#дьиэкэргэнсыла
#ыалсаргыта
Бүгүн Чурапчы улууһугар бэлиэ түгэн буола турар. Ол курдук Чурапчы улууһун, Сылаҥ, Чурапчы нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо Иван Григорьевич уонна үлэ бэтэрээнэ, алаһа дьиэ Далбар Хотуна Светлана Егоровна Макаровтар кыһыл көмүс сыбаайбалара, эҕэрдэлээн биэриэҕин💐👏👏👏
Үөрүүлээх чааска улууспут баһылыга Степан Саргыдаев уонна улуус дьокутааттрын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Ыал саргытын сылынан, 50 сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорбут ыалга 50 тыһ.солк сууммалаах сэртэпикээти туттардылар👍👍👍
@sanaoloh
@ulusmedia

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Дьиэкэргэнсыла
#Оҕосаассыла
#Ыалсаргыта
#Эрдьонсийиэһэ
🌿🌿🌿ЧУРАПЧЫ КҮҮҺЭ - ТҮМСҮҮГЭ, ТҮМСҮҮ КҮҮҺЭ - ЭР ДЬОҤҤО!!!🌿🌿🌿✊✊✊
@sanaoloh
@ulusmedia
#Оҕосаассыла
#Ыалсаргыта
#Эрдьонсийиэһэ
🌿🌿🌿ЧУРАПЧЫ КҮҮҺЭ - ТҮМСҮҮГЭ, ТҮМСҮҮ КҮҮҺЭ - ЭР ДЬОҤҤО!!!🌿🌿🌿✊✊✊
@sanaoloh
@ulusmedia
#ыалсаргыта
"НЬИЭ, КИНИ ЭМИЭ ОҔО БУОЛЛАҔА!" Сулус диэн ааттаах оҕус ньирэй хаһаайына 📸түһэрэн ыытта😍🥰👍бүгүҥҥү күн бастыҥ хаартыската

Арыылаах нэһилиэгэр "Эр бэрдэ" диэн түөлбэлэр икки ардыларыгар күрэхтэһии саҕаланна👍👏

#Байанайкүрэҕэ
#Ыалсаргыта
#чөлолох
#уолоҕонуиитии
Бүгүҥҥү "Байанай күрэҕэ-2024" үрдүк тэрээһиннээхтик Күрүө Тумуска түмүктэннэ. 15 хамаанда булчуттара бары даҕаны тэбис-тэҥҥэ күрэхтэстилэр. Уопсай түмүккэ:
🥇🏆 - Хайахсыт нэһилиэгэ;
🥈 - Одьулуун нэһилиэгэ;
🥉 - Төлөй нэһилиэгэ.
Кыайыылаахтары бука барыгытын эҕэрдэлиибит. Муус устарга Дьокуускай куоракка ыытыллыахтаах Байанай күрэҕэр кыайыыны-хотууну баҕарабыт!👏👏👏🔥👍😃

#үтүөдьыала
#оҕосаас
#ыалсаргыта
Бүгүн, интэринээт-оскуола 6 "б" кылааһын үөрэнээччилэрэ Алёша Сивцев, Ваня Пестерев кылаастарын салайааччыта Антон Сидорович Фомин көҕүлээһининэн, бэтэрээн учуутал Анна Николаевна Кузьминаҕа тиийэннэр хаарын түһэрэн, ыраастаан биэрдилэр. Эдэр Тимуровецтар үлэлэрэ манан эрэ түмүктэммэт, кэлэр нэдиэлэттэн өссө күүскэ ылсан үлэлэһиэхпит диэн этэллэр. Эдэр учуутал Антон Фомин, оҕолору үлэҕэ, үөрэххэ көҕүлүүрэ хайҕаллаах дьыала👍👏

#своихнебросаем
#дьахтарсэбиэтэ
#ыалсаргыта
Чурапчы улууһугар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тыылтан көмө салҕанар. Бу соторутааҕыта оройуоммут анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар кэргэттэрдээх Сахалена Барашкова, Наталья Федорова бэйэлэрэ тыллананнар, улууспутугар "Аҕа дойдуну көмүскээччилэр" пуондаларын координатора Сергей Атласовка киирэннэр, "тугунан эмэ көмөлөһүөхпүтүн баҕарабыт" диэбиттэригэр ол күн улууспут дьахталларын Сэбиэтин кытары сөҥнөһөннөр, эр дьон түмсүүтүн өйөбүлүнэн маскировочнай сиэккэни өрөргө аналлаах тирээбиллэри туруораннар, дьахталлар Сэбиэттэрэ бэйэлэрэ бүүс-бүтүннүү матырыйаалынан хааччыйаннар, күн-сарсын 6 миэтэрэ уһуннаах, 3 миэтэрэ иэннээх сиэккэни өрөн бүтэрэннэр, бу 25 чыыһылаҕа уоппускаҕа кэлэ сылдьар байыаһынан ыытаарылар бэлэмнии сылдьаллар. Бу уустук үлэҕэ нэһилиэк дьахталлара эмиэ бэйэлэрин бириэмэлэриттэн көрөннөр кыттыыны ылан эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх.