📰📰📰
⭕ Быйыл сайын улуус үрдүнэн арыыны оҥорор алта сыах, үүтү тутар үс пуун уонна “Мүрү Ас” ТХПК собуота үрүҥ аһы дэлэтиигэ, атыыга хамаҕатык таһаарыыга былааннаахтык үлэлээн кэллилэр. Барыта 15 сайылыктан, сэттэ нэһилиэктэн үүт таһыллан, оҥорон таһаарыы сыаҕар туттарылынна.
⭕ Билиҥҥи туругунан, чугас нэһилиэктэргэ күн аайы, ыраахтарга нэдиэлэҕэ иккитэ үүтү таһар массыына сүүрэр. Онон, күн бүгүн барыта 2 312, 769 туонна үүт тутуллан, сыллааҕы былаан 85,61 бырыһыана туолла.
📌 "Мүрү-Ас" ТХПК оҥорон таһаарар салаатын сэбиэдиссэйэ Мария Федорова:
– Үрүҥ астан: арыы – 50 туонна, чөчөгөй – 15 туонна, үүт – 30 туонна, суорат, йогурт – 90-ча туонна, сыр – 1,5 туонна, иэдьэгэй – 3 туонна, быырпах 3 туонна астанан, атыыга тахсан, нэһилиэнньэҕэ тиэрдилиннэ.
Сыл бүтүөр диэри үүтү, суораты, йогурт арааһын, арыыны, чөчөгөйү, иэдьэгэйи оҥорон, нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаарар былааннаахпыт, – диэн билиһиннэрдэ.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#илгэтөрдө
https://www.instagram.com/p/CUlosYZIaac/?utm_medium=share_sheet

Бэтэринээринэй быраас Саргылаана БУРНАШЕВА: "Сүөһү кыстыгын этэҥҥэ туоруурга сүбэлэрбин сэргээҥ"
“Сыл ахсын ханан да ынах сүөһү ахсаана аҕыйыы турар. Мин бүгүн бу туох төрүөттэн тахсарын ырыппаппын, маны быһаарар, ааҕар-cуоттуур үлэһиттэр араас министиэристибэлэр аайы бааллар. Мин сүбэм кыстыкка киирбит сүөһүнү барытын тыыннаах кыстатыы, үчүгэй төрүөҕү ылыы туһунан буолуоҕа. Былырыыҥҥы кыстыкка ханан да ынахтар ырыганнаабыттара, өлүтэлээбиттэрэ даҕаны. Быйыл оннук хартыына тахсыбата буоллар диэн бу суруйан эрэбин”, – диэн Бээрийэтээҕи бэтэринээринэй пуун сэбиэдиссэйэ Саргылаана Бурнашева улуус олохтоохторугар сүбэ суруйуутун саҕалыыр.
Сиһилии: мюрюгазета.рф/article/79851

Тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомто уҕараабат
Аҕыйах хонуктааҕыта өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев бырабыыталыстыбаны кытта кэлэр 2023 сыллаах бүддьүөт бырайыагын дьүүллэһиигэ тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ эбии 2,6 млрд солк. көрөргө сорудахтаабыта. Онон кэлэр сылга тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин 14,2 млрд. солк. тиийиэҕэ.
Бу үп ханнык салааларга төһөлүү бэриллэрэ эмиэ быһаарылынна. Ааспыт сылларга ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ. солк. биэриллиитин үгүстэр биһирээбиттэрэ. Кэлэр сылтан ол харчы 37 тыһ. солк. буолуоҕа. Ол аата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн онно анаан 79 мөл. солк. тыырыллыа. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар уонна ынах төбөтүгэр харчы ылбакка, үүт туттарааччылар ыабыт үүттэрин лиитэрэтин иһин 50 солк. ылар эбит буоллахтарына, эһиилгиттэн 60 солк. ылыахтара. Үүт ыаһыныгар өрөспүүбүлүкэҕэ 617 мөл. солк. көрүллүөҕэ.
Сиһилии: мюрюгазета.рф/article/81283

Курбуһахха бастакы ньирэй төрөөтө
"Тоһуттар дьыбардаах,
Аан туман салгыннаах
Ахсынньыбыт ортото
Орулаабытынан,
Ордоотообутунан
Курбуһахха бастакынан
Атыыр оҕус бастыҥа
Күөх окко күөлэһийэ
Күн сирин көрдө🐮", –
диэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Анна Винокурова Курбуһахха үлэни өрө туппут, элбэх оҕолоох, сиэннээх Егоровтар диэн ыалга ньирэй төрөөбүтүн суруйар☺️
@murusahargata

Уйгуну дэлэтээччилэр бастыҥнара чиэстэннилэр
Биһиги остуолбут аһынан-үөлүнэн дэлэгэй буоларын туһугар кыһаллар, сиртэн быйаҥы сомсор түбүгэр сылдьар, хара үлэттэн дьоллонор тыа хаһаайыстыбатын бастыҥнара бүгүн ааттара ааттанна, сурахтара тарҕанна.
Эти-үүтү дэлэтээччилэр, бурдугу, оҕуруот аһын үүннэрээччилэр үлэлэрэ айылҕаны кытта ыкса ситимнээх. Онон кинилэргэ холку кыстык диэн суоҕун кэриэтэ. Айылҕа барахсан кинилэри дьыл ханнык эмит кэмигэр син биир эрийэр-мускуйар, тургутар. Оннук туруу үлэһит дьон быйылгы сылы хайдах түмүктээн эрэллэрин туһунан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Степан Бочкарев дакылаат оҥордо.
Тыа хаһаайыстыбатын бастыҥнарыгар бэйэлэрин эҕэрдэлэрин улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Петр Сивцев уонна улуус дьокутаатарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников тиэртилэр. Ити кэнниттэн лауреаттарга наҕараадалары туттарыы буолла.
Сиһилии саайтка https://мюрюгазета.рф/article/82858 эбэтэр комментарийдарга

💬 Уус алданнар Москубаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы “АГРОС” быыстапкаҕа кытта сылдьаллар
🩸 Племенной дьыалаҕа, сүөһү аһылыгын оҥорууга, ветеринарияҕа уонна сүөһүнү, сибиинньэни, көтөрү иитиигэ “АГРОС” норуоттар икки ардыларынааҕы IV быыстапка Москубаҕа тохсунньу 25-27 күннэригэр ыытылла турар.
🩸 Бу тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ кытта Уус Алдан улууһун дьаһалтатын, тыа хаһаайыстыбатыгар управлениетын уонна олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэр салайааччылара, эппиэттээх үлэһиттэрэ тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов салайааччылаах өрөспүүбүлүкэттэн кыттар дэлэгээссийэ састаабыгар киирэн кыттыыны ылаллар. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Кинилэр араас быыстапкаларга, сэминээрдэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ, сийиэстэргэ, “төгүрүк остуолларга” элбэх саҥаны билиилэрэ-көрүүлэрэ, уопут атастаһыылара улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарыыга, үлэни-хамнаһы тэрийиигэ саҥаны киллэриигэ төһүү күүс буолуоҕа.

