"Үлэ күүһэ" новости Горного улуса
3.72K subscribers
28.5K photos
5.62K videos
11 files
3.83K links
Официальная страница улусной газеты, только проверенные и достоверные новости ⤴️📰🗞
Download Telegram
#пишут
#махталтыллара
Солоҕон нэһилиэгэр сылын аайы Павловтар, Захаровтар бириистэригэр хайыһарга күрэхтэһии тиһигин быспакка ыытыллан, үтүө үгэскэ кубулуйбута 10 тахса сыл буолла.
Биһиги дьиэ кэргэн оҕолоро солбуһан бу күрэхтэһиигэ биири да көтүппэккэ кэллибит. Күрэхтэһиилэр өрүү үрдүк таһымнаах, үчүгэй тэрээһиннээх буолаллар. Спорт ветерана Софья Ивановна Стручкова сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ бастакы кылааска үөрэнэр, детсадка сылдьар ахсаанынан төрдүс, бэһис оҕолорбут кытыннылар. Призка тиксэн үөрүү-көтүү бөҕө.
Түгэнинэн туһанан хайыһары өйүүр спорт энтузиастарыгар Марина Ильинична Павловаҕа, Любовь Александровна Захароваҕа, Семен Семенович Захаровка, Матвей Семенович Захаровка, Нина Семеновна Захароваҕа, Антон Григорьевич Захаровка, Алексей Николаевич Захаровка, Дмитрий Васильевич Семеновка, Александра Павловна Александроваҕа кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, аймахтарыгар бары хайыһар спордун өйөөччүлэргэ УЛАХАН МАХТАЛБЫТЫН тиэрдэбит👏👏👏Эһиги баар буолаҥҥыт Улууска оҕолор хайыһардааһыннара быстыбакка кэллэ.
Үлэҕитигэр, ыытар тэрээһиннэргитигэр ситиһиини, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт, бары этэҥҥэ буолун.💐🌺🌸 Романовтар, Рожиннар, Чемезовтар дьиэ кэргэттэрэ ⛷️⛷️⛷️👏🙌
👍7🔥1👏1
📲📲📲📲📲
Тупсарыы сылынан тупсан иһэбит

💡💡💡💡💡💡💡💡💡
Быйыл улууска ТУПСАРЫЫ СЫЛЫНАН 1,5 мөлүйүөн үбүлээһин көрүллэн СРК "МОДЬУ" ген.директор Григорьев В.А. кытта сөбүлэҥ түһэрсиллэн уопсайа 65 эргэ лаампа нэҥири харыһыйар лаампаларга уларытылыннылар, 300 миэтэрэ боруобат тардыллан эбии 6 лаампа холбонно.

💵Үбүлээбит улуус дьаһалтатыгар, үлэлээбит тэрилтэҕэ барҕа махталбытын биллэрэбит! 🤝

#тупсарыысыла
#сомоҕолоһуусыла
#үлэсыла
#махталтыллара


✔️t.iss.one/shologon_adm
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍10