📰📰📰
⭕ Уус Күөлүн түөлбэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт ГТО нормативтарын көрүҥнэринэн ыытыллыбыт күрэхтэһии кыайыылаахтарын наҕараадалааһын тэрээһинэ буолан ааста. Ол курдук, бастакы миэстэ “Аргыс” түөлбэ ылла, иккис-үһүс миэстэлэри “Сайдыы”, “Кырдал” түөлбэлэр үллэһиннилэр, оттон “көмүөллэр” төрдүс буоллулар.
⭕ Көрүҥнэринэн биирдиилээн түмүккэ скакалкаҕа Саная Барашкова, Саная Курилкина кыайдылар, турникка тардыныыга Василий Тимофеев, Егор Аммосов, Илья Шишигин бастаатылар, пресс хачайдааһыныгар Нарыйаана Барашкова, Дуня Аммосова, Лена Неустроева, Татьяна Черноградская, Екатерина Оконешникова кыайыылаахтарынан буоллулар, сиртэн анньыныыга Петя Татаринов, Сережа Прядезников, Гаврил Аммосов, Сергей Татаринов, Иннокентий Местников чемпион үрдүк аатын ыллылар.
📌 “Бу курдук көхтөөхтүк кыттыбыт дьоммутугар, хамаандалары түмпүт сүөлбэлэр салайааччыларга махталбытын тиэрдэбит”, – диэн тэрийээччилэр бэлиэтээтилэр.
🖊️ Мария Аммосова, уопс. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
#гто
#успуорт
https://www.instagram.com/p/CPrbwgmMxCb/?utm_medium=share_sheet

Instagram
📰📰📰
⭕ Окоемовка бөһүөлэгин саҥа оборудованиелаах арыы сыаҕар быйыл үлэтин ыам ыйыттан саҕалаабыта. Бөһүөлэк кыһалҕатын өйдөөн, улуус дьаһалтатын баһылыга Алексей Федотов 100 киилэ үүтү эрийэр саҥа сэппэрээтэр, 1 тонна үүккэ уонна 250 кг сүөгэйгэ пастеризатордар кэлэллэрин туруорсан, таһааттарбыта. Онон барыта саҥа уонна түргэн буолан, үлэһиттэр да, үүт туттарааччылар да абыраннылар. Арай арыы сыаҕын дьиэтэ эргэтэ бэрт.
⭕ Манна сэбиэдиссэйинэн хаһыс да сылын Анна Ушницкая үтүө суобастаахтык үлэлиир. Быйылгы сезоҥҥа лаборанынан Агафья Бочкарева, оробуочайынан Наталья Тимофеева үлэлээн эрэллэр.
⭕ Билиҥҥи туругунан, 17 кэтэх уонна бааһынай хаһаайыстыба күн аайы 800 киилэ үүтү туттарар. Ол иһигэр Нь.А. Местникова, Г.Н. Бурнашев, Е.К. Аммосова, Е.Е. Аммосов, С.И. Иванов, Н.К. Ховров бааһынай хаһаайыстыбалара дуогабардаспыттар. Окоемовкалар сайыҥҥы кэмҥэ үүтү туттарыыны 1 тоннаҕа тиэрдэр былааннаахтар.
⭕ Кыра бөһүөлэк олохтоохторо арыы сыаҕар саҥа дьиэни туруорсубуттара син ыраатта уонна сыах үлэһиттэрин хамнастара үрдүүрүгэр баҕалаахтар.
🖊️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үүтсоҕотуопката
#курбуһахсонуннара
https://www.instagram.com/p/CPzq1QasKm9/?utm_medium=share_sheet

⭕ Балаҕаннаах бөһүөлэгин олохтооҕо Иван Иванов самаан сайыны көрсө олохтоохторго анаан олус туһалаах бэлэҕи уунна. Ол курдук, аныгы үйэ тэтиминэн тэҥҥэ хаамсан, күннээҕи сонуну, туһалаах информацияны тута сылдьан көрөргө-билэргэ, оннооҕор санааны үллэстэргэ аналлаах “Балаҕаннаах алааһа” диэн төлөпүөн сыһыарыытын оҥордо. Бу сыһыарыыны сааһыттан тутулуга суох – оҕо, улахан дьон – бары сэргии көрүөхтэрин, туһаныахтарын сөп.
⭕ Холобур, ис тутула тиэмэлэринэн арахсар. Дойду устуоруйатыгар Балаҕаннаах алааһын төрүттэниититтэн саҕалаан оскуола, кулууп тутуллуутун, Сталин аатынан холкуос үлэтин-хамнаһын туһунан билсиэххэ сөп.
⭕ Бу сыһыарыыга өрөспүүбүлүкэ “Кыым”, “Саха сирэ”, улуус “Мүрү саhарҕата” хаһыаттарын сонуннарын киирэн ааҕыахха, быһа эпииринэн “САХА” НКИК биэриилэрин, Саха сирин сонуннарын, “Тэтим”, сахалыы «Виктория» араадьыйалары онлайн истиэххэ сөп. Балаҕаннаах алааһын ютуб ханаала, инстаграм страницата, ватсап бөлөҕө, “Чохоон”, “Карусель”, “Дисней”, о.д.а. оҕо ханааллара бааллар. Ону таһынан, олохтоохтор сонуннарын үллэстэллэригэр, хаартыскаларын ыытыһан кэпсэтэллэригэр онлайн-чат баар.
⭕ Өссө күн-дьыл туругун көрдөрүүлэрэ күннэтэ саҥардыллаллар. Сыһыарыы туһата итинэн эрэ бүппэт – ютуб ханаалга сигэнэн сахалыы кэнсиэрдэри көрүөххэ, араас кэпсээннэри ааҕыахха, пазл, тетрис, дуобат, саахымат курдук оонньууларга киирэн оонньуохха сөп.
📌 "Бары араҥаҕа интэриэһинэй буоллун диэн, сыһыарыы күннэтэ саҥардыллан иһэр. Төһө да киинтэн тэйиччи олордорбут, былырыын оптоволокно ситиминэн түргэн интернет баар буолан, хас биирдии дьиэҕэ сибээспит үчүгэй. Онон сөптөөх усулуобуйалаах буоламмыт, бу үлэбин ыһыаҕынан бэлэх курдук оҥордум", – диэн сыһыарыы ааптара Иван Иванов санаатын үллэстэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
#балаҕаннаах
https://www.instagram.com/p/CQdlHx1M7Dv/?utm_medium=share_sheet

⭕ Билигин хас биирдии дэриэбинэ ыала барыта оҕуруот аһын, үүнээйини, хортуоппуйу олордор. Ол иһин сайынын куйаас күннэргэ уу өлгөмнүк туттуллар. Үс бөһүөлэктээх Курбуһах нэһилиэгэ сайыҥҥы кыһалҕатын хайдах быһааран олорорун туһунан баһылык э.т. Анастасия Аммосоваттан ыйыталастым. Онуоха кини маннык кэпсээтэ:
📌 – Сайын саҕаланна да, уу ситимин кыһалҕата күөрэйэн кэлэр. Уус Күөлүгэр сайыҥҥы уу ситимэ тардыллыбыта син хас сыл буолла. Ол гынан баран, урукку былаанынан турбалара сир анныгар, сорох сиринэн 1 м, 1,5 м дириҥҥэ сыталлар. Быйыл эрдэттэн анаан үлэһити булууга үлэлэспиппит, ол да буоллар баччааҥҥа диэри уута суох олоробут.
📌 Турбалар ирбэт тоҥҥо чугас сытар буоланнар, урут бастаан ирэллэрин кэтэһии – биир кыһалҕа. Билигин субуотунньугунан түөлбэлэр олохтоохторо саамай дириҥҥэ сытар турбалары хаһан, ириэрэллэрин курдук улэлэһиэхтээхпит. Бу күннэргэ аналлаах үлэһит Константин Пестряков урукку носуос улэлээбэтин быһааран, саҥаны ыларга үлэлэстибит. Биллэн турар, саҥа носуоһу ыларбытыгар харчы көрүллүүтэ, ол харчы ааһыыта бириэмэни эмиэ ылла. Онон, дьэ, аҕыйах күнүнэн сайыҥҥы уу ситимэ үлэлииригэр эрэнэбит.
📌 Аны Окоемовкаҕа сайыҥҥы уу ситимэ эмиэ тардыллан бэлэм турар, онуоха техусулуобуйаны ылыыга дьаһалта өттүттэн харчыта төлөммутэ, онон уот эрэ холбонуута хаалан турар. Бэйэбит үлэһиппит Василий Бурнашев уоппускаҕа сылдьар, онон уоту Бороҕонтон РЭС үлэһиттэрэ кэлэн холбуулларын күүтэбит.
📌 Түгэнинэн туһанан, бу куйаас күннэргэ, нэһилиэнньэ кыһалҕатын өйдөөн, РЭС тэрилтэтэ болҕомтоҕо ылара буоллар, оччоҕо дьон-сэргэ махтаныа этэ.
📌 Оттон Балаҕаннаах олохтоохторо дэриэбинэ көстүүтэ тупсарыгар, эргэ дьиэлэри көтүрүүгэ үлэлэһэ сылдьаллар. Ол курдук, Федот Винокуров бу үлэҕэ ылсан, саҕалаата, биир дьиэ көтүлүннэ.
📌 Бороҕонтон Курбуһахха кыһыҥҥы быһалыы суол, кураан буолан, үчүгэй соҕус туруктаах. Онуоха кыһын суолу көннөрүүгэ эмиэ Константин Нафанаилов хаһааҥҥытааҕар да үтүө суобастаахтык үлэлэһэн, быйыл кыһын суолга кыһалҕаны билбэтибит. Онон олохтоохтор махталлара улахан.
🖊️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
https://www.instagram.com/p/CQiNpFZsxXZ/?utm_medium=share_sheet

🌼 Балаҕаннаах – улуус биир кытыы бөһүөлэгэ, Чурапчыны кытта быысаһар, Уус Күөлүттэн 15 км тэйиччи сытар. Бөһүөлэккэ 14-15 ыал кыстыыр. Ааспыт сылга барыларыгар киинтэн ититии киирбитэ.
🌼 Бөһүөлэк сайынын сэргэхсийэр. Сайылыы, сир астыы тахсааччы хара баһаам. Бу күннэргэ – моонньоҕон “сезона”, кэмэ эрдэтин аахсыбакка, араас мааркалаах массыыналар быыстала суох субуһаллар. Онуоха икки сыллааҕыта Уус Күөлүттэн Балаҕаннаахха диэри суол оҥоһуллубут буолан, сырыы баҕас баар. Ону таһынан оптоволокно ситимнээх сибээс баар буолан, саҥаны, сонуну барытын билэ олороллор, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыллар.
🌼 Балаҕаннаах ыаллара бары кэриэтэ улахан оҕуруоттаахтар, ону таһынан киһи сөҕөр гына сибэкки арааһын дэлэйдик олордоллор. Хайа да ыалга өҥөс гын – барыларыгар дьэрэкээн сибэкки ыһыаҕа. Онон олохтоохтор, күөллэрэ тэйиччи буолан, хас биирдии тэлгэһэҕэ уу ситимэ тиийэрин туруорсаллар.
🖊️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
#тыасиригэр
https://www.instagram.com/p/CST3ZC-Mkp5/?utm_medium=share_sheet

⭕ Уус Күөлүгэр быыбар бастакы күнэ көхтөөхтүк ааста. Быыбар саҕаланыан иннинэ хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Аиза Аммосова иһитиннэрии оҥордо, Курбуһах нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Анастасия Аммосова хамыыһыйаҕа ситиһиилээх үлэни баҕарда.
⭕ Учаастакка санитарнай-эпидемиологическэй ирдэбил барыта тутуһулунна. Аныгы үйэ технологиятынан быыбар хаамыыта видеоҕа уһуллан истэ.
⭕ Уопсайа испииһэккэ киирбит 507 быыбардааччыттан бастакы күн 145 быыбардааччы куолаһын биэрдэ. Ол иһигэр 44 киһи дьиэҕэ куоластаата.
⭕ Оттон Курбуһахтааҕы интэринээт дьиэ 49 олохтооҕуттан 47 кырдьаҕас быыбардаата, 2 киһи доруобуйаларын туругунан тохтоотулар.
⭕ Кырдьаҕастарбыт дойдубут күннээҕи сонунун барытын тэлэбиисэр, араадьыйа нөҥүө истэллэр-билэллэр, хас биирдии дойдубут олоҕор сыһыаннаах боппуруостары интэриэһиргииллэр, ырыталлар. Быыбар хаамыытын кэтээн көрөллөр, дойдуларын дьоно төһө быыбардаабыттарын ыйыталаһан, билсэ олороллор. Онон кинилэр эдэр көлүөнэ инникитин туһугар кыһамньылара көстөр.
🖊️ Мария Винокурова, уопсас. кэрэсп.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
#быыбар2021
https://www.instagram.com/p/CT8R-hooZQI/?utm_medium=share_sheet

⭕ Харантыын кэмэ буолан, сааһырбыттар декадаларын тэрээһиннэрэ Курбуһахтааҕы интэринээт-дьиэҕэ куйаар ситимин нөҥүө ыытылыннылар. Декада аһыллыытыгар улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетыттан Елена Кривошапкина, Курбуһах нэһилиэгин дьаһалтатыттан Анастасия Аммосова, интернат-дьиэ директора Николай Гуляев истиҥ тыллаах эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
⭕ Улууспут нэһилиэктэрин култууратын үлэһиттэрэ, нэһилиэктэр бэтэрээннэрин түмсүүлэрэ, Үһүс саас оскуолатын түмсүүлэрэ ("Тойон Мүрү", Арыылаах, Бэйдиҥэ, Баатаҕай, Майаҕас, Суотту, Сыырдаах, Танда, Тумул, Найахы, Өнөр, Чараҥ, Чэриктэй) үтүө тыллардаах эҕэрдэлэрин кытта ырыаларын-үҥкүүлэрин бэлэх ууннулар. Улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ Сергей Васильев-Борогонскайга анаммыт киэҥ ис хоһоонноох бэсиэдэни ыытта.
⭕ Улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтэ, "Үһүс саас оскуолата" уопсастыбаннай түмсүү "Күөйэн ылла көмүс күһүн" диэн хоһоону ааҕыы күрэһин куйаар ситимин нөҥүө ыытта. Бу күрэскэ интэринээппит биир актыбыыһа Николай Кондратьев кыттан туоһу суругунан бэлиэтэннэ.
⭕ "Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин" бырайыакпыт чэрчитинэн өрүү тэрилтэбитин кытары алтыһар Н.Н. Окоемов аатынан Курбуһах орто оскуолатын үөрэнээччилэрин уонна үлэһиттэрин кэллэктиибэ (директор Г.Бурнашев, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы, идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлэ М.А. Васильева) интэринээппит кырдьаҕастарыгар анаан бэртээхэй бэлэҕи оҥордулар. Ол курдук, "Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн" диэн аһымал аахсыйанан оскуола үлэһиттэрэ минньигэс, битэмииннээх барыанньа арааһын, үөрэнээччилэр ис сүрэхтэриттэн кыһаллан оҥорбут эҕэрдэ открыткаларын бэлэх ууннулар. Ону таһынан оҕолор бэртээхэй ис хоһоонноох кэнсиэрдэрин кырдьаҕастарбыт куйаар ситимин нөҥүө астына көрдүлэр.
Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр мюрюгазета.рф саайтка көр⏬⏬⏬
🖊️ Мария Винокурова
✅ muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
#курбуһахтааҕыинтэринээт
https://www.instagram.com/p/CU4Wfgzs7UT/?utm_medium=share_sheet

⭕ Дьылбыт төһө да ыараатар олох салҕанар. Ол сиэринэн саҥа киһи күн сирин көрөр, ыалларга ынахтара төрүүллэр, аны сылгы төрүөҕэ саҕаланыа турдаҕа.
🔻 Курбуһахха өтөрүнэн ынах игирэ ньирэйи төрөппүтэ диэн иһиллэ илигэ. Онон бу күннэргэ Винокуровтар дьиэ кэргэн хаһаайыстыбаларыгар уонча саастаах ынахтара икки тыһы ньирэйи төрөппүтэ ыалтан ыалга сонун буолан үгүс киһини сэргэхситтэ.
🔻 Ийэ ынах, хаһаайыттара этэллэринэн, бу алтыс төрөөһүнэ үһү. Ынах уонна ньирэйдэр туруктара үчүгэй.
🖊️ Анна Винокурова, уопс. кэрэспэдьиэн. Курбуһах нэһилиэгэ
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
#тыахаһаайыстыбата