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#илгэтөрдө
🗣 Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын менеджерэ Илья Ильин: Улахан уратылааҕын да иһин, биһиэхэ да барсар
⏺ Ааспыт нэдиэлэҕэ улууспут тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларын дэлэгээссийэтэ кэпэрээтэрдэр Бүтүн Арассыыйатааҕы сийиэстэригэр кыттыыны ылан кэллэ. Онно киин сир хаһаайыстыбаларыгар сылдьан үлэни-хамнаһы билистилэр. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын менеджерэ Илья Ильин маннык кэпсээтэ:
💬 – Биһиги Московскай уобалас “Кузьминское” диэн хаһаайыстыбатыгар сырыттыбыт. Комплекстара, биллэн турар, биһиэхэ холооно суох улахаттар уонна механизациялаахтар, автоматикалаахтар. Холобур, биһиги сылдьыбыт комплекспытыгар 1000 тахса ынах эбит. Ынахтарын боруодата хара эриэн гольштин. Онон бэйэбитигэр арыый чугаһата санаатыбыт. Тоҕо диэтэргин, Үлэ Дьоруойа Михаил Готовцев итинник боруода ынахтары иитэр.
Көрүү-истии диэн биһиэниттэн олох уратылаах. Ол курдук ынахтара сылы эргиччи баайыллан тураллар, таһырдьа тахсыбаттар. Онон мэлдьи аһылыкка тураллар.
Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/88335 эбэтэр комментарийдарга
✍️ Афанасий Сэктээйэп
Көрүү-истии диэн биһиэниттэн олох уратылаах. Ол курдук ынахтара сылы эргиччи баайыллан тураллар, таһырдьа тахсыбаттар. Онон мэлдьи аһылыкка тураллар.
Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/88335 эбэтэр комментарийдарга
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#илгэтөрдө
💠 Дьыл оройо: ынах, сылгы туруга этэҥҥэ
⏺ Урут да, билигин да тыа хаһаайыстыбатыгар ааҕынан көрүү мүччүрүйбэт сорукпут буоллаҕа. Ынах, сылгы иитиитэ диэн түҥ былыргы өбүгэлэрбит саҕаттан илдьэ кэлбит дьарыкпытын билигин да уларыппакка илдьэ сылдьабыт. Атына диэн олох сайдыытын быһыытынан саҥа технологиялар киирэн истэхтэрэ. Ол да буоллар, саҥа кэмҥэ олоробут диэн ааҕынан көрүүбүтүн син биир умнубаппыт. Биһигини ону тыйыс кыһыммыт да умуннарбат. Өбүгэлэрбит тохсунньуттан олунньуга үктэниини дьыл оройо диэн ааттааннар, отторун-мастарын ааҕынан көрөллөрө. Кыстыкка киирииттэн ыла, төһө от бараммытын уонна күөххэ үктэниэххэ диэри хаалбыт оту тиийиэ дуо диэн ааҕыналлара. Ол үгэс, билигин да тутуһулларын сиэринэн улууспутугар сүөһү кыстыга хайдах баран иһэрин туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын менеджерэ Илья Ильины кытта кэпсэттим:
– Илья Прокопьевич, кыстыкпыт ортото буолла, сүөһү-сылгы билиҥҥи туруга хайдаҕый, оппут-маспыт тиийэр дуо?
– Тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ буолбакка, ханнык баҕарар оҥорон таһаарар салааҕа ааҕынан көрүү хайаан да наада буоллаҕа. Оттон биһиги, тымныы, уһун кыһыннаах дьон буоларбыт быһыытынан, ааҕыныы диэн мүччүрүйбэт үгэспит буоллаҕа.
Күн бүгүн улууспутугар үс ТХПК, икки ХЭТ, биэс аһы-үөлү соҕотуопкалыыр кэпэрэтиип, сылгы иитиитинэн анаан дьарыктанар 5 кэпэрэтиип уонна ынах сүөһүнү иитэр хайысхалаах 161 бааһынай хаһаайыстыба үүтү-эти дэлэтиигэ үлэлэһэ сылдьаллар.
Ахсынньы 30 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн 13,288 ынах сүөһү, ол иһиттэн ыанар ынаҕа 5,527, итини тэҥэ 13,277 сылгы, ол иһиттэн 9,326 биэ иитиллэн тураллар. Түргэнник ситэр салааҕа үлэлэһии лаппа аччаата. Ол курдук, күн бүгүн улуус үрдүнэн 21 эрэ сибиинньэ иитиллэн турар. Көтөр ахсаана 2,563 буолла.
Үүтү 10,994 т ыатыбыт. Быйыл үрүҥ аһы оҥорон таһаарар үс тэрилтэ үлэлээтэ. Онно 2,854,9 т бородууксуйаны оҥорон таһаарар былаан тиэрдиллибитэ 100% туолла.
Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/88412 эбэтэр комментарийдарга

💢 Дмитрий Илларионов бурдук хаһаайыстыбата ыһыы үлэтигэр тэтимнээхтик бэлэмнэнэр
Улууска туораахтаах култуураны үүннэрэр Дүпсүн нэһилиэгин бурдук хаһаайыстыбатын салайааччыта Дмитрий Илларионов сааскы ыһыы үлэтигэр бэлэмнэниини тохсунньуттан саҕалаан тэтимнээхтик бара турарын билиһиннэрдэ. Ыарахан уйуктаах тиэхиньикэлэри, "МТЗ" тыраахтардары өрөмүөннээһин түмүктэнэн эрэр. “Манна уруккуттан үлэлэһэр уолаттарбытын наймылаһан, сыл аайы кэпсэтэн өрөмүөннүүбүт”, – диир салайааччы. Маны тэҥэ өссө биир сүрүн үлэ – ыһыллар сиэмэни ыраастааһын – бу күннэргэ бүттэ.
Улуус иһигэр барыта 52 туонна, таска 75 туонна сиэмэ атыыланна. Сыл аайы улуус улахан хаһаайыстыбалара сүөһү аһылыгар эбии диэн күөх маассаны үүннэрэн хаһааналлар. Онон Дүпсүннээҕи бурдук хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ суолу баттаһа, бу күннэргэ атыыга барбыт сиэмэлэри таһаҕастааһыҥҥа үлэлэһэ сылдьаллар.
– Туораахтаах култуураны үүннэрээччилэргэ эппиэттээх күннэрбит. Бэлэмнэнии үлэтин тэрээһиннээхтик ыыттаххына, сиргэр уоҕурдуу киллэрдэххинэ эрэ үүнүүнү ылаҕын. 70 туонна минеральнай уоҕурдууну соҕурууттан сакаастаан, төлөһөн олоробут. Ыам ыйыгар күн-дьыл туругуттан көрөн бааһыналарга сиик саптарыытын ыытыахпыт уонна дьэ ыһыыга турунуохпут.
Буоларын курдук, үлэһит илии ахсаана тиийбэт. Маныаха тыа хаһаайыстыбатын техникумугар сааскы ыһыыга, күһүҥҥү хомуурга механизатор устудьуоннары уонна Арктикатааҕы агротехнологическай университеттан күрүө-хаһаа тутуутугар устудьуоннар этэрээттэрин үлэлэтэргэ сайаапка түһэрбиппит.
Быйыл сайын түөрт килэмиэтир уһуннаах күрүөнү-хаһааны саҥардыахпыт, – диэн Дмитрий Илларионов сүрүн үлэни-хамнаһы, баар кыһалҕалары үллэстэр.
Дүпсүннээҕи бурдук хаһаайыстыбата өрөспүүбүлүкэҕэ биир улахан, биллэр үлэлээх хаһаайыстыба. Быйыл барыта 560 гектар сиргэ туораахтаах култуураны олордор былааннаахтар. Маныаха тыа сирин үлэһиттэрэ дьылбыт туран биэрэн, саас олус эрдэ ириэрбэккэ, кэмигэр хаарын уулларан, сиигин көтүппэтэҕинэ, үүнүүлээх сайын буолуоҕа диэн эрэнэ күүтэллэр.
✍️ Екатерина Захарова
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Гаврил Бурнашев киин сиргэ таласпакка тыаҕа олохсуйан, хороҕор муостааҕы дэлэтэр👏👍
Окоемовка бөһүөлэгин олохтооҕо Гаврил Бурнашев тыа хаһаайыстыбатыгар сыстыбыта ыраатта. Кини дойду олоҕо уларыйар, буккуурдаах-тэккиирдээх 90-с сыллар ыччата да буоллар, төрөөбүт төрүт буоруттан тэйбэккэ сүөһү ииттэн, бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьар.
Ол кэмнэргэ тыа сирин ыччата куорат диэки күүскэ таласпыта. Оттон Ганя төһө да ол долгунугар оҕустардар, дойдутугар хааларын ордорбута. Билигин кини үрүҥ быйаҥы, эмис эти дэлэтэр кыайыгас-хотугас үлэһит.
Төрөппүттэрэ Людмила Николаевна, Николай Гаврильевич сопхуос кэминээҕи туруу үлэһиттэр. Онон кыра уолларын тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаран, этэргэ дылы сүөһү ииттэр төрүт үгэһи утумнааччылара буолла.
✍️ Афанасий СЕКТЯЕВ
Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#илгэтөрдө
❇️Сүөгэйи оймообут👍, сөмүйэтин оборбут Кырыһаан уолбут кылаллан турар😋😉
Үрүҥ илгэни үрүлүтэ сүүрдүү - тыа сирин дьонун күннээҕи түбүгэ. Сүөһүлээх-астаах хас биирдии ыал дьиэтигэр сарсыарда ахсын сэппэрээтэр тырылыырын истэргэ астык✊👍
t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Бэйэ аһын-үөлүн оҥорон таһаарыы туруга хайдаҕый?
Мүрү Ас” тэрилтэ түөрт хайысханан үлэлиэҕэ
Биһиги тыйыс айылҕалаах өбүгэбит аһаан кэлбит аһа-үөлэ саха дьонугар олус туһалаах. Онон бу хайысханы хааччыйар тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ-хамнаһа, сайдыыта биһиги олохпутугар улахан суолталаах.
Улууспутугар эти-үүтү оҥорон таһаарар үс тэрилтэлээхпит. Кинилэр салайааччыларыттан үлэ-хамнас хайдах бара турарын сурастыбыт. “Мүрү Ас” тэрилтэ салайааччыта Владимир Колесов тэрилтэ үлэтин туһунан бу курдук үллэһиннэ.
✍️Мария Аргунова
Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/beje-ahyn-yelyn-onoron-tahaaryy-turuga-hajda5yj/

Улус Медиа
Бэйэ аһын-үөлүн оҥорон таһаарыы туруга хайдаҕый?
Кыстыкка киирии чугаһаата. Аныгы кэммит сүрдээх тэтимнээхтик, балысхан сайдыылаахтык уонна уларыйымтыатык баран иһэр. Онно сөп түбэһэргэ, бастатан туран, киһи чөл туруга эппиэттэһиэхтээх. Оттон...
#илгэтөрдө
«Туйма» ТХПК эттэн оҥорон таһаарар бородууксуйатын кэҥэтиэҕэ
Суоттутааҕы “Туйма” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Владислав Мухин иһитиннэрбитинэн, улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 8 мөлүйүөн суумалаах граны ылан эт сыаҕын тутан, атырдьах ыйын 30 күнүгэр үлэҕэ киирдэ.
Саҥа сыахха улахан кыамталаах элбэх оборудование турда.
Онон кэпэрэтиип саҥалыы тыынынан полуфабрикат астары: тефтель, котлет, фрикадельки, фарш, пельмень оҥорон таһаарыыта күүһүрэн, атыыга таһааралларын таһынан улуус оскуолаларын хааччыйыахтара. Инникитин ыыһаммыт эти, халбаһыылары оҥорор былааннаахтар.
Быйыл күһүн сэттэ туонна эти тутар былааннаахтар. Барыта 11 хаһаайыстыбаттан үүтү тутан былааннарын 70% бырыһыан толорбуттар. Үүт ас эгэлгэтин: суорат, йогурт, творог, сливки арааһын, арыы, быырпах оҥорон улууска, Дьокуускайга атыыга таһаараллар.
Өссө былырыын улуус дьаһалтатын көмөтүнэн ууну ыраастыыр станцияны үлэлэтэн, ыраас ууну оҥорон атыыга таһаарбыттара.
✍️ Мария Аргунова

От, хомуур былаана туолла
Оттооһуҥҥа былаан урукку сыллардааҕар балачча элбэх бэриллибитэ – 33,478 тн. Ону 34125 тн оттоон, былааны 109% толордулар🌿
Туораахтаах култуура 1313,68 гааҕа ыһыллыбыта. Былаан 1180 тн. Ол валовойунан 1261,2 тн бурдук хомуллан иһэр. Гектартан ортотунан 12,7 цн ылбыттар. Дүпсүҥҥэ Дмитрий Илларионов хаһаайыстыбата хомуурун өссө да түмүктүү илик, бурдугун 68,2% хомуйан иһэр. Онон улуус үрдүнэн, бурдук хомуурун сыллааҕы былаана 106,8% туолла🌾
Хортуоппуй 208 гааҕа ыһыллыбыт. Былаан 1794 тн. Билиҥҥи туругунан, 1825 тн хомуллан сыллааҕы былаан 101,7% туолан иһэр. Гектартан ортотунан 89,9 цн хомуллубут. Хортуоппуй хомуура алтынньы 3 күнүнээҕи туругунан 98% тэҥнэспит🥔🥔
Оҕуруот аһа 43,74 гааҕа ыһыллыбыт. Мантан 25,69 гаата хомуллан, 457,88 тн оҕуруот аһа ылыллыбыт. Аны хаппыыста хомуура хаалан турар🥬🥕🌶️
✍️ Афанасий Сектяев