#своихнебросаем
#сво
#үтүөдьыала
"Бүгүн, кэргэним үлэлээбит Чурапчытааҕы олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэтиттэн биэс киһи уонна оҕом сылдьар уһуйааныттан икки төрөппүт кэлэннэр булууспутугар мууспутун уга сылдьаллар. Түгэнинэн туһанан амарах санаалаах бар дьоммутугар дириҥ махталбытын тириэрдэбит, улахан көмөнү оҥордулар", - диэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар Иннокентий Барашков олоҕун аҥара Сахалена Барашкова кэпсээтэ.
@sanaoloh

#оҕосаас
#ыалсаргыта
Бүгүн, интэринээт-оскуола 6 "б" кылааһын үөрэнээччилэрэ Алёша Сивцев, Ваня Пестерев кылаастарын салайааччыта Антон Сидорович Фомин көҕүлээһининэн, бэтэрээн учуутал Анна Николаевна Кузьминаҕа тиийэннэр хаарын түһэрэн, ыраастаан биэрдилэр. Эдэр Тимуровецтар үлэлэрэ манан эрэ түмүктэммэт, кэлэр нэдиэлэттэн өссө күүскэ ылсан үлэлэһиэхпит диэн этэллэр. Эдэр учуутал Антон Фомин, оҕолору үлэҕэ, үөрэххэ көҕүлүүрэ хайҕаллаах дьыала👍👏
@sanaoloh
@ulusmedia

#Тимуровскайхамсааһын
#Оҕосаас
Бэҕэһээ, Тихон Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, бөһүөлэк аҕам саастаах олохтоохторугар "Тимуровскай көмөҕө" көхтөөхтүк таҕыстылар.
"6-10 кылаас
үөрэнээччилэрэ, бэтэрээн учуутал, норуот маастара Егор Иннокентьевич Барашковтаахха
субуотунньуктаатылар. Ырааһырдыы
үлэтин ыытан, мастарын саһааннаан биэрдилэр. Үтүө дьыалаҕа оҕолорго салайааччынан Наталья Николаевна Манасытова уонна Айлика Павловна Андреева сырыттылар.
Барашковтар дьиэ кэргэн үөрүүлэрэ муҥура суох, оҕолорго улахан
махталларын тиэрдэллэр", - диэн оскуола саха тылыгар учуутала Татьяна Андросова иһитиннэрдэ.
@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй

Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо Мария Иннокентьевна Дьячковская, норуокка биллэринэн Эбээ Маайа, Үрүксээк Маайа, олорор бөһүөлэгэ тупсарын туһугар сылын аайы араас үүнээйилэри бэйэтин баҕатынан олордор үтүө үгэстээх. Эбээ Маайа быйыл, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 50 сылыгар анаммыт мемориалга икки акация үүнээйини олордон бэлэх уунна👏👏👏👏🥰