#бэлиэкүн
🎅 Доҕоттоор, бу күнү куоттарымаҥ! 🎄 🎄 🎄 Саҥа дьылбыт чугаһаата. Ахсынньы 4⃣ күнэ – Тымныы Оҕонньорго сурук суруйар, бэлэххэ сакаас оҥорор күн🎁
🎅 Саҥа дьыл оҕоҕо эрэ сөптөөх бырааһынньык курдук ылыныы баар даҕаны, олох үөрүүтэ, табыллыыта киһи ис санаатыттан тутулуктааҕынан, бу күҥҥэ итэҕэйэр оруннаах.
🎅 Бүгүн киэһэ үлэ кэннэ оҕолоргутун, сиэннэргитин кытта кумааҕы, харандаас ылан, кэлэр сылга баҕа санааҕытын суруйуҥ. Сиэдэрэй кэмбиэрдээн, почта дьааһыгар угуҥ.
🎅 Арай санаатахха, күлүүлээх курдук эрээри, онон эһиги баҕа санааҕытын куйаарга ыытаҕыт. Оттон куйаар кини киэлитигэр кэлбит дьоҥҥо биир кэлим дьолу баҕарар.
🎅 Оҕо дьолго итэҕэйэригэр тирэх буолуҥ. Бэйэҕит эмиэ дьиктигэ, кэрэҕэ итэҕэйиҥ!
🎅 Суругу маннык аадырыска ыытаҕыт: г. Великий Устюг, дом Деда Мороза. Электроннай аадырыска эмиэ ыытыахха сөп: [email protected]
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
👍 Бүгүн Бүтүн Арассыыйатааҕы ВОЛОНТЕР күнэ. Бэлиэ күн дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2017 сыл сэтинньи 27 күнүнээҕи Уурааҕынан олоххо киирбитэ.
👍 Волонтер күнэ историяҕа тирэммитэ. Хамсааһын өссө Былыргы Русь саҕаттан баар. Үлэ хардарыта көмөлөсүһүүгэ тирэммитэ. Оччотооҕу олох-дьаһах, үлэ, итэҕэл онуоха тирэх буолбута. ''Бары бүттүүн'' диэн өйдөбүлү өрө тутан, хамсааһын күн баччаҕа кэлэн, анал күҥҥэ кубулуйда.
👍 Билигин ханнык баҕарар хайысхаҕа волонтердар үлэлииллэр. Кинилэр айылҕа таһаарар быһылааннарыгар, сүппүт дьону көрдөөһүҥҥэ, кыаммакка-түгэммэккэ, маассабай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк үлэлииллэр. Билигин Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар волонтердар улахан көмөлөрө сүҥкэн.
👍 Күн бүгүн фроҥҥа ыытыллар көмөҕө элбэх киһи кыттыыны ылар. Хас кырбас эти бэрсибит, сиэккэ баайсыбыт, харчынан кыттыспыт, байыаһы көрсөр-харайсар киһи волонтерга кыттыһар.
👍 Волонтер күнүнэн үтүө сүрэхтэринэн үлэлэһэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар эҕэрдэ!
Уйаара КУСТУК
✅ @uamurusahargata
@ulusmedia
Уйаара КУСТУК
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
✈️ Бүгүн – гражданскай АВИАЦИЯ аан дойдутааҕы күнэ.
✈️ Аныгы үйэни авиацията суох көрбөккүн. Гражданскай авиация дьону, таһаҕаһы, почтаны таһыыга, нэһилиэнньэҕэ медицинскэй көмөнү оҥорууга, санитарнай, олоҕу быыһыыр үлэни толорууга сүдү оруоллаах.
✈️ Бу күн 1996 с. ХНТ Генеральнай Ассамблеятынан бигэргэммитэ. Арассыыйаҕа гражданскай авиация сэбиэскэй сойуус күүһүн ылынар кэмигэр 1923 с. саҕаламмыта. Ити сыл аан бастакы сөмөлүөт Москуба - Нижнэй Новгород хайысханан 420 км уһуну көппүтэ.
✈️ Арассыыйаҕа 200 тыһ. тахса нэһилиэнньэлээх пуун гражданскай авиация эрэ көмөтүнэн олорор.
✈️ Бу күн нэһилиэнньэ судаарыстыба социальнай уонна экэнэмиичэскэй олоҕор гражданскай авиация оруолун, суолтатын өйдүүрүгэр туһуланар.
✈️ Билиҥҥи авиацияҕа элбэх саха үлэлиир. Бу эйгэҕэ сыһыаннаах биир дойдулаахтарбытыгар эҕэрдэ истиҥин, итиитин аныыбыт.
✅ @uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
🎖Бүгүн Аҕа дойду дьоруойдарын күнэ. 2007 сыл олунньу 28 күнүгэр Федеральнай сокуонунан ылыныллыбыт күн 18 үйэттэн силистээх-мутуктаах.
🎖 Оччотооҕу ыраахтааҕы Екатерина II 1769 с. Кыайыылаах Сибэтиэй Георгий уордьанын олохтообута. Ити наҕараадаҕа уһулуччу хорсун, кыайыылаах буойуннар тиксэллэрэ. Олор истэригэр албан ааттаах полководецтар Михаил Кутузов, Михаил Барклай-де-Толли бааллар.
🎖 1917 с. диэри Сибэтиэй Георгий күнэ Арассыыйаҕа георгиевскай кавалердар күннэрин быһыытынан бэлиэтэнэн кэлбитэ. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр уордьан Албан Аат уордьанынан солбуллубута. 1992 с. Сибэтиэй Георгий наҕараадата чөлүгэр түһэриллибитэ.
🎖 2007 с. күн урукку аатыгар төннөрүллүбүтэ. Бүгүҥҥү даата хорсун сүрэхтэринэн Аҕа дойду көмүскэлигэр турар Сойуус, Арассыыйа дьоруойдарыгар, Сибэтиэй Георгий, Албан аат уордьаннарын туппут буойуннары таһынан бары байыастарга ананар.
🎖 Уус Алдан улууһа бэйэтин дьоруой уолаттарынан киэн туттар, кинилэргэ дириҥник сүгүрүйэр.
✍🏻 Уйаара КУСТУК
✅@uamurusahargata @ulusmedia

📍 Бүгүн Киһи уонна кыыл быраабын көмүскэлин күнэ.
Сир үрдүгэр төрөөбүт тыынар тыыннаах барыта анаммыт олоҕун толору олорор бырааптаах.
📍 1948 с. бу күн киһи тириитин өҥүттэн, тылыттан, итэҕэлиттэн, омугуттан, олоҕун тутулуттан, эр киһи, дьахтар буоларыттан тутулуга суох быраабын көмүскүүр Уопсай декларация ылыныллыбыта. Ол докумуон 570-тан тахса тылынан тылбаастаммыта. Онтон 1950 с. ХНТ Генеральнай ассамблеята бүтүн күнү анаабыта.
📍 Киһи быраабын күнүн кытта кыыллар бырааптарын көмүскүүр күн бииргэ түбэспитэ мээнэҕэ буолбатах. Кыыл быраабын декларацията 1998 с. оҥоһуллубута. 10 ыстатыйалаах докумуоҥҥа кыыл киһини кытта тэҥ бырааптааҕа, көҥүллээҕэ суруллар. Киниэхэ сидьиҥ сыһыан сокуонунан накаастаныллара ыйыллар.
📍 Дьоҥҥо-сэргэҕэ, тыынар тыыннаахха амарах сыһыан - сир үрдүгэр кэлбит киһи сиэрдээх быһыыта. Биһиги бу Орто дойдуга ыалдьыт курдук быстах кэлэрбитин, хас сыыһа, алҕас быһыыбыт хоруйа кэлиҥҥи олохпутугар иэстэбиллээх буоларын, үтүө үтүөнэн эргиллэрин умнумуох тустаахпыт.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Сир үрдүгэр төрөөбүт тыынар тыыннаах барыта анаммыт олоҕун толору олорор бырааптаах.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
🇷🇺 Бүгүн – Арассыыйа Конституциятын күнэ
🇷🇺 1993 с. бүттүүн норуот куоластааһынынан Арассыыйа Федерациятын Конституцията ылыныллыбыта. Конституция толору тиэкиһэ ити сыл ахсынньы 25 күнүгэр ''Арассыыйа хаһыатыгар'' бэчээттэммитэ. Оттон эһиилги сылыттан бу күн судаарыстыбаннай бырааһынньык быһыытынан ылыныллыбыта.
🇷🇺 Конституция – судаарыстыба сүрүн сокуона. Арассыыйа быраапка систиэмэтин тирэҕэ. Атын сокуоннар сүнньүлэрин уонна ис хоһооннорун тутар модун күүстээх. 90-с сылларга Конституция кырата икки ыарахан тургутууну чиэстээхтик туораабыта. Элбэх уларытыылар киллэриллибиттэрэ.
🇷🇺 Арассыыйа Конституциятын соҕотох экземпляра кыһыл өҥнөөх чараас тирии тастаах, Арассыыйа үрүҥ көмүс гербэлээх, кыһыл көмүс хаймыылаах быалаах.
🇷🇺 2014 с. Үрдүкү уонна Үрдүкү арбитражнай сууттар холбоһоннор, Крым уонна Севастополь куорат, 2022 с. Арассыыйа састаабыгар саҥа эрэгийиэннэр киирэннэр, кэккэ уларытыылар киллэриллибиттэрэ.
🇷🇺 Олорор судаарыстыбабыт бэлиэ күнүнэн эҕэрдэ буоллун!
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
🇷🇺 Ахсынньы 1⃣3⃣ күнүгэр Арассыыйаҕа Эһэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн мээнэҕэ олохтоммотоҕо. Биллэрин курдук, тыатааҕы сүдү күүһүн, кыаҕын иһин Арассыыйа бэлиэтэ буолар.
🐻 Билиҥҥи кэмҥэ тыатааҕы барыта арҕаҕар утуйар. Бу кыыл 5-6 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр баар буолбута биллэр. Билигин эһэ 4 көрүҥэ баар: хагдаҥ, үрүҥ, маҥан түөстээх уонна барибал эбэтэр хара эһэ.
🐻 ''Эһэ'' диэн тыл ''мүөтү сиэччи'' диэн тылбаастанар эбит. Тыатааҕы нуучча норуотун элбэх остуоруйатыгар, номоҕор, өс хоһоонугар хара тыа баһылыгын, киэҥ көҕүстээх, тулуурдаах персонаж быһыытынан ойууланар.
🐻 Эһэҕэ Евразия элбэх норуоттарыгар, Эмиэрикэҕэ эмиэ сүгүрүйэллэр. Барыларыгар кэриэтэ эһэни киһи төрүтүн быһыытынан ылыналлар. Эһэ, төһө да суостаах көрүҥнээҕин иһин, сиэрдээх, өйдөөх, кыһамньылаах кыыл буоларын туоһулааччы элбэх. Эһэ баппаҕайа былыргыттан харысхал быһыытынан туттуллар.
🇷🇺 Модун Арассыыйа бэлиэтэ буолбут хара тыа ытык кыылын күнүнэн кини туһунан ааҕыҥ, билсиҥ.
✍🏻 Уйаара КУСТУК.
✅ @uamurusahargata
✍🏻 Уйаара КУСТУК.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
🧶 Бүгүн – Баайыы күнэ. Икки сыллааҕыта Тамбов уобалаһын Рассказово куоратын ''Малая родина'' диэн айар түмсүүтүн туруорсуутунан бу күн анаммыта. Ити куорат Арассыыйаҕа баайааччыларынан биллэр. Бэл, гербэтигэр баайыы сап ойуулаах.
🧶 Тоҕо чуолаан ахсынньы 14 күнэ талыллыбыта мээнэҕэ буолбатах. 1887 с. ити күн Санкт-Петербурга ''Курс женских рукоделий'' диэн кинигэ тахсыбыта уонна элбэх кэрэ аҥаарга энциклопедия быһыытынан туһалаабыта.
🧶 3 тыһыынча сыл анараа өттүттэн нуучча дьахталлара кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ баайаллара. Ол кэмҥэ сэһэн-сэппэн ыраатара, ырыа-тойук айыллара. Археологическай хаһыылар Былыргы Египеккэ, Грецияҕа уонна Перуга биир көрүҥ саптан баайыы дьарыга баарын туоһулууллар.
🧶 Дьобуруопаҕа баайыы 16 үйэҕэ баар буолбута. Ол эрээри, ускуустуба быһыытынан буолбакка, олоххо-дьаһахха суолталаах дьарык быһыытынан сайдыбыта.
🧶 Баайыы ускуустубата сылтан-сыл сайдар, туттар мала-сала даҕаны элбиир, тупсар, массыынанан солбуллар. Ол эрээри, илиинэн баайыы ураты тыыннааҕа биллэр.
✅ @uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
🕯 Ахсынньы 1⃣5⃣ күнэ – Профессиональнай иэстэрин толорууга олохторун толук уурбут суруналыыстары кэриэстиир күн. Бу даатаны 1991 с. Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһа олохтообута. Ити сыл ахсынньы 11 күнүгэр суруналыыстар аймахтара, кэллиэгэлэрэ мустан, тыл көҥүлүн туһугар турууласпыт дьоннорун кэриэстээбиттэрэ. Онуоха балаҕан ыйыгар Югославияҕа Сербия боевиктарын ытыалааһыннарыгар түбэһэн, тэлэбиидэнньэ кэрэспэдьиэнэ Виктор Ногин, оператор Геннадий Куренной өлүүлэрэ төрүөт буолбута.
🕯2021 сыллааҕы көрдөрүүнэн, 2023 сылга уопсайа 28 суруналыыс идэтинэн эбээһинэһин толоро сылдьан өлбүт.
🕯 Ааһан эрэр сылга 74 суруналыыс олохтон туораата. 67 киһи сураҕа суох сүттэ.
Күн бүгүн Анал байыаннай дьайыы сиригэр суруналыыстар байыастары кытта тэҥҥэ сылдьан, олохторун кэрэйбэккэ, миэстэттэн сонуннары ыыталлар, буола турар быһыыны-майгыны билиһиннэрэллэр.
🕯 Саха сириттэн эмиэ байыаннай кэрэспэдьиэннэр үгүс үлэни ыыталлар, саха уолаттарын бойобуой сырыыларын сырдаталлар.

🔕 Ахсынньы 1⃣6⃣ күнэ – аан дойдутааҕы Чуумпу күнэ.
🔕 Хайа да норуокка, омукка чуумпуну тутуһар күн диэн баар буолар эбит. Дьыл тымныы кэмигэр чуумпуран ылыы иэдээнтэн харыстыыр, дьол, ситиһии кэлиитин түргэтэтэр. Бу күн чуумпуруу куйаары кытта биир ситимҥэ киллэрэр, киһи куйаар сорҕото буоларын өйдөтөр.
🔕 Былыр, бэл, аһылык чуумпу буоларын тутуһуннараллар эбит. Бу күн саҥарбакка сылдьар киһи тыла байарын, сытыыланарын курдук өйдөбүл баар.
🔕 Арай санаатахха, солуута суох күн курдугун иһин, суолталыыр оруннаах. Түбүктээх, сүүрүүлээх олоххо чуумпуран ылыы киһи сааһыланарыгар көмөлөһөр. Аныгы дьон бириэмэ, харчы сырсыытыгар үлүһүйэн, арыт халлааны да хантайан көрбөппүт, бэйэбит турукпутун иһиллэммэппит, сыаналаммаппыт. Оттон күн, олох кэрэтэ, үөрүүтэ бэрт кыра өйдөбүллэртэн, кыырпах саҕа көстүүттэн турар эбээт.
🔕 Бүгүн улахан муусуканы тохтотон, элбэҕи лахсыйартан туттунан, бэйэҕин иһиллэн, чугас дьоҥҥун болҕой, олоххун ырыҥалаа, суолталаа.
✍️ Уйаара КУСТУК
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
✍️ Уйаара КУСТУК
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM