УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.4K photos
3.06K videos
10 files
5.71K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#бэлиэкүн

🎨 Бүгүн – АКВАРЕЛЬ күнэ. Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба биир кэрэ тиэхиньикэтин көрүҥүн бэлиэтииргэ Мексика худуоһунньуга Альфредо Гуати Рохо туруорсубут. Чуолаан кини кыһамньытынан 20 үйэ иккис аҥаарыгар акварельга интэриэс күүһүрбүт. Рохо бэйэтэ акварелистар уопсастыбаларын, акварель түмэлин тэрийбит уонна ити уопут аан дойдуга тарҕанарыгар үлэлэспит.

🎨 Акварельнай живопись төрүттэммит сирэ – Кытай. Европаҕа 17-с эрэ үйэҕэ тарҕаммыта.

🎨 Французскай уонна итальянскай тыллартан сааһыламмыт ааттаах тиэхиньикэ ууну уонна кыраасканы ситимниир. Кыраасканы айылҕа матырыйаалыттан оҥороллор. Ол уруһуйга чэпчэки тыыны биэрэр.

🎨 Акварелинэн уруһуйдуур биллиилээх дьон ортотугар К. Брюллов, И. Репин, А. Бенуа, В. Кандинскай о.д.а. бааллар.

🎨 Арассыыйаҕа акварелистар уопсастыбалара 1887 с. баар буолбута. Өрөбөлүүссүйэ кэннэ симэлийэн баран, 1998 сылтан бу түмсүү сөргүтүллэн, киэҥ далааһыннаахтык үлэлиир.

🎨 Акварелинэн үлэ оҕоҕо да, улахан да киһиэхэ араас өҥ-дьүһүн эйгэтин арыйар, кэрэҕэ уһуйар.

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
ИЙЭ ТАПТАЛЫН СҮДҮ КҮҮҺЭ
🌷Ийэ күнүнэн Эмиэрикэ биллиилээх айааччыта Томас Эдисон дьылҕатын билиһиннэрэр тоҕоостоох.
🌷Уолчаан кыра сылдьан ыалдьан, хаҥас кулгааҕа истибэт буолбут. Онно эбии аутизм көрүҥнэрэ баалларыттан оҕолору кытта биир тылы булара уустуга. Биир күн уолчаан учууталыттан сурук аҕалбыт. Ону ааҕан, ийэтэ дьиэҕэ дьарыктыыр буолбут.
Улаатан, биллиилээх учуонай буолан баран, Томас Эдисон ийэтин малларын бэрийэ сылдьан, били суругу булан, хараҕын уутун кыатамматах.
Сурукка ''Эһиги уолгут өйүнэн тииммэт. Онон биһиги үөрэтэр кыахпыт суох. Оҕоҕутун кытта бэйэҕит дьарыктаныҥ'' диэн суруллубут. Ити үлүгэри ааҕан баран, сынтарыйбакка, оҕотугар эрэммит, киниэхэ улахан аартыгы арыйбыт ийэҕэ күн бүгүн аан дойду бүттүүнэ сүгүрүйэр.
🌷 Кини хорсун, үлэһит майгыта оҕо кыаҕар эрэнэргэ, күүстээх санаанан ииттинэргэ холобур буолар.
Томас Эдисон төлөпүөнүнэн ''Алло'' диири туруорсубут, тыаһы устар фонограбы айбыт, лаампаҕа күүрүү ситимин киллэрбит учуонай быһыытынан биллэр.

@uamurusahargata
#бэлиэкүн

🥾Сэтинньи 26 күнүгэр аан дойду үрдүнэн Саппыкыһыт –атах таҥаһын оҥорооччу, өрөмүөннээччи күнэ бэлиэтэнэр.

👞 Былыр атах таҥаһа илиинэн оҥоһуллар үлэлэргэ киирсэрэ. Ол иһин атах таҥаһын маастара мэлдьи ытыктанара, кини үлэтэ улахан сыанаҕа турара.

👞 Олох сайдыытын кытта бу эйгэ эмиэ сайдан, промышленность бөдөҥ салаатыгар кубулуйбута. Илии үлэтин массыыналар солбуйбуттара.

👞 Саха сирин тымныы кыһынын тыс этэрбэс эрэ этэҥҥэ туоратар. Билиҥҥи кэмҥэ атах таҥаһын маастардара үлэлэрин үгэнэ. Этэрбэс улларыыта, тигиитэ, абырахтааһына... Саха этэрбэһэ барахсан сылааһа, чэпчэкитэ, сымнаҕаһа дэлэлээх буолуо дуо?!

👞 Улууспутугар олорор маастардарбытын Идэлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибит!

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🐶 Сэтинньи 30 күнүгэр аан дойду үрдүнэн Дьиэ кыылын харыстыыр күн бэлиэтэнэр.

🐶 Этиллэрин курдук, ''бэйэбитигэр сыһыарбыппытыгар эппиэтинэһи сүгүөхтээхпит''. Дьиэ кыылын харыстааһын күнүн аныыры 1931 с. Италияҕа айылҕа харыстабылын хамсааһынын аан дойдутааҕы кэнгириэһигэр быһаарбыттара. Онно кыттыыны ылбыт тэрилтэлэр дьон сир үрдүгэр баар бары хамсыыр харамайга, ол иһигэр дьиэ кыылларыгар, эппиэтинэстэрин үрдэтэргэ туруорсубуттара.

🐶 Тугу кистэниллиэй, үгүс дьон ис дьиҥин, эппиэтинэһин өйдөөбөккө сылдьан кыылы иитэ ылаллар. Тыынар тыыннаах сөптөөх аһылыкка, эмкэ-томко, көрүүгэ-харайыыга наадыйар. Ити ирдэбиллэр тутуһуллубаттарын түмүгэр бэйдиэ сылдьар ыт, куоска элбэх. Ол содулун бары истэ-билэ сылдьабыт. Оттон кыыл, кини ыт, куоска, чарапаахы, көтөр да буоллун, сиэрдээх сыһыаҥҥа наадыйар.

🐶 Арассыыйаҕа бу күн 2000 сылтан бэлиэтэнэр. Бүгүҥҥү күн дьиэҕэ тутуллар кыылга эппиэтинэскэ ыҥырар. Эн дьиэҕэр туох кыыл баарый? Кини туһугар төһө кыһаллаҕын?

Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🩺 Ахсынньы 1⃣ күнэ – СПИД ыарыытын утары охсуһар аан дойдутааҕы күн.

🩸Бу күн доруобуйа харыстабылыгар олус суолталаах. 1981 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр Эмиэрикэҕэ ыарыы саҥа көрүҥүн арыйбыттара. Ыарыы эккэ-сииҥҥэ ВИЧ-инфекция өр олохсуйуутун түмүгэр иммунодефицит таһымыгар киһини ыарахан турукка тириэрдэр.

🩸ВИЧ-инфекцияттан быыһыыр эми билигин даҕаны айа иликтэр. Ол эрээри, ыарыыны сэрэтии, кэмигэр көрүнүү, эмтээһин көмөтүнэн ыарыһахтар уһун уонна толору үйэлэнэр кыахтаахтар.

🩸 СПИД хаан уонна сылдьыһыы нөҥүө бэриллэр. 2023 сыл түмүгүнэн аан дойду үрдүнэн 39,9 мөл. киһи ыалдьар. Кинилэртэн 86% диагнозтарын билэллэр. Ол эбэтэр эмтэниини саҕалаабыттар.

🩸 СПИДы утарар күҥҥэ араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Олортон биирдэстэрэ – хаан анаалыһын туттаран, бэйэ туругун билии.

🩸Бүгүҥҥү күҥҥэ СПИД туһунан билбэт киһи суох. Ол эрээри, сэрэҕи тутуһар хаһан да омнуоламмат.

Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
#бэлиэкүн

♿️Ахсынньы 3⃣ күнэ – Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон аан дойдутааҕы күннэрэ.

♿️Бу күн 1992 с. Холбоһуктаах Нациялар тэрилтэлэрин 10 сыллааҕы үбүлүөйүгэр инбэлииттэр бырааптарын көмүскүүр, кинилэр кыһалҕаларыгар уопсастыбаннас интэриэһин тардар туһуттан бигэргэммитэ.

♿️ Аан дойдуга 1,3 миллиард киһи, ол эбэтэр хас алтыс киһи, араас көрүҥ ыарыыларга хааччахтанар. Онтон 100 мөлүйүөнэ – оҕолор. Кинилэр күннээҕи олоххо араас кыһалҕалары көрсөллөр. Оттон хас киһи уопсастыбаҕа туһалаах буолуон баҕарар, олох дьолун толору билэр бырааптаах. Онуоха бу күн анаммыта болҕомтону, үлэни күүһүрдэр.

♿️ Күн бүгүн доруобуйаларынан хааччахтаах дьон олоҕун тупсарыыга судаарыстыба өттүттэн туһааннаах өйөбүл оҥоһуллар, көмө көрүллэр, тэрээһиннэр ыытыллаллар.

♿️ Өскөтүн эн аттыгар доруобуйатынан хааччахтаах киһи баар буоллаҕына, кини олоҕун тупсарыыга кыаххынан көмөлөс, сиэрдээх уопсастыба олоҕор бэйэҥ кылааккын киллэр.

Уйаара Кустук

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🎅 Доҕоттоор, бу күнү куоттарымаҥ! 🎄🎄🎄Саҥа дьылбыт чугаһаата. Ахсынньы 4⃣ күнэ – Тымныы Оҕонньорго сурук суруйар, бэлэххэ сакаас оҥорор күн🎁

🎅 Саҥа дьыл оҕоҕо эрэ сөптөөх бырааһынньык курдук ылыныы баар даҕаны, олох үөрүүтэ, табыллыыта киһи ис санаатыттан тутулуктааҕынан, бу күҥҥэ итэҕэйэр оруннаах.

🎅 Бүгүн киэһэ үлэ кэннэ оҕолоргутун, сиэннэргитин кытта кумааҕы, харандаас ылан, кэлэр сылга баҕа санааҕытын суруйуҥ. Сиэдэрэй кэмбиэрдээн, почта дьааһыгар угуҥ.

🎅 Арай санаатахха, күлүүлээх курдук эрээри, онон эһиги баҕа санааҕытын куйаарга ыытаҕыт. Оттон куйаар кини киэлитигэр кэлбит дьоҥҥо биир кэлим дьолу баҕарар.

🎅 Оҕо дьолго итэҕэйэригэр тирэх буолуҥ. Бэйэҕит эмиэ дьиктигэ, кэрэҕэ итэҕэйиҥ!

🎅 Суругу маннык аадырыска ыытаҕыт: г. Великий Устюг, дом Деда Мороза. Электроннай аадырыска эмиэ ыытыахха сөп: [email protected]

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

👍 Бүгүн Бүтүн Арассыыйатааҕы ВОЛОНТЕР күнэ. Бэлиэ күн дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2017 сыл сэтинньи 27 күнүнээҕи Уурааҕынан олоххо киирбитэ.

👍 Волонтер күнэ историяҕа тирэммитэ. Хамсааһын өссө Былыргы Русь саҕаттан баар. Үлэ хардарыта көмөлөсүһүүгэ тирэммитэ. Оччотооҕу олох-дьаһах, үлэ, итэҕэл онуоха тирэх буолбута. ''Бары бүттүүн'' диэн өйдөбүлү өрө тутан, хамсааһын күн баччаҕа кэлэн, анал күҥҥэ кубулуйда.

👍 Билигин ханнык баҕарар хайысхаҕа волонтердар үлэлииллэр. Кинилэр айылҕа таһаарар быһылааннарыгар, сүппүт дьону көрдөөһүҥҥэ, кыаммакка-түгэммэккэ, маассабай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк үлэлииллэр. Билигин Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар волонтердар улахан көмөлөрө сүҥкэн.

👍 Күн бүгүн фроҥҥа ыытыллар көмөҕө элбэх киһи кыттыыны ылар. Хас кырбас эти бэрсибит, сиэккэ баайсыбыт, харчынан кыттыспыт, байыаһы көрсөр-харайсар киһи волонтерга кыттыһар.

👍 Волонтер күнүнэн үтүө сүрэхтэринэн үлэлэһэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар эҕэрдэ!

Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

✈️ Бүгүн – гражданскай АВИАЦИЯ аан дойдутааҕы күнэ.

✈️ Аныгы үйэни авиацията суох көрбөккүн. Гражданскай авиация дьону, таһаҕаһы, почтаны таһыыга, нэһилиэнньэҕэ медицинскэй көмөнү оҥорууга, санитарнай, олоҕу быыһыыр үлэни толорууга сүдү оруоллаах.

✈️ Бу күн 1996 с. ХНТ Генеральнай Ассамблеятынан бигэргэммитэ. Арассыыйаҕа гражданскай авиация сэбиэскэй сойуус күүһүн ылынар кэмигэр 1923 с. саҕаламмыта. Ити сыл аан бастакы сөмөлүөт Москуба - Нижнэй Новгород хайысханан 420 км уһуну көппүтэ.

✈️ Арассыыйаҕа 200 тыһ. тахса нэһилиэнньэлээх пуун гражданскай авиация эрэ көмөтүнэн олорор.

✈️ Бу күн нэһилиэнньэ судаарыстыба социальнай уонна экэнэмиичэскэй олоҕор гражданскай авиация оруолун, суолтатын өйдүүрүгэр туһуланар.

✈️ Билиҥҥи авиацияҕа элбэх саха үлэлиир. Бу эйгэҕэ сыһыаннаах биир дойдулаахтарбытыгар эҕэрдэ истиҥин, итиитин аныыбыт.

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🎖Бүгүн Аҕа дойду дьоруойдарын күнэ. 2007 сыл олунньу 28 күнүгэр Федеральнай сокуонунан ылыныллыбыт күн 18 үйэттэн силистээх-мутуктаах.

🎖 Оччотооҕу ыраахтааҕы Екатерина II 1769 с. Кыайыылаах Сибэтиэй Георгий уордьанын олохтообута. Ити наҕараадаҕа уһулуччу хорсун, кыайыылаах буойуннар тиксэллэрэ. Олор истэригэр албан ааттаах полководецтар Михаил Кутузов, Михаил Барклай-де-Толли бааллар.

🎖 1917 с. диэри Сибэтиэй Георгий күнэ Арассыыйаҕа георгиевскай кавалердар күннэрин быһыытынан бэлиэтэнэн кэлбитэ. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр уордьан Албан Аат уордьанынан солбуллубута. 1992 с. Сибэтиэй Георгий наҕараадата чөлүгэр түһэриллибитэ.

🎖 2007 с. күн урукку аатыгар төннөрүллүбүтэ. Бүгүҥҥү даата хорсун сүрэхтэринэн Аҕа дойду көмүскэлигэр турар Сойуус, Арассыыйа дьоруойдарыгар, Сибэтиэй Георгий, Албан аат уордьаннарын туппут буойуннары таһынан бары байыастарга ананар.

🎖 Уус Алдан улууһа бэйэтин дьоруой уолаттарынан киэн туттар, кинилэргэ дириҥник сүгүрүйэр.

✍🏻 Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata @ulusmedia