📰📰📰
⭕️ Арассыыйа Бэчээтин күнүн көрсө СӨ суруналыыстарын Сойууһун бырабылыанньата (бэрэссэдээтэл Г.А. Бочкарева) үгэс буолбут 2021 сыл түмүгүнэн суруналыыстар уонна СМИ эйгэтин үлэһиттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи профессиональнай куонкурустарын түмүгүн таһаарда.
⭕️ Барыта 10 анал номинация баарыттан “Түмүктээх үлэтин иһин” (“За результативность”) номинацияҕа “Мүрү саһарҕата” хаһыат отделын эрэдээктэрэ, суруналыыс Ольга Шепелева “Бэтэрээн ыра санаата” бырайыагынан лауреат үрдүк аатын ылла.
⭕️ «Бэтэрээн ыра санаата» бырайыак ааспыт 2021 сыл тохсунньу 22 күнүттэн саҕаланан, нэдиэлэ ахсын нэһилиэктэринэн ыытыллан, балаҕан ыйыгар түмүктэммитэ.
⭕️ Улуус икки сэрии бэтэрээнигэр II Лөгөй нэһилиэгин ытык олохтооҕо В.А. Васильев дьонугар, Найахы нэһилиэгин ытык олохтооҕо, сэрии бэтэрээнэ Н.Н. Ивановка уопсайа 337 тыһ. 600 солк. туттарыллыбыта.
⭕️ Бу үлэни сүрүннээччи суруналыыс Ольга Шепелева бырайыагы үүннээн-тэһииннээн, тэрийэн үтүө умнуллубат бачыым олохтонно.
⭕️ Маны сэргэ, хаһыат ис-тас тутулун, макыатын дизайнынан, урукку өттүгэр ситиһиллэ илик – “Сыл бастыҥ дизайна” (“Дизайн года”) анал номинацияҕа улуус хаһыатыгар уһун сылларга үлэлии сылдьар СӨ бэчээтин туйгуна, хаһыат тиэхиньиичэскэй эрэдээктэрэ Сардана Владимировна Бурнашева лауреатынан ааттанна.
⭕️ Биир идэлээхтэрбитин, үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэн туран, улахан ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит уонна өссө таһаарыылаах үлэни, айар-тутар уҕараабат күүһү-уоҕу баҕарабыт!
@murusahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сылбастыҥнара
https://www.instagram.com/p/CYiPHHZoid_u7aA7Oz5jPVYvuUO-Fz4kyJsD9c0/?utm_medium=share_sheet

🎊🎊🎊
🔻 Күндү биир дойдулаахтарбыт!
В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар «2021 сыл түмүктэрэ» үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сыл түмүгүнэн улууспут бастыҥнарын чиэстиир дьоро түгэни олунньу 25 күнүгэр күнүс 15:00 чаастан @uusaldan.ru инстаграм-страница нөҥүө быһа эфиргэ көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сылбастыҥнара
https://www.instagram.com/p/CaRZ1h6Mj8K/?utm_medium=share_sheet