"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
557 subscribers
915 photos
155 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыта. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
Тоҕо "Саха сылгы таҥаралаах" дииллэрий?

Эппиэттэргитин комментарийдарга суруйуҥ
2017 сылтан Саха сиригэр "Развитие кормозаготовки" бырагыраама үлэлиир. Ол чэрчитинэн минсельхоз улуустарга субсидия ыытар. Онно улуус бэйэтин бюджетыттан эбэн, сүөһү эбии аһын бэлэмниир хаһаайыстыбаларга тыырар.

Бу харчыны күрүө-хаһаа тутуутугар уонна өрөмүөнүгэр, сиилэс траншеятын тутууга, өрөмүөҥҥэ, т/х техника, оборудование ылыыга, бааһынаны чөлүгэр түһэриигэ, сиэмэ, мульчер уонна бурдук переработкалыыр оборудование ылыыга, от харайар сир тутуутугар туттуохха сөп.

2017 сыллаахха бастакыларынан Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Чурапчы улуустара буолбуттара.

2022 сыллаахха 100 мөл солк минсельхозтан көрүллүбүтэ, онно 19 муниципалитет холбоон 135,4 мөл солк эбии укпута.

Быйыл программа суумата эбилиннэ, минсельхоз биэрэрэ 175 мөл солк тэҥ. Манна муниципальнай бюджеттар эбии көрүөхтэрэ.

Сайаапканы хомуйуу кулун тутар 28 күнүгэр улуустарга саҕаланна. Ол кэннэ минсельхоз, барыллаан дааннайынан, муус устар саҕаланыыта талыыны ыытара былааннанар.

#кормозаготовка
Саха сирэ сылгытын ахсаанынан Россияҕа инники күөҥҥэ таҕыста. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ Якутия 24 телеханаалга бэҕэһээ кэпсээтэ.

«Сылгыны иитии билигин бизнес быһыытынан барыстаах. Ити эрээри бу салааҕа судаарыстыбаннай миэрэни көрүүнү сылын аайы эбэн иһэбит. Рентабельность өссө үрдүүрүгэр биһиги сылгыттан ылыллар бородууксуйаны батарыыга уонна бородууксуйаны күүскэ оҥорууга үлэ ыытыахтаахпыт.

Судаарыстыба өйөбүлүнэн наука кыттыылаах биһиги үчүгэй түмүктэри ылыахтаахпыт, оччоҕуна тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр боростуойа суох усулуобуйаҕа сылгыны иитиинэн дьарыктанар дьон эбии дохуот киллэринэн, олох хаачыстыбата тупсуохтаах", — диэтэ Айсен Николаев.

2023 сылга Саха сиригэр сылгыны үөрдээн иитиигэ 569 мөл солк көрүлүннэ. Сылгы иитиитэ билигин хас оройуон аайы баар, онно 1800 сылгыһыт үлэлиир.

Билигин сылгы төбөтүн ахсаана 182,1 тыһ төбө, ону 187 тыһ төбөҕө тириэрдэр сорук турар.

2017 сылтан 16 улууска 277 сылгы баазата тутулунна.

#тыасирэ #сылгы
Маннык тохтубут оту көрдөхпүнэ тута Чоочо баай уонна Манчаары олохторун санаан кэлэбин. Араастык оҥорон көрөбүн. Манчаары "биир түүтэх от баҕалаах" диэн уйадыйарыгар тугу санаабыта буолуой?!?

Сэбиэскэй саҕана сайыҥҥы үлэ лааҕырдара диэн бааллара. Сайын аайы онно барааччыбыт, Кур окко. Онно остолобуойбутугар "Биир салаа от дьылы аһатар" диэн этии кыһыл таҥаска маҥанынан суруллан ыйанан турааччы. Бугулдьуттар хамаандаларыгар баарым, биир да салаа оту хаалларыа суохтаахпыт диэн кыһаллан да биэрээччибит.

Билигин килиимэт уларыйан, айылҕабыт араас "дьиктилэринэн" соһуталаан, сүөһү сиир отун бэлэмнээһиҥҥэ сылын аайы уустугуран иһэр.

Быйыл дьэ хайдах буолар?!?

#тыасирэ #сүөһүсиирото #от
Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылар съездтарын иккис күнэ. Бүгүн пленарнай мунньах. Ил Дархан Айсен Николаев кыттара былааннанар.

Оттон бэҕэһээ биир дьаһалынан Саха сиригэр тыа сирин ыччатын Россиятааҕы сэбиэтин салаатын (РССМ) тэрийии туһунан мунньах буолла. Ыччат көхтөөхтүк кыттар регионнарыгар экономикаҕа, ол иһигэр аграрнай секторга, үрдүк көрдөрүү баар диэтилэр. Кэпсэтии бу тула барда.

Түмүккэ АГАТУ студеннара, эдэр фермердар, тыа сирин үлэһиттэрин быһаарыыта таҕыста- РССМ салаата республикаҕа тэриллэр буолла. Бэрэссэдээтэлинэн АГАТУ аспирана Василий Домотов талылынна. Сэбиэккэ 15 киһи киирдэ. Аудиторынан минсельхоз бэрэстэбиитэлэ Туйара Карамзина ааттанна.

#съездтоваропроизводителейрся #молодойфермер
Кэбээйи улууһун «Сайылык» хаһаайыстыбатын салайааччыта Петр Дьяконов СИА-ҕа кэпсээтэ:

«Тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар үлэһиттэр наадалар. Мин 1200 кэриҥэ нэһилиэнньэлээх дэриэбинэҕэ олоробун, онно үлэһит тиийбэт. «Үчүгэйдик үөрэммэтэххинэ, хотоҥҥо үлэлии барыаҥ» диэн төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн бырагыраамалыыллар. Онон куоракка тардыһаллар. Саатар ити сахалыы сериаллары да ылан көрдөххө, ис хоһоонноро барыта куоракка киирэн дьоллорун булаллар. Дьиҥэ, саха киһитэ тыа сириттэн төрүттээх. Өбүгэлэрин өтөхтөрө, олоро сылдьыбыт дьиэлэрэ иччитэхсийэн тураллар. Киинэ ис хоһооно эдэр киһи дэриэбинэҕэ тахсан, дьонун дьиэтин сөргүтэн, дьолун көрсөр диэн эбитэ буоллар, холобур. Дьон хара үлэттэн кыбыстар. Ол иһин тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарбытыгар каадырдарга сүрүн болҕомтону ууруохха наада".

Петр Дьяконовка т/х ситиһиилээх үлэтин иһин Федерация Сэбиэтин аграрнай, ас-үөл бэлиитикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Е.А.Борисов махтал сурук туттарда.
Итэҕэй-итэҕэйимэ.

Бастакы хаартыскаҕа Чурапчы сэл., 2022 сыл, муус устар 8 күнэ.

Иккис хаартыскаҕа Чурапчы сэл., 2023 сыл, муус устар 8 күнэ.

Олохтоох суруналыыс Сэмэн Жендринскай бэлиэтээһин хаартыската айылҕа сылынан араастаһыытын дьэҥкэтик көрдөрөр.

Бу күннэргэ "баччаларга былырыын оннук этэ, маннык этэ" диэн кэпсэтиилэргэ - эппиэт буоллун диэн Сэмэнтэн ылан таһаардым. Сүүстэ мөккүспүттээҕэр, биирдэ көрбүт ордук.

Сэмэҥҥэ махтал, болҕомтолоох суруналыыска🙌🏻🤝

#сахасирэ #айылҕа #күндьыл #чурапчы
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Сүтэрдигит? Өр да ыарыйдым. Тымныйан. Эмиэ да халыҥ таҥастаах сылдьар курдукпун. Арыый бэттэх кэллим эрээри, син-биир сылайабын.

Сонун бөҕөлөөхпүн ээ, дьиҥэр.

Биир сүрүн сонуммут - сиэмэбитин сакаастаатыбыт. Новосибирскайтан. Бизнес-былааммытынан 2023 сылтан "кормозаготовкаҕа" ылсыахтаах этибит. Дьаһалта 10 гектардаах сири биэрбитэ, уруккута бааһына сирэ. Быраҕыллан сытар. Ону туһаҕа таһаарабыт.

Эбиэс, просо, судаанка. Былырыын кыра бааһынаҕа олордубуппут. Бэркэ үүммүтэ.

