Forwarded from Kyym.ru
Бэс Күөлүгэр сылдьан баран "Кыым" хаһыат суруналыыстара Горнай улууһун Октябрьскай нэһилиэгин Күөрэлээх сэлиэнньэтигэр сырыттылар. Кинилэри баһылыгы солбуйааччы Абрамова Прасковья Гавриловна көрүстэ.
Кулууп дьиэтигэр мустубут дьонтон саамай аҕа саастаахтара Яковлев Анатолий Павлович "Кыым" хаһыат суруналыыһа Дмитрий Иванов сокуону кэһии, буруйу оҥоруу, силиэстийэ, суут ымпыгын-чымпыгын кэпсиир суруйууларын сөбүлээн ааҕарын эттэ. Уонна "Суруналыыстар миэхэ кырдьыкпын буларбар көмөлөспүттэрэ" диэн, бэйэтин олоҕор буолбут түгэни холобурдаан, суруналыыс биир сүрүн соруга ити буоларын бэлиэтээтэ.
Кэпсэтии бэрт сэргэхтик барда, эдэрдэр хаһыат үлэтин-хамнаһын, электроннай таһаарыытын, социальнай ситимнэрин туһунан иһитиннэриилэри сэҥээрэн иһиттилэр.
Санатан эттэххэ, Күөрэлээх ойуур уотуттан эмиэ улаханнык эмсэҕэлээбит сирдээх-уоттаах сэлиэнньэ буолар. Видеоҕа "Күөрэлээх-Бэс күөлэ" суол кытыыта.
#горнайулууһа #күөрэлээх #кыымноруотхаһыата #кыымру
https://t.iss.one/kyymsakha

Forwarded from Кэптин/Сонуннар/Этиилэр/ Иьитиннэриилэр
Улуустааҕы Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ күрэскэ ГРИГОРЬЕВТАР ДЬИЭ КЭРГЭН кытыннылар
МУУС УСТАР 28 күнүгэр Бэрдьигэстээххэ
УЛУУСТААҔЫ «СЫЛ БАСТЫҤ ДЬИЭ КЭРГЭНЭ" күрэс буолла.
Манна барыта улууспут ытык-мааны, көхтөөх, талааннаах ыаллара кытыннылар.
Хас биирдии дьиэ кэргэн киэһэни олус истиҥник киэргэттилэр. Бэйэни билиһиннэрии, талаан, дьиэ кэргэн эмблемата, family look көрүҥнэр буоллулар. Дьиэ кэргэн уопсастыба тулхадыйбат баайа-дуола, олоҕу салҕааччыта, инники кэскилэ буолар.
Бу күҥҥэ сиэттэрэн, бэйэтин эҕэрдэ тылын эттэ улуус баһылыга Никита Андреев.
"Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ" үрдүк аат иҥэрилиннэ Маҥаны эдэр ыалларыгар Валерий, Мария Степановтарга .
Биһиги нэһилиэк, биир саамай көхтөөх, элбэх оҕолоох ыала Алёна, Гаврил Григорьевтар дьиэ кэргэнэ олус таһаарыылаахтык кыттан "Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн" номинацияны ыллылар. Кинилэргэ олохтоох салалта уонна нэһилиэк олохтоохторун аатыттан УЛАХАН ЭҔЭРДЭ ТЫЛЛАРБЫТЫН ЭТЭБИТ. КУРУУК БУ КУРДУК ОЛОХХО АКТЫЫБЫНАЙ, СИТИҺИИЛЭЭХ БУОЛУҤ.
Нэһилиэкпит сайдарын туһугар түмсүүлээх буолуоҕуҥ.
#Горнайулууһа #Маалтаанынэһилиэгэ #тыаолоҕо

Кэптин - Орто-Сурт суола алдьанна
🌊🌊🌊Бэҕэһээҥҥи күн туругунан Кэптин - Орто- Сурт айан суола хас да сиринэн алдьанна.
🛣️ Ол курдук, ааспыт сылга саҥа өрөмүөннэнэн тутуллубут суолу, муостаны Нуоралдьыма үрэҕэ үс сиринэн быһан, ыксаллаах быһыы- майгы таҕыста.
🌊🌊🌊Эбиитин Титиктээх күөл уута айан суолугар киирэн, суол көстүбэт буолла.
Дьон суолга хааттара сыһан, уопуттаах, сырыыны үчүгэйдик билэр суоппардарбыт көмөлөрүнэн дьиэлэрин буллулар.
📍📍📍Билигин Кэптин-Орто-Сурт айан суолугар техника сылдьара бобулунна.
Тустаах тэрилтэ суолга хонтуруол үлэтин ыытара былааннанар
#Горнайулууһа #Маалтаанынэһилиэгэ
#тыаолоҕо

Forwarded from Администрация СП " Малтанинский наслег" (Verona)
💫💫💫💫💫💫💫
*Нэһилиэкпит дьонугар биир үөрүүлээх сонун
🛑 *САҤА ВЕЗДЕХОД 🛑
Маалтааны нэһилиэгэ урут-уруккаттан суола-ииһэ суоҕунан биллэр. Быйыл өр кэмҥэ сүүрбүт танкеткабыт алдьанан, билиҥҥи туругунан айаҥҥа, дьон сылдьарыгар улахан уустуктары көрүстүбүт. Онон нэһилиэк дьаһалта, олохтоохторо туруорсан, биһиги биир улахан кыһалҕабытын өйөөн, Никита Викторович салайааччылаах улууспут салалтата 7 280 000 суумма үбүлээһини көрөн* Красноярскай куораттан вездеход тиэхиникэлэри атыылыыр "SEVERTRUCKS" тэрилтэттэн нэһилиэкпитигэр *САҤА ВЕЗДЕХОД ыллыбыт. Саҥа вездеход 11 миэстэлээх. Бу нэдиэлэттэн номнуо айаҥҥа турунна. Онон кэлэрин эрэнэ күүтэбит.
Түгэнинэн туһанан *Улууспут салалтатыгар улахан МАХТАЛ* тылларын этэбит.
#Горнайулууһа
#Маалтаанынэһилиэгэ

*Саҥа суол тутуута саҕаланна*
Бу соторутааҕыта Маалтааны Орто-Сурт икки ардыгар саҥа тутуллар айан суолун үлэтин саҕалыыр үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Бу бэлиэ күҥҥэ улуус баһылыга Никита Андреев, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Алгыс Стручков, улуустааҕы "Биир кэлим сакаасчыт дирекциятын" дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Иван Александров, "Маҥаны нэһилиэгэ" олохтоох салалта баһылыга Михаил Текеянов, "Маалтааны нэһилиэгэ" олохтоох салалта баһылыга Дмитрий Борисов, "Туласын" ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Артур Иванов о.д.а. тэрилтэ салайааччылара, үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.
Кэптин урут-уруккаттан куһаҕан суоллааҕынан биллэр. Чуолаан сир ирдэҕинэ кэлии-барыы өттүгэр олохтоохтор улахан мэһэйдэри, ыарахаттары көрсөллөр.
Онон бу уустуктары учуоттаан туран, саҥа атын сиринэн хайысхалаах хапытаалынай суол оҥоруутугар улахан былааннаах бырайыак оҥоһуллан турар.
Билигин былаан быһыытынан, саҥа атын сиринэн хайысхалаах айан суолугар, Кубалаах учаастагыттан просека солооһунун үлэтэ түмүктэннэ. Быйыл 1,7 км уһуннаах саҥа суол оҥоруутун Артур Аркадьевич генеральнай дириэктэрдээх "Туласын" ХЭТ ыытыа. Бу тэрилтэ иһинэн, маҥнай просека солооһунун, ыраастааһынын үлэтин, бэйэбит уолаттарбыт, Власий Андреев салайааччылаах биригээдэ бириэмэтигэр түмүктээтэ.
Онон, билигин саҥа хапытаалынай айан суолун оҥоруута саҕаланна.
Бу тэрээһиҥҥэ сиэттэрэн, Аар Алгысчыт, Петр Сивцев үлэ силигин быспакка, улахан харҕыстары көрсүбэккэ ыытылларыгар анаан Аал уотун оттон алҕаата.
Быйылгы тутуллар 1,7 иэннээх саҥа хапытаалынай суол уопсай үбүлээһинэ 66 мөл. 295 тыһ. 340 солк. буолла. Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 49 мөл. 721 тыһ. 505 солк., улуус бюджетыттан 16 мөл. 573 тыһ. 835 солк. көрүлүннэ.
Бу барыта өрөспүүбүлүкэбит, улууспут, нэһилиэкпит салалталарын ситимнээх үлэтин түмүгэ буолар.
Биир ситимнээх үлэ ситиһиигэ, сайдыыга сирдиирин умнумуоҕуҥ!!!
#тыаолоҕо
#нэһилиэкинникисайдыыта