"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
557 subscribers
915 photos
155 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыта. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
2017 сылтан Саха сиригэр "Развитие кормозаготовки" бырагыраама үлэлиир. Ол чэрчитинэн минсельхоз улуустарга субсидия ыытар. Онно улуус бэйэтин бюджетыттан эбэн, сүөһү эбии аһын бэлэмниир хаһаайыстыбаларга тыырар.

Бу харчыны күрүө-хаһаа тутуутугар уонна өрөмүөнүгэр, сиилэс траншеятын тутууга, өрөмүөҥҥэ, т/х техника, оборудование ылыыга, бааһынаны чөлүгэр түһэриигэ, сиэмэ, мульчер уонна бурдук переработкалыыр оборудование ылыыга, от харайар сир тутуутугар туттуохха сөп.

2017 сыллаахха бастакыларынан Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Чурапчы улуустара буолбуттара.

2022 сыллаахха 100 мөл солк минсельхозтан көрүллүбүтэ, онно 19 муниципалитет холбоон 135,4 мөл солк эбии укпута.

Быйыл программа суумата эбилиннэ, минсельхоз биэрэрэ 175 мөл солк тэҥ. Манна муниципальнай бюджеттар эбии көрүөхтэрэ.

Сайаапканы хомуйуу кулун тутар 28 күнүгэр улуустарга саҕаланна. Ол кэннэ минсельхоз, барыллаан дааннайынан, муус устар саҕаланыыта талыыны ыытара былааннанар.

#кормозаготовка
Бу сырыыга аммалар тыраахтырдары туттулар👍🏻

Тыа сиригэр үлэни тэрийэргэ наһаа да туһалаах "Кормозаготовка" бырагыраамата баара үчүгэйин.

Аммалар бүгүн үс МТЗ-82 уонна Вектор-410 диэн бурдук хомуйар комбайн ыллылар. Онон "Абага" уонна И.Я. Строд аатынан тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ үлэлэрэ өссө таһаарыылаах буолуоҕа.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Амма улууһун дьаһалтатын кытта хардарыта үбүлээһин киэбинэн сүөһү сиир отун бэлэмнээһин уонна сылгы собуоттарын өйүүр бырагыраамалар чэрчилэринэн техникалары ылбыттарын суруйда.

#кормозаготовка #тыасирэ #амгинскийулус
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Оҕолор куораттан кэлэ сырыттылар. Үүннэрбит оккутун көрүөхпүт этэ диэн, чугастааҕы сиргэ баран кэллилэр.

Кийиит кыыс видеоҕа түһэрбит😍☀️👏🏻

Эбиэспит бүгүҥҥү туруга

#тыасирэ #хоточчу #сүөһүсиирото #кормозаготовка
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Тыа хаһаайыстыбатын института Саха сирин усулуобуйатыгар хас да сыллаах оту үүннэриини чинчийбитэ ыраатта. Хас да патеннаах. Отторун суортарын аата сахалыы, холобур Эркээни, Сарыал, Манчаары, Тойбохой, Амма, Мэҥэ уо.д.а.

Биһиги үүннэрбит оппутун сайдыытын кинилэртэн сүбэлэтэбит.

ЯНИИСХ Покровскайдааҕы лабораториятыгар ханнык оттору чинчийэллэрин туһунан видеону ЯНЦ СО РАН пресс-сулууспата устан таһаарда.

Билигин сүөһү сиир отун үүннэриигэ үлэлииргэ диэн быһаарыыны илин эҥэр улуустары кытта мунньахха былаас таһымыгар кэпсэппиттэрэ. Ол кэннэ бырабыыталыстыба салайааччыта институт лабораториятыгар Покровскайга тиийэ сылдьыбыта.

#кормозаготовка #сүөһүсиирото #яниисх
Бэлиэр атырдьах ыйа. Отчуттар былааннарын толорууну түмүктүүр күргүөмнээх күннэрэ.

Биһиги арыытааҕы оппут былаана туолла бүтэһик нэдиэлэҕэ күн-дьыл туран биэрэн абыраата.

Аны билигин үүннэрбит оппутун маныыбыт. Бүгүҥҥү турук:

1 от - просо
2 от - судааҥка
3 от - эбиэс

Бастакы хаартыскаҕа хаһаайын чугастааҕы кыра бааһынаны тургутар.

#кормозаготовка #сүөһүсиирото #хоточчу
Өрөспүүбүлүкэҕэ 320 тыһ туонна от бэлэмнэннэ. Сыллааҕы былаан - 459 307 туонна.

Быйыл үгүс улууска күн-дьыл туран биэрэн, дьон отторун үксүн үчүгэй хаачыстыбалаах ылла, былаан да туолла.

Былаан туоллаҕына сүөһү, сылгы төбөтө аҕыйаабат, ыанар ынах үүтэ түспэт, онтон бу барыта дохуот

#тыасирэ #кормозаготовка
Тураҥнаахха үүннэрбит судааҥка, просо оппутун бүгүн оҕустарда. Кэмэ кэллэ диэн буолла.

ЯНИИСХ научнай сотруднига, наука доктора Сахаяна Афанасьевна Павлова сүбэтэ маннык:

- Үүнээйи араас фазаны ааһар, киһи олоҕун курдук. Судааҥканы атырдьах ыйын 20 чыыһылатын кэнниттэн дьаһайыахха сөп, хаһыҥҥа оҕустарыа суохтааххыт, просоны судааҥка кэнниттэн эмиэ хомуйан кэбиһээриҥ.

Эбиэс хомуллара олох ыксала суох, хаар түһүөр да дылы туруон сөп. Эрдэ оҕустардахха сытыйан хаалыаҕа.

Оҕустаран баран судааҥканы 3-5 хонук, просоны 4-7 хонук, эбиэһи 3-7 хонук куурдуллар.

Бу зеленкалыырга, ол эбэтэр от курдук хомуйарга, - диэн эттэ.

Эбиэспитин бэс ыйын 27 күнүгэр олордубуппутун оруобуна диир. Онон хаар түһүөр диэри турарыгар диэн, күрүөлүү сылдьаллар. Аһаҕас турдаҕына сылгы, сүөһү туолар. Уопсай күрүө сотору-сотору алдьанар буолан, сылгылар туола тураллар.

"Зеленкалаатаххытына сүөһүлэргит да, сылгыларгыт да абыраналлар", - диэн санаатын эттэ.

#кормозаготовка #агростартап #сүөһүаһа
Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун сиэмэ лабораториятын сэбиэдиссэйэ Валентина Алексеева биһиэхэ кэлэ сырытта. Эрдэ кэпсээбитим курдук, биһиги быйыл үүннэрэр оппут сиэмэтин кинилэртэн ылбыппыт.

Быйыл эбиэһи уонна судаанканы таһынан элбэх сыллаах оту олордор былааннаахпыт.

Саха сиригэр сиэмэни селекциялааһыҥҥа учуонай миэстэтигэр кэлэн, көрөн, сүбэ биэрбитэ олус үчүгэй.

Сирбитин наһаа куһаҕана суох диэтэ. Хаһаайын толкуйун кытта учуонай хараҕар көрүүтэ сөп түбэстэ.

"От ыйын саҕаланыыта, Ылдьыыннар ардыларыгар олордор ордук. Аны күһүн сенажтаатаххытына сүөһүгүтүгэр олус абыраллаах буолуоҕа кыстык кэмигэр", - диэтэ кини.

Өссө биир сүбэтин хайаан да суруйдахпына сатанар - фрезаны сылын аайы туттуллубат, фреза буору буортулуур диэтэ.

Сиэмэни дириҥник олордуллубат. Бары ирдэбилин тутустахха, от олордуута абыраллаах дьаһал буолар, диэтэ кини.

#тыасирэ #кормозаготовка