"Үлэ күүһэ" новости Горного улуса
3.73K subscribers
28.5K photos
5.61K videos
11 files
3.81K links
Официальная страница улусной газеты, только проверенные и достоверные новости ⤴️📰🗞
Download Telegram
#сомоҕолоһуусыла
Суол уутун ыытыы үгэскэ кубулуйда
Хаһан баҕар ыал аҕата үлэһит, сатабыллаах буоллаҕына дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буоларыныы нэһилиэк эр дьоно түмсүүлээхтик, сатабыллаах хаһаайын быһыытынан сылын ахсын эрэллээхтик дьаһанан саас-күһүн быстах кэмҥэ буорту буолар суолбутун уутун ыытан тупсараллар. Нэһилиэкпит эрэнэр эркиннэригэр, күүстээх үлэ кэрэһиттэригэр - эр дьоннорбутугар, суоппардарбытыгар киин сирбитин кытта ситимниир суолбутун оҥоро туралларыгар барҕа махтал буолуохтун.
Киһи норуотугар туһата үйэ уһунунан буолбакка, үлэ үйэлээҕинэн кэмнэнэр-кээмэйдэнэр.
✊🏻✊🏻✊🏻
👍4
📲📲📲📲📲
Тупсарыы сылынан тупсан иһэбит

💡💡💡💡💡💡💡💡💡
Быйыл улууска ТУПСАРЫЫ СЫЛЫНАН 1,5 мөлүйүөн үбүлээһин көрүллэн СРК "МОДЬУ" ген.директор Григорьев В.А. кытта сөбүлэҥ түһэрсиллэн уопсайа 65 эргэ лаампа нэҥири харыһыйар лаампаларга уларытылыннылар, 300 миэтэрэ боруобат тардыллан эбии 6 лаампа холбонно.

💵Үбүлээбит улуус дьаһалтатыгар, үлэлээбит тэрилтэҕэ барҕа махталбытын биллэрэбит! 🤝

#тупсарыысыла
#сомоҕолоһуусыла
#үлэсыла
#махталтыллара


✔️t.iss.one/shologon_adm
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍10
Бүгүн Россияҕа киинэ күнүгэр, атырдьах ыйын 27 күнүгэр Солоҕоҥҥо 2021 сыллаахха уһуллубут "РАЙ" документальнай киинэ премьерата буолла.

Өссө даҕаны Дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ официальнай прокат буола илик, кылгас кэмҥэ "BEAT" фестиваль кэмигэр эрэ "Кинопоиск" платформаҕа тахса сылдьыбыта.

Киинэни көрүөх иннинэ бу киэһэ режисер Александр Абатуров Францияттан, продюсер Ирина Бугаева Аргентинаттан быһа холбонон олохтоохтору көрөн олус үөрдүлэр, ахтылҕаннарын таһааран элбэҕи кэпсэттилэр, сэһэргэстилэр.

Киинэни толору көрөн баран маннык санааҕа кэллим: сүрүн суолтата, мин санаабар - ыарахан кэмнэр, улахан иэдээн бүрүүкээтэҕинэ дьон түмсэр, сомоҕолоһор, алдьархайы туоратарга бииргэ турунар уонна бэйэтин кыракый "ырайын" төннөрөр диэн суолталаах.

Режисер этэринэн хас биирдии киһи бу дойдуга туспа "ырайдаах". Солоҕон Өрт бөһүөлэгэ, кини санаатыгар, олохтоохторго кыракый бэйэлэрин "ырайдара" буолар диир. Ону кинилэр туох да кэтэх санаата суох, күннээҕи боростой олохторунан харыстаан, бүөбэйдээн, туруулаһан, алдьархайтан быыһыыллара көстөр бу киинэҕэ диир. Ол иһин киинэни "РАЙ" диэн ааттаабыт эбит.

Бары киинэни көрөн баран, ол кэмҥэ төннөн ыллыбыт уонна санаан кэллибит: "Ама, да, ааспытын иһин ыарахан да сайын ааспыт эбит. Көрдөххүнэ, кыһаллыбат курдукпут даҕаны, төһөлөөх алдьархайдаах иэдээни туораабыт уонна тулуйбут эбиппитий, үлүгэрдээх улахан үлэни, ыарахан кыһалҕаны туораппыт эппиппитий..." диэн.

Өссө да көрүү кэнниттэн санаабытын сааһыланыан наада...

Санаа атастаһыытын, интервьюлары, устуулары күүтүҥ.

#рай
#сомоҕолоһуусыла

✔️ t.iss.one/shologon_adm
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏3👍1