УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.71K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

“Мүрү Ас” ТХПК ааспыт 2021 сылга алта арыы сыаҕын кытары үүтү тутар ү пууну уонна “Мүрү Ас” собуотун үлэлэттэ.

🔻 "Мүрү Ас" ТХПК оҥорон таһаарар салаатын сэбиэдиссэйэ Мария Федорова:

– Барыта 1943 туонна былааннаах субсидированнай үүтү уонна чааһынай ыалтан 16 туонна үүтү 15 солкуобайга тутан, ааспыт сыллааҕы үүт былаанын толордубут.

Үүт ас араас бородууксуйата, ол иһигэр 63 туонна ынах арыыта оҥоһуллан, нэһилиэнньэҕэ 600-650 солк. атыыланна. Бу арыы соҕотуопкатын 2020 сыллааҕы көрдөрүүтүн кытары араа-бараа.

Бүгүҥҥү күҥҥэ хаһаайыстыбаларга үүт харчыта толору төлөннө. Оҥорон таһаарааччы үүтү туттарар хаһаайыстыбаларга ынах арыытын 600 солк. ааспыт сыл бүтүөн иннинэ түҥэтэн олорор. Ынах арыыта ахсынньы саҥатыгар диэри “Мүрү Ас” ТХПК маҕаһыыннарыгар уонна нэһилиэктэринэн атыыланна.

🖊️ Екатерина Захарова

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#мүрүас
https://www.instagram.com/p/CaRQuTDMwbZ/?utm_medium=share_sheet
📺📺📺

🔻 Суруналыыс Лена Керемясова "Кэрэ кэпсээн" биэриитин кэлэр таһаарыытын "Кэнчээри" ансаамбыл үйэ аҥаардаах үбүлүөйүгэр анаата.

🔻 Ол курдук, ансаамбыл салайааччыта – Саха АССР, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун, Мүрү, Найахы нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Василий Парников, ансаамбыл балетмейстера Ульяна Ноговицына, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин отделын салайааччы Нюргуяна Илларионова, Геокултуурунай сайдыы институтун толорооччу дириэктэрэ Михаил Донской, “Юные якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин дириэктэрин солбуйааччы Данил Жирков, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Толбонова, ансаамбыл выпускниктара: улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Лена Павлова, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы Рея Охлопкова, Мындааба оскуолатын музыкаҕа учуутала Айталина Пантилова, о.д.а. кытыннылар. Маны сэргэ ансаамбыл солистката “Туймаада” вокальнай ансаамбыл солистката Акулина Акимова эҕэрдэ ырыатын толордо.

🔻 Биэриигэ "Кэнчээри" ансаамбыл 50 сыллаах ситиһиилээх айар суолун туһунан, урукку кэмҥэ үөрэммит оҕолор, инники үлэ туһунан киэҥ кэскиллээх кэпсэтии, сэргэх сэһэргэhии тэрилиннэ, үтүө баҕа санаалар этилиннилэр.

📌 Бу биэриини "Саха" НКИХ ханаалыгар олунньу 26 күнүгэр 12 чаас 15 мүнүүтэттэн куоттарбакка сэргээн көрүҥ.

🖊️ @uakultura

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саханкихханаалыгар
#кэрэкэпсээнбиэрии
#кэнчээриансаамбыл
https://www.instagram.com/p/CaRWGKpsQUJ/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

🔻 Күндү биир дойдулаахтарбыт!

В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар «2021 сыл түмүктэрэ» үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сыл түмүгүнэн улууспут бастыҥнарын чиэстиир дьоро түгэни олунньу 25 күнүгэр күнүс 15:00 чаастан @uusaldan.ru инстаграм-страница нөҥүө быһа эфиргэ көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сылбастыҥнара
https://www.instagram.com/p/CaRZ1h6Mj8K/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

🔻 Бүгүҥҥү "сиэркилэ" даатаҕа Уус Алдаҥҥа түөрт паара – үс Бороҕоҥҥо, биир Тандаҕа – регистрацияламмытын СӨ Гражданскай туругу аакталыыр суруктар Управлениеларын Уус Алданнааҕы салаатын начальнига Аксиния Бурнашева иһитиннэрдэ.

🔻 Эдэр ыалларга уостубат тапталы, дьоллоох олоҕу, баайы-дуолу, табыллыыны баҕарыаҕыҥ🤵‍♂️👰‍♀️👏👏👏

📸 Хаартыскаҕа: Ирина, Юраслав Сыроватскайдар, Евдокия, Андрей Ушницкайдар.

@muru.sahargata'

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#22022022
https://www.instagram.com/p/CaRlhFWMUlK/?utm_medium=share_sheet
🔻🔻🔻

Саха АССР төрүттэммитэ 50 сылын көрсө 1972 сыллаахха олунньу 22 күнүгэр Уус Алдан оройуонугар кыраайы үөрэтэр музей төрүттэммит күнүнэн биллэр. Тэрийээччи – энтузиаст, кыраайы үөрэтээччи Николай Саввич Пестряков.

Онтон Уус Алданнааҕы райисполком быһаарыытынан 1980 сылтан "народнай музей" диэн статустаммыт. Оччолорго, кырдьык, норуот, бар дьон күүһүнэн хомуллан, түмүллэн, музей пуондата 2500 тахса экспонаттаах эбит.

Салгыы 1987 сылтан Емельян Ярославскай аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи музей филиала буолбут, 1999 сылтан судаарыстыбаннай музейдар ситимнэригэр киирэн, улуус бүддьүөтүттэн үбүлэнэр. Оттон 2020 сыл от ыйын 17 күнүгэр Бороҕоннооҕу улуус устуоруйатын, кыраайы үөрэтэр музейга Сэһэн Ардьакыап аата иҥэриллибитэ.

Күн бүгүн улуус музейын фондатыгар уопсайа 10 000-тан тахса экспонат хараллар. Саха АССР төрүттэммитэ 100 үбүлүөйдээх сылыгар музей саҥардыллан өрөмүөннэммит киэҥ-куоҥ дьиэҕэ көһүөҕэ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#СахаАССР100сыла
#бэлиэкүн
https://www.instagram.com/p/CaR8uU7MhKM/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰
"Мужество" уордьан кавалера, ИДьМ капитана Василий Васильевич Бурцев кэриэһигэр Бэрт Ууһун нэһилиэгэр пневматическай бинтиэпкэнэн ытыы күрэҕэ ыытылынна.
Уопсайа 42 киһи кытынна. Бастакы категорияҕа: 1 миэстэни – Лаврентий Тарскай, 2 миэстэни – Семен Сенин, 3 миэстэни Василий Явловскай ыллылар. Иккис категорияҕа: Олег Черкашин – 1 миэстэни, Руслан Бурцев – 2 миэстэни, Михаил Копырин 3 миэстэни ылары ситистилэр.
Бэтэрээннэргэ Иван Неустроев 1 миэстэни ылан кыайыы өрөгөйүн биллэ. Иккис миэстэни Валерий Стручков, 3 миэстэни Максим Олесов үллэһиннилэр.
Оттон күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан Иван Неустроев буолла. Итиэннэ күрэхтэһээччилэргэ анал бириистэр туттарылыннылар. Ол курдук "Кыайыыга дьулуурун иһин" анал бирииһи Н.Е. Бурцев II уола Александр Бурцев Прокопий Колодезниковка туттарда. Ини-бии Михаил, Афанасий, Анатолий, Павел Копыриннарга Анна Бурцева бирииһэ ананна. ”Кэскиллээх ытааччынан" Мичил Черкашин ааттанан, 1981 сыллаах выпускниктар анал бириистэринэн наҕараадаланна.
Күрэх иккис түһүмэҕэр – дуэль-биатлон коммерческэй турнирга сыралаах киирсии түмүгүнэн, кыайыылаах үрдүк аатын Мичил Черкашин ылла. Иккис – Василий Явловскай, үһүс Павел Копырин буоланнар, үөрүүлэрэ муҥура суох.
Бэрт Ууһун нэһилиэгин дьаһалтата, дьоно-сэргэтэ үгэс быһыытынан бэһис сылын ыытыллар олус көхтөөх күрэҕи тэрийэр, ытыы успуордун сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах биир дойдулаахтарыгар: Василий Бурцев кэргэнигэр Айталы Алексеевнаҕа, бииргэ төрөөбүттэригэр Егор Васильевич, Анна Васильевна, Алексей Васильевич Бурцевтар дьиэ кэргэттэригэр, оҕолоругар, аймахтарыгар Николай Евграфович Бурцев II, Мария Семёновна Гоголева, Матрена Дмитриевна Данилова, В.Е. Бурцев эдьиийэ Өлөөнө оҕолоругар, Василий Бурцев бииргэ үөрэммит доҕотторугар – 1982 сыллаах выпускниктарга улахан махталлаахтар.

🖋️Ольга ШЕПЕЛЕВА.
#уйгусирэуусалдан #улуусхаһыата #мүрүсаһарҕата #спортэйгэтэ #сыырдаах
https://www.instagram.com/p/Cag75rks7HF/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

Эрэдээксийэбит киоскатыгар саҥа кинигэлэр атыыга таҕыстылар👏👏👏

🔻 ТУОС оонньуу

🔻 Хабылык, хаамыска, тырыыҥка набора

🔻 кырачааннарга түөрт араас ойуу кинигэ

🔻 нууччалыы азбука кинигэтэ

🔻 1-4 кылаас оҕолоругар тылдьыт

🔻 "Нескучная литература. 500 оригинальных вопросов" – классическай литератураҕа сыһыаннаах араас боппуруостардаах бэрт интэриэһинэй кинигэ. Интеллектуальнай оонньууларга, викториналарга туһаныахха сөп

🔻 Николай Якутскай " Төлкө" романын "Айар" кинигэ кыһата 2-с таһаарыыта

🔻 "Урут бобуллубут айымньылар" (2019 с.)

🔻 Татьяна Поскачина. "ТабыллыбА/Ыт таптал: учуутал күннүгэ" – куйаар ситимигэр бестселлер буолбут айымньы

🔻 "Я выбираю жизнь" – Чурапчы асчыта Наталья Иванова олоҕуттан аһаҕас кэпсээннэрдээх, ас рецептэрдээх, хоһооннордоох кинигэтэ

🔻 "Күннэй кистэлэҥ олоҕо" кинигэ – өссө төгүл кэллэ, ону таһынан Күннэй ийэтин Любовь Васильева "Куйаартан кутуллар тыыннаах тыллар" сүбэ-соргу, ымыылаах санаалардаах хоһооннорун кинигэтэ

🔻"Мой дневник травника/Отоһут дневнигэ" – 1-кы таһаарыыта

🔻 "Иллюстрированная энциклопедия РС (Я): цифры, факты, карты"

📲 Билсэр төлөпүөҥҥүт 89627352327

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мүрүсаһарҕатынкиоскатыгар
https://www.instagram.com/p/Caof8musuV5/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Дьокуускайдааҕы технологическай техникум базатыгар анал идэлээх кондитер-маастардар бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи "Вкус Севера" куонкурустара ыытылынна.

Куонкуруска орто анал үөрэх устудьуона уонна эдэр исписэлиис диэн категорияларга күрэхтэстилэр.

Манна биһиги улууспут техникумун повар, кондитер группатын иккис кууруһун устудьуона Сахаайа Петрова 2-с миэстэни ылары ситистэ. Сахаайа куонкуруска "Ленские столбы" диэн пирожнайы оҥорон биһирэннэ.

Оттон преподавателэ – производственнай үөрэхтээһин маастара Алена Стрекаловская эдэр исписэлиистэр ортолоругар 1-кы истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланна. Кини үлэтэ "Краски Севера" диэн ааттанан, дьиҥ-чахчы кэрэ көстүүлээх, минньигэс ас астанан, үрдүктүк сыаналанна.

Кыайыылаахтары дьоһун ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит, өссө да таһаарыылаах үлэни баҕарабыт.

🖋️Ольга Шепелева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата #уусалданнааҕытехникум
https://www.instagram.com/p/CarxCnHp8l7/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

🌹 Аан дойду дьахталларын күнүн Кэптэнигэ эр дьон түмсүүтэ (сал. Владимир Прядезников, Петр Перевалов) эмиэ бэрт сэргэхтик, сонуннук тэрийдэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл Ийэ сыла биллэриллибитэ бу сааскы маҥнайгы бырааһынньык суолтатын ордук улаатыннарбыт курдук, онон эр дьон түмсүүтэ бөһүөлэк кэрэ аҥаардарын эҕэрдэлиир киэһэҕэ биллэр шоумены Александр Гоголевы ыҥыран биэчэри ыыттарда.

🌹 Александр кэпсээн-ипсээн, оонньотон, ыллаан ийэлэр сүрэхтэрин сылаанньытта, күннээҕи түбүктэртэн сынньатта. Маныаха киирии билиэтинэн лотерея оонньонон, мин – икки куһу, Мотрена Лыткина – суумканан собону, Галина Никифорова – тоҥ чыыр балыгы, Татьяна Бережнева куоракка босхо айан сертификатын тутан, онтон да атыттар араас барыанньаны, ынах иһин, этин сүүйэн үөрүүбүт үс төгүл үрдээтэ.

🌹 Умнуллубат куоластар Артур Новгородов, Ньургун Бурцев, Николай Сергеев, Артур Сокорутов, Андрей Никитин ырыаларын бэлэхтээн, биэчэр кыттыылаахтара дуоһуйа үҥкүүлээн тарҕастылар.

🖊️ Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп. Кэптэни

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэптэнисонуннара
https://www.instagram.com/p/Ca4NY2AMoUt/?utm_medium=share_sheet
Дьылбыт төһө да ыараатар олох салҕанар. Ол сиэринэн саҥа киһи күн сирин көрөр, ыалларга ынахтара төрүүллэр, аны сылгы төрүөҕэ саҕаланыа турдаҕа.

🔻 Курбуһахха өтөрүнэн ынах игирэ ньирэйи төрөппүтэ диэн иһиллэ илигэ. Онон бу күннэргэ Винокуровтар дьиэ кэргэн хаһаайыстыбаларыгар уонча саастаах ынахтара икки тыһы ньирэйи төрөппүтэ ыалтан ыалга сонун буолан үгүс киһини сэргэхситтэ.

🔻 Ийэ ынах, хаһаайыттара этэллэринэн, бу алтыс төрөөһүнэ үһү. Ынах уонна ньирэйдэр туруктара үчүгэй.

🖊️ Анна Винокурова, уопс. кэрэспэдьиэн. Курбуһах нэһилиэгэ

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
#тыахаһаайыстыбата