УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.48K subscribers
33.6K photos
3.07K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Муус устар 12 күнүттэн 18-гар диэри улууска COVID-19 ыарыы 15 түгэнэ Бороҕон сэлиэнньэтигэр уонна Майаҕас, Сыырдаах, Хомустаах, Чараҥ, Оҕуруоттаах бөһүөлэктэригэр бигэргэннэ. Онуоха бэйэни хааччахтаан дьиэҕэ олорууга 57 киһи хабылынна. Бу туһунан улуус дьаһалтатын суһал ыстааба муус устар 19 күнүгэр иһитиннэрдэ.

Улуус кииннэммит балыыһатын инфекционнай салаатыгар бүгүҥҥү күҥҥэ 1 киһи сытан эмтэнэр, туруга – орто ыарахан. Провизорнай салааҕа пациент суох.

Ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыттар бары дьиэлэригэр медиктэр кэтээн көрүүлэригэр олороллор.

Коронавирус дьаҥыттан вакцинация бастакы түһүмэҕин улуус үрдүнэн 1682 киһи ылла, иккис түһүмэҕинэн 1008 киһи хабылынна.

Ыалдьыы түгэнэ биһиэхэ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эмиэ элбээбитинэн, суһал ыстаап уонна медиктэр уопсастыбаннай сирдэргэ мааскалаах сылдьыы булгуччу ирдэнэрин санаталлар. Ону таһынан бэйэ-бэйэттэн 1,5 – 2 миэтэрэ тэйиччи туттуу, элбэх буолан мустуу, хардарыта ыалдьыттаһыыны аҕыйатыы, бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэри көһөрүү курдук дьаһаллары тутуһарга ыҥыраллар.

Оттон анаалыһы туттарбыттар түмүктэрэ кэлиэр диэри дьиэҕэ олороллоро булгуччу ирдэнэр.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID-19
#доруобуйахарыстабыла
#вакциянация
#суһалыстаапиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CN1FGIGMz89/?igshid=18bk1dce48kph
📰📰📰

Бүгүн – Арассыыйаҕа Донор национальнай күнэ. Билиһиннэрэр буоллахха, улууспутугар күн бүгүн 57 донор баар, онтон 24-дэ – “Арассыыйа бочуоттаах донора” ааттаах. 

Хомойуох иһин, урукку өттүгэр хааны кутар станция диэн ааттанан улуус элбэх олохтооҕун олоҕун быыһаабыт тэрилтэ сарбыллан, билигин кэбиниэт эрэ быһыытынан үлэлиир. Онно станция саҕана сэбиэдиссэйдээбит изосеролог-трансфузиолог быраас Дария Находкина – билигин соҕотох исписэлиис.

📌 Дария Николаевна: “Биһиги, хааны кутар станцияҕа үлэлээбиттэр, былырыын тэрилтэбит 25 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхтээх этибит. Ону баара коронавирус дьаҥа мэһэйдээн, бу тэрээһиммит көстөр көһөн, быйыл олунньуга тэрилтэбит үбүлүөйүгэр анаан таһаарбыт кинигэбитин сүрэхтээн, мемориальнай дуосканы аһан, эмиэ былырыын Арассыыйа бочуоттаах донора буолбут түөрт киһибитигэр бэлиэлэрин, дастабырыанньаларын сэмэй быһыыга-майгыга туттарбыппыт.

📌 Үлэбититтэн билиһиннэрдэххэ, билигин улууска ыксаллаах түгэҥҥэ эрэ хааны тутабыт. Оттон былааннаах туттарыы Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майаҕа эбэтэр Дьокуускайга эрэ тиийэн оҥоһуллар. Бочуоттаах аатын ыларга донор хааны 40 төгүл босхо туттарыахтаах. Биһиэхэ бу көрдөрүүгэ чугаһаабыт дьон өссө да бааллар, сырыы ахсын Майаҕа эбэтэр киин куоракка барарга күһэллэллэр. Кэнники кэмҥэ донорбыт ахсаана эбиллиитэ аҕыйаата. Ким эрэ көһөр, ким эрэ сааһырар, онон эдэр дьону донор буоларга ыҥырабын”, – диэн билиһиннэрдэ.

Салгыы туох санааттан донор буолалларын билээри, былырыын бочуоттаах донор буолбут дьонтон биирдэстэрэ Лена Румянцеваны кытта кэпсэттим.

Лена Ивановна улуустааҕы киин балыыһа “Суһал көмө” сулууспатыгар фельдшердиир. Кини кэргэнинээн Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын сүүрүүгэ тренеринэн үлэлиир Владислав Ивановичтыын иккиэн донордыыллар, улууска донор дьиэ кэргэттэртэн биирдэстэрэ буолаллар. Өссө бу ыал икки оҕолоруттан улаханнара Александр эмиэ донордаан саҕалаабытын ийэ киһи киэн туттан үллэһиннэ.

Салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#доруобуйасыла
#доноркүнэ
https://www.instagram.com/p/CN41ec2MhfP/?igshid=1ruiubiduh1vf
📰📰📰

Ыам ыйын 10 күнүттэн 16 күнүгэр диэри улууска COVID-19 инфекциятыгар сыстан ыалдьыы 28 түгэнэ Бороҕоҥҥо, Балыктаахха, Уһун Күөлгэ, Кэптэнигэ, Бэйдиҥэҕэ, Эһэлээххэ, Мындаабаҕа, Баатаҕайга, Оҕуруоттаахха, Хомустаахха, Тулунаҕа, Дүпсүҥҥэ, Элэһиҥҥэ бигэргэннэ. Бу туһунан улуус дьаһалтатын суһал ыстааба иһитиннэрбитин дьаһалта пресс-сулууспата биллэрдэ.

Ыалдьыбыт дьону кытары алтыспыт 121 киһи бэйэни хааччахтаан, дьиэлэригэр медиктэр кэтээн көрүүлэригэр олороллор.

Ыам ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, улуус киин балыыһатын инфекционнай салаатыгар 12 киһи сытан эмтэнэр, о.и. ыарахан туруктааҕа – 2, орто ыарахан – 1, орто – 2, этэҥҥэ – 7.  Оттон провизорнай салааҕа уопсайа 5 киһи баар.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#covid19
#доруобуйахарыстабыла
https://www.instagram.com/p/CO9qELesicT/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Бүгүн Дьокуускай куоракка Комсомольскай болуоссакка өрөспүүбүлүкэ эмп тэрилтэлэригэр "Суһал көмө" массыыналарын күлүүстэрин туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.

Ол курдук, "Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак чэрчитинэн уопсайа 36 303 200 солкуобай суумалаах "УАЗ" мааркалаах 40 санитарка массыына уонна 3 060 000 суумалаах «LADA Niva» легковой түөрт массыына өрөспүүбүлүкэ балыыһаларынан тарҕанна.

📌 "Бу өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан маннык элбэх массыынаны тэҥинэн атыыластыбыт. Дьокуускайга "Суһал көмө" сулууспатыгар 33 массыыналаахпыт. Ол иһиттэн биэс массыына түөрт сылтан ордук кэм устата сүүрэ сылдьаллар. Биллэрин курдук, массыыналар суол быһылааныгар да түбэһэллэр, алдьаныы-кээһэнии да тахсар. Онон быйыл сэттэ массыынаны уларытыахпыт. Оттон алтынньы-сэтинньи ыйдарга Дьокуускайдааҕы ыстаансыйаҕа 58 араас суол оборуодованиелаах - дефибриллятордаах, кардиографтаах, кислороду биэрэр, о.д.а. тэриллээх "Б" кылаастаах 18 массыына кэлиэхтээх", – диэн Суһал көмө ыстаансыйатын кылаабынай бырааһа Татьяна Андросова билиһиннэрдэ.

📌 Уус Алдан улууһун кылаабынай бырааһа Анна Петрова биһиги улууспутугар икки массыына бэриллибитин эттэ уонна: "Бу "УАЗ" массыыналар номнуо Дүпсүн уонна Байаҕантай нэһилиэктэригэр анаммыттара. Биһиэхэ, тыа сиригэр, биир улахан бөһүөлэк балыыһатыгар иккилии кыра учаастак сыһыарыллар буоланнар, ону таһынан сайылыктарбыт да элбэхтэр, онон "Суһал көмө" массыыналара олус наадалар. Өрөспүүбүлүкэ, дойду бырабыыталыстыбаларыгар улахан маталбыт тиэрдэбин", – диэн кэпсээтэ.

Бу бырагыраама чэрчитинэн уопсайа 248 массыынаны ылыы былааннаммыт, ол иһиттэн баар 205 массыына саҥардыллыаҕа. Оттон сабыс-саҥа 43 массыынаны ылыыга уопсайа 250 мөлүйүөн солкуобай көрүллэр, ол иһиттэн 234 мөлүйүөн – федеральнай бүддьүөттэн, 16 мөлүйүөн солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ороскуоттаныаҕа.

@muru.sahargata

@ulusmedia

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#доруобуйасыла
https://www.instagram.com/p/CT6VGlcMlhi/?utm_medium=share_sheet


📌 Эрдэ биллэриллибитин курдук, Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүл күннэргэ улууска вакцинация пууннара үлэлээбиттэрэ. Онуоха 2021 с. ахсынньы 31 күнүттэн 2022 с. тохсунньу 8 күнүгэр диэри үлэлээбит тоҕус пууҥҥа уопсайа 166 киһиттэн вакцинация бастакы түһүмэҕин – 53 киһи, иккис түһүмэҕин 113 киһи ааста.

📌 Онон улуус үрдүнэн барыта 9317 киһи вакцинацияланна (улууска олорор улахан дьон уопсай ахсааныттан 67.65%), о.и. 8667 киһи быһыы икки компоненын ылла.

📌 Тохсунньу 9 күнүнээҕи туругунан, улууска ковидтаах 19 ыарыһах баар, о.и. түөрдэ оҕо. Үс киһи стационарга эмтэнэр, 1 ыарыһах туруга ыарахан. Провизорнайга түөрт киһи баар. Бороҕоҥҥо 10 киһи, Балыктаахха – 2, Бээдигэ – 1, Окемовкаҕа 2 киһи амбулаторнай эмтэниини ааһаллар. Маныаха бу дьон бары Дьокуускайтан ОРВИ симптомнаах дьон кэлэннэр ыалдьыбыттарын бэлиэтиэххэ сөп.

📌 Уһун өрөбүллэр кэмнэригэр улуус киин балыыһатын Суһал көмөҕө сулууспатыгар барыта 136 киһи көрдөрбүтүттэн 32 киһи – ОРВИ, 6 киһи – COVID-19 симптомнаах, 1 киһи үлүйүүлээх тиийбиттэр.

📌 COVID-19 ыарыы кэлиэҕиттэн улуус үрдүнэн 2020 сылга уопсайа 877 киһи ыалдьыбыт, оттон 2021 сылга – 1936 киһи. Онуоха ыалдьыбыт дьон ахсааннарыттан өлбүт киһи ахсаана: 2020 с. – 0.8%, 2021 с. – 1,3%. Бу дьонтон 2020 с. вакциналаах киһи суох, 2021 с. – 1 киһи.

📌 Оттон Дьокуускайга ыарахан туруктаах диэн ыытыллыбыт киһи ахсаана ыалдьыбыт дьонтон: 2020 с. – 2%, 2021 с. – 1,7%.

🖊️ Улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Анна Петрова иһитиннэриитинэн

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#COVID19
#коронавирус
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CYgFMzZMamgNm2R5Btfk8zE0fxQxO12cYKBlMs0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Уус Алдан улууһугар 2022-2023 үөрэх дьылыттан Дьокуускайдааҕы медколледж медсиэстэрэ идэтигэр үөрэтэр салаата аһылларын туһунан сөбүлэҥ түһэрсилиннэ.

Маныаха сүрүн төрүөтүнэн улууска орто анал үөрэхтээх исписэлиистэр тиийбэттэрэ буоларын улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Анна Петрова бэлиэтиир. Онон үөрэхтээһин эйгэтигэр кэккэ уларыйыылар киирэннэр, бу кыһалҕаны туоратарга усулуобуйа тэриллэригэр кыах баар буолла.

📌 Кылаабынай быраас Анна Саввична: "2017 сылтан элбэх туруорсуу кэнниттэн, бу боппуруос быһаарылынна. Улуус баһылыга Алексей Васильевич Федотов, улуус дьаһалтата кэпсэтиини ыытарга улахан өйөбүлү оҥордулар. Маннык үөрэтиини тэрийдэхпитинэ, каадырынан хааччыллыыга хайаан даҕаны көдьүүстээх буолуоҕар эрэнэбин. Олохтоохтор миэстэтигэр үөрэнэн, дойдуларыгар үлэлиир кыахтаныахтара. Онуоха медсиэстэрэ идэтин баһылыан баҕалаахтар анаан сүүмэрдээһини ааһыахтара. Оттон маннык үөрэхтээһин үтүө түмүгэ көһүннэҕинэ, фельдшердэри үөрэтэн таһаарар салааны арыйар былаан баар", – диэн этэр.

Уопсайа 25 миэстэҕэ үөрэтии бүддьүөттэн үбүлэниэҕэ, өссө биэс миэстэ төлөбүрдээх буолуоҕа. Үөрэххэ туттарсааччылартан орто оскуоланы бүтэрбиттэрин туоһулуур аттестаттара ирдэниэҕэ уонна көмпүүтэргэ тест көрүҥүнэн тургутууну ааһыахтара. Маныаха улуустааҕы үөрэх управлениета үөрэх тэрилтэлэригэр (оскуолаларга, эбии үөрэхтээһин кииннэригэр) кэбиниэттэри биэрэн, үөрэҕи ыытарга күүс-көмө буоларга бэлэмнэрин биллэрдилэр.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#үөрэхэйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CYoW5lpskWXYeN8R-RQTyzD3Rp9ZoGyrqVsMrE0/?utm_medium=share_sheet


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суһал ыстааба иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 17 күнүгэр 405 киһи COVID-19 коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыта билиннэ.

Дьокуускайга – 303 киһи, Мэҥэ Хаҥаласка – 23, Алдан улууһугар – 15, Горнайга, Хаҥаласка – 9-туу, Нерюнгри оройуонугар – 8, Намҥа, Уус Алдаҥҥа – 6-лыы, Мииринэй, Өймөкөөн – 5-тии, Үөһээ Бүлүүгэ – 3, Ньурбаҕа, Тааттаҕа, Уус Маайаҕа, Чурапчыга – 2-лии, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Муомаҕа, Сунтаарга – 1-дии киһи.

Суукка устата өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар 2181 анаалыс оҥоһуллубут, оттон пандемия саҕаланыаҕыттан – 1 842 318 тест.

🌐 @YakutiaOpershtab

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#коронавирус
#COVID19
https://www.instagram.com/p/CYz_kmRod8-X30uoqPkJg_v2xO6p_iV72BeV9A0/?utm_medium=share_sheet
#доруобуйахарыстабыла

🩺🔬🚑 Медиктэр десаннара Өспөххө үлэлээтэ

💬 Бэҕэһээ улуустааҕы кииннэммит балыыһа быраастара ыраах сытар Дыгдаал бөһүөлэгэр тиийэн олохтоох нэһилиэнньэни көрдүлэр-иһиттилэр.

📍Өспөхтөр миэстэтигэр тиийбит быраастарга көрдөрөн, УЗИ аппараатыгар түһэн, анаалыс туттаран астыннылар, махталларын биллэрдилэр.

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#доруобуйахарыстабыла

"Доруобуйа дьаарбаҥката" үлэтин Өспөх нэһилиэгиттэн саҕалаата

🚑 "Бэҕэһээҥҥи меддесант "Доруобуйа дьаарбаҥката" тэрээһин чэрчитинэн ыытылынна, биһиги нэһилиэкпититтэн саҕаланна. – диэн Өспөх нэһилиэгин баһылыга Лена Свешникова иһитиннэрдэ. Салгыы:

– Наһаа наадалаах быраастар: онколог, гинеколог, эндокринолог, невролог, узист, стоматолог үлэлээтилэр. Анаалыс араас көрүҥүн (ОАК, биохимия, гормоннар, онкомаркердар, гликированнай гемоглобин) ыллылар, ЭКГ түһэрдилэр.

Улууспутугар медицина кэм ирдэбилигэр тэҥҥэ хардыылаһан иһэриттэн, кырыы нэһилиэк дьоно бэртээхэй дьаһал ыытыллан, исписэлиистэргэ көрдөрүннүбүт диэн махталлара улахан, өссө да сайдыы кэлэн иһиэ диэн эрэллэрэ күүһүрдэ.

Бу маннык улуус дьонун-сэргэтин олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар туһуламмыт тэрээһиҥҥэ тус эппиэттээх салайааччыга – кылаабынай быраас Анна Петроваҕа махтанабыт, медиктэр түбүктээх үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт,
– диэтэ.

✍️ Мария Аргунова

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#доруобуйахарыстабыла

💢 Бүгүн улуустааҕы киин балыыһа бастакы сүһүөх медүлэһиттэригэр трансфузиология боппуруостарыгар көһө сылдьар сэминээр тэрилиннэ. Сэминээри Дьокуускайдааҕы хаан кутар станция үлэһиттэрэ ыыталлар.

“Сэминээр үөрэхтээһинин кэнниттэн хаан кутар салаа үлэтин учуоттуур докумуоннары бэрэбиэркэлээн барыта үчүгэй диэн сыаналаатылар, онтон аны фельдшердэр зачет туттараллар”, – диэн улуус кылаабынай бырааһа Анна Петрова иһитиннэрдэ.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#доруобуйахарыстабыла

Улуустан 20 киһи харахтарын эпэрээссийэлэтэ Дьокуускайга киириэхтэрэ

Бу күннэргэ улуустааҕы киин балыыһа (кылаабынай быраас А.С. Петрова) хараҕы эмтиир кэбиниэтин үлэһиттэрэ Мария Михайлова уонна Анастасия Попова катарактаны эпэрээссийэлэтэ барыахтаах дьон испииһэктэрин бэрийэн, Дьокуускайдааҕы офтальмологическай клиническэй балыыһаҕа барарга бэлэмнээтилэр. Бу үлэҕэ офтальмолог-быраас Светлана Аргунова кэлэн үлэлэстэ.

Маныаха 37 киһиттэн 20 киһи талыллан, бу иһигэр 8 киһи икки хараҕын,12 киһи аҥаар харахтарын эпэрээссийэлэтэллэрэ күүтүллэр.

Ыарыһахтары балаҕан ыйын 11 күнүгэр улуус дьаһалтатын көмөтүнэн анал автобуһунан Дьокуускайга арыаллаан киллэриэхтэрэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, улууска хараҕы эмтиир клиника филиала арыллыаҕыттан 256 киһи хараҕын эпэрээссийэлэтэн махталлара муҥура суох.

✍️ Ольга Шепелева

☑️ https://мюрюгазета.рф/uluustan-20-kihi-harahtaryn-epereessijelete-dokuuskajga-kiiriehtere/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#доруобуйахарыстабыла #нацбырайыактар

🩺 Кэрийэн диспансеризация саҕаланна

Бу күннэргэ улуустааҕы киин балыыһа “КамАЗ” массыына баазатыгар оҥоһуллубут медицинскэй көрүү пууна тэрилтэлэринэн кэрийэн диспансеризацияны саҕалаата.

Ол курдук бүгүн “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин үлэһиттэрэ көрдөрө сылдьаллар. Массыынаҕа ЭКГ уонна дьахтар кабинета бааллар. Дьиэ иһигэр хаан аналиһын ылаллар, хараххын уонна терапевт бырааска көрдөрүөххэ сөп.

Бу бөлөҕү салайар терапевт быраас Екатерина Бурнашева иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ Офиснай кииҥҥэ сылдьыбыттар. Онно 24 киһи диспансеризациянан хабыллыбыт. Ол иннинэ ДьУоКХ уонна ЫБМ үлэһиттэрин үлэлиир сирдэригэр тиийэн көрбүттэр.

Улуус киинигэр баар тэрилтэлэри маннык кэрийэ сылдьан диспансеризацияҕа көрүү сүрдээх табыгастаах буолсу эбит. Үлэлии сылдьар киһи поликлиникаҕа тиийэн уһун уочаракка туран элбэх бириэмэтин сүтэрэр, аны онно ардыгар хас эмит күн сылдьыан сөп. Оттон маннык кэрийэн көрүүгэ барыта биир күнүнэн ситиһиллэр.

✍️ Афанасий Сектяев

мюрюгазета.рф

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM