📰📰📰
⭕ Муус устар 12 күнүттэн 18-гар диэри улууска COVID-19 ыарыы 15 түгэнэ Бороҕон сэлиэнньэтигэр уонна Майаҕас, Сыырдаах, Хомустаах, Чараҥ, Оҕуруоттаах бөһүөлэктэригэр бигэргэннэ. Онуоха бэйэни хааччахтаан дьиэҕэ олорууга 57 киһи хабылынна. Бу туһунан улуус дьаһалтатын суһал ыстааба муус устар 19 күнүгэр иһитиннэрдэ.
⭕ Улуус кииннэммит балыыһатын инфекционнай салаатыгар бүгүҥҥү күҥҥэ 1 киһи сытан эмтэнэр, туруга – орто ыарахан. Провизорнай салааҕа пациент суох.
⭕ Ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыттар бары дьиэлэригэр медиктэр кэтээн көрүүлэригэр олороллор.
⭕ Коронавирус дьаҥыттан вакцинация бастакы түһүмэҕин улуус үрдүнэн 1682 киһи ылла, иккис түһүмэҕинэн 1008 киһи хабылынна.
⭕ Ыалдьыы түгэнэ биһиэхэ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эмиэ элбээбитинэн, суһал ыстаап уонна медиктэр уопсастыбаннай сирдэргэ мааскалаах сылдьыы булгуччу ирдэнэрин санаталлар. Ону таһынан бэйэ-бэйэттэн 1,5 – 2 миэтэрэ тэйиччи туттуу, элбэх буолан мустуу, хардарыта ыалдьыттаһыыны аҕыйатыы, бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэри көһөрүү курдук дьаһаллары тутуһарга ыҥыраллар.
⭕ Оттон анаалыһы туттарбыттар түмүктэрэ кэлиэр диэри дьиэҕэ олороллоро булгуччу ирдэнэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID-19
#доруобуйахарыстабыла
#вакциянация
#суһалыстаапиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CN1FGIGMz89/?igshid=18bk1dce48kph

Instagram
📰📰📰
⭕️ Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ COVID-19 ыарыы үрдээбитинэн, бүгүн, муус устар 19 күнүгэр, улуус дьаһалтатын суһал ыстаабын эпэрэтиибинэй мунньаҕа буолла.
⭕️ Мунньах быһаарыытынан улуус иһигэр спортивнай, култуурунай тэрээһиннэр, элбэх киһилээх улахан мунньахтар ыытыллаллара тохтотулунна.
⭕️ Киинэ тыйаатырын көрдөрүүлэрэ бобулуннулар, култуура кииннэрэ дистанционнай үлэҕэ көстүлэр. Онтон оскуола тэрилтэлэригэр бары миэрэлэри кытаанахтык тутуһан үөрэх ыытыллыаҕа.
⭕️ Хааччахтааһын миэрэлэрэ күүһүрбүттэринэн, суһал ыстаап хамыыһыйата уонна медицинэ үлэһиттэрэ улуус олохтоохторун, өрүс суола сабыллыбытынан, бэйэбит испитигэр ыарыыны суһаллык тохтотор туһугар биир инкубационнай кэмҥэ, ол эбэтэр 14 хонук иһигэр, бука бары мааскалаах сылдьыы эрэһиимин, социальнай дистанцияны тутуһууну күүһүрдэргитигэр, элбэх киһилээх сиргэ сылдьартан туттунан, кэлиини-барыыны тохтоторгутугар ыҥыраллар.
⭕️ Маннык өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыарыы элбээһинэ дьон хааччахтааһын миэрэтин, сэрэхтээх буолууну тутуһуута мөлтөөбүтүттэн тахсыбыт буолуон сөп диэн ыйдылар.
⭕️ Онон ирдэниллэр миэрэлэри бука барытын кытаанахтык тутуһан, бэйэҕитин, тулалыыр дьоҥҥутун харыстааҥ, этэҥҥэ буолуҥ.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID
#суһалыстаапиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CN1ki23MIb6/?igshid=2g8i7o8v8cv9