УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.58K subscribers
33.9K photos
3.12K videos
10 files
5.78K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Фтизиопедиатр Ньургуйаана Ширяева: "Оҕолоргутугар Манту боруобатын, Диаскин-тиэһи оҥотторор буолуҥ"
Сэллик ыарыы Саха сиригэр түҥ былыргыттан баара. Киһи доруобуйатын айгыратар ыарыылартан биирдэстэрэ буолар. Улууспутугар бу ыарыыны утары охсуһар сэллик диспансера хайдах үлэлиирин фтизиопедиатр быраас Ньургуйаана Ширяеваны кытта кэпсэтиибититтэн билсиҥ:

📌 – Сэллик диэн туох ыарыыный?
– Сэллик – диэн былыр-былыргыттан биллэр, киэҥник тарҕаммыт, бытааннык сайдар сыстыганнаах уонна социальнай ыарыы буолар. Ол эбэтэр, киһи олорор усулуобуйатыттан, аһылыгыттан эмиэ тутулуктаах. Кулун тутар 24 күнүттэн муус устар 24 күнүгэр диэри Аан дойду үрдүнэн сэллик ыарыыны утары охсуһуу ыйа сыллата тэриллэр.

📌 – Сэллиги утары хайдах үлэлиигит, эмтиигит?
– Улууспут медиктэрин оҕолорго сэллик ыарыыны быһаарарга туттуллар быһыылары (Проба Манту, Диаскинтест) уонна сэлликтэн харыстыыр вакцинаны (БЦЖ-ны) оҥорорго үөрэттибит. Барыта 38 киһи үөрэннэ. Улахан дьон сэллигинэн ыалдьыбыттарын сүрүннээн ФЛГ-нан билэбит. Онон улууспут кииннэммит балыыһатыгар ФЛГ-га түһэргэ “Аһаҕас аан күннэрэ” биллэриллибиттэрэ. Социальнай өттүнэн кыаммат ыаллары дьиэнэн кэрийэ сылдьан ФЛГ-га түһэллэригэр ыҥырыы оҥоробут. Күн бүгүн сэллик ыарыыга аналлаах “Роспотребнадзор” начаалынньыга, кииннэммит балыыһа кылаабынай бырааһа, нэһилиэктэр, улуус салалтата састааптаах хамыыһыйа үлэлиир.

📌 – Үөрэх тэрилтэлэрин кытта хайдах үлэлэһэҕит?
– Урукку сылларга уһуйааннарга, оскуолаларга сэллик туһунан аһаҕас уруоктары, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэри оҥорор этибит. Быйыл пандемиянан сибээстээн тэрээһиннэрбит үксэ онлайн буолаллар. Ол курдук Бороҕон сэлиэнньэтин “Мичээр” уһуйааныгар иитээччи Туйаара Аммосова оҕолорго сэллик туһунан кэпсээтэ уонна сэллиги утары охсуһуу бэлиэтин ромашканы оҕолорго оҥотторон, кырачааннар интэриэстэрин тарта. Итиэннэ сэллик көстүбүт сэлиэнньэтигэр нэһилиэнньэ сэрэхтээх буоллун, ыарыы туһунан биллин диэн оҕолорго уруһуй куонкуруһун тэрийэн ыытыахтаахпыт.

Салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйасыла
#сэллигиутарыүлэ
https://www.instagram.com/p/CNrP4Fmsb3O/?igshid=jlznji7xym2c
📰📰📰

Бүгүн – Арассыыйаҕа Донор национальнай күнэ. Билиһиннэрэр буоллахха, улууспутугар күн бүгүн 57 донор баар, онтон 24-дэ – “Арассыыйа бочуоттаах донора” ааттаах. 

Хомойуох иһин, урукку өттүгэр хааны кутар станция диэн ааттанан улуус элбэх олохтооҕун олоҕун быыһаабыт тэрилтэ сарбыллан, билигин кэбиниэт эрэ быһыытынан үлэлиир. Онно станция саҕана сэбиэдиссэйдээбит изосеролог-трансфузиолог быраас Дария Находкина – билигин соҕотох исписэлиис.

📌 Дария Николаевна: “Биһиги, хааны кутар станцияҕа үлэлээбиттэр, былырыын тэрилтэбит 25 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхтээх этибит. Ону баара коронавирус дьаҥа мэһэйдээн, бу тэрээһиммит көстөр көһөн, быйыл олунньуга тэрилтэбит үбүлүөйүгэр анаан таһаарбыт кинигэбитин сүрэхтээн, мемориальнай дуосканы аһан, эмиэ былырыын Арассыыйа бочуоттаах донора буолбут түөрт киһибитигэр бэлиэлэрин, дастабырыанньаларын сэмэй быһыыга-майгыга туттарбыппыт.

📌 Үлэбититтэн билиһиннэрдэххэ, билигин улууска ыксаллаах түгэҥҥэ эрэ хааны тутабыт. Оттон былааннаах туттарыы Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майаҕа эбэтэр Дьокуускайга эрэ тиийэн оҥоһуллар. Бочуоттаах аатын ыларга донор хааны 40 төгүл босхо туттарыахтаах. Биһиэхэ бу көрдөрүүгэ чугаһаабыт дьон өссө да бааллар, сырыы ахсын Майаҕа эбэтэр киин куоракка барарга күһэллэллэр. Кэнники кэмҥэ донорбыт ахсаана эбиллиитэ аҕыйаата. Ким эрэ көһөр, ким эрэ сааһырар, онон эдэр дьону донор буоларга ыҥырабын”, – диэн билиһиннэрдэ.

Салгыы туох санааттан донор буолалларын билээри, былырыын бочуоттаах донор буолбут дьонтон биирдэстэрэ Лена Румянцеваны кытта кэпсэттим.

Лена Ивановна улуустааҕы киин балыыһа “Суһал көмө” сулууспатыгар фельдшердиир. Кини кэргэнинээн Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын сүүрүүгэ тренеринэн үлэлиир Владислав Ивановичтыын иккиэн донордыыллар, улууска донор дьиэ кэргэттэртэн биирдэстэрэ буолаллар. Өссө бу ыал икки оҕолоруттан улаханнара Александр эмиэ донордаан саҕалаабытын ийэ киһи киэн туттан үллэһиннэ.

Салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#доруобуйасыла
#доноркүнэ
https://www.instagram.com/p/CN41ec2MhfP/?igshid=1ruiubiduh1vf
📰📰📰

Бу бэргэн этиини үгүспүт билэр эрээри дьиҥ олоххо тутуһан сылдьыыбыт тоҕо эрэ кыаллыбат. Күннээҕи үлэҕэ-хамнаска үтүрүйтэрэн аахайбакка, күнү-дьылы барыыбыт. Ол эрэн биһиги ортобутугар биирдиилээн доруобай буолар, чөл сылдьар туһугар үлэлэһэр, кыһаллар, киһи холобур оҥостуон сөптөөх дьоно бааллар.

Бүгүҥҥү суруйуум дьоруойа – Уус Алдан улууһун Чэриктэйиттэн төрүттээх, тоҕус оҕолоох Николай Дмитриевич Горохов, Татьяна Порфирьевна Алексеева дьиэ кэргэниттэн силис тардар Елизавета Николаевна КИРИЛЛИНА буолар.

Елизавета Николаевна үөрэҕинэн, айылгытынан учуутал киһи. СГУ БГФ 1977 сыллаахха бүтэриэҕиттэн, биолог идэлээх учуутал оҕону, ыччаты үөрэтиигэ-­иитиигэ күн бүгүнүгэр диэри сыралаһан үлэлиир. РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, РФ орто анал профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ орто анал профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ үөрэҕин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, “Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 365 сыла”, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлэр хаһаайына, Дьокуускайдаа­ҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар естественнай наукалары үөрэтэр үрдүк категориялаах преподаватель.

Үөрэхтээһиҥҥэ үлэлээбит сылларын устата киһи ис кыаҕын уһугуннарыыга, чөл доруобуйалаах буолууга үөрэх бырагыраамаларын ааптара. Өрүү бэйэтин сайыннара, билиитин дьону кытта үөрүүнэн үллэстэ, сүбэлии-­амалыы сылдьар сырдык санаалаах, эйэҕэс майгылаах Уһуйааччы, Иитээччи, саха Далбар Хотуна.

Кини айылҕаттан бэриһиннэрбит ураты дьоҕурдаах киһи. Бэйэтин ис кыаҕын таба уһугуннаран, дьоҥҥо көмөтө үгүс, массааһынан дьарыктанар, оту-маһы туттан дьаҥтан харыс­танарга үөрэтэр. Бу туохтан саҕаламмытай?

🖊️ Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн, суруналыыс Елена Сыроватская бу ыстатыйатын толору "МС" хаһыат балаҕан ыйын 10 күнүнээҕи 36-с N-гэр эбэтэр мюрюгазета.рф саайтка "Актуально" түһүмэххэ көр

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйасыла
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CTn3AbVoMyu/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Бүгүн Дьокуускай куоракка Комсомольскай болуоссакка өрөспүүбүлүкэ эмп тэрилтэлэригэр "Суһал көмө" массыыналарын күлүүстэрин туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.

Ол курдук, "Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак чэрчитинэн уопсайа 36 303 200 солкуобай суумалаах "УАЗ" мааркалаах 40 санитарка массыына уонна 3 060 000 суумалаах «LADA Niva» легковой түөрт массыына өрөспүүбүлүкэ балыыһаларынан тарҕанна.

📌 "Бу өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан маннык элбэх массыынаны тэҥинэн атыыластыбыт. Дьокуускайга "Суһал көмө" сулууспатыгар 33 массыыналаахпыт. Ол иһиттэн биэс массыына түөрт сылтан ордук кэм устата сүүрэ сылдьаллар. Биллэрин курдук, массыыналар суол быһылааныгар да түбэһэллэр, алдьаныы-кээһэнии да тахсар. Онон быйыл сэттэ массыынаны уларытыахпыт. Оттон алтынньы-сэтинньи ыйдарга Дьокуускайдааҕы ыстаансыйаҕа 58 араас суол оборуодованиелаах - дефибриллятордаах, кардиографтаах, кислороду биэрэр, о.д.а. тэриллээх "Б" кылаастаах 18 массыына кэлиэхтээх", – диэн Суһал көмө ыстаансыйатын кылаабынай бырааһа Татьяна Андросова билиһиннэрдэ.

📌 Уус Алдан улууһун кылаабынай бырааһа Анна Петрова биһиги улууспутугар икки массыына бэриллибитин эттэ уонна: "Бу "УАЗ" массыыналар номнуо Дүпсүн уонна Байаҕантай нэһилиэктэригэр анаммыттара. Биһиэхэ, тыа сиригэр, биир улахан бөһүөлэк балыыһатыгар иккилии кыра учаастак сыһыарыллар буоланнар, ону таһынан сайылыктарбыт да элбэхтэр, онон "Суһал көмө" массыыналара олус наадалар. Өрөспүүбүлүкэ, дойду бырабыыталыстыбаларыгар улахан маталбыт тиэрдэбин", – диэн кэпсээтэ.

Бу бырагыраама чэрчитинэн уопсайа 248 массыынаны ылыы былааннаммыт, ол иһиттэн баар 205 массыына саҥардыллыаҕа. Оттон сабыс-саҥа 43 массыынаны ылыыга уопсайа 250 мөлүйүөн солкуобай көрүллэр, ол иһиттэн 234 мөлүйүөн – федеральнай бүддьүөттэн, 16 мөлүйүөн солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ороскуоттаныаҕа.

@muru.sahargata

@ulusmedia

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#доруобуйасыла
https://www.instagram.com/p/CT6VGlcMlhi/?utm_medium=share_sheet