#нэһилиэктэргэ
⏺ Чараҥнар Судаарыстыбаннас күнүн тэрээһиннээхтик бэлиэтээтибит
1-кы Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа Саха cирин Cудаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах Саха cирин судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, улуу суруйааччы, учуонай П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө нэһилиэк «Улуу киһи суолунан» диэн ылыммыт бырайыагын чэрчитинэн «ОЙУУНУСКАЙ ЫҺЫАҔА» тэрээһин ыытылынна.
✍️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.
☑️ https://мюрюгазета.рф/charannar-sudaarystybannas-kynyn-tereehinneehtik-belieteetibit/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
1-кы Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа Саха cирин Cудаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах Саха cирин судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, улуу суруйааччы, учуонай П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө нэһилиэк «Улуу киһи суолунан» диэн ылыммыт бырайыагын чэрчитинэн «ОЙУУНУСКАЙ ЫҺЫАҔА» тэрээһин ыытылынна.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
👏 Өрөспүүбүлүкэ күнэ – биһиги оскуолабыт олоҕор
Балаҕан ыйын 27 күнэ саха норуотун историятыгар ураты суолталаах бэлиэ күн буоларын Саха сирин олохтоохторо бары бигэтик билэбит. Бу уһулуччу сүдү суолталаах күҥҥэ И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатыгар оҕолор, үлэһиттэр кыттыылаах араас тэттик тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Ол курдук, бу күн туһунан сарсыардаттан саҕалаан кылаас чаастара ыччаппытыгар, үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт дойдубутунан киэн туттар, улуу дьоммут туһунан билиһиннэрэр, өйдөтөр, иҥэрэр сыаллаах-соруктаах ыытылыннылар.
✍Ньургуйаана Хорунова, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы

#история
🚞Сыырдаах үөрэнээччилэрэ «Кыайыы поеһа» быыстапка-түмэли олус сэргээтилэр
Балаҕан ыйын 26-28 күннэригэр Аллараа Бэстээххэ көһө сылдьар «Кыайыы поеһа» быыстапка-түмэл үлэлиир диэн истэн химия, биология учуутала, 8 кылаас салайааччыта Лариса Черкашина билиэт булан, төрөппүттэр өйөбүллэринэн массыына кэпсэтэн, үөрэнээччилэрин илдьэ баран илэ-бодо көрөн-истэн кэллилэр.
Бу «Кыайыы поезда» аан бастакытын Саха сиригэр кэлбит. Быыстапка-түмэл тимир суол вокзалыгар турбут. Араас тиэмэлэринэн арахсыбыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмнэрин кэрэһэлиир быыстапканы уон вагон устун көрөҕүн-истэҕин эбит.
Оҕолор кэпсииллэринэн, кыайыы поеһын бастакы вагонугар эйэлээх 1941 сыл бэс ыйын дьоллоох күннэрэ ойууланар, кэпсэнэр. Иккис вагоҥҥа саа-саадах туппут дьон уот кутаа ортотугар сэриилэһэ сылдьаллара көстөр.
Оҕолор сүрдээҕин сэргээн, кыайыы хайдах курдук ыараханнык кэлбитин илэ харахтарынан көрөн, итэҕэйэн кэлбиттэрэ кэпсээннэриттэн көстөр. Cалгыы өссө ыар көстүү арыллар, билиэҥҥэ түбэспит дьону биир вагон олоччу көрдөрбүт.
Ол курдук ырыган, кубархай дьүһүннээх-бодолоох дьон уобарастарын ыар-санньыар тыас-уус ситэрэн, көрөөччүлэри ордук итэҕэтэр турукка киллэрэр, ол иэдээн кэмнэри эргитэр диэн сонньуйбуттуу туттан олорон оҕолор кэпсииллэр уонна сэрии ыар кэмин көрдөрөр экспозициялары саас-сааһынан аттаран, аудио-кэпсээн ситэрэн биэрэр дииллэр.
Хас биирдии вагоҥҥа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэрчик кэмнэрин көрдөрөр экспозициялардаах, ол курдук эпэрээссийэлии турар дьон, окуопалар, Ленинград блокадата уо.д.а. көстүү барыта баар.
Музейга түмүллүбүт экспозициялары И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын 8 кылааһын оҕолоро сүрдээҕин диэн сэҥээрэн, хаан тохтуулаах сэрии хаалларбыт дьулаан суолун-ииһин курутуйа көрөн кэлбиттэр.
✍Ньургуйаана Хорунова, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы

#Үлэсыла
⏺ Александр Жирков: Оҕону үлэҕэ иитии туһунан
Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Уус Алдан улууһун Суотту орто оскуолатын базатыгар өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр оҕону үлэнэн иитии туһунан мунньах ыытылынна. Мунньахха Саха сирин 16 улууһуттан 65 сүнньүнэн агротехнологическай хайысхалаах үөрэх тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, оскуола дириэктэрдэрэ, учууталлар, барыта 200-тэн тахса киһи кытынна.
Сүбэ мунньах дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаабыт “Об образовании в Российской Федерации” сокуоҥҥа үлэнэн иитии туһунан уларыйыыларга уонна өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр үлэнэн иитии эйгэтин тэрийиигэ туһуланна.
Мунньах кыттыылаахтарын улахан болҕомтотун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков этиитэ тарта.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/aleksandr-zhirkov-o5onu-yle5e-iitii-tuhunan/

#үөрэхэйгэтэ
⏺ Уолаттар гимназияларыттан Өктөмҥө «Якутия, вперед!» форсайт-сессияҕа кытынныбыт
Тойон Мүрүтээҕи В.В. Алексеев аатынан уолаттар гимназияларын делегацията Михаил Ефимович Николаев дойдутугар Хаҥалас улууһун Өктөм сиригэр Николаев Ситимин оскуолаларын кытта тэрээһиҥҥэ кытынна.
Балаҕан ыйын 25-26 күннэригэр «Уолан» гимназия 6 үөрэнээччитэ уонна дириэктэр Федор Татаринов, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Уолан Колодезников уонна дириэктэри иитэр үлэҕэ итиэннэ оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүгэр сүбэһитэ Айыы Куо Троева «Якутия, вперед!» форсайт-сессияҕа кыттыыны ыллылар.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/uolattar-gimnaziyalaryttan-ektemne-yakutiya-vpered-forsajt-sessiya5a-kytynnybyt/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Тойон Мүрүтээҕи В.В. Алексеев аатынан уолаттар гимназияларын делегацията Михаил Ефимович Николаев дойдутугар Хаҥалас улууһун Өктөм сиригэр Николаев Ситимин оскуолаларын кытта тэрээһиҥҥэ кытынна.
Балаҕан ыйын 25-26 күннэригэр «Уолан» гимназия 6 үөрэнээччитэ уонна дириэктэр Федор Татаринов, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Уолан Колодезников уонна дириэктэри иитэр үлэҕэ итиэннэ оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүгэр сүбэһитэ Айыы Куо Троева «Якутия, вперед!» форсайт-сессияҕа кыттыыны ыллылар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Прошла рабочая встреча с вновь избранными главами районов республики.
В этом году в девяти районах прошли выборы главы. По итогам выборов трое действующих глав - Горного, Кобяйского и Намского улусов переизбраны на новый срок. А в шести районах избраны новые руководители - в Верхнеколымском, Таттинском, Усть-Алданском, Усть-Майском, Усть-Янском и в Эвено-Бытантайском. Поздравил новых глав и пожелал им на деле оправдать доверие жителей.
Всем главам предстоит большая работа по социально-экономическому развитию районов, благополучию их жителей. Необходимо отойти от долгих процессов принятия решений на местах, не бояться личной ответственности и слаженно работать в нашей большой, единой команде.
Вместе только вперед!
t.iss.one/aisen_nikolaev

Күннээҕи гороскоп 💫 ✨
Балаҕан ыйын 29 күнэ
Хой ♈️
Табыллыылаах, таһаарыылаах күн күүтэр, суолга-иискэ сэрэхтээх буолар ирдэнэр
Оҕус ♉
Харчыга сыһыаннаах боппуруоһу быһаарарга табыгастаах күн
Игирэлэр ♊
Аймах билэ дьоҥҥун кытары көрсүһэр түгэн тосхойуо
Рак ♋
Бүгүн өр кэмҥэ быһаарбатах дьыалаҕын быһаарыаҥ
Хахай ♌
Соһуччу түгэн тосхойуо, чугас дьонуҥ күүппэтэх өттүгүттэн арыллыахтара
Кыыс ♍
Арааһы, ону-маны толкуйдуох, оҥорон көрүөх кэриэтэ туһалаах дьыаланан дьарыктаммыт ордук буолуо
Ыйааһын ♎
Наһаа элбэх бириэмэҕин туһата суох дьоҥҥо аныыргыттан санааҥ түһүө, ол эрээри куруутун оннук буолуо суохтааҕын умнума
Скорпион ♏
Хас биирдии киһи алҕаһыыр түгэннээх буолар, барытын биир халыып сыана быһар оруна суох
Охчут ♐
Уһун сылаалаах нэдиэлэ ааспытын кэннэ дууһалыын-санаалыын чэпчиир, сынньанар туохтааҕар да ордук буолуо
Чубуку ♑
Чугас дьонуҥ сүбэтин, болҕомтолоохтук иһит, кинилэр куһаҕаны сүбэлиэхтэрэ суоҕа
Күрүлгэн ♒
Бу күннээҕи түбүгү тулуйдаргын эйигин сылаас иэйии, дууһаҥ чэпчэтиинэн күүтэр
Балыктар ♓
Эйиэхэ бэриниилээх доҕоттор бааллара кэккэ кыһалҕаларгын быһаарарга олус көмөлөөх

📸 Варвара Бурцева
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM