УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.48K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар суруналыыстыка куруһуога бэрт ситиһиилээхтик үлэлиир. Куруһуогу учуутал Мария Аммосова төрдүс сылын айымньылаахтык салайар. Ол курдук, үс хайысханан 5-8, 11 кылаастарга 40-ча оҕо дьарыктанар. Ааспыт 2020 сыл түмүгүнэн Дайаана Степанова улуус хаһыатын лауреата буолан, "Сыл бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэнэ" ааты ылары ситиспитэ. Оҕолор суруйуулара "Юность Севера", "Кэскил" уонна улуус хаһыаттарыгар тахсаллар.

Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустарга, "Инникигэ хардыы", о.д.а. научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Ааспыт үөрэх дьылыгар 8 "а" кылаас үөрэнээччитэ Настя Ларионова оскуолабытыгар сыл түмүгүнэн "Бастыҥ чинчийээччи" үрдүк ааты ылбыта.

Балаҕан ыйын 13 күнүгэр куруһуок 21 оҕото Мүрү нэһилиэгин күнүн көрсө урукку улуус киинигэр Томторго экскурсияҕа баран кэллилэр. Оҕолору Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус историятын түмэлин дириэктэрэ Дьулустаан Заболоцкай, түмэл үлэһиттэрэ Юлия Афанасьева, Александр Сивцев көрүстүлэр. Александр Петрович оҕолорго Томтор түҥ былыргыттан дьон-сэргэ таптаан олохсуйбут сирэ буоларын туһунан, Томтор историятын балай да сиһилии кэпсээтэ.

Оҕолор Бороҕон урукку киинигэр элбэх тутуу баарын интэриэһиргээтилэр, Вознесенскай таҥара дьиэтин туһунан уһун кэпсээни сэргээтилэр. Томторго олорбут, үөрэммит дьон – бастакы ревкомовецтар Николай, Михаил Заболоцкайдар, кыһыл партизан Семен Находкин, оройуоҥҥа бастакынан электричество уотун аҕалбыт Дмитрий Алексеев-Кымахы, биллиилээх общественнай деятель Николай Окоемов, суруйааччы Василий Протодтяконов-Кулантай ааттарын биллилэр. Куруһуок оҕолоро уонна түмэл үлэһиттэрэ инникитин да бииргэ тэрээһиннэргэ кыттарга сүбэлэстилэр, куруук сибээһи тутарга кэпсэттилэр.

🖊️ Сайаана Протопопова, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 7 "в" кылааһын үөрэнээччитэ

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#эдэркэрэспэдьиэннэр
#мүрү1нүөмэрдээхортооскуолата
#томтор
https://www.instagram.com/p/CT1gwyws25T/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын суруналыыстыка куруһуогун (сал. М.А. Аммосова) оҕолоро улуус урукку киинигэр Томторго экрскурсияҕа сылдьан олус элбэҕи биллибит.

Томтор сыыр үрдүгэр турар, олус кыраһыабай айылҕалаах сир, аллараа диэки көрдөххө – Мүрү алаас бу тэнийэн сытар. Дьон ол иһин былыргыттан сөбүлээн олохсуйбуттар эбит.

Манна 1805 сыллаахха таҥара дьиэтэ тутуллубут. Бу таҥара дьиэтин Семен Васильев-Уһуктаах Сэмэн туттарбыт. Оччолорго кини Бороҕон улууһун кулубата эбит. Тутууга боростуой дьон бары сиэртибэ оҥорон, 2777 солк. харчынан көмөлөспүттэр.

Таҥара дьиэтэ 1812 сыллаахха сибэтии буолбут. Таҥара дьиэтин үлэһитэ саҥа төрөөбүт оҕолорго ааты иҥэрэр, оттон өлбүттээххэ малыыппаны ааҕар эбит. Томторго таҥара дьиэтэ баар буолбутугар үөрэн, бэл Александр I ыраахтааҕы мэтириэти (икона) ыыппыт. Ол мэтириэт Александр Невскэ мөссүөнэ уруһуйдаах, араамата кыһыл уонна үрүҥ көмүстэн кутуллан оҥоһуллубут үһү.

Томторго оччолорго араас тутуу барыта баар эбит, элбэх нуучча фельдшерэ кэнэ үлэлээбит. Онон кинилэргэ анаан мэҥэ таас туруоруллубут.

Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн таҥара дьиэтигэр оробуочай эдэр ыччат оскуолата үлэлээбит. Оттон 1930 сылтан улуус киинин Оҕуруоттаах диэн сиргэ (билиҥҥи Бороҕон сэлиэнньэтин миэстэтигэр) көһөрөргө мунньах бөҕө саҕаламмыт. Онон Томтор турар сирин иэнэ кыра буолан, көһөрөргө күһэллибиттэр.

Билигин бу ытык сир улуус биир харыстыыр, баай историялаах кэрэ бэлиэ миэстэтэ буолар.

🖊️ Аурелия Рожина, Мүрү 1N-дээх орто оскуолатын 7 "в" кылааһын үөрэнээччитэ

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#эдкордарсуруйаллар
#мүрү1нүөмэрдээхортооскуолата
https://www.instagram.com/p/CT3Q40eIcBu/?utm_medium=share_sheet
Киһи олоҕун тухары муусуканы кытта алтыһар. Улуу дьон этэллэринэн, оҕону кыра эрдэҕиттэн муусуканан ииттэххэ, төһө да музыкант буолбатар, чычаас дууһалаах, дьоҥҥо истиҥ сыһыаннаах буола улаатар.

Улуус биир улахан оскуолата "Муусука барыбытыгар" бырайыакка кыттан, ситимнээхтик үлэлээн кэллэ. Ол курдук, үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, учууталлар, үлэһиттэр улахан хордара, араас ансаамбыллар баар буоллулар. Бырайыак олоххо киирэригэр Василий Степанович Парников уонна "Кэнчээри" ансаамбыл оруоллара үрдүгэ саарбаҕа суох.

Маны тэҥэ энтузиаст-педагог, улууска биир бастыҥ үлэлээх социальнай үлэһит Оксана Архиповна Атласова бу бырайыак нөҥүө оҕо бөҕөнү ыллатта. Кылаастар бүтүн кэлэктиибинэн, уолаттар уонна кыргыттар ансаамбыллара улуус, нэһилиэк, оскуола тэрээһиннэрин киэргэтэллэр.

Оксана Архиповна үлэтин кытта дьүөрэлээн, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго "Эйгэ" ансаамбылы тэрийбитэ. Ансаамбыл өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска улахан ситиһиилэрдээх.

Онон бүгүн бары муусуканы сэҥээрэр, таптыыр уонна олохторун аргыһа оҥостубут дьону эҕэрдэлиибит. Этэҥҥэ буолуҥ, доруобай сылдьыҥ!

🖊️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп. Бороҕон.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#муусукакүнэ
#мүрү1нүөмэрдээхортооскуолата
https://www.instagram.com/tv/CUejTpXjOKL/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Тулалыыр эйгэбит, айылҕабыт, кэлиҥҥи кэмнэргэ тупсан, чэлгийэн, сайдан иһэр диирбит кыаллыбат буолан иһэр. Ордук айылҕабытыгар киһи өттүттэн хоромньулар тахсаллара аҕыйыахтааҕар сэтэрээн иһэллэрэ дьиксиннэрэр. Сыл аайы өрүстэри промышленность өттүттэн киртитиилэр тахсаллар, салгыммыт промышленноһы таһынан, массыыналар элбээбиттэриттэн киртийэр, аны былырыыҥҥы тыа баһаардарыттан сүүһүнэн тыһыынча гектар тыабыт умайда. Биллэринэн, айылҕаҕа куһаҕан дьайыылар аччыылларын туһугар ыытыллар үлэлэр уруккуттан экологтарынан, учуонайдарынан, биирдиилээн да дьон көмөлөрүнэн балай да күүстээхтик бара турар да, ол сырдатар күүс өссө да кэҥиирэ, улаатара наадата көстөр. Онон экологическай сырдатыы үлэтэ элбиирэ, көдьүүһэ биллэ улаатарын туһугар дьону оҕо саастарыттан айылҕаны үөрэтиигэ, харыстыырга, сайыннарарга үлэ ыытыллара кэрэхсэниэн эрэ сөп.

Манна сыһыаран, 2011 сылтан Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын кэлэктиибин көҕүлээһининэн, Мүрү юннаттар станцияларын үлэһиттэрэ тэрийэр үлэҕэ кыттыылаах Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үтүөлээх учуутал, краевед, ССРС географическай уопсастыбатын чилиэнэ, Саха сирин олохтоохторун успуорка бастакы уонна иккис спартакиадаларын (1930-с сс.) атах оонньууларыгар призера Г.В. Данилов сырдык кэриэһигэр оскуола үөрэнээччилэрин ортотугар “Данилов ааҕыылара” ыытыллаллар. Барыта 4 сиэксийэнэн (“Наука о Земле”, “Экология”, “Сельское хозяйство”, “Краеведение”, “Отходы в доходы”), айылҕаны дьүһүйэр хаартыска, видео-күрэстэр барбыттара.

Салгыытын комментарийдарга аах

🖊️ А.Г. Емельянова, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын наукатын хандьыдаата

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мүрү1нүөмэрдээхортооскуолата
#даниловскайааҕыылар
https://www.instagram.com/p/CZx3yyVtlFx/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Үөрэх эйгэтигэр биллэриллибит Ааҕыы сылын чэрчитинэн миниистир Ирина Любимова ыытар аахсыйатыгар кыттыһан, улууска бастакынан Мүрү 1 N-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ Игорь Сивцев быйыл оскуоланы бүтэрэр Лилиана Готовцеваҕа (11 "а" кылаастан) уонна Вадим Готовцевка (11 "б" кылаастан) кинигэ бэлэх туттарда.

Лилияна уонна Вадим маҥнайгы кылаастан оскуола бибилэтиэкэтин актыыбынай ааҕааччылара, бибилэтиэкэ ыытар тэрээһиннэригэр куруук көхтөөхтүк кытталлар.

Игорь Григорьевич оҕолорго үөрэхтэригэр ситиһиини баҕаран туран: "Кинигэни доҕор оҥостон, үөрэхтэнэн, киэҥ билиилээх дьон буолуҥ, төрөөбүт дойдугутун сайыннарыыга дьоһун кылааты киллэриэххит диэн эрэнэбин", – диэн кэс тылын эттэ. Оскуолабыт салайааччыта улуус үөрэҕин үлэһиттэрин, тэрилтэлэр салайааччыларын аахсыйаҕа кыттыһалларыгар ыҥырыы таһаарда.

🖊️ Эрсан Готовцев, 7 "б" кылаас үөрэнээччитэ, эдкор.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мүрү1нүөмэрдээхортооскуолата
https://www.instagram.com/p/CaB8DAsMho3/?utm_medium=share_sheet