УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.47K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.72K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Хайа баҕарар түгэни, бэлиэ кэми эбэтэр ситиһиилэри үйэ-саас тухары туоһулуур, бэлиэтиир сурук-бичик, хаартыска, анал наҕараадалыыр уонна өйдөбүнньүк бэлиэлэр баар буолаллар. Кэлин бу барыта устуоруйа кэрэһиттэрин, туоһуларын быһыытынан ылыныллыахтарын да сөп. Ону биһиги өйдүөх, үөрэтиэх кэриҥнээхпит.

Биллэрин курдук, 1930 сыллаахха тохсунньу 9 күнүгэр Уус Алдан оройуона тэриллибитэ. Ити кэмтэн ыла араас архыыптарга, мусуойдарга ол түгэннэри кэрэһэлиир докумуоннар, хаартыскалар хараллан сыталлар, көрдөрүүгэ тураллар. Мин бу суруйуубар улууспут (оройуоммут) сайдыытын көрдөрөр бэлиэлэр туһунан баар чахчыларга олоҕуран кэпсиибин. Улууспут салайааччылара бу боппуруоска болҕомтолорун ууран үлэлэһэллэрэ кэрэхсэтэр, үгүстэргэ холобур буолар.

Мин уонтан тахса сыл аҥаардас Уус Алдан оройуонугар, улууһугар анаммыт значоктары хомуйуунан, үөрэтиинэн дьарыктанным. Барыллаан ааҕыынан улууспутугар сыһыаннаах 450 тахса анал бэлиэ, значок оҥоһуллубут. Биллэн турар, барыта үрдүк хаачыстыбалаах буолбатахтар. Оҥоһуллубут сыаллара-соруктара, ис хоһоонноро эмиэ оннуктар.

Уус Алдан оройуонугар икки бастакы значок 1972 сыллаахха оҥоһуллубуттара биллэр. Онон оҥоһуллубуттара 2022 сылга 50 сыла туолар. Итинтэн сиэттэрэн уларыйыы-тэлэрийии кэмнэрин баттаһа кыһыл көмүстэн саҕалаан, үрүҥ көмүстэн, мельхиортан, мамонт муоһуттан, сибиньиэстэн, алюминийтан, алтантан, пластик араас көрүҥнэриттэн, бэл диэтэр, туостан значок оҥоруу тэтимнээхтик сайдан барбыта.

Кэллиэксийэньиэр Федот Бысыин бу ыстатыйатын толору "Мүрү саһарҕата" хаһыат муус устар 23 күнүнээҕи 16-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэллиэксийэ
#тулуна
#сахаасср100сыла
https://www.instagram.com/p/COHL5FWs5Ca/?igshid=1ae24mgp6ou42
📰📰📰

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников улууспутугар үлэлээтэ, эһиилги сылга ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнэн тутулла турар социальнай эбийиэктэри көрдө-иһиттэ, ону сэргэ улуус устуоруйатын Сэһэн Ардьакыап аатынан мусуойугар сылдьан, Иван Мигалкиҥҥа аналлаах быыстапканы сэргээтэ.

Улуус дьаһалтатыттан салайааччылар уонна тустаах үлэһиттэр буолан, үс улахан спортивнай эбийиэк: элбэх хайысхалаах спортивнай комплекс, тустуу көрүҥнэрин саалатын уонна Майаҕатта Бэрт Хара аатынан стадион тутууларыгар үлэни-хамнаһы билистилэр.

Маны сэргэ, Үүнэр көлүөнэ пуондатын өйөбүлүнэн тутуллар В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура киинин, «Демография» бырагырааманан тутулла турар 75 миэстэлээх «Кэскил» оҕо уһуйаанын уонна «Үөрэхтээһин» бырайыагынан олоххо киирэр Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын тутууларыгар сырыттылар.

Онон Саха сирин автономиятын 100 сылын көрсө, биир сүрүн тэрээһининэн буолар VIII-с спортивнай оонньуулары үрдүк тэрээһиннээхтик ыытар уонна улуус, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар төһүү күүс буолар тутуулар хаачыстыбалаахтык тутуллан, кэмигэр үлэҕэ киирэллэрин туһугар үлэ тэтимнээхтик ыытыллар.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тутуу
#сахаасср100сыла
#сахасиринноруоттарынVIIIспортивнайоонньуулара
https://www.instagram.com/p/COKL2RKsgmO/?igshid=1w7ci517pxmk9
🔻🔻🔻

Саха АССР төрүттэммитэ 50 сылын көрсө 1972 сыллаахха олунньу 22 күнүгэр Уус Алдан оройуонугар кыраайы үөрэтэр музей төрүттэммит күнүнэн биллэр. Тэрийээччи – энтузиаст, кыраайы үөрэтээччи Николай Саввич Пестряков.

Онтон Уус Алданнааҕы райисполком быһаарыытынан 1980 сылтан "народнай музей" диэн статустаммыт. Оччолорго, кырдьык, норуот, бар дьон күүһүнэн хомуллан, түмүллэн, музей пуондата 2500 тахса экспонаттаах эбит.

Салгыы 1987 сылтан Емельян Ярославскай аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи музей филиала буолбут, 1999 сылтан судаарыстыбаннай музейдар ситимнэригэр киирэн, улуус бүддьүөтүттэн үбүлэнэр. Оттон 2020 сыл от ыйын 17 күнүгэр Бороҕоннооҕу улуус устуоруйатын, кыраайы үөрэтэр музейга Сэһэн Ардьакыап аата иҥэриллибитэ.

Күн бүгүн улуус музейын фондатыгар уопсайа 10 000-тан тахса экспонат хараллар. Саха АССР төрүттэммитэ 100 үбүлүөйдээх сылыгар музей саҥардыллан өрөмүөннэммит киэҥ-куоҥ дьиэҕэ көһүөҕэ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#СахаАССР100сыла
#бэлиэкүн
https://www.instagram.com/p/CaR8uU7MhKM/?utm_medium=share_sheet