыт Дмитрий Илларионовка сорду буккуйбат туһуттан, Приленская 19 диэн сэлиэһинэй сордун ыспыттар. Кэнники бириэмэҕэ Виленская диэн эмиэ бэйэбит учуонайдарбыт оҥорбут эбиэс суордун биһирээн ыһаллар.

Быйылгы сылга супер элита кылаастаах Виленская сорду кытта бэйэбитигэр баар элита кылаастаах сиэмэни ыспыттар. Быйылгы сылга бэс ыйа, от ыйа ардаабатаҕынан, курааҥҥа оҕустарыы баар буолан баран, олохтоох суортарбыт буолан, тулуһан, ортотунан үүнүү кэлииһи дэһэллэр. Сэлиэһинэй ситэн уонна туруйалартан былдьаһан «Биэттэ-Агро» хомууру атырдьах ыйын 12 күнүттэн саҕалаабыт.

Биһиги сылдьыыбытыгар, 88 гектартан 112 тонна хомуллан турара. Оттон Дмитрий Илларионов икки бааһынаны хомуйбут. Быйылгы сылга барыта 1400 тонна сиэмэ хомуллара сабаҕаланар. Мантан кэлэр сыллааҕы ыһыыга 300-чэкэ элитэ сиэмэни, бэйэбит кормовой ыһыыбытыгар 100-чэкэ туоннаны уурунуохтара, уонна 1000 курдук туоннаны комбикорм оҥорор собуоппут үлэҕэ киирдэҕинэ оҥоруохтара. Маны таһынан быйыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр «Биэттэ-Агроҕа» 40-чэ гектарга оруос уонна 24 гектарга элбэх сыллаах от сиэмэтин ыспыттар. Түмүгүн эһиил күүтэллэр. Этэҥҥэ үүнүүнү биэрдэҕинэ, инники сылларга хаһаайыстыбаларбытын элбэх сыллаах от сиэмэтинэн хааччыйар былааннаахтар.

2012 сылтан Дмитрий Илларионов хаһаайыстыбата оройуоннаммыт «Аартык» диэн оруос сиэмэни ыспыттара, үрдүк үүнүүнү көрдөрбүтэ.

Окоемовкаҕа «Нэлэгэр» бааһынай хаһаайыстыбаҕа кормовой култуурабытыгар кытта ыһан боруобалаабыттара, эмиэ бэркэ үүммүттээх. Инники сылларга бу курдук араас суорду үүннэрэн, сүөһүбүтүгэр, сылгыбытыгар аналлаах аһынан, ыһыы сиэмэтинэн хааччыйарга сорук туруорунан, үлэ оннук саҕыллар.

✍️Мария АРГУНОВА.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM