УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.51K subscribers
33.7K photos
3.11K videos
10 files
5.76K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#нэһилиэктэргэ

💠 Окоемовка олохтоохторо бу күннэргэ ырааһырдыы үлэтин чэрчитинэн балай да субуотунньуктаатылар. Бүгүн "Үрдэл" түөлбэ олохтоохторо тахсан бөһүөлэк арҕаа өттүн ыраастаатылар.

Окоемовкаҕа үс түөлбэ баар, олохтоохтор оҕолуун-улаханныын күргүөмүнэн үлэлииллэр.

✍️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

💠 Суоттуга саахымат түһүлгэтэ

Бэс ыйын 10 күнүгэр, самаан сайыммытын айхаллыы Суотту нэһилиэгэр улууспут бастакы разрядтаах биир бастыҥ энтузиаст саахымаччытыгар, саахымат уһуйааччытыгар Степан Степанович Ефимов 75 сааһыгар аналлаах түргэн саахымакка үбүлүөйүнэй аһаҕас турнир бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.

Быйыл бу, Суоттуга саахымакка аналлаах иккис улахан тэрээһин буолар. Ол курдук саас Семен Егорович Заровняев 75 сааһыгар улахан күрэхтэһиини тэрийбиттэрэ. Аны күһүн улууспут биир күүстээх саахымаччыта Николай Николаевич Овчинников 85 сааһыгар биир улахан тэрээһини былаанныыллар эбит.

☑️ Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/100257

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

💠 Танда агрооскуолатыгар бэртээхэй лааҕыр үлэтин түмүктээтэ

Сааскы ыйдартан саҕалаан бүөбэйдэспит оҕуруоппут аһа ситэн-силигилээн, үүнүүнү хомуйар кэммит чугаһаатар чугаһаан иһэр.

Михаил Готовцев аатынан агро хайысхалаах Танда орто оскуолатыгар сайын устата «Кэскил» оҕо үлэ сынньалаҥ лааҕыра үгэс курдук ситиһиилээхтик үлэлээтэ. Икки сезон аайы отуттуу оҕо сырытта.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/o5uruot-aha-siter-keme/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

💠 Балаҕаннаах – ытык кэрэ сир

2022 сыллаахха Арассыыйаҕа биллэриллибит Култуурунай нэһилиэстибэ сылынан 2-с Байаҕантай нэһилиэгэр урукку кэмҥэ улууска кулубанан, нэһилиэгэр отуттан тахса сыл кинээһинэн үлэлээбит ыраахтааҕыттан куортуктаах Савва Егоров дьиэтин сөргүтүү марафона «Саха» НКИХ ханаалыгар ыытыллыбыта.

Саха сирин үрдүнэн ыытыллыбыт марафоҥҥа 1 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суума хомуллан, быйыл түмүк үлэлэрэ ыытылыннылар.

✍️ Матрена Аргунова, уопсас. кэрэсп., бибилэтиэкэр

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/bala5annaah-ytyk-kere-sir/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

💠 Хомустаахха ФАП саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирдэ

Бүгүн Хомустаах бөһүөлэгэр модульнай конструкциялаах фельдшерскэй-акушерскай пуун дьиэтэ үлэҕэ киирэр үөрүүлээх түгэнэ буолла. Хомустаах бөһүөлэгэр баччаҕа диэри анаан балыыһа дьиэтэ тутула илигэ, эргэ уопсай олорор дьиэҕэ үлэлээн кэллэ. Онон бөһүөлэккэ саҥа көрдөрөр балыыһа киириитэ олохтоохторго улахан үөрүү.

ФАП дьиэтэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» бырагыраамматынан, РФ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан, «Сахауниверсал» ХЭТ ылсыытынан, кылгас болдьоххо тутуллан 70 кв.м. иэннээх аныгылыы, тупсаҕай оҥоһуулаах тутуллан үлэҕэ киирдэ.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/homustaahha-fap-sana-diete-yle5e-kiirde/

✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

👍 Суоттулар ыһыахтыыр сирдэригэр экологическай субуотунньугу тэрийдилэр

Көмүс күһүн мааны хатыҥнарын быыһыгар Суотту нэһилиэгин үрүҥ тунах ыһыахтыыр, алгыс ылар сирдэригэр — Налыыга — олохтоохтор экологическай субуотунньукка көхтөөхтүк кытыннылар.

Мустубут дьону нэһилиэк баһылыга Василий Иванов эҕэрдэлээтэ. Налыы сирин-уотун хаппыт мастарын оннугар 100 кырачаан хатыҥчааны, боярышнигы олордууга үлэ көхтөөхтүк ыытылынна. Субуотунньукка эр киһи элбэх буолан, үлэ хотуулаахтык ааста. «КамАЗ» массыынаҕа хаппыт мастар өрөһөлүү тиэллэн хомуллан, үлэ түмүгэ тута көһүннэ. Экологическай субуотунньугу тэрийээччи Мичил Пухов сибиэһэй собонон, шашлыгынан күндүлээтэ.

От- мас хомуллан, сир-уот сэргэхсийэн оһуохай оройуттан тутулунна, көрдөөх эстафета тэрилиннэ. Инникитин да бу курдук тэрээһиннээх субуотунньуктар аар айылҕабытын харыстыырга ананыахтара диэн субуотунньук кыттыылаахтара толоруллубут үлэлэриттэн-хамнастарыттан астынан тарҕастылар.

✍️ Альбина Максимова

☑️ https://мюрюгазета.рф/suottular-yhyahtyyr-sirderiger-ekologicheskaj-subuotunnugu-terijdiler/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

👍 Кэптэнигэ «Күһүн бэлэҕэ» тэрээһин үөрүүнү бэлэхтээтэ

Бүгүн Лөгөй нэһилиэгин Кэптэни бөһүөлэгэр «Көмүс күһүн бэлэҕэ» диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/keptenige-kyhyn-bele5e-tereehin-yeryyny-belehteete/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

Түүлээх нэһилиэгин аартыгар саҥа стела турда

Бу бырайыагы нэһилиэк ППМИ программаҕа кыайан, «Рим» хампаанньа (ген.директор Копырин П.И.) ылсыһан, тупсаҕай көстүүлээх стела оҥоһулунна.

Стела оҥоруутугар бэйэбит уолаттарбыт М.А. Богдакумов, Н.А. Саввин, С.С. Пестряков үлэлэстилэр.

Нэһилэккэ киириини аныгы технологиянан оҥоһуллубут, нэһилиэк историятын билиһиннэрэр тупсаҕай көстүүлээх стела киэргэппитэ түүлээхтэри бэркэ үөртэ.

✍️Туяра Ушницкая, Түүлээх нэһилиэгэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

Окоемовкаҕа Судаарыстыбаннас күнэ бэлиэтэннэ

Саха сиригэр автономия олохтонуутугар кырата суох кылаатын киллэрбит биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Николай Окоемов төрөөбүт түөлбэтигэр Окоемовка бөһүөлэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтээтилэр.

Үөрүүлээх миитиҥҥэ олохтоохтор, оскуола оҕолоро Николай Окоемов пааматынньыгын таһыгар муһуннулар. Тэрээһини “Алгыс” КСК исписэлииһэ Роман Атласов иилээн-саҕалаан ыытта. Өрөспүүбүлүкэ олоҕор сүдү суолталаах түгэн туһунан бэйэлэрин санааларын олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Любовь Местникова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Бурнашев, нэһилиэк дьаһалтатын исписэлииһэ Никита Ховров, кырдьаҕастар сэбиэттэрин аатыттан Анастасия Васильева эттилэр.

Оҕолор хоһоон ааҕаннар тэрээһини ситэрэн биэрдилэр. Түмүккэ чулуу киһилэрин пааматынньыгар сибэкки уурдулар.

✍️ Афанасий Сектяев

☑️ https://мюрюгазета.рф/okoemovka5a-sudaarystybannas-kyne-belietenne/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

Чараҥнар Судаарыстыбаннас күнүн тэрээһиннээхтик бэлиэтээтибит

1-кы Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа Саха cирин Cудаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах Саха cирин судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, улуу суруйааччы, учуонай П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө нэһилиэк «Улуу киһи суолунан» диэн ылыммыт бырайыагын чэрчитинэн «ОЙУУНУСКАЙ ЫҺЫАҔА» тэрээһин ыытылынна.

✍️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

☑️ https://мюрюгазета.рф/charannar-sudaarystybannas-kynyn-tereehinneehtik-belieteetibit/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

Майаҕас уулуссалара сырдык уотунан сандаараллар

Хоро нэһилиэгин олохтоохторо олохтоох көҕүлээһини өйөө­һүн бырагырааматыгар киирсэн, сыллата саҥа быра­йыактарынан ситиһиилээхтик кытталлар.

Быйыл Майаҕас бөһүөлэгин уулуссаларын сырдатыыга түөрт сыл устата үлэлэһэн, нэһилиэк уулуссаларын толору сырдык уоту­нан хааччылыннылар. Ол курдук Механизатордар, Петр Алексеев, Прасковья Бурцева, Татьяна Эверстова ааттарынан уулуссалар сырдык уоту­нан сандаардылар. Сырдатыы үлэтин-хамнаһын олохтоох урбаанньыт Тимофей Крылов биригээдэтэ ылсан хаачыстыба­лаахтык толордо.

✍️ Светлана Сивцева

☑️https://мюрюгазета.рф/maja5as-uulussalara-syrdyk-uotunan-sandaarallar/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

Бэҕэһээ Сыырдаахха «Ырыа – мин дьылҕам» ахтыы киэһэтигэр СӨ култууратын туйгуна, Бэрт Ууһун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тамада, алгысчыт, тарбахха баттанар баянист Александр Иванов сырдык аатын үйэтитиигэ дьоһун тэрээһин ыытылынна. Тэрээһин кэмигэр Сыырдаахтааҕы «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр Александр Иванов аата иҥэриллибитин туһунан баһылык Юрий Колодезников иһитиннэрэн, туоһу докумуону директор Лилия Бурцеваҕа туттарда.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/bert-uuhun-nehiliegin-ajylgy-synnalan-kiiniger-saha-erespyybylyketin-kultuuratyn-tujguna-aleksandr-ivanov-aata-inerilinne/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

Уус Күөлүн «Аргыс» түөлбэтин олохтоохторо пааркаларыгар субуотунньуктаатылар

Көмүс күһүммүт бүтэһик күнэ чаҕыл күнүнэн санаабытын саймаарыччы көтөҕөн, үлэлииргэ-хамсыырга олус тоҕоостоох түгэн түбэспитин туһанан, биһиги, «Аргыс» түөлбэ, олус туһалаахтык атаардыбыт.

Ол курдук пааркабытын баран ыраастаан, тыал сууллартаабыт маһын-отун барытын хомуйан, биир улахан прицеп бөҕү сыбаалкаҕа сүөкээтибит. Бу пааркабытын бэйэбит бүтэйдээн, кырааскалаан, хаппыт маһын эр дьоммут бэйэлэрэ тахсан кэрдэн, штакетниктаан кэлээччи-барааччы бары кэрэхсиир хатыҥ чараҥар, тапталлаахтар тапталга билинэр, ыччат сынньанар сиригэр кубулутар сыаллаах оҥорбуппут.

Сылын аайы көрөн-харайан эгэлгэ мас олордор былааннаахпыт. Эдэр ыччакка кэрэҕэ, ырааска, айылҕаны харыстыырга үөрэнэригэр олук уурабыт.

✍️ Анна Винокурова, уопсас. кэрэсп.

☑️ https://мюрюгазета.рф/uus-kyelyn-argys-tyelbetin-olohtoohtoro-paarkalarygar-subuotunnuktaatylar/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

Кэптэнигэ сааһырбыттар декадалара сонун тэрээһиннээхтик саҕаланна

Кэптэнигэ олохтоох библиотекаҕа сааһырбыттар декадаларын чэрчитинэн «Күһүҥҥү көрсүһүү» тэрээһин бэрт сонуннук тэрилиннэ.

Библиотекарь Туйаара Сысолятина эҕэрдэлээн туран тылы «Аал Уот» түмсүү лиэктэрэ Екатерина Шаринаҕа биэрдэ. Екатерина Дмитриевна Саха сирин суверенитетын туһунан кэпсээнэ болҕомтону тарта. Дьэ, ити кэнниттэн Саха сирин историятыгар викторина ыытыллан Мария Борисова кыайыылааҕынан таҕыста. Библиотека сүбэһитэ Мария Андросова диктант суруйтаран бэтэрээннэр бары да буочардара үчүгэйэ, бэйэлэрин саастарыгар тылы сыыһата суох суруйаллара хайҕанна.

Онтон «Аал Уот»сүбэтэ тэрийбит оскуолатааҕы ахтылҕаҥҥа Мария Андросова бастакы кылааска суруйбут тэтэрээтин, бэл чэрэниилэ оботторор промокашката сылдьарыныын аҕалан соһутта. Оттон Афанасий Олесов оскуолатааҕы таабыллара билигин да элбэҕи кэпсииллэр. Ульяна Белолюбская саамай былыргы 50-с сылларлааҕы Гайдар «Оскуолабар» кинигэтин, бастакы «За рулем» сурунаалы аҕалан быыстапкаҕа туруорда. Уйана бастакы чэрэниилэ иһитин, мас уктаах бөрүөлээх уруучука ис хоһоонун кэпсээтэ. Онон «Саамай бастакы…» күрэскэ кыттыбыттар бары сертификат, сэмэй бэлэх туттулар.

✍️ Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп.

🏃 https://мюрюгазета.рф/keptenige-saahyrbyttar-dekadalara-sonun-tereehinneehtik-sa5alanna/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

Найахыга «Саллаат аартыга» саҥардыллар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын гранын ылбыт «Балыктаах» уопсастыбаннай тэрилтэ уонна нэһилиэк олохтоохторун «Знать, чтобы помнить» бырайыактарынан 1941 сыллаахха биир дойдулаахтарбыт Аҕа дойду көмүскэлигэр аттаммыт ытык сирбитин – «Саллаат аартыгын саҥардыы үлэтэ саҕаламмыта.

Нэһилиэк тэрилтэлэрин эр дьоно эргэ оҥоһуктары көтүрэн, хомуйан, саҥалыы күрүөлээтилэр. Бу күннэргэ мэҥэ таас турар сирин цеменинэн кутан, тулатыгар мас олордуохтара, ыччат, кэрэ аҥаардар ыраастаан, кырааскалаан быйыл оҥоһуллар үлэтин түмүктүөхпүт.

Ити курдук Кыайыы 79 сылын көрсө ытык сирбит ситэриллиэҕэ.

✍️ Светлана Петрова, уопсас. кэрэсп.

🏃 https://мюрюгазета.рф/najahyga-sallaat-aartyga-sanardyllar/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

Түүлээххэ үөрэнээччилэр хаар күрдьэн көмөлөстүлэр

Түүлээх нэһилиэгэр хас эмэ күн тохтообокко хаар түстэ. Хас да күннээх хаары күрдьэр саастаах дьоҥҥо ыарахана биллэр.

Бэҕэһээ 8-с кылаас оҕолоро (кылаас салайааччыта Агафия Афанасьева) хаар күрдьэн саастаах дьоҥҥо күүс-көмө буолбуттарыгар Марфа Афанасьева дьиэ кэргэнэ улахан махталларын тиэрдэллэр.

«Куруук маннык дьоҥҥо-сэргэҕэ күүс-көмө буола сылдьыҥ. Үөрэххитигэр ситиһиилэри, доруобуйаны», – диэн баҕа санааларын этэллэр.

✍️ Туяра Ушницкая, уопсас. кэрэсп.

🏃 https://мюрюгазета.рф/tyyleehhe-yereneechchiler-haar-kyrden-kemelestyler/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

– Бу күннэргэ Түүлээх нэһилиэгин 32-с нүөмэрдээх уһуйаанын иитиллээччлэригэр урбаанньыт, Дьокуускайга "Медведь" маҕаһыыннаах Түүлээхтэн төрүттээх Михаил Тарскай доҕорунаан "Якутопторг" АО генеральнай директорын солбуйааччыта – кылаабынай инженер Артем Сивцевтиин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Оҕо саас сылынан саҥа дьыллааҕы минньигэс бэлэхтэрин утары ууннулар.

Санатан эттэххэ, Михаил былырыын эмиэ уһуйаан оҕолоругар минньигэс бэлэх оҥорбута.

Уһуйаан иитиллээччилэрэ, иитээччилэрэ, төрөппүттэрэ Артемнаах Михаилга улахан махталларын тиэрдэллэр, – диэн Түүлээхтэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Туяра Ушницкая иһитиннэрдэ.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM