📰📰📰
⭕ Билигин ханна да ынах төрөөһүнүн үгэнэ. Ол аата үүтү ылыы эмиэ дэлэйэр кэмэ. Улууспутугар үүтү ыаһын бүгүҥҥү күҥҥэ туругун туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын соҕотуопкаҕа исписэлииһэ Василий Гуляев маннык билиһиннэрдэ:
📌 – Биллэрин курдук, быйыл үүтү туттарыы ньымата уларыйан турар. Ол эбэтэр лиитэрэ үүтү 60 солкуобайга туттарыы эбэтэр ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһыынча солкуобайы аахсыы ньымалара бааллар. Бу түгэҥҥэ үүтү туттарыыга тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар эрэ ылыстылар. Биирдиилээн ыаллар бары кэриэтэ сүөһү төбөтүгэр харчыны ылары ордордулар.
📌 Күн бүгүн улуус үрдүнэн 6366 ыанар ынах баар. Мантан 1894 төрөөтө. Улууспутугар үүтү астыыр үс улахан тэрилтэлээхпит: ”Мүрү-ас”, “Туйма”, “Дүпсүн”. Билиҥҥи туругунан, “Мүрү-ас” уонна “Туйма” үүтү тута олороллор. “Дүпсүн” хаһаайыстыбатыгар өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэн, бу нэдиэлэ бүтүүтэ үүтү тутууну саҕалыахтара.
📌 Үүтү туттарар былааммыт быйыл 2701 туонна. Туттарыы хампаанньата балачча тэтимнээхтик баран эрэр. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, 92 туонна туттарылынна. Былырыын баччаҕа бу көрдөрүү 76 туонна этэ. Барыбытын аймаабыт хамсык дьаҥа ааспыт сылга үүтү туттарыыны эмиэ бытаарда сылдьыбыта. Быйыл харгыс суох буолар ини диэн эрэнэбит.
⭕ Биллэрин курдук, саамай элбэх үүтү “Мүрү-ас” тутар. Билиҥҥи туругунан, 77,4 туоннаны тутта. Сүрүн туттарааччыларын “Бурнашев А.С. ИП”, “Бурнашев И.И. ИП” хаһаайыстыбаларын үүттэрэ күн аайы үүтү таһар массыынанан аҕалыллан иһэр. Оттон “Туйма” хаһаайыстыба 14,6 туоннаны тутан олорор. Нэдиэлэ бүтүүтэ “Дүпсүн” хаһаайыстыба үүтү тутууну саҕалаатаҕына, көрдөрүү өссө улаатыаҕа. Мантан инньэ күөххэ этэҥҥэ үктэнэн, сайылыкка тахсыы буолуоҕа. Кэлэр сайыммыт хайдах буолан, төһө мэччирэҥ тахсарыттан үүтү ылыы эмиэ улахан тутулуктаах буолуоҕа. Былырыын сайын сорох нэһилиэктэргэ мэччирэҥ суох буолан, балаһыанньа уустугура сылдьыбыта.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#үүтсоҕотуопката
https://www.instagram.com/p/CN1BoiMsPaQ/?igshid=2lgapnbcxjf7

Instagram
📰📰📰
⭕ Окоемовка бөһүөлэгин саҥа оборудованиелаах арыы сыаҕар быйыл үлэтин ыам ыйыттан саҕалаабыта. Бөһүөлэк кыһалҕатын өйдөөн, улуус дьаһалтатын баһылыга Алексей Федотов 100 киилэ үүтү эрийэр саҥа сэппэрээтэр, 1 тонна үүккэ уонна 250 кг сүөгэйгэ пастеризатордар кэлэллэрин туруорсан, таһааттарбыта. Онон барыта саҥа уонна түргэн буолан, үлэһиттэр да, үүт туттарааччылар да абыраннылар. Арай арыы сыаҕын дьиэтэ эргэтэ бэрт.
⭕ Манна сэбиэдиссэйинэн хаһыс да сылын Анна Ушницкая үтүө суобастаахтык үлэлиир. Быйылгы сезоҥҥа лаборанынан Агафья Бочкарева, оробуочайынан Наталья Тимофеева үлэлээн эрэллэр.
⭕ Билиҥҥи туругунан, 17 кэтэх уонна бааһынай хаһаайыстыба күн аайы 800 киилэ үүтү туттарар. Ол иһигэр Нь.А. Местникова, Г.Н. Бурнашев, Е.К. Аммосова, Е.Е. Аммосов, С.И. Иванов, Н.К. Ховров бааһынай хаһаайыстыбалара дуогабардаспыттар. Окоемовкалар сайыҥҥы кэмҥэ үүтү туттарыыны 1 тоннаҕа тиэрдэр былааннаахтар.
⭕ Кыра бөһүөлэк олохтоохторо арыы сыаҕар саҥа дьиэни туруорсубуттара син ыраатта уонна сыах үлэһиттэрин хамнастара үрдүүрүгэр баҕалаахтар.
🖊️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үүтсоҕотуопката
#курбуһахсонуннара
https://www.instagram.com/p/CPzq1QasKm9/?utm_medium=share_sheet