"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
557 subscribers
915 photos
155 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыта. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
Маннык тохтубут оту көрдөхпүнэ тута Чоочо баай уонна Манчаары олохторун санаан кэлэбин. Араастык оҥорон көрөбүн. Манчаары "биир түүтэх от баҕалаах" диэн уйадыйарыгар тугу санаабыта буолуой?!?

Сэбиэскэй саҕана сайыҥҥы үлэ лааҕырдара диэн бааллара. Сайын аайы онно барааччыбыт, Кур окко. Онно остолобуойбутугар "Биир салаа от дьылы аһатар" диэн этии кыһыл таҥаска маҥанынан суруллан ыйанан турааччы. Бугулдьуттар хамаандаларыгар баарым, биир да салаа оту хаалларыа суохтаахпыт диэн кыһаллан да биэрээччибит.

Билигин килиимэт уларыйан, айылҕабыт араас "дьиктилэринэн" соһуталаан, сүөһү сиир отун бэлэмнээһиҥҥэ сылын аайы уустугуран иһэр.

Быйыл дьэ хайдах буолар?!?

#тыасирэ #сүөһүсиирото #от
Күн-дьыл туран биэрэн, Николаевтар дьиэ кэргэн отторун сороҕун бастыҥ хаачыстыбалаахтык ылан, дьиэлэрин таһыгар тиэнэллэр.

Аҕа баһылык Алексей Романович хотонун далыгар биэс оту кэбиспит.

Николаевтар кэтэх хаһаайыстыбалаахтар.

Хачыгыраччы куурбут оту атырдьаҕынан иилэн ылан, массыынаҕа чэпчэкитин элээрдэн иһэллэр. Харах хайгыы көрөр, кулгаах үөрэ истэр☀️🌿🌿🌿

#хоточчу #тыасирэ #от #букабарыокко
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Отчуттарга тиийэ сырыттым.

Түөс муҥунан охсуллубут күөх от сытын эҕирийэ тыынным.

Суугунуур талах анныгар сир ийэм күөх отугар сытан сэниэ ылынным.

Өлүөнэ эбэм биэрэгэр атахпын илитэн, күөх отунан хааман ырааһырдым.

Сырдык халлааммын одуулаан, күөх оппор тирэхтээхтик үктэнэн туран Бу күммэр, Бу олохпор махтанным☀️❤️

Күөх от🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿

«Биир сайыҥҥы күн тоҕус кыһыҥҥы күнү солбуйар" дииллэр. Оннук. Оту күөхтүү ыллахха, сүөһүбүт кыстыгы этэҥҥэ туоруоҕа. Халлааммыт туран биэр☀️🙌🏻🤗

#от #отчут #тыасирэ