Тимир суолунан Аллара Бэстээххэ диэри аҕалаллар. Олохтоммут систиэмэ баар эбит. Саха сириттэн элбэх киһи сакаастыыр эбит, ол иһигэр ЯНИИСХ, бурдугунан, сиэмэнэн дьарыктанар тэрилтэлэр.

Биир куул 40 кг. Биир куулу да сакаастаан ылларыахха сөп эбит.

1 гаҕа эбиэс 200 кг, оттон судаанка 25 кг ыһыллар диэн суоттанар.

Эһиил "кормозаготовка" программатыгар кыттыахпыт. Онно кыттарга биир сүрүн усулуобуйа - биир сыл бэйэҥ үүннэрбит буолуохтааххын, онтон хомуур баар буолуохтаах.

#сүөһүэбииаһа #тыасирэ
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Сааскы сарсыарда 6 чааска туран☀️ тыа сирэ салгына ырааһа, сылааһа, күнэ чаҕылхайа. Быйыл биэлэр этэҥҥэ кулуннанан. Өссө биири кэтэһэбит.

9 чаас буолла. Сарсыардааҥы тэрээһин хаһаайыстыбаҕа бүттэ.

Тыраахтырдаахтар тиэйэр-таһар үлэҕэ туруммуттара ыраатта.

Онтон мин эбиэт буһарыам.

#тыасирэ #сааскыүлэ
Дьону "аймаабыт" балбаах сокуонугар олоҕуран, ыам ыйын 1 күнүгэр диэри ИП-лар, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар Россельхознадзорга "УВЕДОМЛЕНИЕ об отнесении веществ, образуемых при содержании сельскохозяйственных животных, к побочным продуктам животноводства" тиксэриэхтээхтэр.

Уведомлениены толорууга бастакы строкаҕа "Навоз" эрэ диэн көннөрү суруйбаккын, төһө сүөһүлээххин, саастарынан арааран толору сибидиэнньэ биэрэҕин. Тоҕо? 622 нүөмэрдээх минсельхоз РФ бирикээһинэн Бэрээдэк баар эбит, сүөһү күҥҥэ төһө ноһуому таһаарара. "Кал" диэн бэлиэтэнэр. Дьэ бу нормативынан ааҕан, суоттаан таһаараҕын, күннээҕи сааҕы. Холобур, биһиги 30 төбөлөөхпүт, онно күннээҕи нуорма 665 кг, ону туоннаҕа таһаараҕын - 0,7 тн буолар. Дьиҥэр, таһаарар баалынайбытынан суоттаабыппыт - 100 кг курдук кыра биһиэнэ. Чэ, буоллун, ирдэбил оннук.

Аны ол балбааххын кутар сиргин оҥостубут эрэ буоллаххына Уведомление суруйаҕын. "Сокуон ирдиирин курдук бетон муоста буолуо суоҕун сөп, армированнай пленка да барсар" диэн буолла.
Өссө биир - кууруссалаах, сибиинньэлээх, атын кыыллаах-көтөрдөөх буоллаххына - онтуларгын эмиэ суруйаҕын🙌🏻
«Агротуризм» граҥҥа регионнартан докумуону хомуйуу ыам ыйын 15 - 31 күннэригэр ыытыллар. Бу РФ минсельхоһун бырагыраамата. Докумуоннары регионнааҕы минсельхозка туталлар.

Бырайыактары көрөн баран, 2024 сылга тыа сиригэр туризмы сайыннарыыга сөптөөх былааннаах киһиэхэ 10 мөл солк диэри сууманы биэриэхтэрэ.

Ханнык регионтан граҥҥа тиксибит дьон аата сайын биллиэҕэ.

Үбү ыалдьыт-туристары көрсүүгэ
инфраструктура тэрийиитигэр, территория благоустройствотыгар, оборудование, инвентарь ылыытыгар уонна да атын сөптөөх хайысхаҕа туттуохха сөп.

Докумуоннары уонна ирдэбиллэри бу сайтка киирэн көрүөххэ сөп.

Саха сирэ АГРОТУРИЗМ хайысхатын киллэриигэ анаан айыллыбыт курдук. Онон бу күннэргэ бааргытын сааһылыы тутан, кэскиллээх дьыалаҕа "старт" оҥороргутугар сүбэлиибин.

#агротуризм #сельскийтуризм