УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.51K subscribers
33.6K photos
3.07K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Судаарыстыбаннай уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр COVID-19 утары быһыыны ыллахтарына, ол күн уонна сарсыныгар өрөбүл күн бэриллэр буолбута, онуоха хамнастара төлөнөрүн туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев ыам ыйын 9 күнүгэр ыйаахха илии батаабыта. Ыйаах сарсыҥҥы күнүттэн, о.э. ыам ыйын 10-тан күүһүгэр киирбитэ.

📌 “Онон үлэнэн хааччыйааччылар кэлэктиибинэй дуогабардарыгар уларытыылары киллэрэллэрэ ирдэнэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыалдьыы көрдөрүүтэ үрдүү турар, оттон өлүү ахсаана 634 киһиэхэ тэҥнэспитин туһунан иһитиннэрдилэр. Онон эрэгийиэн баһылыга вакциянация тэтимин күүһүрдэргэ эттэ.

📌 Улууспутугар суһал ыстаап ыам ыйын 17 күнүнээҕи иһитиннэриитинэн, вакцинация бастакы түһүмэҕинэн 2065 киһи хабылынна, оттон иккис түһүмэҕи 1880 киһи ылла”, – диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата биллэрдэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#covid19
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CO9tAF5MltF/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Улуус дьаһалтатын суһал ыстаабыгар ыам ыйын 18 күнүгэр уочараттаах мунньах буолла. Онно улууска COVID-19 хамсык ыарыыны утары вакцинация хампаанньатын күүһүрдүү туһунан тэрээһин үлэни ыытары дьүүллэстилэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бастатан туран, улуус сиригэр-уотугар үлэлиир тэрилтэлэр салайааччылара бука бары ыам ыйын 20 күнүгэр диэри вакцинацияны ылыахтаах уонна ылбыт үлэһиттэри испииһэктээн, электроннай көрүҥүнэн [email protected] аадырыска уталыппакка ыыталларыгар этилиннэ.

Иккиһинэн, нэһилиэктэр баһылыктарыгар үлэлээбэт уонна дьиэҕэ олорор дьону эмиэ итинник арааран, испииһэктииллэригэр сорудахтаатылар. Ону таһынан хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ыам ыйын 20 күнүттэн саҕалаан анал дьаһал тахсыар диэри вакцинацияны оҥорорго анаан эбии биирдии хоһу аныылларыгар этилиннэ. Онуоха Лөгөй, Байаҕантай, Бэрт Ууһун, Суотту, Дүпсүн, Курбуһах нэһилиэктэрин баһылыктарыгар иккилии хоһу хааччыйаллара ирдэнэр.

Үсүһүнэн, олохтоох нэһилиэнньэҕэ вакцинация туһунан сырдатар-иһитиннэрэр үлэни күүһүрдэргэ быһаарыы ылыннылар. I Өспөх, Өлтөх, Дүпсүн нэһилиэктэрин баһылыктарыгар бэйэни хааччахтааһыҥҥа хабыллыбыт дьону хонтуруоллууру күүһүрдэргэ эттилэр.

Ону сэргэ, уопсайынан, ыарыы тарҕаныытын бопсорго үлэни күүһүрдэргэ, баар балаһыанньаны тута суһал ыстаапка биллэрэн иһэргэ диэн ирдээтилэр.

Роспотребнадзор уонна ИДьМ улуустааҕы салаалара бэйэни хааччахтаан олорор гражданнары хонтуруоллуурга нэһилиэктэринэн кыттыгас рейдэлэри ыыталларыгар этилиннэ.

Ыам ыйын 20 күнүттэн анал дьаһал тахсыар диэри Мүрү нэһилиэгэр “Кэнчээри” эбии үөрэхтээһин киинин дьиэтигэр, Олоҥхо дьиэтигэр уонна Мындаабатааҕы сынньалаҥ киинин дьиэтигэр вакцинация пууннара тэриллиэхтэрэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID19
#вакцинация
#коронавирус
#доруобуйахарыстыла
#суһалыстаапиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CPCU_ZCs0o-/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн COVID-19 хамсык ыарыытынан ыалдьыы көрдөрүүтэ үрдүү турара бэлиэтэнэр. Улууспутугар хоруона хамсыгынан ыалдьыбыттары эмтииргэ эбии стационар арылынна. Бары олохтоохторго ирдэниллэр миэрэлэри тутуһуу күүһүрдүлүннэ. Манан сибээстээн, олохтоохтор хоруона хамсыгыттан харыстанар биир сүрүн суолбут – вакцина туһунан туох информацияны билэллэрин туоһуластыбыт.

📌 Валентина ФЕДОРОВА,
социальнай управление дьиэҕэ социальнай көмө салаатын сэбиэдиссэйэ:

📌 – Биһиги 41 үлэһиттээх тэрилтэ бары 100 бырыһыан вакцина ыллыбыт. Ол иһигэр эрдэ ыалдьа сылдьыбыт 3 киһи уонна икки медотвод баар. Бэйэм ковидынан ыалдьа сылдьыбытым, дьиэбэр олорбутум, алта ыйым ааһан, үтүөрэн баран ИФА анаалыһын туттараат, “ГамКовидВак” вакцинаны ылбытым, этэҥҥэ аһарыммытым. Билигин ыарыыбыт үһүс түһүмэҕэ кэллэ дииллэр, онон, мин санаабар, хас биирдии киһи патриоттуу санааттан даҕаны, уопсастыбаҕа куттал суоһаабатын туһугар быһыыны ылыахтарын наада. Биһиги үлэбитинэн сылдьар сирбит элбэх, онон быһыы кэнниттэн киһи эрэх-турах сананар. Билигин ватсабынан, социальнай ситимнэринэн араас информация кэлэр. Тус бэйэм ону ылыммаппын, тарҕаппаппын. Сөптөөх инфоромация хаһыат, СМИ нөҥүө бара турар. Урут-уруккуттан ханнык баҕарар тарҕанар вируснай ыарыыларга быһыы оҥоһуллан кэлбитэ. Биһиги грипполу, Мантууну ыла сылдьабыт, онон быһыы диэҥҥэ холкутук сыһыаннаһабын.

📌 Наталья СИДОРОВА,
“Мүрүчээнэ” оҕо уһуйаанын гигиенист үлэһитэ:

📌– Куйар ситимигэр вакцинация туһунан араас куһаҕан сурах тарҕанар, ону итэҕэйбэккэ тулалыыр чугас дьоҥҥун, биир идэлээхтэргин, бэйэҕин харыстыыр, ыарыыны тарҕаппат сыалтан вакцинаны ылыаҕыҥ диэн ыҥырабын. Тус бэйэм вакцинацияттан куттаммаппын, бары ыллахпытына эрэ бу аан дойдуну аймаабыт сүһүрдэр ыарыыны кыайыахпыт диэн санаалаахпын.

Салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Мнение" түһүмэххэ аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#санааситимэ
#COVID19
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CPIGx4esZTF/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Ыам ыйын 17-тэн 23 күнүгэр диэри улууска COVID-19 хамсык ыарыытынан ыалдьыы 39 түгэнэ Бороҕоҥҥо, Сыырдаахха, Бэйдиҥэҕэ, Дүпсүҥҥэ, Уһун Күөлгэ, Балыктаахха, Мындаабаҕа, Элэһиҥҥэ, Эһэлээххэ, Арыылаахха, Тулунаҕа бэлиэтэммит. Бу туһунан улуус дьаһалтатын суһал ыстааба иһитиннэрбитин дьаһалта пресс-сулууспата биллэрдэ.

Улуус киин балыыһатын инфекционнай салаатыгар ыам ыйын 24 күнүнээҕи туругунан, аҕыс киһи эмтэнэр, о.и. орто ыарахан туруктааҕа – алта, ыарахан туруктааҕа – биир, этэҥҥэ – биир. Провизорнай салааҕа түөрт киһи сытар, ыарахан туруктааҕа – биир, орто ыарахан туруктааҕа – үс.

Ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыттар дьиэлэригэр медицинэ үлэһиттэрин кэтээн көрүүлэригэр олороллор.
Бу күҥҥэ диэри улуус үрдүнэн вакцинация бастакы түһүмэҕинэн 2215 киһи хабыллыбыт, иккис түһүмэҕин 1883 киһи ылбыт.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID19
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CPR22pIMcS3/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Бэс ыйын 21 – 27 күннэригэр улууска COVID-19 хамсык ыарыытынан Бороҕоҥҥо, Дүпсүҥҥэ, Бээдигэ, Майаҕаска, Чараҥҥа, Хоноҕорго 13 киһи ыалдьыбыта биллибит. Бу туһунан улуустааҕы суһал ыстаап дааннайдарын улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата биллэрдэ.

Ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыт 120 киһи бэйэни хаачахтааһын эрэһиимин тутуһан, дьиэлэригэр олороллор, кинилэр доруобуйаларын туругун эмчиттэр кэтээн көрөллөр.

Улуустааҕы киин балыыһа инфекционнай салаатыгар бэс ыйын 28 күнүнээҕи туругунан, 10 киһи эмтэнэр, о.и. орто ыарахан туруктааҕа – 7, этэҥҥэтэ – 3. Оттон провизорнайга 4 киһи сытар, бары орто ыарахан туруктаахтар.

Хамсык утары быһыы 1 түһүмэҕинэн улуус үрдүнэн 2960 киһи хабыллыбыт, иккис түһүмэҕин 2475 киһи ылбыт.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID19
#вакцинация
#коронавирус
https://www.instagram.com/p/CQqf5G_MXWr/?utm_medium=share_sheet


📌 Балаҕан ыйын 27 күнүттэн алтынньы 3 күнүгэр диэри улууска COVID-19 коронавируһунан ыалдьыы 26 киһиэхэ бигэргэммит.

📌 Ол курдук, Бороҕон сэл., Баатаҕайга, Бээрийэҕэ, Майаҕаска, Мындаабаҕа, Оҕуруоттаахха, Хоноҕорго, Сыырдаахха, Арыылаахха, Чараҥҥа, Хомустаахха, Тандаҕа дьон ыалдьыбыттара регистрацияламмыт.

📌 Кинилэри кытта алтыспыт 315 киһи бэйэлэрин хааччахтаан дьиэлэригэр медиктэр кэтээн көрүүлэринэн хабыллан олороллор.

📌 Улуустааҕы киин балыыһа инфекционнай салаатыгар алтынньы 4 күнүнээҕи туругунан, 23 киһи эмтэнэр, о.и. биир киһи олох ыарахан туруктаах, ИВЛ аппараакка сытар, 3 киһи ыарахан, 10 киһи орто ыарахан, 9 киһи орто туруктаахтар. Оттон провизорнайга 1 ыарахан туруктаах, 6 орто ыарахан туруктаах пациент эмтэнэллэр.

📌 Вакцинация бастакы түһүмэҕинэн улуус үрдүнэн 5777 киһи (51%) хабыллыбыт, иккис түһүмэҕин 5541 киһи (50%) ааспыт. Спутник-Лайт вакцинаны 1081 киһи ылбыт.

Улуустааҕы Суһал ыстаап иһитиннэриитинэн.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID19
#коронавирус
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CUmrlrKM2aB/?utm_medium=share_sheet


📌 Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүл күннэригэр Уус Алдан улууһугар вакцинация пууннара үлэлээтилэр. Ол курдук, тохсунньу 3, 5 күннэригэр улуус киинигэр Бороҕоҥҥо поликлиникаҕа, Оҕуруоттаах, Кэптэни, Дүпсүн, Танда, Уус Күөлүн, Балыктаах, Эһэлээх бөһүөлэктэрин врачебнай амбулаторияларыгар сарсыарда 9-тан киэһэ 17.00 ч. диэри пууннар үлэлээтилэр.

📌 Аны тохсунньу 7 күнүгэр эмиэ итинник бириэмэҕэ бу пууннарга COVID-19 коронавирус инфекциятын утары быһыыны ылыахха сөбүн улуустааҕы киин балыыһа иһитиннэрэр.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#вакцинация
#COVID19
https://www.instagram.com/p/CYYaGhlst27iVzkCcpWXA2vTSIxCpaJpFZpyUU0/?utm_medium=share_sheet


📌 Бүгүн өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап биһиэхэ, Уус Алдаҥҥа, COVID-19 коронавирус инфекциятыгар сыстан, 12 киһи ыалдьыбыта регистрацияламмытын иһитиннэрбитэ. Онуоха бу күҥҥэ улууска балаһыанньа хайдаҕын кылаабынай быраас Анна Петрова билиһиннэрэр:

🔻 – Тохсунньу 6 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн 16 ковидник ыарыһахтаахпыт, онтон түөрдэ – оҕо. Бу дьонтон 13 киһи амбулаторнай эмтэниини бара сылдьаллар. Оттон инфекционнай отделениеҕа сытан Бороҕонтон – 2, Найахыттан 1 киһи эмтэнэллэр. Манна бэлиэтээн эттэхпинэ, бу ыалдьыбыт дьон бары ыарыыны утары вакцинаны ылбатахтар.

🔻 Оттон нэһилиэнньэни вакцинациянан хабыы көрдөрүүтэ 67.4% тэҥнэстэ, былаан туолуута – 84.3%. Ол эбэтэр, улуус үрдүнэн 9289 киһи вакцинаны ылла, итинтэн 8647 киһи вакцинация икки түһүмэҕин ааста.

🔻 Күндү биир дойдулаахтарым, бэйэҕитин, чугас дьоҥҥутун харыстааҥ. Халлаан сылыйан истэҕин ахсын ыарыы эмиэ элбиир куттала баар, онон сааскыга диэри иммунитет үөскүүрүн туһугар билигин быһыыны ылар наада. Вакцинация пууннара бырааһынньыктааҕы өрөбүл күннэргэ анал графигынан үлэлээтилэр, сарсын, тохсунньу 7 күнүгэр, эмиэ үлэлиэхтэрэ. Онон ким быһыыны ыла илиги эбэтэр иккис компоненын ылааччыны уонна ревакцинацияны ааһар дьону күүтэбит.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#коронавирус
#COVID19
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CYYutePMRmbsNnqWmgBIhrOppSOnid7kdqHtqY0/?utm_medium=share_sheet


📌 Эрдэ биллэриллибитин курдук, Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүл күннэргэ улууска вакцинация пууннара үлэлээбиттэрэ. Онуоха 2021 с. ахсынньы 31 күнүттэн 2022 с. тохсунньу 8 күнүгэр диэри үлэлээбит тоҕус пууҥҥа уопсайа 166 киһиттэн вакцинация бастакы түһүмэҕин – 53 киһи, иккис түһүмэҕин 113 киһи ааста.

📌 Онон улуус үрдүнэн барыта 9317 киһи вакцинацияланна (улууска олорор улахан дьон уопсай ахсааныттан 67.65%), о.и. 8667 киһи быһыы икки компоненын ылла.

📌 Тохсунньу 9 күнүнээҕи туругунан, улууска ковидтаах 19 ыарыһах баар, о.и. түөрдэ оҕо. Үс киһи стационарга эмтэнэр, 1 ыарыһах туруга ыарахан. Провизорнайга түөрт киһи баар. Бороҕоҥҥо 10 киһи, Балыктаахха – 2, Бээдигэ – 1, Окемовкаҕа 2 киһи амбулаторнай эмтэниини ааһаллар. Маныаха бу дьон бары Дьокуускайтан ОРВИ симптомнаах дьон кэлэннэр ыалдьыбыттарын бэлиэтиэххэ сөп.

📌 Уһун өрөбүллэр кэмнэригэр улуус киин балыыһатын Суһал көмөҕө сулууспатыгар барыта 136 киһи көрдөрбүтүттэн 32 киһи – ОРВИ, 6 киһи – COVID-19 симптомнаах, 1 киһи үлүйүүлээх тиийбиттэр.

📌 COVID-19 ыарыы кэлиэҕиттэн улуус үрдүнэн 2020 сылга уопсайа 877 киһи ыалдьыбыт, оттон 2021 сылга – 1936 киһи. Онуоха ыалдьыбыт дьон ахсааннарыттан өлбүт киһи ахсаана: 2020 с. – 0.8%, 2021 с. – 1,3%. Бу дьонтон 2020 с. вакциналаах киһи суох, 2021 с. – 1 киһи.

📌 Оттон Дьокуускайга ыарахан туруктаах диэн ыытыллыбыт киһи ахсаана ыалдьыбыт дьонтон: 2020 с. – 2%, 2021 с. – 1,7%.

🖊️ Улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Анна Петрова иһитиннэриитинэн

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#COVID19
#коронавирус
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CYgFMzZMamgNm2R5Btfk8zE0fxQxO12cYKBlMs0/?utm_medium=share_sheet


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суһал ыстааба иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 17 күнүгэр 405 киһи COVID-19 коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыта билиннэ.

Дьокуускайга – 303 киһи, Мэҥэ Хаҥаласка – 23, Алдан улууһугар – 15, Горнайга, Хаҥаласка – 9-туу, Нерюнгри оройуонугар – 8, Намҥа, Уус Алдаҥҥа – 6-лыы, Мииринэй, Өймөкөөн – 5-тии, Үөһээ Бүлүүгэ – 3, Ньурбаҕа, Тааттаҕа, Уус Маайаҕа, Чурапчыга – 2-лии, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Муомаҕа, Сунтаарга – 1-дии киһи.

Суукка устата өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар 2181 анаалыс оҥоһуллубут, оттон пандемия саҕаланыаҕыттан – 1 842 318 тест.

🌐 @YakutiaOpershtab

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#коронавирус
#COVID19
https://www.instagram.com/p/CYz_kmRod8-X30uoqPkJg_v2xO6p_iV72BeV9A0/?utm_medium=share_sheet